- Презентации
- Презентация по якутской литературе Буур5а-буулдьа дьылыгар (9 класс)
Презентация по якутской литературе Буур5а-буулдьа дьылыгар (9 класс)
Автор публикации: Барашкова Н.К.
Дата публикации: 22.11.2016
Краткое описание:
1
«Буурҕа-буулдьа дьылыгар» Саха сирин комсомола 10 сылыгар анаан С.Р.Кулачиков-Эллэй суруйбут поэмата (история быыһын сэгэтэн)
2
Нестор Александрович Каландаришвили Анархист, революция, гражданскай сэрии кыттыылааҕа, кыһыл армия, бартыһааннар аатырбыт командирдара. 1876 с. от ыйын 8 күнүгэр Грузияҕа Кутаиси губерниятыгар төрөөбүтэ. Хос аата - Дед 1922с кулун тутар 6 күнүгэр 45 сааһыгар Дьокуускай уокуругар өлбүтэ. Наҕараадата – Кыһыл Знамя ордена
0
Благодаря этой рекламе сайт может продолжать свое существование, спасибо за просмотр.
3
Н.Каландаришвили байыастарын кытта
4
Тоһуурга түбэһии Саха сиригэр ыарахан балаһыанньа үөскээбитигэр, Саха сирин уонна Хотугу кыраай сэриитин командующайынан Н.А.Каландаришвилины анаабыттара. Иркутскайтан Кыһыл Армия уһун айаҥҥа туруммута (3000км.) Бу Колчак сэриитин үлтүрүппүт уопуттаах байыастар этилэр. Толору сэбилэниилээх армия кэлэрэ бандьыыттарга кутталы үөскэппитэ, онон бу сэриини аара саамай кыараҕас, тоһуйарга сөптөөх сиргэ кэтэһэргэ былааннаммыттара.
5
Ол Дьокуускайтан 33км. Төхтүр-Табаҕа икки ардыгар этэ. Кулун тутар 2 күнүгэр 1922с. кыһыл армия бастакы этэрээтэ ааспыта. Кулун тутар 3 күнүгэр Иван Строд салайар этэрээтэ эмиэ ааспыта. Кулун тутар 6 күнүгэр “Эһээ” Каландаришвили ыстаабынаан ааһан истэҕинэ 200 бандьыыт ытыалаабыта.
6
7
Барыта 36 киһи өлбүтэ, ол иһигэр командир бэйэтэ, 4 киһи сураҕа суох сүппүтэ. Ол эрэн бандьыыттар бу “кыайыылара” кинилэргэ туһалаабатаҕа. Кулун тутар 13 күнүгэр 3-4 этэрээт эшалоннара кэлбиттэрэ. Бу үчүгэй сэбилэниилээх армия Саха сиригэр советскай былааһы олохтообутунан барбыта. Н.А.Каландаришвили оннугар Карл Байкаловы анаабыттара.
8
Саһыл Сыһыы 1923с. Амма улууһа
9
10
Утарыта турбут күүстэр Анатолий Николаевич Пепеляев – үрүҥ хамандыыра 1 Аҕа дойду, гражданскай сэрии кыттыылааҕа Чыына - Генерал-лейтенант. 1891 с от ыйын 15 күнүгэр Томскайга төрөөбүтэ. 1938 с тохсунньу 14 күнүгэр Новосибирскайга өлбүтэ. Анатолий Николаевич Пепеляев Иван Яковлевич Строд
11
Иван Яковлевич Строд Анархист, 1 Аҕа дойду, гражданскай сэрии кыттыылааҕа, кыһыл этэрээт хамандыыра 1894 с. кулун тутар 29 күнүгэр Латвияҕа Витебскай губерния Люцин к. төрөөбүтэ 1937 с. атырдьах ыйын 19 күнүгэр 43 сааһыгар Москваҕа өлбүтэ Наҕараадалара –Георгиевскай кириэс толору кавалера, 3 төгүл Кыһыл Знамя ордена, САССР ЦИК үрүҥ көмүс знага Чыына - прапорщик
12
Аммаҕа 3 аҥаар ый төгүрүктээһиҥҥэ түбэспит кыһылларга көмөҕө баран иһэр И.Строд этэрээтин А.Пепеляев аара тоһуйарга сананар. Строд этэрээтэ Саһыл Сыһыыга аара тохтоон хоно сыттаҕына, сарсыарда эрдэ 5ч. өмүтүннэрэн саба түһүөх буолбуттара, кытыы балаҕаҥҥа сытар кыһыллар элбэх өлүүнү көрсөн туран атааканы тохтоппуттара. 300 киһилээх армия төгүрүктээһиҥҥэ киирбитэ.
13
Строд этэрээтэ олунньу 13 күнүттэн кулун тутар 3 күнүгэр диэри барыта 18 суукка устата утарыласпыта. Балбааҕынан, өлбүт аттарынан, дьонунан кириэппэстэрин бөҕөргөтүнэллэрэ. Туох да аһа, уута суох хаалбыттара. Өлбүт аттарын этин сииллэрэ. Бандьыыттар буулдьаларын быыһыгар тахсан хаар ылаллара. Ботуруоннара, эмтэрэ бүтэн киирэн барбыттара. Бааһырбыт үгүс саллааттара көмө суох буолан өлүтэлээбиттэрэ.
14
Аччыктаан, бааһыран сэниэлэрэ эстибит саллааттар үрүҥнэр атаакаларын хорсуннук турууласпыттара. Пепеляев армията манна 150 киһитэ өлбүтэ, бааһырбыта. Кыһыллар көмөҕө 2 армияны ыыппыттара.
15
Карл Карлович Некундэ - Байкалов Кыһыл этэрээт хамандыыра 1886 с тохсунньу 2 күнүгэр Латвия Лифляндскай губерниятыгар Рижскэй уезд Куртенгоф к. төрөөбүтэ 1950 с. атырдьах ыйын 8 күнүгэр 64 сааһыгар Мэҥэ-Хаҥалас Абалааҕар өлбүтэ Гражданскай, Монголиятааҕы өрө туруу сэриитин кыттыылааҕа Наҕараадата – 2 төгүл Кыһыл Знамя ордена, САССР ЦИК үрүҥ көмүс знага
16
Карл Байкалов армията 600 киһилээх, 15 пулеметтаах, 2 пушкалаах кулун тутар 2 күнүгэр Амманы төгүрүктээһинтэн быыһаабыта. Бу кыргыһыыга хорсуннарын көрдөрбүттэрин иһин ЧОН командира Кеша Алексеев уонна бартыһаан Хабырылла Дьөгүөрэп Кыһыл Знамя орденынан наҕараадаламмыттара.
17
Ефим Иванович Курашов Коммунист, кыһыл этэрээт хамандыыра Революция, гражданскай сэрии кыттыылааҕа 1892 с төрөөбүтэ 1946 с өлбүтэ Наҕараадата – Кыһыл Знамя ордена, САССР ЦИК үрүҥ көмүс знага
18
Курашов армията 500 киһилээх, 12 пулеметтаах, 2 пушкалаах этэрээтэ Чурапчыттан айаннаан кэлэн, кулун тутар 2 күнүгэр Саһыл Сыһыыны босхолуур иһин кырыктаах охсуһуу буолар. Кулун тутар 3 күнүгэр Амматтан Байкалов армиятын Мизин салайар дивизията эбиллэн, Саһыл Сыһыыны босхолууллар.
19
Строд армиятын быыһаныыта Төгүрүктээһин устата барыта 63 (100) киһи өлбүт, 96 киһи бааһырбыт, 123 киһи ордубут. Салгыы куоппут Пепеляевы тутууга, Саха сиригэр бандьыыттары эһиигэ хорсуннук сэриилэспиттэрин иһин И.Строд, К.Байкалов, Е.Курашов Кыһыл Знамя орденынан наҕараадаламмыттара.
20
Абаҕа пионердара Артемьев этэрээтэ