- Учителю
- Конспект урока Три мира в олонхо Эрчимэн Бэргэн (6 класс)
Конспект урока Три мира в олонхо Эрчимэн Бэргэн (6 класс)
Кылаас: 6 (литература)
Киирии тема: «Эрчимэн Бэргэн» олонхо5о ус дойду ейдебулэ
Уруок тиибэ: ХатылааЬын
Уруок сыала: Олонхо олуктарын таба туттан о5о чинчийэр уеруйэхтэрин сайыннарыы
Уруок соруга:
1. О5о тылын еЬун байытан, сааЬылаан санарарга, кэккэлээн кэпсииргэ уерэтии:
2. О5ону фольклор биир саамай беден керунунэн, олонхонон киэн тутта улаатарыгар иитии;
3. О5о билэр-керер, анааран толкуйдаан таЬаарар дьо5урун сайыннарыы;
Уерэнээччи билиитэ уонна сатабыла:
- Бэйэ санаатын сааЬылаан санарар сатабылы сайыннарыы;
- Билэр-керер дьо5уру тобулуу;
- Дьону кытта сатаан алтыЬар, бодоруЬар уеруйэххэ иитии;
Туттуллар тэрил: Мультимедийнэй проектор, ПК, сорудахтаах карточкалар, олук тыллар, ойуулар
-
ТэрээЬин чаас 3
Слайд 1
Слайд 2
Слайд 3
Утуо кунунэн кунду о5олоор. Орто дойду оло5о барыта алгыстан турар. Онон билигин уруокпутун алгыстан са5алыа5ын. Бары уоскуйдубут илиибитин босхо ыыттыбыт, холкутуйабыт.
То5ус сарадахтаах
Толомон манан куммэр
Уруй буолуохтун,
А5ыс сарадахтаах
Аламай манан куммэр
Айхал буолуохтун
Бугунну кунум миэхэ
Ыраас чэбдик буоллун!
Дом!
Мин санаабар эьиги бугунну уруокпут тематын таайдыгыт буолуо дии саныыбын. (Презентация5а тема костор).
Киирии
Бугунну уруоктан эьиги олонхо ус дойдутун туьунан уопсай билиигитин эбии ханатан биэриэххит , биирдиилээн, боло5унэн улэлиэххит. Ол инниттэн барыгытын уруокка актыыбынайдык, кохтоохтук кыттаргытыгар ынырабын.
Эьиги санаа5ытыгар олонхо диэн тугуй? Хайдах ойдуугут?
Олонхо диэн бэрт былыргы айымньы. Обугэбит оло5ун-дьаьа5ын, утуо-угэьин, сиэрин-туомун, итэ5элин, ойун-санаатын кордорор норуот тылынан уус уран айымньытын мунутуур чыпчаала. Саха норуотун бар5а баайа, кунду кылаата. Билигин олонхобут аан дойдуга тиийэ аатырда ол курдук, хас сыллаахха аан дойдуга шедевр быьыытынай биллэриллибитэй (2005 сыллаахха Сэтинньи 25 кунугэр) онтон ыла бу кун Олонхо кунунэн биллэриллэн араас тэрээьиннэр ыытыллаллар. Олонхо биир киьи театра дииллэр. То5о? Былыр олонхоьут бала5анна киирэн кэллэ5инэ уоруу котуу буолара, ус тууннээх-куну билбэккэ хаалаллар эбит.
(2005 сыллаахха Сэтинньи 25 кунугэр)
Эрчимэн Бэргэн олонхо туЬунан уопсай билиини тургутуу
Слайд 4
Слайд 5
Слайд 6
Слайд 7
Слайд 8
-
О5олоор, быйыл эЬиги ханнык олонхону аахпыккытый?
-
«Эрчимэн Бэргэн» олонхону ким суруйбутай?
-
Кини ийэтин уонна а5атын ааттара кимнээ5ий?
Кэмниэ-кэнэ5эс,
Хомнуо-хойут,-
Эбириэн тойон о5онньор,
Эбириэлдьин хотун эмээхсин.
Илин астара
Элэмэстийэрин са5ана,
Кэлин астара
Кэрэмэстийэрин са5ана,-
Саннын байаатынан охсуллар
Хампа кемус баттахтаах.
Кехсун быЬа5аЬынан охсуллар
Кемус долгун ке5уллээх,
Олус учугэй уол о5о тереебут…
-
Чэ бу уолбутугар,Эрчимэн Бэргэн диэн ааты ким киниэхэ инэрбитэй?
Ол курдук,
Ус халлаан
Урдугэр олохтоох
Урун Аар Тойон-
Икки кулуктээх
Эмньик кулун аттахх
Эрчимэн Бэргэн диэн,
Аат инэрэн,
Айыы сирин
Аарыма ба5атынан анаабыт,
Орто дойду
Улуу бухатыырынан онорбут
-
Ханнык бухатыыр Оксеку кыыл буола сылдьарый?
Бу эн
Ким кэлэннин
Кэс тылгын
Кэпсии олоро5ун диэтэргин,
Чынкыныыр Чыныс халлаан уола,
Чункунуур Чуура бухатыыр диэн этим.
-
Хаачылаан Куону ким уоран барарый?
Эрчимэн Бэргэн барахсан
Иэримэ дьиэн эстэрэ буолла,
Аал уотун умуллара буолла,
Чынкыныыр Чыныс халлаан уола,
Чункунуур Чуура бухатыыр кэлэн,
Куннэ булбут
Кемус чыычааххын-
Хаачылаан Куону уоран ылан,
Хайыыр этэй о5олор?
Хара таас сымыыт гынан
Ыйыстан кэбистэ.
-
Эрчимэн Бэргэн Уот Урбалдьыны кытта охсуЬуутугар то5о кыайыылаах тахсарый? Ханнык бухатыыр кемелеЬеруй?
Тонус бухатыыра-
Кырыйыы тимир куйахтаах
Кыйдам-хайдам сырыылаах
Кыыда Тугуттай обургу,
Уон сис унуортан
Ону чуордук истэн
Улаан чуо5ур табатынан
Ойутан тиийэн кэллэ.
-
«Эрчимэн Бэргэн»
-
Сергей Васильев - Борогонскай
-
Эбириэн тойон о5онньор уонна Эбириэлдьит хотун эмээхсин
-
Урун Аар тойон
-
Чункунуур Чуура бухатыыр
-
Чункунуур Чуура бухатыыр
-
Тонус бухатыыра Кыыда Тугуттай
Беле5унэн улэ
Слайд 9
Уруокпут 3 туьумэ5эр боло5унэн улэлиэххит. Эьиэхэ илиискэ Эрчимэн Бэргэн олонхоттон олук тыллар бэриллиэхтэрэ. Эьиги бу олонхо ханнык геройа буоларын билиэхтээхххит. Ону таьынан эьиэхэ бу кэнбиэргэ ус дойду геройдарын тунэтиэм, эьиги бэйэ5ит геройгут дойдутун булан кини дойдутун илиискитигэр сыьыаран тупсаран уруьуйдаан биэриэххит уонна бу дойду туьунан кэпсииргэ бэлэмнэнэ5ит. Эьиэхэ бу улэ5итигэр 7 мунуутэ бэриллэр . Бутэрбит хамаанда комускуур.
Уоьэ дойду то5ус хаттыгастаах халлаанна айыылар олороллор. Уоьээ дойду хайда5ый? ыраас, манан, сырдык, ча5ылхай. Айыылар орто дойду дьонугар комолоьоллор. Барыларын салайар саамай урдуку АйыыУрун Аар Тойон буолар.
Бу дойду сирэ-уота хайда5ый ? Дьон-сэргэ хайдах майгылаа5ый? Орто дойдуга комускэс санаалаах кун дьоно олороллор, ону таьынан иччилэр кыыллар, которрдор. Аан дойду кулукатын тутан турар Аал-Луук-Мас. Аан дойду иччитэ Аан Алахчын хотун.
Аллараа дойду. Амырыын сыттаах, барбатах балык миинин курдук бадыа-будуо дойду. Кэлтэгэй ыйдаах хабыс харана Манна Арсан Дуолай бииьин ууьа абааьы айма5а олорор. Бэйэлэрин омугун кыыьын ойох ылбакка уоран талаан айыы кыыьын Хаачылаан Куону уораллар.
Олонхо сурун идеята туох эбитий Куьа5антан учугэйи араарыы, сырдыкка талаьыы.
Чэбдигирдии
Слайд 10
Слайд 11
Слайд 12
Слайд 13
Слайд 14
Билигин оҕолор, бары турабыт кыратык сынньана таарыйа хамсаныылары оноробут.
Дьикти кэрэ айыл5алаах, туруйа хара5ыныы келуйэ куеллээх, очуос таастар кыдьымахтыы хороспут сирдэригэр Эбириэн тойон о5онньор уонна Эбириэлдьин хотун эмээхсин ыал буолан бэркэ олорбуттара эбитэ уЬу (кенетук еттук баттанан туруу).
Куннэ кербут кемустэрэ Эрчимэн Бэргэн, быыппастар быччыннардаах, сурдээх куустээх киЬи буолбут. Кини буур тайа5ы буурэ тутан кете5ер дуолан бухатыыр дэппит (биирдии биирдии илииннэн куус кердеруу, тенкейен баран илиини ере кете5уу).
Бу курдук эйэ-дэмнээхтик олордохторуна Чункунуур Чуура бухатыыр Өксеку Кыыл буолан кетен кэлэн, куннэ булбут кемус чыычаахтарын Хаачылаан Куону уоран ылан хара таас сымыыт гынан ыйыстан кэбистэ.
(сымыыттан тахса сатаан илииннэн дайбаатаныы)
Дьэ ол кэнниттэн, Эрчимэн Бэргэн обургу, хара таас сымыыты хаЬыыра туЬэн баран ере эЬэн кэбиспитэ сиргэ туЬуутугэр Хаачылаан Куо барахсан куба кетер курдук моонньун хонкулдьутта (тебену хамсатыы) кыталык кыыллыы кынталдьыйа тустэ (атаҕы илиини кыталыктыы ере кетеҕуу)
Уоллаах кыыс алаастарыгар тиийэн кэлбиттэригэр аҕалара оҕонньор, ийэлэрэ эмээхсин уруйдаан-айхаллаан уерэ керсубуттэр. Уруу малааьына тэрийбиттэр (илии уеЬэ кетеҕуу, туЬэрии)
Барыгытыгар махтал, олоробут
Интерактивнай дуоскаҕа улэ
Олонхо өйдөбүлэ
Олонхо хас сыллаахха аан дойду шедеврын быЬыытынан биллэриллибитэй
Олонхоҕо анаммыт 30 хартыыналаах олонхо ойууЬута кимий
Нам улууЬун биир биллэр олонхоЬута
Олонхо диэн тугуй
Үс дойду
Үс дойдуну ситимнээн турар мас ханныгый
Орто дойду сирин-дойдутун иччитэ
Аллараа дойду бииЬин баЬылыга кимий
Тохсус халлаанна олорор саамай урдуку Айыы
Эрчимэн Бэргэн
Урун Аар тойон ыйааҔынан, Кун -ый кулууЬунньугунан аатырбыт кимий
Чункунуур Чуура бухатыыр туох сыаллаах-соруктаах суурэ-кете сылдьыбытый
Сергей Васильев псевдонима
Эрчимэн Бэргэн хас кун Уот Урбалдьыны кытта охсуспутай
Маладьыастар уруок бары туЬумэхтэригэр кехтеехтук кыттыбыккытын иЬин махтанабыт. Бугунну уруоктан туох сананы биллигит? Уруок хайдах ааста дии санаатыгыт?
О5олор санаалара
Тумук
Слайд 15
Толкуйгук тобулуннун
Билиигит эбилиннин
</<font face="Times New Roman, serif">Санаа5ыт урдээтин диэн бугунну уруокпутун тумуктуубут. Керсуеххэ диэри!
-
Биир хоноот биирдэнэн,
Икки хоноот иккилэнэн,
Үс хоноот үстэнэн,
Үөскүлэнник үүммүт,
Омуннаахтык улааппыт.
Кыталык курдук кынталдьыйда
Сардаҥа курдук сандаарда
Кун курдук кулумнээтэ
Куба курдук долгулдьуйда.
Алта атахтаах
Ала элэмэс аттаах,
Сүүһүн хаба ортотугар
Со5отох эт-бэргэ харахтаах
Иннигэр көрбүтүн
Ибили кырбаан,
Туора көрбүтүн
То5ута сынньан,
Кэлэн иһэр эбит.
Үөһээҥи,
Үс халлаан үрдүгэр олохтоох,
Үүс-аас бэйэлээх
Үрүҥ Аар тойон ыйааҕынан,
Күн-ый күлүүһүнньүгүнэн аатырбыт
Күкүрдүүр Бө5ө бухатыыр кэлэн,
Ыҥыран илдьэн,
Күн таалалыыр
Көмүс хайатын үрдүгэр,
Дуодар хара уус кыһатыгар
То5ус түүннээх күн уһааран,
Өлбөт мэҥэ уутугар
Үс түүннээх күн сөтүөлэтэн
Сылайбат сындааһыннаата.