7


  • Учителю
  • Сценарий открытого вне классного мероприятия 'Гвоздика кыайыы сибэккитэ'

Сценарий открытого вне классного мероприятия 'Гвоздика кыайыы сибэккитэ'

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала

Тема: Гвоздика-Кыайыы сибэккитэ

Сыала: Гвоздика сибэкки историятын билии, бэйэ илиитинэн оҥоро үөрэнии.

Соруга:

-Патриотизм тыыныгар иитии;
-Сибэкки оҥорор сатабылга үөрэтии;

-Оҕо илиинэн сатаан үлэлиир дьоҕурун сайыннарыы


Хабыллар кылаастар: 5-7 кылаас кыргыттара.

Көрүҥэ: Маастар класс.

Туттар тэрил: кыптыый, гафрированнай кумааҕы (кыһыл, от күөх), бороболуоха, килиэй, проектор, нетбук.

Уруок хаамыыта:

  1. Тэрээһин чаас;(5 м)

  2. Гвоздика сибэккини оҥоруу.(30 м)

  3. Гвоздика өйдөбүлэ;

  4. Гвоздика сибэкки араас дойдуларга суолтата;

  5. Мастер класс-гвоздика сибэккини оҥорон бүтэрии;

  6. Видео. Минута молчания. (7 м)

  7. Георгиевскай лента өйдөбүлэ;(1м)

  8. Түмүк. (3м)




Учуутал

Үөрэнээччи

  1. Тэрээһин чаас

Үтүө киэһэнэн күндү үөрэнээччилэр. Биллэрин курдук Дойду үрдүнэн Кыайыы 70 сылын бэлиэтээри сылдьабыт. Ол курдук эһиэхэ учууталлар Кыайыы 70 сылынан уонна литература сылынан эһиэхэ араас темаҕа кылаас чаастара ыыттылар. Мин бүгүҥҥү тэрээһиним эмиэ кыайыы сылыгар ананар. Ол гынан баран маастар кылаас. Ол эбэтэр биһиги Гвоздика сибэккини оҥоро үөрэниэхпит.

Школьнай форманан кэлэллэр.Болҕомтолоохтук истэллэр.

Мин эһигиттэн ыйытыахпын баҕарабын. Тоҕо Гвоздика сибэккини Кыайыыны кытта сибээстээтим.

Оҕолор эппиэттэрэ

  1. Гвоздика сибэкки өйдөбүлэ

Прибылых Люцияны

Родовое латинское название Dianthus происходит от греч. δῖος - «божественный»' и ἄνθος - «цветок»: цветок Зевса, Юпитера; дано растению К. Линнеем по красивым цветкам. Цветки одиночные или по 2-3 на концах веточек. Чашечка цилиндрическая или цилиндрически-коническая, с многочисленными продольными жилками и (1)2-4(5) парами чешуевидных, черепитчато налегающих прицветников. Лепестков пять, с длинными ноготками и зубчатым, бахромчато рассечённым, изредка цельным отгибом. Тычинок десять. Столбиков два.

Около 300-350 видов в Европе, Азии, Африке, а отчасти в Северной Америке. Наиболее богато род представлен в Средиземноморье. Многие виды введены в культуру в качестве декоративных растений и иногда натурализуются

  1. Маастар кылаас

Билигин Гвоздика сибэккини оҥоро үөрэниэхпит. (Слайд 4-9)

Прибордарын бэлэмнииллэр. (П. Люция, Р. Марианна сибэккини оҥорорго үөрэтэллэр).


Маша Попова Былыргы Гректэр Гвоздика сибэкки үһүйээнин туһунан кылгастык кэпсиэҕэ

( слайд 10)

Былыргы Гректар кыһыл Гвоздика үөскээбитин туһунан араас үһүйээннэри тарҕаппыттар. Диана диэн таҥара кыыһа табыллыбатах бултуттан дэлби кыыһыран тыаны туораан иһэн свирельга оонньуу олорор эдэр бостуук уолу көрсөр. Кыыс ону көрөн баран дэлби кыйаханар . Музыкатынан туох баар көстүүнү барытын буортулаабыт дии санаан кыыһырбыт, уордайбыт санаатыгар уолу хаба тардан ылан икки хараҕын хостоон кэбиһэр. Онтон дьэ, өйдөнөн кэлэн төннүбэт куһаҕан быһыыны оҥорбутун өйдөөн туох да буруйа суох уол хараҕын сиргэ быраҕан кэбиһэр. Ол киэһэ ити харахтартан икки кыһыл Гвоздика сибэкки үүнэн тахсыбыт. Икки кыһыл өҥнөөх гвоздика, ол эбэтэр туох да буруйа суох уол хараҕын уута диэн этэллэр.


Салгыы Марианнаны истиэҕиҥ (слайд 11)

Ити история сайдыыта маннык эбит. Кини үөскээбититтэн атын. Гвоздика Франция омугун кытта, ол эбэтэр Франция дойдутун хааннаах быһылааннарын кытта сибээстээх. Аан бастаан ити сибэкки 1270 сыллаахха биллибит. Франция хоруола Людовик IX Туниска 60000 рыцарьдарын илдьэ бүтэһик крестовай походугар барбыт. Ити кэмҥэ ынырыктаахай чума ыарыыта турбут, эмчиттэр чума ыарыыны утары хайдах да кыайбатахтар. Хоруол ити ыарыыны утары син биир ханнык эмэ дьааттаах от кыайара буолуо дии саныыр. Ити сибэккини көрөн баран, бу сибэкки кыайыыһы быһыылаах дии саныыр уонна элбэх Гвоздика сибэккини хомуйарга бирикээстиир, салгыы ыалдьыбыт дьоҥҥо уутун оргуттаран иһэртэрэр. Онтуката, кырдьык, чума ыарыыта уостар. Ити кэннэ чума ыарыынан хоруол бэйэтэ ыалдьыбыт. Онно туох да эмп туһалаабатах, онтон хоруол өлөр. Крестоносецтар таптыыр хоруоллара өлбүтүн олус аһыйан хоруолларын өлүгэр гвоздика сибэккини аҕалаллар. Онтон ыла

күн бүгүнүгэр дылы Французтар таптыыр сибэккилэрэ буолар. Кини эмтээҕин иһин эрэ буолбакка Людовик IX олоҕун кытта сибээстииллэр. Баҕар, ол иһин буолуо, ботаник Линней хас да сүүһүнэн сыл буолан баран Dianthus, ол эбэтэр «божественный цветок« диэн ааттыыр.


Даша Горохова истиэҕиҥ. (слайд 12)

Французскай революция ыар кэмнэригэр кыһыл гвоздика«гвоздика ужаса« диэн ааттана сылдьыбыт. Ити сибэккинэн өлө баран эрэр террордары киэргэтэллэр эбит. Хоруолларын туһугар хорсуннук өлөн эрэллэрин туоһулуур диэн. Уонна Франция кыргыттара сэриигэ аттанан эрэр уолаттарыгар, кэргэттэригэр кыайан-хотон кэлээриҥ диэн ити сибэккини бэлэх уунан ыыталлара.

Наполеон саллааттара итини олус итэҕэйэллэрэ Кыргыһыы хонуутугар охтубут элбэх саллааттан кыһыл гвоздиканы булбуттара. Онон гвоздика сибэкки французтарга кыайыы, хорсун буолуу бэлиэтэ. Дэлэҕэ даҕаны Наполеон I 1802 сыллаахха ыам ыйын 15 күнүгэр Почетнай орден лентатыгар кыһыл гвоздика дьүһүнүн талар.


Онтон ыла Гвоздика кыайыы, хорсун буолуу сибэккитин быһыытынан биллэр.


Салгыы сибэккини оҥоруу

13-18 слайд

Оҕолор оҥороллор

  1. Гвоздика араас дойдуларга суолтата


  • Францияҕа- кыайыы, хорсун быһыы бэлиэтэ

  • Англияҕа-королевскай сибэкки быһыытынан билинэллэр.

  • Бельгиялар- дьиэ туругун харыстыыр, дьиэ-кэргэн таптала, уол оҕо бэлиэтэ

  • Германияҕа- эрэллээх буолуу бэлиэтэ

  • Италияҕа- таптал талисмана, кыргыттара гвоздика сибэккинэн таҥастарын киэргэтэллэр.

  • Испанияҕа- көрсүһүү

  • Россияҕа- кэриэстэбил бэлиэтэ.


Оҕолор Гвоздикаларын салгыы оҥороллор.

    • Видео көрдөрүү (Метроном тыаһыыр).

    Минута молчания


    Былыр өбүгэлэрбит чыыһыла абыгар олус итэҕэйэллэрэ, туох баар үчүгэй барыта тэҥэ суох ахсааннаах (нечетнай) чыыһыланы кыттта сибээстээҕэ онтон куһаҕан тэҥ ахсааннаах (четнайы) кытта. Тэҥэ суох сыыппараны өбүгэлэрбит олох салҕанар, бүтэр уһуга суох диэн өйдөбүллээхтэрэ. Тэҥ чыыһыла төттөрүтүн барыта олох сайдан бүтэрин кытары тэҥнииллэрэ. Ол иһин сибэккини тыыннаах киһиэхэ бэлэхтииллэригэр тэҥэ суох чыыһылалааҕы биэрэллэрэ, онтон өлбүт киһиэхэ тэҥ ахсааннааҕы биэрэллэр.

    1. Георгиевскай лента өйдөбүлэ

    Георгиевскай лента икки өҥнөөх. Бу кырааскалара темный дым уонна яркая пламя символын биэрэллэр. 1769 с. императрица Екатерина II Победоносец Святой Георгий саллатскай орденыгар киллэрбит. Онтон ыла байыаннай сулууспалаахтар мундирдарыгар, уҥа санныларыгар иилинэн кэтэр буолбуттар.


    1. Түмүк.


    Гвоздика сибэкки туһунан уус-уран айымньыларга олох суох. Онон оҕолорбут бэйэлэрэ айбыт хоһооннорун истиэҕиҥ

    Гвоздика сибэккини оҥорон бүтэрэллэр. Кыайыы халандаарын таһыгар илдьэн уураллар.



     
     
    X

    Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

    После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

    Кнопки рекомендации:

    загрузить материал