- Учителю
- Сценарий литературного вечера Алампа туьулгэтэ
Сценарий литературного вечера Алампа туьулгэтэ
Алампа түһүлгэтэ.
(литературнай-музыкальнай дьоро киэЬэ сценарийа)
1 ыыт. Үтүө киэЬэнэн, күндү нэЬилиэк олохтоохторо, үөрэнээччилэр. А.И.Софронов-саха уус-уран литературатын төрүттэспит суруйааччылартан биирдэстэрэ. Дэгиттэр талааннаах суруйааччы, хомо5ой тыллаах хоЬоонньут, биллиилээх кэпсээнньит, саха бастакы драматура, тылбаасчыт, критик, суруналыыс төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах литературнай-музыкальнай дьоро киэЬэбитин са5алыырбытын көңүллээн.
( Үңкүү )
2 ыыт. Алампа саха театрын төрүттээччи уонна салайааччы, «Манчаары» бастакы хаЬыат эппиэттиир редактора, «Чолбон» сурунаал бастакы редактора, биллиилээх общественнай деятель.
1 ыыт. А.И.Софронов 1886 сыллаахха сэтинньи 14 күнүгэр Таатта улууЬун I Дьохсо5он нэЬилиэгэр төрөөбүтэ. Кинини төрөөтүн кытары, икки хара5а суох Булуу диэн о5онньорго ииттэрэ биэрбиттэрэ. 14 сааЬыгар диэри 3 ыалынан көһө сылдьан иитиллэн, о5о сааЬыгар төрөппүт ийэ, а5а тапталын билбэтэ5э, үгүс эрэйи - кыЬал5аны көрсүбүтэ. 15 сааЬыгар оскуола5а үөрэнэ киирбитэ. Онтон 1907 сыллаахха «үөрэнэр, сайдар ба5аттан» Дьокуускай куоракка киирбитэ.
( «Таатта үрэх үрдүгэр» ырыа.)
2 ыыт. Ханнык ба5арар суруйааччы айар үлэтэ тус оло5ун кытта быстыспат ситимнээх буолар. Бары билэрбит курдук, кини оонньооботох о5о сааЬа, эрэйдээх-буруйдаах оло5о дьон өйүн-санаатын билиңңэ диэри аймыыр, долгутар.
1 ыыт. Дьадаңыттан тахсыбытым,
Эрэйинэн иитиллибитим,
Аччыктыыры амтаЬыйбытым,
Тоңору толкуйдаабытым,
О5о сааЬым устатыгар
Ойуу-бичик олоххо
Оонньоон улааппата5ым- диэн о5о сааЬын бэрт эрэйдээхтик атаарбытын туЬунан суруйар.
«Дбадаңыттан тахсыбытым» хоЬоонтон быЬа тардыы.
2 ыыт. А.И.Софронов поэт быЬыытынан эдэр чуор куолаЬа өссө революция иннинээ5и барык-сарыкка Саха сиригэр дуораЬыйан иЬиллибитэ. Саха омук ыар оло5ун «Төрөөбүт дойду» диэн бастакы хоЬоонугар дууЬаны долгутар уус-уран хомо5ой тылынан хоЬуйбута.
«Төрөөбүт дойду» хоЬоонтон быЬа тардыы
1 Ыыт. Айар үлэ5э оло5ун бүтүннүү анаабыт киЬи о5олору тумнубата5а, кыра саастаах о5олорго анаан үгүс хоЬооннору суруйбута, кыракый до5отторугар анаабыта.
«Туллук - туллук до5оттор» уонна «Чыычаах» хоЬооннору аа5ыы
(Проектарга дьыл түөрт кэминээ5и араас айыл5ата)
2 Ыыт. А.Софронов норуотун кыЬал5атын уонна санаатын өйдүүр буолан, сүңкэн дьо5урун дьон туЬатыгар аныыр суолу эдэр сааЬыттан дьулуурдаахтык көрдөөбүт. Ол иЬин кини хоЬоонноро дьоңңо-сэргэ5э сөбүлэнэн, уостан түспэт ырыалар буолан ыллана сылдьаллара ону дакаастыыр. Араас көлүөнэлэр кини ырыаларын сөбүлээн ыллаабыттар, тар5аппыттар. Ол курдук, кыра саастаах о5олорго «О5о-о5о эрдэххэ», «Саргылардаах сахаларбыт» ырыалары ыллыыллар.
«О5о-о5о эрдэххэ» ырыа
1 Ыыт. Саха литературатыгар сүрэ5и ууллара уйадытар, дууЬаны ытатар-ыллатар истиң иЬирэх айымньыларынан саха5а таптал лирикатын аан бастакынан киллэрбит А.И.Софронов-Алампа буолар. Поэт тапталын лирикатын бары хоЬооннорун анаабыт дьахтара со5отох: ол 14 сыл бииргэ олорбут кэргэнэ-саха бастакы артыыската Евдокия Константиновна Яковлева буолар. Алампа Соппуруонап поэзия5а саха дьахтарын уобараЬын үрдүкү кэрдиискэ таЬаарбыт, таңара оңостон үңпүт-сүктүбүт поэт буоларынан биллэр.
2 Ыыт. Ол курдук кэргэнигэр Дуунньа5а уонтан тахса бэртээхэй хоЬоону бэлэхтээбитэ. Олортон биир саамай тар5аммыт, ырыа буолан ылланар «Үрүң туллук эрэ мөлбөстүүр» ырыата буолар.
Билигин истиң ансамбль толоруутугар А.Софронов тыллара, мелодиятыгар «Үрүң туллук эрэ мөлбөстүүр»
1 Ыыт. БиЬиги бары билэрбит курдук А.И.Софронов-Алампа Кирилэ Дабыыдап диэн атыыЬыкка үлэлии сылдьан Булуңңа кэлэ сылдьыбыта биллэр. Ол туЬунан кылгастык билиЬиннэриэ А.Н.Коркина.
(ХоЬоон А.Софронов «Дойду ахтыл5ана» )
2 Ыыт. 2011 сыл бэс ыйыгар Алампа төрөөбүт Тааттатыгар суруйааччы 125 сылыгар аналлаах о5о ыЬыа5а буолан ааспыта. Бу ыЬыахха Саха сирин араас улуустарыттан о5олор кэлэн кыттыыны ылбыттара. Олор истэригэр биьиги оскуолабыт үөрэнээччитэ К.Корякина кыттыыны ылбыта. Сцена5а ыңырабыт Кэрэчээнэ Корякинаны.
А.Софронов «Өлүөнэ өрүспүт».
1 Ыыт. 1927-1933 сыллар Алампа оло5ор саамай ыарахан кэмнэр этэ. Хараңа балыырга түбэЬэн репрессияланан 5 сыл Архангельскайга сыылка5а сылдьар. Сымыйа балыырга түбэһэн, оңорботох буруйугар эриллэн, дойдутуттан кый ыраах сыылкалана сылдьар киһиэхэ төһө ыарахан буолуой, төһөлөөх эңин араас санаалар охсуллан ааЬаллара буолуой? Эбиитин эргиллиэн иннинэ кэргэнэ Евдокия арахсан барыыта эбии сүгэЬэр буолла5а «Туох иннигэр маннык баЬаам батталга барбытым буолуо?» диэн Алампа бэйэтиттэн ыйытара. 1933 сыл от ыйыгар дойдутугар эргиллэн кэлэр. Өр сылларга төрөөбүт төрүт буоруттан тэлэЬийэн, түЬээн да көрбөтөх сириттэн этэңңэ эргиллии үөрүүтүн, ахтыл5анын Алампа «Дорообо, дойдум» диэн хоЬоонугар суруйбут.
Хоьоон «Дорообо, дойдум!»
2 Ыыт. А.И.Софронов-саха оло5ун тыыннаах хартыынаЬыта. Кини кэпсээннэрэ-олох тыыннаах лоскуйдара. Ол курдук, «Куоратчыт», «Дьүһүн кубулуйумтуо», «Ордугу булаары оло5ун алдьаппыт» о.д.а. кэпсээннэрэ саха киЬитин сүрэ5эр хаЬан да5аны сүппэт дириң суолу хаалларбыта. Алампа диэн тыл бэйэтэ музыка. Хомус тылын төлө тардыбыт курдук тохтообокко-сүппэккэ лыңкыныы туруон сөп курдук. Ол да иЬин кини хоЬоонноро ырыа буолан дьиэрэйэ көттөхтөрө.
1 Ыыт. Алампа поэзията өлбөт аналлаах, үйэлээх айымньы.
Кэскилим кэрэ кэпсээммэр,
Дьолум эрэ тойукпар,
Ыйдаңам эрэ ырыабар,
Үөрүүм эрэ үгэспэр! -диэн Алампа айар үлэтинэн дьоллолммутун билиммитэ. Билигин ол дьоло толору ситтэ, норуот билиниитин, тапталын, сүгүрүйүүтүн ылла.
2 Ыыт. Алампа-саха бастакы драматура. Саха театра, бастатан туран, Алампа театра. Саха театрын историята, хайдах да эргитэ тут, Алампа аатын кытары быстыспат ситимнээх. Биллэрин курдук, 1909 сыллаахха А.И.Софронов Н.В.Гоголь «Кэргэн кэпсэтии» диэн комедиятын сахалыы тылбааЬын сцена5а туруоруута режиссер уонна артист юыЬыытынан кыттыбыта.
</<font face="Times New Roman, serif">( «Таптал» драматыттан быЬа тардыы. )
Ыыт. …Алампа барахсан дэгиттэр үлэң
Улуукан дэтэргэ дьүөрэлээх
Тыл күүһүн баара5ай а5ата
Бар дьонтон улахан баЬыыба!
…Сүдү талааңңар сүгүрүйэ
Күн бүгүн норуотуң умнубат,
Үйэттэн үйэ5э астына
Кэнчээри ыччатын кэриэстиэ!