- Учителю
- Кылаас чааьын сценарийа Доруобай аьылык- чел олох терде
Кылаас чааьын сценарийа Доруобай аьылык- чел олох терде
Кылаас чааьа
«Доруобай аьылык - чел олох терде»
Сыала: - о5олорго доруобай уонна доруобуйа5а буортулаах аьы араара уерэтэргэ;
- о5олор билиилэрин хацатыы;
- бэйэлэрин куннээ5и аьылыктарын ырытан кереллеругэр меню толорторуу;
Ыытыллар формата: бэсиэдэ, группанан улэ.
Туттуллар матырыйаал: ИКТ, анкета, карточкалар.
Кылаас чааьын хаамыыта:
I Киириитэ.
- …
- О5олоор, биьиги чугас дьоммутугар, табаарыстарбытыгар, аймахтарбытыгар тугу ба5арабытый? Э5эрдэлээн, учугэйи ба5аран еруу туох диэн этэбитий?( )
- Биллэн туран, бастакынан , кинилэр еруу доруобай, чэбдик сылдьалларыгар ба5арабыт.Дьон мээнэ5э эппэт «Доруобуйа баар буолла5ына туох барыта баар буолуо» диэн.
- Биьиги то5о эрэ ыарыйдахпытына эрэ бэйэбит доруобуйабытын саныыбыт, бол5омто уурабыт. Киьиэхэ олох биирдэ бэриллэрин курдук доруобуйабыт эмиэ биир. Доруобуйабытын харыстаан, чэгиэн - чел буоларбыт туьугар тугу гыныахтаахпытый?(спордунан дьарыктаныахтаахпыт, чел оло5у тутуьуохтаахпыт, эппитин хаамытын эрчийиэхтээхпит…)
- Олус сепке этэ5ит. Бэйэбитин керунэ, сууна -тараана сылдьыахтаахпыт, спордунан дьарыктаныахтаахпыт, сепке тана -сапта сылдьыахтаахпыт уо.д.а. Ону кытта , о5олоор, биьиги доруобуйабыт аьыыр аспытыттан олус тутулуктаах, аспытын керен туьалаа5ын талан сиэхтээхпит.
II Cурун чааьа.
1) Бугуццу кылааспыт чааьын темата «Доруобай аьылык - чел олох терде»
- Аьылык биьиэхэ туох суолталаа5ый?
- Биьиги сиир аспытын кытта организммытыгар араас ицэмтэлээх веществолар, туьалаах витаминнар киирэллэр. Ол иьин биьиги улаатабыт, хамсыыбыт - имсиибит, суурэбит -кетебут, олоробут.
- Биьиги аьыырбытыгар ханнык органнарбыт кемелеьеллеруй? (айах , тиис, пищевод, куртах, оьо5ос- олоччу буьан туох баар туьалаах веществолара хааммытыгар, организммытыгар тар5анар. Наадата суо5а таьыгар тахсар. )
- Билигин эьиги улаатан иьэ5ит, организмцытыгар элбэх ицэмтэлээх веществолар, витаминнар наадалар. Эьиги санаа5ытыгар сепке аьааьын диэн тугуй? …
- Медиктар биьиэхэ наьаа симинэ аьары уонна сотору-сотору аьааман диэн субэлииллэр. Ол доруобуйа5а олус буортулаах. Олус симинэ аьаатахпытына куртахпыт барытын буьара охсубат, нагрузкаланар ол иьин ситэ буспакка аспыт тахсар. Испит ыалдьыан сеп, (куртахпыт, оьо5оспут) Ону таьынан аьыыр аспыт керуцэ уларыйа сылдьыахтаах . Наар биири аьыа суохтаахпыт, х-ра: килиэби наар сиэ суохтаахпыт.То5о? То5о диэтэргин, аьылык биир керуцэ биьиги организммытыгар наадалаах бары веществолары биэрбэт. Ону таьынан аьылык режимин тутуьуохтаахпыт.(Режим питания).
- Биьиги сиир аспыт барыта туьалаах буолбатах.
Сепке аьааьын- доруобуйа терде.
Сыыьа аьааьын ыарыыга тиэрдэр.
2) Эьиги санаа5ытыгар , ханнык астары сиирбит биьиэхэ туьалаа5ый, ханнык астар буортуну оцороллоруй? То5о? )
«Ханнык ас буортулаа5ый, ханнык туьалаа5ый?»
Биьиги «Доруобуйа» дойдутугар сылдьабыт. Онно ханнык астары аьыылларый? (карточки).1. Рыба
2. Молочные продукты
3. Крупы
4. Подсолнечное масло
5. Овощи
6. Фрукты
7. Ягоды
8. Зелень
9. Молоко
10. Мясо
1. Газированные напитки (Пепси-Кола, Фанта итд.
2. Чипсы
3. Жирное мясо
4. Торты.
5. Сникерс, марс итд.
6. Шоколадные конфеты
7. Сало.
8. Кофе.
9. Сахар.
Списогы дуоска5а ыйыыбыт, ырытабыт.
3) Биьиги организммытыгар углеводтар, жир, белок,араас витаминнар наадалар диэбиппит. (ИКТ)
Билигин эьиэхэ « » оскуолабыт фельдшера Баишева Мария Егоровна кэпсиэ5э.
4) Анкета тумугун билиьиннэрии.
5) Билигин группаларга сорудах биэрэбин. Уруучука, илиис баар. Эьиги бэйэ5ит куннээ5и аьылыккыт менютун оцорон боруобалаан керуеххут. (сарсыардааццы аьылык-завтрак, эбиэт, полдник-туеттургу, киэьээцци аьылык-ужин). Ейдеец, оскуола уерэнээччитин куннээ5и менюта, бородуукта арааьа киириэхтээх.(ИКТ)
(бириэмэ бэриллэр-5мун.)
Дуоска5а ыйыыбыт- 3 группа менюта.
Сыаналааьын: оскуола5а уерэнэр о5о5о септеех менюну талабыт. Ырытабыт.
Уопсай ылан кердеххе , менюлар сепке талыллыбыттар. Ол аата бугун бэйэбитигэр туох эрэ ейдебулу - септеех аьылыгы талыыга - ыллыбыт дии саныыбыт.
III Тумук
- Бугун кылаас чааьыгар туох сацаны биллибит?
- Септеехтук аьаатахпытына доруобай, биьиги олохпут уьун дьоллоох буолуо5а. Кыра эрдэхпититтэн бэйэбит доруобуйабытын бэйэбит харыстыахтаахпыт, керунэ сылдьыахтаахпыт.
-Быраабыла:
1. Наар биир бириэмэ5э аьыахтаахпыт.
2.Аспытын учугэйдик ыстаан сиэхтээхпит.
3. Бэйэбитигэр туьалаах, ицэмтэлээх аьы аьыахтаахпыт
4. Аьара испитин симинэ аьыа суохтаахпыт.
5. утуйуохпут 1-2 чаас иннинэ аьыахтаахпыт, оччо5о учугэйдик утуйабыт.
МОУ «Жабыльская средняя общеобразовательная школа им. Н.В.Петрова»
«Доруобай аьылык - чел олох терде»
(Кылаас чааьа)