- Презентации
- Презентация на тему Декупаж
Презентация на тему Декупаж
Автор публикации: Михайлова С.И.
Дата публикации: 21.11.2016
Краткое описание:
1
Амма-Наахара орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Стручкова Аида Салайааччы: Унарова Л.И. Михайлова С.И.
2
«Юбилейнай тэриэлкэ» (декупаж)
0
Благодаря этой рекламе сайт может продолжать свое существование, спасибо за просмотр.
3
Проблема: «Декупаж» диэн саҥа интэриэһинэй технологияны биллим уонна ону олохпор туһанарга быһаарынным. Хас биирдии бэлиэ күҥҥэ сыаналаах бэлэх ылар биллэн турар ыарахан. Онон бэйэм илиибинэн «декупаж» технологиятын туһанан киэргэл тэриэлкэлэри оҥорорго сананным. Маннык ханна даҕаны, кимиэхэ даҕаны суох, соҕотох оҥоһук буолар (эксклюзивнай). Сыала: Уруоктан, куруһуоктан ылбыт үөрүйэхтэрбин туһанан наадалаах малы оҥоруу. Үлэ Геройа П.И.Яковлев төрөөбүтэ 95 сылын көрсө өйдөбүнньүк тэриэлкэни оҥоруу. Соруга: Бырааһынньыкка, төрөөбүт күҥҥэ бэйэ илиитинэн туһалаах малы оҥоруу, Бэйэ илиитинэн кэрэни айыы.
4
«Декупаж» французкай тылтан киирбит тыл. Декупаж «кырыйан ылыы» диэн суолталаах, ол аата, судургутук эттэххэ, хартыынаны кырыйан ылан атын малга сыһыарыы. Историктар этэллэринэн, бу ньыманан бастаан Илин Сибиир көс биистэрэ дьону харайалларыгар тутталлар эбит. Бу ньыма Сибииртэн Кытайга, онтон салгыы XVI үйэ саҕаланыыта Европаҕа тиийбит. Онно тиийэн сайдан, Францияҕа туспа искусство быһыытынан суолун – ииһин саҕалаабыт. Бу ньыманан Мария Антуанетта, мадам де Помпадур, Бо Бруммель курдук Франция биллиилээх дьоно умсугуйан дьарыктаммыттар эбит. Европа үрдүнэн биллэ тарҕанан, кыра оҥоһуктары, сэлээппэни, сундуугу, тарааҕы, сиэркилэни уонна да атын малы киэргэтэр буолбуттар. «Декупаж» технологиятын «дьадаҥылар искусстволара» диэн ааттыыллар эбит. Ол эбэтэр, элбэх харчыны бараабакка, ханнык баҕарар эргэ малы саҥардыахха, «тилиннэриэххэ» сөп. «Декупаж» өссө биир үтүө өрүтэ диэн - эн оҥорбут малыҥ «эксклюзивнай», ханна да суох собус – соҕотох мал буолар. Бу технологиянан оҥоһуллубут мал ханнык баҕарар бэлиэ күҥҥэ бэртээхэй бэлэх буолуоҕа!
5
Туттуллар тэриллэр: Ойуу, хаартыска, Грунтовка Акриловай килиэй, Акриловай лаах, Киистэ, Губка, Кыптыый,
6
Сэрэхтээх буолуу быраабылата Бу технологиянан үлэлииргэ туттар малларбытыттан сэрэхтээх буолуохтаахпыт : Арыыттан, сыаттан ыраастаабыт, Кыптыыйынан сэрэнэн кырыйабыт, Килиэйинэн үлэлиирбитигэр мээнэ ыспакка – тохпокко туттабыт, Лаахтыырбытыгар аккуратнайдык үлэлиибит, Үлэлиирбитигэр перчатка кэтэбит.
7
Экологическай ааҕыы: Акриловай килиэй, лаах сыта суохтар. Үлэлиир сирбит форточкалаах буолуохтаах. Киһи доруобуйатыгар куһаҕан дьайыыта суох. Экономическай ааҕыы: Хаартыска –10 солк. – 8 устуука - 80 солк. Акриловай килиэй –100 солк. – 10 солк. Лаах – 15 солк. Акриловай кырааска – 40 солк. Барыта: 145 солк.
8
Үлэ хаамыыта:
9
1.Оҥорор малбытын үчүгэйдик ыраастыыбыт (сууйабыт), 2. Хаартыскабытын А4 кумааҕыга бэчээттээн таһаарабыт, кырыйабыт, фото
10
3. Грунтовкалыыбыт 4. Акриловай кыраасканан кырааскалыыбыт 5. Киэргэтэр малбытын акриловай килиэйинэн сотобут, фото
11
6. Ойуубутун сыһыарабыт, 7. Акриловай лаа5ынан лаахтыыбыт. фото
12
Түмүк. Бу технологиянан оҥоһук оҥорон баран, мин маннык түмүккэ кэллим. Декупаж көмөтүнэн араас туттар малгын киэргэтэн кимиэхэ да суох ойуулаах гына оҥоруохха сөп. Туттар малгар да ороскуотурбаккын. Декупаж техникатынан ким ба5алаах дьарыктаныан сөп.
13
Болҕомтоҕут иһин баһыыбаларын