Презентация к занятию Саха оонньуурдара
Автор публикации: Винокурова М.Н.
Дата публикации: 27.11.2016
Краткое описание:
1
Оҥордо иитээччи Винокурова М.Н. МБДОУ “Детский сад “Туллукчаана” Алеко-Кюель, 2014
2
Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ оҕону кыра сааһыттан олоххо бэлэмнииргэ, өйүн – санаатын дириҥэтэргэ, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарарга сахалыы остуол оонньууларын сөргүтүү.
Благодаря этой рекламе сайт может продолжать свое существование, спасибо за просмотр.
3
Маннык оонньуулар оҕо билэ – көрө сатыыр, тарбах көмөтүнэн тута – хаба үөрэнэр баҕатын сайыннараллар, тулуурдаах, дьулуурдаах буоларга көҕүлүүллэр, санаатын сайа этэригэр көмөлөөхтөр.
4
5
6
7
8
Бу оонньуур 1 см кэтиттээх, 9 см усталаах, 4 мл халыҥнаах буолар. Хабылыгынан оҕолор эрэ буолбакка улахан дьон эмиэ оонньууллар. Хабааччы киһи хабылыгы барытын биир ытыһыгар сааһылаан мунньар уонна сэрэнэн үөһээ өрө быраҕар. Хабылыктар остуолга түһүөхтэрин иннинэ илиитин көхсүн тоһуйан биэрэр. Ол кэнниттэн өссө үөһээ өрө быраҕар уонна ытыһынан хабан ылар. Төһө маһы хаппытынан аахсар. Ким төһө элбэх хабылыгы хаппыт киһи кыайыылааҕынан тахсар.
9
10
Өбүгэлэрбит биир сөбүлүүр оонньууларынан күүгүнэтэр буолар. Күүгүнэтэри талаҕынан, мамонт, таба муоһунан оҥоруохха сөп. Икки кырыытын ортотунан үүттүүллэр, үүттэринэн сөбүгэр суон сабы угаллар, сабы төбөтүн холбуу баайаллар.
11
12
13
14
15
Тыксааны барытын бииргэ мунньан хомуйан ылыллар, остуол үрдүгэр ыһа түһэриллэр. Ити кутуу дэнэр. Бу оонньууга ыспыт киһи тыксаана таптаҕына таппыт тыксаанын ылар. Атын тыксааны хамсатыа суохтаах.
16
17
18
Остуол биир дьикти оонньуутунан мээрикээн буолар. Мээрикээҥҥэ хас да киһи оонньуон сөп. Хаптаһыны эбэтэр чараас маһы төгүрүччү кыһаллар. Ортотунан курдаттыы үүттүүллэр. Ол үүккэ ытыйарга сөптөөх тутааҕы угаллар. Тутаах аллараа өртүн чочуйан кыһаллар.
19
20
21
22
23
24
25
Сыала олоҥхо персонажтарын таҥнар таҥастарын, бухатыырдар охсуһар, кыргыһар сэптэрин-сэбиргэллэрин олоҥхоҕо ойууланарын курдук оҥоруу, олоҥхону, фольклору, төрүт культураны оҕоҕо оонньуу нөҥүө тарҕатыыга бастакы олук. Таҥаһа сон күн (туос куйаҕа) , дапсы, кур, бэлэпчи, дуулаҕа бэргэһэ, сыалдьа, куруму этэрбэс. Туттар сэбэ-сэбиргэлэ куйах, үҥүү, батыйа. Матырыйаала габардин, ойуулаах тимир тордуйа, саппыйаан сутаас, солко сап, туоһахта. Иһигэр тимир боробулуоха каркаһа.
26
27
28
Сыала олоҥхо персонажтарын таҥнар таҥастарын, бухатыырдар охсуһар, кыргыһар сэптэрин-сэбиргэллэрин олоҥхоҕо ойууланарын курдук оҥоруу, олоҥхону, фольклору, төрүт культураны оҕоҕо оонньуу нөҥүө тарҕатыыга бастакы олук. Таҥаһа бууктаах сон, туоһахталаах дьабака бэргэһэ, халадаай ырбаахы, кэһиэччик, сыалыйа этэрбэс. Киэргэлэ илин-кэлин кэбиһэр, суһуох симэҕэ. Матырыйаала габардин, шифон, парча, саппыйаан, оҕуруо, хобо.
29
30
31
32
33
34
35