- Учителю
- Статья И.С.Портнягин 85 сылын керсе...
Статья И.С.Портнягин 85 сылын керсе...
Бэлиэ күн.
Өбүгэ саҕаттан күн бүгүнүгэр дылы омугуттан тутулуга суох оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитии ураты болҕомтоҕо ууруллар. Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитии, үөрэтии бүтүн омук дьылҕатын быһаарар сүдү суолталанан тахсар. Оҕо киһи быһыытынан иитиллиитэ, бастатан туран, дьиэ кэргэҥҥэ ситиһиллэр.
Сыырдаах орто оскуолата В.А. Штыров 2004 сыл муус устар 14 күнүгэр тахсыбыт 1515 №-дээх дьаһалынан РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, РФ идэтийбит үрдүкү үөрэҕин бочуоттаах үлэһитэ, СР үтүөлээх учуутала, Учууталлар учууталлара, Уус-Алдан улууһун бочуоттаах гражданина, педагогическай наука доктора, профессор И.С. Портнягин аатын сүгэр.
Ханнык баҕарар оҕо кыра сааһыттан омугун төрүт культуратын этигэр-хааныгар иҥэрэн толору куттаах-сүрдээх аҕатын ууһун салгыыр, урааҥхай омугу ууһатар киһи буолан тахсар.
Өбүгэ үтүө үгэһин сайыннарар, Иосиф Семенович төрүттээбит кут-сүр үөрэҕин этнопедагогиканы сырдатар сыаллаах үүнэр көлүөнэни иитиигэ биһиги оскуолабытыгар араас көруҥнээх тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Ол курдук 2006 сылтан Портнягинскай ааҕыылар ыытыллаллар. 2012 сыл кулун тутар 19 кунугэр И.С. Портнягин аатын үйэтитэн, улуус үөрэнээччилэрин норуот олоҕор-дьаһаҕар, историятыгар билиилэрин тургутар сыаллаах улууска норуот педагогикатын I олимпиадата ыытыллыбыта.
2011сыл муус устар ыйга Иосиф Семенович 80 сылыгар аналлаах "Оло5ум устата уерэниэм, уйэм тухары улэлиэм..." тэрээьин буолбута.Онно И.С.Портнягин улэлии сылдьыбыт Чурапчы улууьун С.Д.Флегонтов аат.Хадаар орто оскуолатын коллектива кэлэн кыттыыны ылбыттара.
2014сыл муус устар 15 кунугэр "Норуот айымньыта - норуот историческай сайдыытын кэрэьитэ" улуустаа5ы тэрээьин урдук таьымнаахтык ыытыллыбыта.
Бэрт-Ууһа элбэх уус түөлбэлээн олорор нэһилиэгинэн бүтүн улууска, республикаҕа биллэр. 2014 сыллаахха бала5ан ыйын 25 кунугэр биьиги нэьилиэкпитигэр "Уус -Алданна тимири уьаарыы" республиканскай тэрээьин ыытыллыбыта.Ол тэрээьин иьинэн "Уус-Алдан уустар туелбэлэрэ" улуус уерэнээччилэрин ортотугар НПК ыытыллыбыта.Тимир уустара Б.Ф. Неустроев - Мандар Уус, Г.Г. Бурцев - Кэрэмэн Уус, Ховров А.И., Шепелев А.А., Попов И.Е., Охлопков В.Н., Готовцев Р.И. Лукачевскай А.Т. кыттыылаах, ону тэҥэ туостан тигиигэ, мастан аһыыр иһиттэри, тирииттэн кымыс иһитин оҥорууга, хомус оҥоруутугар олохтоох уонна кэлии ыалдьыттар маастар-кылаастары көрдөрбүттэрэ.
Муус устар 7 күнкүгэр И.С. Портнягин 85 сылыгар аналлаах «Дьиэ кэргэн эйгэтэ» тэрээһин научнай төрүккэ олоҕуран этнопедагогиканы, фольклор көрүҥнэрин (аман өс, чабырҕах), хомуска оонньооһуну үөрэнээччилэр ортолоругар пропагандалыыр, норуот педагогикатыгар олоҕуран үүнэр көлүөнэни иитиигэ ыытыллыбыт үлэни сырдатар, инники соруктары туруорунар, үлэ хайысхаларын чопчулуур сыаллаах ыытылланна. Тэрээһиммит үөрүүлээх чааһын эҕэрдэ тылтан оскуолабыт директора Данилова Д.И. аспыта, ис сүрэхтэн тахсар махтал тылларын эппиттэрэ Иосиф Семенович уола педагогическай наука доктора, физкультура уонна спорт институтун кафедратын профессора, норуоттар икки ардыларынааҕы педагогическай академия корреспондена И.И. Портнягин, педагогическай наука доктора, педагогическай институт алын сүһүөх үөрэхтээһин кафедратын профессора, норуот педагогикатын ассоциациятын президенэ Неустроев Н.Д., улуустааҕы үөрэх управлениятын начальнига Тарская И.М.
Бу тэрээһиммитигэр уопсайа улуус 11 оскуолатыттан 97 кыттааччы кэлэн кыттыыны ылбыта. Научнай-практическай конференция үс секциянан ыытыллыбыта, экспертэринэн Портнягин И.И., Неустроев Н.Д., үөрэх управлениятын специалиһа Слепцова Е.Ф., фольклор көрүҥнэрин күрэххэ культура управлениятын отдел начальнига Готовцева М.Г., эбии үөрэхтээһин киинин специалиһа Сергеева Л.И., СР культуратын туйгуна Иванов А.П. үлэлээбиттэрэ.
Бу кун оскуолабыт уерэнээччилэрин,учууталларын, тереппуттэр, нэьилиэк уус-иис дьарыктаах дьонун быыстапката турда, кылы еруугэ маастар кылаас ыытылынна.
Ол курдук «Мин төрүччүм»I секцияҕа үөрэнээччилэр ортолоругар ордук ситиьиилээхтик Мүрү 1 №-дээх оскуолата, Сыырдаах орто оскуолата, Тумул орто оскуолата,Уһун-Күөл сурун оскуолата кытыннылар.
«Мин төрүттэрим талааннара, дьарыктара»II секцияҕа Сыырдаах орто оскуолата, Мүрү 1№-дээх оскуолата, Орто-Эбэ сурун оскуолата, Уһун-Күөл сурун оскуолата ситиьиилээхтик кыттыбыттара.
«Оҕону иитиигэ норуот педагогикатын туһаныы»III секцияҕа учууталлар, төрөппүттэр ортолоругар Сыырдаах орто оскуолата, Бэйдинэ орто оскуолата, Тумул орто оскуолата учугэй бэлэмнээхтэрэ кестубутэ.
Чабырҕах, хомус, аман ес курэҕэр белеҕунэн, биирдиилээн,дьиэ кэргэнинэн курэххэ Тумул, Мындааба , Сыырдаах, Майаҕас,Тулуна, Мүрү 1 №-дээх оскуолалара, Уһун-Күөл сурун оскуолата тэннээхтэрин булбатахтара.
Оскуола администрациятын аатыттан бары кыттыыны ылбыт ыҥырыылаах ыалдьыттарбытыгар, үөрэнээччилэргэ, учууталларга, төрөппүттэргэ инники олоххутугар, үөрэххитигэр үрдүк ситиһиилэри, «Дьиэ кэргэн эйгэтэ» тэрээһин инникитин кэнчээри ыччаты иитиигэ төһүү күүс буоллун, барыгытыгар чөл туругу, ситиһиилэри баҕарабыт.
Оло5ун устата улэлээбит, уйэтин тухары уерэммит уонна уерэппит, биир дойдулаахпыт, педагогическай наука доктора, профессор И.С.Портнягин аата биьиги сурэхпитигэр, дууьабытыгар утуе быьыы, сырдык санаа кыымын са5ар, аан дойду кэрэтин арыйар,олох ис дьинин билэр, наука урдук ар5аьыгар дабайар суолбутугар кини аата, улэтэ, наука5а урдук идеаллара умайар-угуйар сулус буолан инники кэскилбитигэр суол аьыахтара!
Суруйда И.С. Портнягин аатынан
Сыырдаах орто оскуолатын иитэр
үлэҕэ директоры солбуйааччы,
төрүт култуура учуутала
Хорунова Ньургуйаана Семеновна.