7

Презентация по якутскому языку Алампа

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:

1
Алампа Булуҥҥа
Алампа Булуҥҥа
2
1909сыл олунньутуттан 1921с диэри Лена тѳрдүгэр балыксыттары тутан эргинэр са...
1909сыл олунньутуттан 1921с диэри Лена тѳрдүгэр балыксыттары тутан эргинэр саха баайыгар Кирилл Давыдович Спиридоновка суотчут, суруксут, тылбаасчыт быҺыытынан үлэ5э киирэр.
0
 
Благодаря этой рекламе сайт может продолжать свое существование, спасибо за просмотр.
3
Сайын аайы Үүттээх Хайа5а, Кумах Сурка тиийэн бэдэрээччиктэртэн тууьаммыт бал...
Сайын аайы Үүттээх Хайа5а, Кумах Сурка тиийэн бэдэрээччиктэртэн тууьаммыт балык тутан куоракка илдьэн атыыҺыттарга туттараллара. Бу үлэ тѳҺѳ да ыараханын иҺин, айар дьо5урдаах киҺиэхэ биир ѳттүнэн олус туҺалыыра. Алампа дьон-сэргэ оло5ун-дьаҺа5ын, ис дьиҥин ѳйдүүрүгэр ураты оскуола этэ. Иккис ѳттүнэн, сайын уонна кыҺын иллэҥ кэмэ элбэ5э. Онон суруйарыгар табыгастаах этэ.
4
1914с сайын А.И.Софронов кэргэнэ Дунялыын «Громов» борохуокка олорон Булуҥҥа...
1914с сайын А.И.Софронов кэргэнэ Дунялыын «Громов» борохуокка олорон Булуҥҥа айанныыллар.
5
Үүттээх Хайа5а тиийэн кэргэнэ Дуня улаханнык ыалдьар. Онон Кирилэ Дабыыдабыс...
Үүттээх Хайа5а тиийэн кэргэнэ Дуня улаханнык ыалдьар. Онон Кирилэ Дабыыдабыс сүбэтинэн 200км ыраах сытар Булуҥҥа тѳннѳллѳр
6
Кириэстээххэ кэлэн биэлсэри булан онно эмтэнэллэр. Алампа дневнигэр нууччалыы...
Кириэстээххэ кэлэн биэлсэри булан онно эмтэнэллэр. Алампа дневнигэр нууччалыы суруйар: «Я сижу в Крестах. Это почти 2400 верст от Якутска. В такой отдаленности… Хворать здесь хуже худшего. Некуда деться, одни голые каменные горы угрюмо смотрят на Лену реку»
7
Хаарыан дойдубун санаатым, Хааным харыаьынна, Хара5ым уута Хаамтата суох Халы...
Хаарыан дойдубун санаатым, Хааным харыаьынна, Хара5ым уута Хаамтата суох Халыйбытынан барда… 1914.Булун
8
Кэргэнин ыарылыы олорон 1914с сайыныгар революция иннинээ5и кэм биир бастыҥ а...
Кэргэнин ыарылыы олорон 1914с сайыныгар революция иннинээ5и кэм биир бастыҥ айымньытын «Дьадаҥы Дьаакып» драматын суруйар.
9
Алампа ахтарынан, Ѳлүѳнэ ѳрүс аллараатыгар «Таптал», «Бүдүрүйбүт кѳммѳт», «Ол...
Алампа ахтарынан, Ѳлүѳнэ ѳрүс аллараатыгар «Таптал», «Бүдүрүйбүт кѳммѳт», «Олох дьэбэрэтэ», «Нууччатымсыйбыт», «Манчаары» драмаларын суруйбут.
10
3ый устата кэргэнин ыарыылаан баран күҺүн куоракка тѳннѳллѳр.
3ый устата кэргэнин ыарыылаан баран күҺүн куоракка тѳннѳллѳр.
11
1923 сыл бала5ан ыйыттан 1924 сыл кыҺыныгар диэри кэмҥэ А.Софронов Булуҥнаа5...
1923 сыл бала5ан ыйыттан 1924 сыл кыҺыныгар диэри кэмҥэ А.Софронов Булуҥнаа5ы атыы-эргиэн факториятын сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Түүлээххэ аҺы-таҥаҺы мэнэйдэҺэрэ, түүлээх тутара. Бу сылдьан «Саха омук» культурнай-сырдатар уопсастыба Булуҥнаа5ы салаатын тэрийэн, ол иҺинэн улахан дьону уонна о5ону саха суругар-бичигэр үѳрэтэр оскуола арыйан 4 ый үлэлээбитэ. Бу филиал хас да спектаклы туруорбут, биэчэрдэри тэрийбит. Сэ­тинньигэ Эдьигээн улууһун олохтоох сэбиэттэригэр быыбар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлээ­бит.
12
«…Школа не работает третий год, раньше же в ней обучались, пре­имущественно,...
«…Школа не работает третий год, раньше же в ней обучались, пре­имущественно, пришлые элементы. Осе­­нью прошлого года по инициативе А.И.Софронова в с. Булун организовался филиал «Саха омук», ставший един­с­твенным очагом культурно-просвети­тельной работы в районе. Филиалом была открыта школа для обучения взрослых и детей якутской письменности. Немотря на отсутствие учебников-букварей, бла­го­даря энергичной деятельности препо­давателя А.Софронова, работа в ней шла успешно. За зиму филиал устроил ряд спектаклей и вечеров. На дело народного образования в районе надо обратить внимание. Нельзя ограничиться одной школой». «Автономная Якутия» хаһыат 1924 с. атырдьах ыйын 16 күнүнээҕи нүө­мэригэр М.А.К. (Модест Кротов – С.В.) диэн автор «Булунский район» диэн бу оройуон балаһыанньатын сырдатар ыстатыйата тахсыбыт. Онно үөрэхтээһин туһунан салааҕа суруйбут:
13
«Уроки преподавал т. Софронов. Большим тормозом пос­лужило отсутствие учебник...
«Уроки преподавал т. Софронов. Большим тормозом пос­лужило отсутствие учебников – якутских букварей, но, несмотря на это, благодаря энергии тов. Софронова, результаты получились очень хорошие» . Партия Булуҥ уокуругунааҕы сэкэрэ­тээрин эбээһинэһин толорооччу Ф.Кузь­мин 1924 с. атырдьах ыйын 10 күнүгэр обкомҥа дакылааттаабыт суру­гар Алампа оскуолатын туһунан ман­нык этиллибит:
14
Булуҥҥа икки куоба5ы ѳлѳрбүт киҺи диэн былаанныыбын-эргиэн факториятыгар сэби...
Булуҥҥа икки куоба5ы ѳлѳрбүт киҺи диэн былаанныыбын-эргиэн факториятыгар сэбиэдиссэйдиири кытта тэҥҥэ туттан хоту дойду дьоннорун олохторун-дьаҺахтарын үѳрэтэн кѳрүѳ этим. ИккиҺинэн, Булуҥҥа айар улэм тахсаарай диэн бүѳмчү эрэллээхпин, бары улахан дыраамаларбын ити дойдуга балыкка сылдьан суруйталаабытым.
15
Хоту үрүҥнэр ѳрѳ турбуттарыгар, нэҺилиэнньэ5э а5ытаассыйалыыр үлэни ыытар. Бу...
Хоту үрүҥнэр ѳрѳ турбуттарыгар, нэҺилиэнньэ5э а5ытаассыйалыыр үлэни ыытар. Булуҥнааҕы гарнизон дьонугар 20 комплект таҥаһы тиктэриини Алампа тэрийбит.
16
П.В.Слепцов Алампа Булуҥҥа бүтэҺик кэлиитигэр (1923-24сс) кинини кытта атас-д...
П.В.Слепцов Алампа Булуҥҥа бүтэҺик кэлиитигэр (1923-24сс) кинини кытта атас-до5ор дьоно Петр Ванифатьевич Слепцов уонна саха бастакы этнограба Гаврил Васильевич Ксенофонтов бааллара. Кинилэр эмиэ хоту сир дьонун билсэ, чинчийэ кэлбиттэрэ. Г.В.Ксенофонтов
17
1924 сыл муус устар ый 1 күнүгэр атыыҺыттары кытта до5оро Петр Вонифатьевичты...
1924 сыл муус устар ый 1 күнүгэр атыыҺыттары кытта до5оро Петр Вонифатьевичтыын Ѳлѳѳҥҥѳ ытынан, табанан айанныыллар. Онно тиийэн Сулус Аа5ар Хайа5а тахсан манна, сир быстар уҺугар, биҺиги кэлэ сылдьыбыппыт бэлиэтэ буоллун диэн остуолба туруорбуттара. Остуолба5а «ТААТТА. 1924. Уполном. Член ЯЦИК.А.И.Соппуруонап. Саха» диэн суруйбут. Уонна: «…Хотугу дойдуну умсугуйа таптаабыт Бүѳтүр БалапаатабыҺы уонна миигин, о5ото-уруута суох киьини, бу остуолбабыт үгүс сылларга ааппытын ааттата туруохтун!»,-диэн ал5аабыт.
18
Алампа остуолбата М.Тимофеев Турар эбит-Тиит, Чиргэл тиит, Остуолба!- Саха си...
Алампа остуолбата М.Тимофеев Турар эбит-Тиит, Чиргэл тиит, Остуолба!- Саха сирин биир саамай бастакы Сарбынньахтаах тыллардаах Сардаҥалаах санаалардаах Ситэ ырыаҺыта. Соппуруонап Алампа Силлиэ5э-буур5а5а Сиҥнибэт гына, Сир Ийэ буоругар тириэрдэ, Саайан түҺэрбит Саар-тэгил, Түѳрт кырыылаах Дүлүҥ остуолба!
19
Анемподист Иванович «Сулус аа5а хайа5а» тиийиэр диэри Тээн, Түмэти, Кэҥкэр д...
Анемподист Иванович «Сулус аа5а хайа5а» тиийиэр диэри Тээн, Түмэти, Кэҥкэр дьонун-сэргэтин , аара тугу билбитин-кѳрбүтүн туҺунан бэрт истиҥник, иҺирэхтик суруйар. Хоту сир дьоно тѳҺѳ да кытаанахтык, тыйыс усулуобуйа5а олордоллор санааларын түҺэрбэттэрин, тѳттѳрүтүн бэйэлэригэр кѳмѳлѳсүҺэ, ѳйѳҺѳ сылдьалларын, суруйааччы олус чорботон ыйар.
20
Алампа бу маннык дьону саамай уустук уонна кытаанах кэмҥэ «Таҥара дьоно» диэ...
Алампа бу маннык дьону саамай уустук уонна кытаанах кэмҥэ «Таҥара дьоно» диэн сүрэхтээн, хоту дойду ураты дириҥ муудараҺын арыйбыта. Бу туҺунан барытын «Айаннаан сылдьыбыт бэлиэм» диэн этнографическай уочарка суруйар.
21
Ол иҺин да5аны Уон икки сыл- Сайынын быспакка Алампа суруксут АтыыҺыт кума5ар...
Ол иҺин да5аны Уон икки сыл- Сайынын быспакка Алампа суруксут АтыыҺыт кума5ар киирэрэ, Айдааннаах-куйдааннаах Куораттан тэйэрэ, Үс ѳрүс холбоспут Модун күүс Ѳлүѳнэ эбэтин биэрэгэр Саҥаттан саҥа үлэтин айара… С.С.Шамаев-Айыска «Кырдьа5ас Булунум кистэлэҥэ»
22
2011 сыл атырдьах ыйыгарАлампа тѳрѳѳбүтэ 125 сылынан «Алампа аартыгынан айан»...
2011 сыл атырдьах ыйыгарАлампа тѳрѳѳбүтэ 125 сылынан «Алампа аартыгынан айан» экспедиция кыттыылаахтара Н.И.Харлампьева, С.Тумат, Ойуку уонна Алампанан дьарыктанар «Утум» бѳлѳх-барыта 14 киҺи кэлэн КүҺүүргэ сылдьан барбыттара.
23
24
2014 сыл атырдьах ыйыгар Т.К.Слепцова Таймылыыр главата А.Андросовтыын ыраах...
2014 сыл атырдьах ыйыгар Т.К.Слепцова Таймылыыр главата А.Андросовтыын ыраах Ѳлѳѳҥҥѳ, Алампа остуолбатыгар.
25
26
Дуунньата ыалдьыбата буоллар, манна кэлбиттэрэ санаа курдук салаллан иҺиэ эби...
Дуунньата ыалдьыбата буоллар, манна кэлбиттэрэ санаа курдук салаллан иҺиэ эбит-оскуола аҺан, испиэхтээхтэри туруоран, үлэтин сүнньүнэн туундара дьоннорун аччыктыыртан быыҺыыр аҺы-таҥаҺы тэнитэн. Оттон дьоҥҥо үтүѳнү оноруу үѳрүүтүттэн ордук үчүгэй туох кэлиэй?! Алампа саныыр
27
Аатын үйэтитии А. И. Софронов Алампа аатынан билигин Дьокуускай куорат уулусс...
Аатын үйэтитии А. И. Софронов Алампа аатынан билигин Дьокуускай куорат уулуссата ааттаммыт. Аатын Таатта улууһун Ытык Күөл орто оскуолата сүгэр.
28
Ыраахтан ыпсарар ЫрыаҺыттан атыммын, Күннээ5ини күүгүнүүр Кѳннѳрү кѳрбүѳччүбү...
Ыраахтан ыпсарар ЫрыаҺыттан атыммын, Күннээ5ини күүгүнүүр Кѳннѳрү кѳрбүѳччүбүн, Инникини этэр Ичээн буолбатахпын…
 
 
X

Чтобы скачать данную презентацию, порекомендуйте её своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить презентацию