7

Презентация по литературному чтению

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:

1
Чуолкайдык саӊарыы. Халтай- салтай Хааман хантай, Арбай- сарбай, Бурай- сарай...
Чуолкайдык саӊарыы. Халтай- салтай Хааман хантай, Арбай- сарбай, Бурай- сарай, Марай- тарай, Таллай- туллай, Кир- хах, сирэй- харах, Таҥас-сап, Дьүдьэх көрүҥ Сүрүүн, сүрүн!
2
Саӊа хаарынан. Бѳлγγн бγрγйэн, лγӊкγрэн турбут былыт налыйан, сарсыарда кыра...
Саӊа хаарынан. Бѳлγγн бγрγйэн, лγӊкγрэн турбут былыт налыйан, сарсыарда кыратык хаардаан иһэн, туттунна. Ыкса киэһэнэн хаардыан сѳпγтγӊγ, чараас эрээри, ириэнэх былыт ар5ам- тар5ам аргыый аалыӊнаһара.Хаста да бычыахтаан салгыы тγспγт саӊа ыраас сыа хаар хара сири кырса маӊан чараас суор5анынан сэрэнэрдии γллγйдэ. Кѳрѳр былаһын тухары туналыйар муус маӊан, сып- сырдык. А5ыс уон саастаах Баһылай кырдьа5ас бу ыраас, сылаас кγӊӊэ айыл5атыгар дьаарбайыан ба5арда.саатын, рюгзагын сγгэн, куобах кѳӊγллэммитигэр кѳҕγйдэ. Алааһын халдьаайытын намыһах сыырынан эргийэн, иһийэн турар тыа са5атынан сыбдыйар. Тиит кѳтѳ5ѳтγн тѳрγт кэриэтэ тэбэммэккэ, ычык харалаабатах.Баһылай маннык буолла5ына туох да кѳстγѳ суо5ун санаан мγчγк гынар: «Һэ, ѳссѳ миэхэ куобах наада эбит дии, эс-эс», - дэтэлээтэ. Уонна маннык γтγѳ5э тыатын одуулаһарын астына истэ. Кырдьа5ас кыраһа суругун, инньэ кутуйах тыраабайыттан аа5а- аа5а, оргууй сы5арыйан син сири хорутар. Оһорбо бааһына тулатын, ыркый дьэӊкэ ырааһыйатын батыһа чээччэйдэ. Хаар ириэнэх, уллуӊах анныгар куучугураабат, онон уу- чуумпу, тыас суох. Хата γктэммит сириттэн тута кэриэтэ сиик бычыгыраан иһэрэ. Кини саӊа хаарга икки тарбах сибиэһэй суолун кѳрѳн тохтоото: «Кѳр- кѳр, бу атыыр кырынаас ойуолаабыт. Бай, ѳссѳ иккиэлэстилэр. Ээ, биир дьиэ кэргэн буолла5а». Ѳр- ѳтѳр буолбакка бѳлγγн куобах аһаабыт – сиэбит ииччэх- бааччах чэрчитигэр киирдэ. Эргим – ургум ѳӊѳӊнѳѳтѳ, эргийдэ- урбайда. Илинтэн биллэ- биллибэт салгыннаах, тыына сылаас, киэһэнэн хаар тγһγѳн, саосыарда тоӊоруон сѳптγӊγ. Арааһа ити куобах бу ыркый ойуур ар5аа тѳбѳтγгэр сыппыт. «Һа- һаа, солоӊдо обургу быыралаабыт. Булдун эккирэттэ5э дуу. Оо , кγһγӊӊγ хаарым бэрдин!»- Баһылай кырдьа5ас аар тай5атын булдун, кылааннаа5ын, иннигэр- кэннигэр сγкпγт киһиттэн итэ5эһэ суохтуу сананна. Бэркэ санаа булан тахсыбытын астына, хай5ана истэ. Кѳтѳ5γллэ кѳнньγѳрэн кγлγм аллайда. Олорон уссэнэ тγһэргэ быһаарынна. Рюкзагын тγһэринэн, термоһын ороон бодьуустаста. Арай чугас туох эрэ «тилигир» гынар. Кылбаа маӊан куобах элэстэнэн быыратта ойуолаата. Баһылай соһуйбучча ойон турбута, куоба5а мѳлбѳһγйэ кыырайбытын бэркэ сэргээн одууласта куоппут булда кѳстубэт буолбутун кэннэ, чуӊнаан билбитэ, били олорбут сыгына5ын тѳрдѳ кѳӊдѳйдѳѳ5ѳр сыппыт эбит. Куобах кѳтѳ5ѳнγ кγдээритэ сγргэйэн, ириэнэх хаарга тыӊыра5ын сараадыйбыт суола эрилийэ бэчээттэммит. Куоба5ы кѳрбутуттэн кырдьа5ас хата γѳрдэ. Баһылай сыа хаарынан дуоһуйа хааман, ойуурун олхтоохторун эгэлгэ элбэ5и эридьиэстиир суругун- бичигин бэрийэ билсэн, кѳхсѳ кэӊээн, санаата туолан, сис туттан дьиэлии турда.
0
 
Благодаря этой рекламе сайт может продолжать свое существование, спасибо за просмотр.
3
Текси кытта улэ. Тиэкиhи аах. Тыын ылар сиргин маннык бэлиэнэн // көрдөр. Ыйы...
Текси кытта улэ. Тиэкиhи аах. Тыын ылар сиргин маннык бэлиэнэн // көрдөр. Ыйытыылар эппиэттэрин тиэкискэ булан тарт.   - Сири хайдах хаар бγрγйбγтγй? - Баһылай саӊа тγспγт хаарга ханнык кыыллар суолларын кѳрбγтγй? - Баһылай кѳрбγт куоба5а ханна сыппыт эбитий?
4
Хаар. Хаар, дойдубар саӊа хаар, Эн дьоӊӊо кγγтγγлээххин, кэрэ5ин. Тγс γѳһэттэ...
Хаар. Хаар, дойдубар саӊа хаар, Эн дьоӊӊо кγγтγγлээххин, кэрэ5ин. Тγс γѳһэттэн на5ыллык, О5о – аймаххар γѳрγγгγн а5алаӊӊын. Хос ырыата. Ууллума, унал буолан устума, Уос номохтон тγһγмэ Симэлийэн сγтγмэ Эн ый сырдык суһума, Чараас кынаттаах ырыа чыычаа5а5ын. Кый ыраахтан тэлээрэн Кэлбит ыраас мин дууһам иэйиитэ5ин Хос ырыата. Дьол кыырпа5ар холонор Кγндγ кѳмγс чѳмчγγк уоттаргын Ыс эн Сахам сиригэр Кэскиллээх эдэр сааһым кэмнэригэр
5
Устуу. Баһылай сыа хаарынан дуоһуйа хааман, ойуурун олохтоохторун эгэлгэ элбэ...
Устуу. Баһылай сыа хаарынан дуоһуйа хааман, ойуурун олохтоохторун эгэлгэ элбэ5и эридьиэстиир суругун- бичигин бэрийэ билсэн, кѳхсѳ кэӊээн, санаата туолан, сэргэхсийэн сис туттан дьиэлии турда.
6
Эбии дьарык. Илиинэн анньыллыбатах кγндγ сиидэскэ тигиллибит уустук оһуор баа...
Эбии дьарык. Илиинэн анньыллыбатах кγндγ сиидэскэ тигиллибит уустук оһуор баар γһγ. (Кыһын.) Кыһын эрэ буоллар уойарын кубулуппат баар γһγ. (Кγрдьγк хаар.)
7
Бэйэни сыаналаныы. Бγгγн уруокка хайдах улэлээбиккин шкала5а кѳрдѳр.
Бэйэни сыаналаныы. Бγгγн уруокка хайдах улэлээбиккин шкала5а кѳрдѳр.
 
 
X

Чтобы скачать данную презентацию, порекомендуйте её своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить презентацию