- Презентации
- Презентация по якутской литературе Тимофей Егорович Сметанин
Презентация по якутской литературе Тимофей Егорович Сметанин
Автор публикации: Оконешникова А.Н.
Дата публикации: 23.11.2016
Краткое описание:
1
Уопсай үөрэхтээһин бүддьүөтүнэй муниципальнай тэрилтэтэ «А.Н.Явловскай аатынан Сылгы-Ыытар уопсай уорэхтээьинин орто оскуолата» «Тимофей Егорович Сметанин» (Суруйааччы презентацията) Толордо: Оконешникова Анна Николаевна, саха тылын уонна литературытн учуутала, Орто Халыма улууьун, Сылгы-Ыытар орто оскуолата 2016 сыл
2
«… Тимофей элбэх айымньылара киhини тардар эмоциальнай күүстээхтэр, оннук айымньылары кини эңэрдээн, хайдах эрэ ыллаан эрэрдии долгуйан, ис сүрэ5иттэн аа5ара истээччи киһиэхэ ордук тиийимтиэ буолара. Тимофей дьиңэр, саңа суруйан иһэн өлбүтэ. Суруйааччы табаарыстара да билиинэлэринэн, мин да санаабар, кини саха литературатыгар сүүнэ улахан талаан үөскээн иһэн, хомойуох иһин, эрдэ өлөн туораабыта». Н.М. Заболоцскай
0
Благодаря этой рекламе сайт может продолжать свое существование, спасибо за просмотр.
3
Тимофей Егорович Сметанин (1919 – 1947 с.с.).
4
1919 сыллаахха сэтинньи 25 күнүгэр Орто Бүлүү улууһун кырыы нэһилиэгэр Чачыга (кэлин Кэбээйи нэһилиэгэ, Кэбээйи улууһа) дьадаңы дьиэ кэргэңэ төрөөбут. Аҕата Егор Николаевич иккис кэргэниттэн Левина Анастасия Степановнаттан үс о5оломмут, Тимофей бастакылара этэ.
5
Оскуолаҕа хойутаан, төрөппүттэриттэн көҥүлэ суох, 11 сааһыгар 1930 сыллаахха, үөрэх дьыла бүтэрэ чугаһаабытын кэннэ киирбит. 1933 сыллаахха ситиһиилээхтик төрдүһү бүтэрбит. Онтон 13 сааһыгар Калинин аатынан колхуос көмөлөһөөччү суоччутунан анаммыт. Онтон Намҥа киирэн суоччут куурсун бүтэрэн 1934 сыл олунньутуттан колхуоһугар суоччут буолбут. 1936—37 үөрэх сылларыгар Кэбээйи оскуолатыгар кэлин биллиилээх поэт буолбут Пантелеймон Тулааһынап директорынан үлэлии сылдьан литературнай куруһуок ыыппыт. Ол куруһуокка Тимофей актыыбынай чилиэнинэн буолбут, илиинэн таһаарар сурунаалларыгар худуоһунньуктаабыт.
6
1942 сыл атырдьах ыйыгар Кэбээйи оройуонун военкоматынан Аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. 284-с минометнай полкаҕа сулууспалаабыт, старшай телефонист. «Хорсунун иһин» (18.01.1944), «Бойобуой өҥөлөрүн иһин»(22.06.1943) мэтээллэринэн наҕараадаламмыт. Фронтан, ыалдьан, 1944 сыллаахха төннүбүт.
7
1944 сыллаахха икки мэтээллээх, сэрииттэн улаханнык бааһыран, эргиллэн кэлбитэ. Фронтовик-суруйааччы кыратык сынньанаат, Дьокуускайдаа5ы пединститутка киирбитэ. Суруйааччы, буойун, А5а дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Орловскай – Курскай туһаайыыга, Хотугулуу-Ар5ааңңы 2-с Прибалтийскай фроннарга буолбут кыргыһыыларга кыттыыны ылбыта. Сэрии толоонуттан дойдутугар «Хааннаах хара баттах,» «Сүрэхтэн кэпсэтии», «Босхоломмут дэриэбинэ», «Саллаат ахтыл5ана», «Бухатыыр Армия», «Саллаат» диэн буорах сыттаах хоһооннору суруйан ыыппыта.
8
Сэриигэ связист эбит, ол эрээри үчүгэйдик уруһуйдуурун иһин кинини разведка5а эмиэ ыыталлар. Ол туһунан суруйааччы Дмитрий Таас 1994 с. «Кыым» хаһыакка маннык суруйбут: «Кини (Т.Сметанин) дьиңинэн связист этэ, ол гынан баран, кинини сатаан уруһуйдуурунан, разведка5а сылдьан инники линия былаанын уруһуйдаан устарга анаабыттара. Ити үлэтин ситиһиилээхтик толорбута».
9
Тимофей Сметанин олус кылгастык олорон да аастар, олус элбэх кэрэ айымньылары норуотугар бэлэхтээбитэ. Кини о5о сылдьан олус ылларан туран уруһуйдуура, сэрии буолбата5а буоллар, ба5ар, өссө сө5үмэр талааннаах худуоһунньук буолуон сөп этэ. Баара суо5а 27 сааһыгар 1947 с. өлбүтэ.
10
Айар улэтин уратыта Тимофей Сметанин ыччат уонна о5о суруйааччытын быhыытынан ордук биллэр. Дириң реалистическай ис хоһоонноох, урдук уус – уран таһымнаах, бэргэн, уран тыллаах Т. Сметанин айымньылара олоххо дьиң баартан төрүттээхтэр. Аа5ааччыны куруутун үтүө5э – кэрэ5э угуйар уйа5ас айыл5алаахтар, сэргэх юмордаахтар.
11
Фронтовик – поэт Поэт фроннаа5ы лириката – сэрии кэминээ5и саха советскай поэзиятын ситиһиитэ «Саллаат сүрэ5э» (1945) кинигэтигэр буойун – поэт фроннаа5ы хоһоонноро лиризма, үрдүк публицистическай таһыма күүстээх. Поэзиятыгар сэрии тыына, тыйыс кырдьыга, кыайыыга эрэл, олоххо тардыһыы күүһэ, олох уонна өлүү философията көстөр. Хоһооңңоро чочуллубут уус – уран формалаахтар, тыл – ос, интонация өттүнэн баай өрүттээхтэр, араас кырааскалаахтар. Манна Ийэ сиргэ итии таптал, өһөгөйдөөх өстөөххө өьүллүбэт өс ис иһиттэн имэңнээхтик, иччилээхтик этиллэр. А. Твардовскай фронтовой поэзиятын сабыдыала биллэн ааьар.
12
Айымньылара О5олорго: «Куоска олоңхото», «Мэхэлэчээн булчут», «Күөрэгэй», «Егор Чээрин»,
13
Драмата: «Лоокуут уонна Ньургуһун»,
14
Хоһоонноро: «Кырдьык иһин кыргыс», «Бырастыылаһыы», «Хааннаах хара баттах», «Саллаат сурэ5э», «Саллаат ахтыл5ана», «Өсөөххө кырыыс», «Саллаат».
15
«Кырдьык иһин кыргыс» Мөлүйүөн сүрэхтэр түмсүүлэрэ, Мөлүйүөн быччыңнар күүрүүлэрэ, Советскай норуот до5ордоһуута, Сууһарыылаах сутурук охсуута,- Хараңа күүьү хампарытан, Халлаан күөнүн арылытан Уруй буоллун, Улуу Олох! Тускул буоллун, Дьоллоох Олох!
16
Саллаат сүрэ5э Эрдэ кырдьыбыт иһин кырдьыбат Эрдээх саллаат сүрэ5э тэбэр буолла5ына, Сааспын сэрии сарбыйбытын иһин, Сардаңалаах күн көрө турда5ына,- Син биир этиэ5им: Сирдээ5и дьолу билэбин диэн
17
«Учугэйин даа, тыыннаах буолар» Кэрэ да до5отторбут Кинилэр бүгүн суохтар. Турун кинилэр кэриэстэригэр, Тутун бакааллары күөрээччи, Умайдын олох храмыгар Умнуллубат сырдык чүмэчи
18
Поэма «Дьөьөгөй о5ото» Т.Е. Сметанина. Үүтүн иһэн улааппыт, уйгутугар төрөлүйбүт, Киһи буолбут, дьолу булбут, Ала5аркаан-тэтэгэркээн айыллыбыт А5а дойдум Алдьархайга ааннаппыт амырыыннаах кэмигэр Мин тугу эмэни оңоруум, Мин тугу эмэ көмөлөһүүм
19
Поэма «Анюта» Анюта курдук кыргаттары Босхолоспут буоллахпына, Тохтубут хаан таммахтара Имнэрин эргиппит буолла5ына,- Мин дьоллоох киһибин, Иэспин төлөөбүт эбиппин
20
Бол5омто5ут иhин махтал!