- Презентации
- Презентация Аах, толкуйдаа, тобул
Презентация Аах, толкуйдаа, тобул
Автор публикации: Холмогорова Т.А.
Дата публикации: 11.04.2016
Краткое описание:
1
«Аах, толкуйдаа, тобул». Түһүмэхтэрэ: 1. Олоҥхо алыптаах эйгэтэ 2. Хартыыналар, худуоһунньуктар. 3. Олоҥхо тыла. 4. Олоҥхо геройдара 5. Олоҥхо тутула.
2
Олоҥхо алыптаах эйгэтэ. 1 түһүмэх Ньургун Боотур олоҥхону ким нууччалыы тылбаастаабытай? И.Попов В.Державин 3) М.Носов
0
Благодаря этой рекламе сайт может продолжать свое существование, спасибо за просмотр.
3
ЮНЕСКО олоҥхону «Киһи аймах тылынан уонна материальнай буолбатах нэһилиэстибэтинэн» хас сыллаахха биллэрбитэй? 2001с. 2005с. 2009с.
4
Эпостары сөпкө наардаа: а) Башкир а) «Рамаяна», б) Финн б) «Урал Батыр». в) Киргиз в) «Одиссея». г) Индус г) «Калевала». д) Немец д) «Манас» е) Гректэр е) «Песнь о Нибелунгах» ё) Калмык ё) «Джангар».
5
Эпостары сөпкө наардаа: а) Башкир а) «Урал Батыр», б) Финн б) «Калевала». в) Киргиз в) «Манас». г) Индус г) «Рамаяна». д) Немец д) «Песнь о Нибелунгах» е) Гректэр е) «Одиссея” ё) Калмык ё) «Джангар».
6
5. Олоҥхо быһаарыыта: а) Историко-революционнай сэһэн, б) Историческай роман в) Героическай эпос г) Мифологическай тойук
7
6. Олоҥхо темата: а) Таптал б) баай уонна дьадаҥы в) сайдыы г) норуот дьолун туһугар охсуһуу
8
7. Билигин архивка хас олоҥхо толору тиэкиһэ сытарый? а) 100 б) 127 в) 150 г) 80
9
8. «Дьурулуйар Ньургун Боотур» олоҥхону аан бастаан сурукка ким киллэрбитэй? а) П.А.Ойуунускай б) К.Г.Оросин в) Э.К.Пекарскай г) В.Л.Серошевскай
10
9. Ким «Дьурулуйар Ньургун Боотур» олоҥхону пластинкаҕа ыллаан уһултарбытай? а) С.А.Зверев б) Г.Г.Колесов в) П.П.Ядрихинскай г) Н.А.Абрамов-Кынат
11
2 түһүмэх хартыыналар, худуоһунньуктар
12
Бу ким хартыынатай? Аата.
13
Тимофей Степанов »Аал луук мас«
14
Бу хартыынаны ким суруйбутай?
15
В.Карамзин «Тустуу»
16
17
В.Карамзин «В пути»
18
3 түһүмэх Олоҥхо тыла.
19
. 1. Олук тылын туруоран биэр. Арҕаһыттан тэһииннээх Айыы хаан аймаҕар Айыллан үөскээбитэ Аламай маҥан күннээх Алаҕаркаан –тэтэгэркээн Аан ийэ дайдыбыттан, Алаһа бараан дьиэбиттэн Арахсыам дии санаабатаҕым.
20
2. Олук тылын туруоран биэр. Арҕаһыттан тэһииннээх Аһыныгас санаалаах Айыы- хаан аймаҕын Араҥаччылыырга ананан, Көхсүттэн тэһииннээх Көмүскэс сүрэхтээх Күн өркөн ууһун Көмүскүүргэ ыйыллан.
21
3. Олук тылын туруоран биэр. Бу оҕолор туран, Биир хонон биирдэннилэр, Икки хонон иккилэннилэр Үс хонон үстэннилэр
22
4 түһүмэх Олоҥхо геройдара.
23
1. Бу кимий? Кыыс оҕо барахсан Кырынаас курдук дьэрэлийдэ, Уоттаах саһыл курдук Уостаах –тииһэ Умайан обойуктанна, Хамчааткы буобуратын курдук Хараҕа –хааһа чыпчылыйда, Чараас-чараастык чыпчылыйан кэбистэ, Минньигэс-минньигэстик Мичилийэн кэбистэ. (Айталыын Куо)
24
2. Бу кимий? Мин даҕаны Аҕа курдук Аҕаттан айыллыбытым, Ийэ курдук Ийэттэн төрөөбүтүм Атара кутуруктаах, Арбыйа тиистээх, Адьарай аймаҕын аҕата буолбут, Арбаҕаһын бүрүммүтүнэн үөскээбит Арсан Дуолай, Луоҕатар-Луо-Хаан диэн Аарыма кырдьаҕас аҕалаах этим. (Уот Уһутаакы)
25
3. Бу кимий? Өргөстөөх көстуулээх, Өргөстөөх дьуһуннээх, Туҥнэри соҕус дьуккуөрдээх суустээх, Түрдэстигэс соҕус туллэр тымырдаах, Таҥнары соҕус чабырҕайдаах, Тардар эттээх-хааннаах, Тардырҕас соҕус майгылаах. (Ньургун Боотур)
26
4. Ким саҥатай? Тыс тэллэх Тымныы буолла, Сөрүө-тэллэх Сөрүүн буолла, Эндир орон Эрэйдээх буолла, Тэллэххэ сытар Тэҥнээх доҕор, Хоойго сытар Холоонноох доҕор Хотун ойох ылаары Кэлэн олоробун. (Ньургун Боотур)
27
5.Бухатыырдар аттарын аатын наардаа. а) Соҕотох кулун аттаах а) Ньургун Боотур б) Урумэччи маҥан аттаах б) Оҕо тулаайах в) Дьураа хара аттаах в) Үрүҥ Уолан (а-б), (б-в, в-а)
28
6.Ньургун Боотуру аҕыс уон ааһар албаска, тоҕус уон куотар кубулҕакка ким үөрэппитэй? а) Суодуйа Хара уус б) Айыы Умсуур в) Мүлдьү Бөҕө
29
8. Ыал буолуу: а) Ньургун Боотур а) Туйаарыма Куо б) Үрүҥ Уолан б) Айталыын Куо В) Хаан Дьаргыстай в) Хаачылаан Куо Г) Оҕо тулаайах г) Кыыс Ньургун (а-г, б-а, в-б, г-в )
30
5 түһүмэх. Олоҥхо тутула
31
П.А.Ойуунускай «Дьурулуйар Ньургун Боотур» олоҥхото төһө строкалааҕый? а) 20 тыһ. б) 35 тыһ в) 30 тыһ. г) 15 тыһ.
32
«Дьурулуйар Ньургун Боотур» олоҥхону пластинкаҕа тохтобула суох төһө бириэмэ истиэххэ сөбүй? а) 7ч 45мүн б) 9ч 15мүн в) 6ч 50 мүн г) 8ч 15 мүн
33
34
35