- Учителю
- Рабочая программа по родному языку (3 класс)
Рабочая программа по родному языку (3 класс)
Муниципальное бюджетное общеобразовательное учреждение
«Кобяконская средняя общеобразовательная школа
МО «Намский улус» Республики Саха (Якутия)»
Рассмотрено _______________/Ядрихинская Я.М./ Согласовано ____________________/Зырянова В.А./ Утверждаю: _______________/Неустроев П.П./
Рук. МО начальных классов ЗД по УР И.о. директора МБОУ КСОШ
Дата:_______________________________ Дата:__________________________ Дата:__________________________
Рабочая программа по родному языку
на 2015-2016уч.г.
Учуутал: Ортоюкова Лира Мироновна
Предмет: Родной язык, 3 класс
Авторы и учебники по классам, год издания: А.А.Плешаков «Саха тыла» 3 кылаас, Дь.: «Бичик» 2013 с.
УМК: «Школа России»
2015 с.
Үөрэх предметтэрин сүрүннүүр бырагыраамалар.
Саха тылын 1-4 кылааска үөрэтиини сүрүннүүр бырагыраама.
БЫҺААРЫЫ СУРУК.
Үөрэх предметин өйдөбүлэ.
Төрөөбүт тыл - көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр ханнык баҕарар норуот улуу нэһилиэстибэтэ, киһи аймах ытык өйдөбуллэриттэн (сыаннастарыттан) биирдэстэрэ. Төрөөбүт тыл - оҕоҕо тулалыыр эйгэтин кырадатык билэр-көрөр, чугас дьонун-сэргэтин кытта истинник бодоруһар, иэйиитэ уһуктар, өйө-санаата сайдар, өбугэтин уөрэҕин утумнуур сүрүн эйгэтэ.
Ол иһин оҕону кыра сааһыттан оҕо тэрилтэтигэр, оскуолаҕа төрөөбут тылынан иитии-үөрэтии сүрүн ирдэбил быһыытынан билиниллэн, Российскай Федерация уонна Саха Республикатын үөрэххэ уонна тылга сокуоннарыгар ити өйдөбул туспа ыстатыйанан киирэн, быраап быһыытынан көмүскэллээх, билинни усулуобуйа5а үгүс норуот тыла чөл туруктаах хааларыгар тирэх буолар.
Саха Республикатыгар саха тылын төрөөбүт тыл быһыытынан үөрэтии 1922 сыллаахтан тиһигин быспакка, үгүс оскуолаҕа үгэскэ кубулуйан, уопсай үөрэхтээһин оҕону сайыннарар биир сүрүн предметин быһыытынан билиниллэр. Ити кэм устатыгар сэбиэскэй да, билинни да кэмнэ орто үөрэх систиэмэтигэр буолбут араас реформалар сыалларыгар-соруктарыгар сөп түбэһиннэриллэн, үөрэтии таһыма, хайысхата, ис хоһооно сайдан иһэр.
Билигин төрөөбүт тыл, федеральнай государственнай үөрэх стандартын (ФГУОС) ир-дэбилинэн, уопсай үөрэхтээһин булгуччулаах чааһыгар киирэн, базиснай үөрэх былааныгар (федеральнай) миэстэтэ, үөрэтиллэр чааһа чопчу ыйыллан үөрэтиллэр таһыма үрдээтэ. Алын сүһүөх оскуола таһымыгар төрөөбүт тылы үөрэх предметин быһыытынан үөрэтиигэ түмүк ирдэбили эмиэ федеральнай государственнай үөрэх стандарда сүрүннүүр.
Ити ааттаммыт докумуон быһыытынан, начаалынай үөрэхтээһин таһымыгар нуучча уонна төрөөбүт тылы үөрэтиигэ тэҥ таһымнаах түмүк ирдэнэр. Төрөөбүт тыл атын үөрэх предметтэрин кытта бииргэ оҕо личность быһыытынан сайдыытын хааччыйыахтааҕа этиллэр, ону сэргэ урукку өттүгэр ирдэммэт сана булгуччулаах ирдэбили - үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини киллэрэр.
Үөрэх предметин сыала уонна соруга:
Начаалынай оскуолаҕа төрөөбүт тылы үөрэтии предметэ атын үөрэх предмэттэрин ортотугар үөрэнээччи тылын-өһун уонна өйун-санаатын сайыннарар, сүрүн үөрэнэр үөрүйэҕи иҥэрэр кыаҕынан бас-көс балаһыанньаны ылар предмет буолар. Онон бу предмети үөрэтии таһымыттан саха оскуолатыгар начаалынай үөрэхтээһин уопсай туруга, үөрэнээччи салгыы сүрүн оскуолаҕа ситиһиилээхтик үөрэнэрэ тутулуктаах.
Оҕо начаалынай оскуолаҕа үөрэнэр сааһыгар билиитэ-көрүүтэ, тыла-өһө уонна өйө-санаата тэтимнээхтик сайдар, иэйиитэ уонна саныыр санаата судургутук олохсуйар буолан, төрөөбут тылы бу кэмҥэ кичэйэн үөрэтии - норуот тыла чөл туруктаах буоларыгар, кэнчээри ыччакка улуу нэһилиэстибэни тириэрдэргэ олус суолталаах.
Этиллибиккэ олоҕуран, төрөөбүт тылы уопсай үөрэхтээһин алын сүһүөх таһымыгар үөрэтии сыалын үс хайысхаҕа араарыахха свп:
1) үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл туһунан билиини аан дойду туһунан научнай билии быстыспат сордотун быһыытынан иҥэрии, тыл үөрэҕин сүрүн балаһыанньаларын билиһиннэрии, онно олоҕуран, оҕо билэр-көрөр, толкуйдуур кыаҕын сайыннарыы;
-
үөрэнээччи дьону-сэргэни кытта төрөөбүт тылынан бодоруһар үөрүйэҕин, саҥа (тыл) култуурата киһи уопсай култууратын быстыспат сордото буоларын туһунан өйдөбулгэ тирэҕирэн, саҥа (тыл) араас көрүнэр (кэпсэтии, суруйуу, ааҕыы, өйтөн айыы, о.д.а.) үөрэтэн, салгыы сайыннарыы;
-
үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл норуот ытык өйдөбүллэриттэн биирдэстэрэ буоларын быһыытынан ураты харыстабыллаах сыһыаны инэрии, хас биирдии киһи ийэ тылын сайыннарар иэстээҕин өйдөтүү.
Төрөөбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии сыала маннык сүрүн соруктары быһаардахха ситиһиллэр:
-
дьону-сэргэни кытта бодоруһар саҥа (тыл) сүрүн көрүннэрин үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини кытта бииргэ алтыһыннаран үөрэтии;
-
тыл (саҥа) - бодоруһуу сүрүн ньымата диэн тутаах өйдөбүлгэ тирэҕирэн, үөрэнээччи кэпсэтэр уонна санаатын толору этэр (тыл этэр), суруйар үөрүйэҕин сааһыгар сөп тубэһиннэрэн сайыннарыы;
-
тыл үөрэҕин билиитигэр, сурук-бичик култууратын төрүт өйдөбүллэригэр олоҕуран, үөрэнээччи төрөөбүт тылын литературнай нуорматын тутуһарын, алҕаһа суох саҥарарын уонна суруйарын ситиһии;
-
тыл үөрэҕин сүрүн салааларын (лексика, фонетика, морфология, синтаксис, тиэкис) туһунан уопсай өйдөбүлү иҥэриигэ тирэҕирэн, үөрэнээччи толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы, сааһыгар сөп түбэһиннэрэн, өй үлэтин дьайыыларыгар үөрэтии;
• төрөөбүт тылы билии, харыстааһын, сайыннарыы сүрүн ньымаларыгар үөрэтии. Саха оскуолатыгар нуучча тылын үөрэнээччи төрөөбүт тылга ылбыт билиитигэр,
иҥэриммит үөрүйэҕэр уонна сатабылыгар тирэҕирэн үөрэтии - билигин олохсуйбут өйдөбүл, бастыҥ учууталлар үгэскэ кубулуйбут үөрэтэр ньымалара. Онно тирэҕирэн, ФГУОС үөрэнэргэ үөрэтэр сүрүн балаһыанньатыгар уонна ирдэбилигэр олоҕуран, төрөөбут тылга тирэҕирэн нуучча тылын үөрэтиини саҥа таһымҥа таһаарар кэм кэллэ.
Төрөөбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии үөрэнээччи нуучча тылын кэбэҕэстик ылынарын хааччыйар, нуучча тылыгар тыл үөрэҕин үгүс уопсай балаһыанньаларын хос эбэтэр уруттаан үөрэтэри лаппа аҕыйатан, учуутал үөрэх чааһын оҕо нууччалыы саҥатын сайыннарыыга аныыр усулуобуйатын үөскэтиэхтээх. Онон саха оскуолатыгар нуучча тылын үөрэтии хаачыстыбатын тупсарыыга усулуобуйа үөскэтии - төрөөбүт тылы үөрэтии хос сыала-соруга.
Үөрэх былааныгар үөрэх предметин миэстэтэ.
Саха тылын үөрэтии чааһа начаалынай үөрэхтээһини сүрүннүүр уопсай үөрэхтээһин бырагырааматыгар (Примерная основная общеобразовательная программа начального общего образования) бэриллэр төрөөбүт тылынан үөрэнэр кылаастарга аналлаах базиснай үөрэх былаанын 3 барыйааныгар тирэҕирэн быһаарыллар. Үөрэх тэрилтэтэ бэйэтин үөрэҕин бырагырааматын, былаанын оносторугар онно баар булгуччулаах чааска киирбит предметтэр чаастарын тутуһара ирдэнэр. Онно эбии үөрэх былаанын талар чааһыттан бэйэтэ көрөн, ханнык баҕарар предмеккэ чаас эбэрэ, эбэтэр атын предмети эбии үөрэтэрэ көҥүл.
Ити ыйыллар базиснай үөрэх былааныгар нуучча уонна төрөөбүт тылы үөрэтии чаастарын ахсаана тэҥнэнэн, ордук государственнай статустаах төрөөбүт тыл үрдүк таһымҥа үөрэтиллэригэр усулуобуйа тэриллибитэ көстөр. Ону сэргэ төрөөбүт тылы үөрэтии нуучча тылын үөрэтиигэ тирэх буоларын ситиһэр туһуттан үөрэх матырыйаалын аттарарга табыгастаах балаһыанньа үөскүүр.
Үөрэх федеральнай базиснай былаанын үһүс барыйааныгар олоҕуран, саха оскуолатын начаалынай кылаастарыгар төрөөбүт тылы уонна литературнай ааҕыыны үөрэтиигэ барыта холбоон нэдиэлэҕэ 21 чаас бэриллэр: 1 кылааска - 5 чаас, 2 кылааска - 5 чаас, 3 кылааска - 6 чаас, 4 кылааска - 5 чаас. Бу чаастартан төрөөбүт тылы үөрэтиигэ 1 кылааска - 3 чаас, 2 кылааска - 3 чаас, 3 кылааска - 3 чаас, 4 кылааска - 3 чаас бэриллэр.
Ытык өйдөбүллэри үөрэх предметин ис хоһоонугар киллэрии.
Начаалынай кылааска саха тылын үөрэтии оҕоҕо ытык өйдөбүллэри (духуобунай сыаннастары) инэриигэ улахан суолталаах. Киһи-аймах үйэлэртэн үйэлэргэ өрө тутан илдьэ кэлбит ытык өйдөбүллэрэ (духуобунай сыаннастара) төрөөбүт тыл эгэлгэтигэр, кэрэтигэр сөнөллөр. Ол курдук үөрэтии ис хоһоонугар тыл үөрэҕин сүрүн хайысхаларын сэргэ уруок, кэпсэтии (бодорукуу) тиэмэтин, үөрэтии матырыйаалын быһыытынан төрөөбүт дойду, ийэ дойду, төрөөбүт тыл, айылҕа, үлэ, төрүт дьарык, ыал, дьиэ кэргэн, айымньы уонна кэрэ эйгэтэ, көҥүл, кырдьык, үтүө санаа, киһи-аймах, аан дойду омуктарын тылларын уонна култууратын эгэлгэтин курдук ытык өйдөбуллэр (духуобунай сыаннастар) киириэхтээхтэр.
Үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ
Ытык өйдөбүллэри иҥэрии түмүгэ (личностные результаты)
Саха тылын оскуолаҕа үөрэтии кэмигэр оҕо маннык ытык өйдөбүллэри (духуобунай сыаннастары) иҥэриннэҕинэ төрөөбүт тыла сайдарыгар бэриниилээх, эппиэтинэстээх буоларыгар, бэйэтин кыаҕын толору туһанарыгар эрэниэххэ сөп.
Төрөөбүт тыл - омугу сомоҕолуур тыл буоларын өйдүүр.
Төрөөбүт тыл төрүт айылгыта, үйэлээх үгэһэ, этигэн кэрэтэ норуот тылынан уус-уран айымньытыгар уонна уус-уран литератураҕа сөҥмүтүн билэр.
Төрөөбүт тылын сайыннарар, кэлэр көлүөнэҕэ тириэрдэр ытык иэстээҕин, ийэ тыл үйэлэргэ чөл туруктаах буоларыгар тус оруоллааҕын өйдүүр.
Төрөөбүт тыл иитиллэр, үөрэнэр, айар-сайдар тыл буоларын итэҕэйэр.
Төрөөбүт тыл элбэх омук алтыһан бииргэ олорор кэмигэр, икки (элбэх) тылланыы усулуобуйатыгар хас биирдии киниттэн харыстабыллаах сыһыаны эрэйэрин өйдүүр.
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ (метапредметные результаты)
Бэйэни салайынар-дьапанар сатабыл.
Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох-ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быка холоон билэр. Тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри үөрэтиэхтээҕин арааран өйдүүр. Сылга бииртэн итэҕэһэ суох төрөөбүт тылга аналлаах бырайыактарга кыттан (тус бырайыага, коллективнай бырайыак) үлэлиир.
«Тылы сэрэйэр» дьоҕуру (языковое чутье, чувство языка) сайыннарыы. Бэйэтин сааһыгар сөп тубэһэр тиэкискэ үөрэппит матырыйаалын сүнньүнэн тыл литературнай нуормата саҥарар эбэтэр суруйар киһи тылыгар төһө сөпкө эбэтэр сыыһа туттулларын тута «сэрэйэн» билэр, итэҕэһин, алҕаһын быһаарар, көннөрөр, бэйэтин тылыгар-өһүгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуһарга дьулуһар.
Тылын сайыннарар баҕаны үөскэтии (потребность в совершенствовании собственной речи). Төрөөбүт тылын барҕа баайын сыаналыыр, тыл кэрэтигэр умсугуйар, этигэн тыл күүһүн, кыаҕын толору туһанарга, тылын-өһүн бэйэтэ сатаан чочуйан, тупсаран, санаатын сиһилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуһар.
Хонтуруолланыы. Бэйэ санатын өрүү кэтэнэр, көрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, санаатын ыпсаран, хомоҕойдук этэргэ кыһаллар.
Билэр-көрөр сатабыл. Сүрүн үөрэнэр сатабыл.
Үлэ сыалын-соругун таба туруоруу. Төрөөбүт тылын үөрэтэригэр сыал-сорук туруорунан көдьүүстээхтик үлэлиир.
Билиини-көрүүнү кэҥэтэр араас матырыйаалы туһаныы. Сахалыы үөрэх-наука литературатыттан (тылдьыттартан, ыйынньыктартан, энциклопедиялартан, араас кинигэттэн) туһааннаах информацияны, билиини дөбөннүк булар, бэлиэтэнэр, түмэр, 24 ситимниир араас ньыманы табыгастаахтык туһанар. Сахалыы тахсар оҕоҕо аналлаах республика, улуус, оскуола хаһыаттарын-сурунаалларын («Кэскил», «Чуораанчык», о.д.а.) тиһигин быспакка ааҕар, араадьыйанан, телевизорынан сахалыы биэриилэри сэргээн истэр-көрөр, үөрэҕэр, чинчийэр, айар улэтигэр көдьүүстээхтик туһанар. Сахалыы үөрэҕи сайыннарар интернет-сайтартан туһалаах, наадалаах информацияны булан, сөпкө наардаан туһанар; тиэкиһи компьютерга сахалыы шрибинэн бэйэтэ тэтимнээхтик бэчээттиир; интернет нөҥүө сахалыы ыытыллар араас тэрээһиҥҥэ төрөөбүт тыл литературнай нуорматын тутуһан, көхтөөхтүк кыттар.
Билиини сааһылааһын (структурирование знаний). Саҥа билии ыларга баар билиитигэр тирэҕирэр. Атын предметтэргэ ылбыт билиитин сатаан ситимниир (интеграция знаний).
Тобулук өйү сайыннарар үөрүйэхтэр. Төрөөбүт тыл оскуолаҕа оҕону сайыннарар үөрэх тутаах салааларыттан (предметтэриттэн) биирдэстэрэ. Онон үөрэнээччи саха тылын үөрэтэр кэмигэр үөрэнэргэ төрүт буолар өй үлэтин сүрүн үөрүйэхтэрин баһылыыр.
Саха тылын лингвистическэй матырыйаалыгар тирэҕирэн, өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик толорор: тэҥнээһин (сравнение), ырытыы (анализ), холбооһун (синтез), түмүктээһин (обобщение), (сериация), ханыылатан сааһылааһын (классификация), майгыннатыы (аналогия), сааһылаан ситимнээһин (систематизация). Итини сэргэ араас тойоннуур ньыманы (индукция, дедукция) табыгастаахтык туһанан дьону итэҕэтэр, ылыннарар курдук санаатын сааһылаан этэр үөрүйэҕэ сайдар.
Рефлексия. Сыалы-соругу ситиһэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын төһө сөпкө талбытын сыаналыыр. Үлэ хаамыытын хайдах салайан иһэрин кэтээн көрөр. Үлэ түмүгүн дьон интэриэһин, болҕомтотун тардар курдук сахалыы кэпсиир.
Бэлиэни-символы туһанар үөрүйэхтэр. Дорҕоон (буукуба), тыл, этии чилиэннэрин, тиэкис анал бэлиэлэрин сатаан туһанар. Анал бэлиэлэринэн тыл, этии, тиэкис моделын онорор. Бэриллибит моделга тирэҕирэн, тылы, этиини толкуйдуур, тиэкиһи айар. Этиини, тиэкиһи көннөрөргө анал корректорскай бэлиэлэри сатаан туһанар. Лингвистическэй билиини араас таблица, исхиэмэ, модель, диаграмма көмөтүнэн көрдөрөр. Таблицанан, исхиэмэнэн, моделынан, диаграмманан көрдөрүллүбүт лингвистическэй билиини өйдүүр уонна кэпсиир.
Бодоруһар сатабыл.
Бииргэ үлэлииргэ үөрүйэх. Дьону кытта бииргэ алтыһан үөрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баһылыыр (пааранан, бөлөҕүнэн, хамаанданан, о.д.а). Саастыылаахтарын, улахан дьону кытта айымньылаах алтыһыы туругар кэбэҕэстик киирэр (продуктивное взаимодействие), биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таһаарыылаахтык, көдьүүстээхтик үлэлиир үөрүйэхтэнэр (продуктивное сотрудничество).
Кэпсэтэр үөрүйэх. Кэпсэтии уратыларын өйдүүр, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, сэҥээрэр, санаатын болҕойон истэр, ылынар. Ханнык баҕарар эйгэҕэ кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар, сэргэхситэр, сонурҕатар, көҕүлүүр сатабылы табан туһанар. Кэпсэтэр кэмҥэ бэйэ көрбүтүн, истибитин, аахпытын сиһилии сэһэргиир. Дьон өйдөспөт, тыл тылга киирсибэт буолар төрүөттэрин сөптөөхтүк сыаналыыр, сатаан ырытар, өйдөһүү суолун дөҕөннүк тобулар.
Кэпсэтии сиэрин (речевой этикет) тутуһар үөрүйэх. Дьону кытта алтыһыыга кэпсэтии сиэрин тутуһар, туттан-хаптан бодоруһуу ньымаларын тоҕоостоохтук туттар.
Сахалыы дорооболоһор, билсиһэр, быраһаайдаһар, көрдөһөр, бырастыы гыннарар, буойар, телефонунан кэпсэтэр, о.д.а. үгэстэри иҥэриммит, күннээҕи олоҕор өрүү туттар.
Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ (предметные результаты)
Саха тылын литературнай нуорматын (орфоэпическэй, лексическэй, грамматическай) тутуһар. Дорҕоону, буукубаны, тыл сүһүөҕүн, саҥа чааһын, этии чилиэнин, судургу этиини булар, быһаарар, наардыыр.
Сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылаларын тутуһар. Тиэкис өйдөбүлүн, бэлиэтин билэр (тиэмэтэ, сүрүн санаата, аата, эпиграф, ту-тула, этиилэрин ситимэ).
Саныыр санаатын сааһылаан, дьоҥҥо өйдөнүмтүөтүк, тиийимтиэтик этэр, тиэ-кис тутулун тутуһан суруйары сатыыр.
Тиэкис тииптэрин сэһэргээһин, ойуулааһын, тойоҥнооһун диэн араарар.
Монолог (сэһэргиир, ойуулуур, тойоннуур) уонна диалог (кэпсэтии, санаа үллэстии, ыйыталаһыы, о.д.а.) арааһын сатаан туһанар.
Бэйэ саҥатын (тылынан, суругунан) сатаан хонтуруолланар, тиэкиһин ис хоһоонун, тылын-өһүн сыаналанар, алҕастарын булар, чочуйар, тупсарар.
Үөрэх предметин ис хоһооно.
Начаалынай оскуолаҕа төрөөбүт тылы үөрэтии уопсай үөрэхтээһин систиэмэтигэр саха тылын үөрэтэр предмет быстыспат сорҕото, «Филология» үөрэх уобалаһыгар төрүт буолар сүрүн куурус буолар. Онон үөрэтии сыала-соруга, тутула, ис хоһооно уонна түмүк ирдэбилэ үрдүкү кылаастарга төрөөбүт тылы сэргэ атын филологическай предметтэри үөрэтиини кытта алтыһыннаран-ситимнээн торумнанар.
Төрөөбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии маҥнайгы кылааска «Бодоруһарга үөрэнэбит» диэн саҥа киирэр салааттан саҕаланар, ол кэнниттэн «Грамотаҕа үөрэтии» диэн үгэс буолбут ааҕарга уонна суруйарга үөрэтэр салаа «Ааҕарга уонна суруйарга үөрэнэбит» саҥа аатынан үөрэтиллэр. Бу кэмҥэ үөрэх былааныгар төрөөбүт тыл уонна литературнай ааҕыы чаастара бииргэ бэриллэллэр. «Ааҕарга уонна суруйарга үөрэнэбит» салаа кэнниттэн биирдэ төрөөбүт тыл уонна литературнай ааҕыы предметтэрэ тус-туспа үөрэтиллэллэр. Ити кэмтэн ыла начаалынай оскуолаҕа төрөөбүт тыл предметин сүрүн ис хоһоонун тиһиктээхтик үөрэтии саҕаланар.
Төрөөбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии ис хоһоонун сүрүн хайысхалара үөрэтии түмүк ирдэбилин уонна сыалын-соругун ситиһэргэ аналлаах тутаах научнай балаһыанньалартан таҥыллар. Ити ирдэбилгэ олоҕуран, төрөөбүт тылы үөрэтии ис хоһоонугар маннык сүрүн научнай хайысхалар киирэллэр:
-
Бодоруһуу култуурата.
-
Саҥа көрүҥэ (виды речевой деятельности): истии, саҥарыы, ааҕыы, суруйуу.
-
Тыл үөрэҕин тутаах салааларын туһунан уопсай өйдөбүлэ: фонетика, лексика, морфология, синтаксис.
-
Сурук-бичик култуурата: таба суруйуу уонна сурук бэлиэтэ.
-
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы (тиэкис туһунан сүрүн өйдөбүл).
Сүрүн хайысхаларга киирбит тиэмэлэр ис хоһоонноро начаалынай оскуола үөрэ-нээччитин сааһын уратытын, өйүн-санаатын кыаҕын, билэр-көрөр дьоҕурун учуоттаан таҥыллыахтаахтар.
Бодоруһуу култуурата.
Дьону кытта бодоруһуу араас көрүҥэ: кэпсэтии, сэһэргэһии, сүбэлэһии, сөпсөһүү. Тылы бодоруһуу сүрүн ньыматын быһыытынан арыйыы: бодоруһууга саҥа (вербальные средства общения) уонна туттуу-хаптыы (невербальные средства общения) суолтата. Саҥарыы уонна истии култууратын, кэпсэтии сиэрин тутуһуу.
Саҥа көрүҥэ: истии, саҥарыы, аа5ыы, суруйуу
Истии. Дьону кытта бодоруһууга (кэпсэтиигэ) истии култууратын тутуһуу. Кэпсэ-тии сыалын-соругун, дьон этэр санаатын, кэпсэтии ис хоһоонун өйдөөһүн. Сахалыы араас тиэкиһи истии, сүрүн ис хоһоонун, болҕойуллуохтаах түгэннэрин истэн сиһилии ылыныы, истибиккэ олоҕуран тус санааны үөскэтии. Истибиттэн туһааннааҕы, суолталааҕы сурунуу, былаан оҥоруу, анал бэлиэлэри туһанан, ис хоһоонун, тутулун исхиэмэнэн көрдөрүү.
Аа5ыы. Сахалыы араас тиэкиһи сахалыы саҥа интонациятын, төрүт дорҕоон этил-лиитин тутуһан, тэтимнээхтик ааҕыы. Тиэкиһи туох сыаллаах-соруктаах ааҕартан көрөн, ааҕыы араас көрүнүн сатаан туһаныы (үөрэтэр ааҕыы, билсиһэр ааҕыы, сорудахтаах ааҕыы, о.д.а.). Ааҕыы кэмигэр тиэкис сүрүн санаатын өйдөөһүн, наадалаах, туһалаах информацияны араарыы. Аахпыт тиэкис сүрүн ис хоһоонугар тус сыанабылы (сыһыаны) сатаан этии. Тиэкистэн синонимы, сомоҕо домоҕу, түөлбэ тылы, ойуулуур-дьүһүннүүр ньыманы туттуу бастыҥ холобурун булуу, анаан болҕойуу, аахпыты кэпсииргэ туһаныы. Ааҕыллар тиэкистэн билбэт, өйдөөбөт саҥа тыллары тылдьыттан булуу. Ааптар санаатын, иэйиитин биэрэригэр тиэкис тутулун, этии арааһын хайдах туһаммытын быһаарыы. Ааҕыыга тиэкис интонациятын, туонун сүрүн санааҕа сөп тубэһиннэрэн таба тайаныы.
Саҥарыы (дор5оонноох саҥа). Кэпсэтии сиэрин, саҥарыы култууратын тутуһуу. Дьону кытта табан кэпсэтии. Кэпсэтиини тоҕоостоохтук көҕулээһин, саҕалааһын, салҕааһын, түмүктээһин. Саныыр санааны толору, сиһилии тириэрдэр инниттэн кэпсэтии сыалыгар-соругар, ис хоһоонугар сөп тубэһэр сахалыы тылы-өһү, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары таба туһаныы. Саҥарыы кэмигэр туттуу-хаптыы бэлиэтин (невербальное общение) тоҕоостоохтук туттуу. Саҥа тиибин арааһын (ойуулааһын, сэһэргээһин, тойоннооһун) туттан тыл этии. Кэпсэтии, тыл этии түгэниттэн дорҕоону күүшүрдэн-сымнатан, үрдэтэн-намтатан, уһатан, куолас толҕонун, эгэлгэтин туһанан истээччигэ тус сыһыаны, иэйиини тириэрдии. Этэр санааны сааһылаары эбэтэр тустаах өйдөбүлү истээччигэ тоһоҕолоон тиэрдээри тоҕоостоох миэстэҕэ анал тохтобуллары (паузаны) сатаан туһаныы. Түгэниттэн көрөн, саҥарыы тэтимин сөпкө талыы.
Суруйуу (суругунан саҥа). Сурук-бичик култууратын тутуһуу. Тупсаҕай буочарынан ыраастык суруйуу. Тиэкиһи устуу, истэн суруйуу (диктант). Саныыр санааны суругунан сиһилии тириэрдии. Аахпыттан суруйуу (изложение). Дьиэ кэргэн, чугас доҕор, таптыыр дьарык, айылҕа, кыыллар тустарынан, ону таһынан айымньы, хартыына, киинэ ис хоһоонун, экскурсияҕа, быыстапкаҕа сырыы туһунан тэттик тиэкистэри суруйуу (өйтөн суруйуу). Суругунан улэҕэ синоним тыллары, сомоҕо домоҕу, онтон да атын сахалыы ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары туттуу. Тиэкис тутулун, сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылатын тутуһуу.
Тыл үөрэҕэ.
Төрөөбүт тылбыт - саха тыла. Саха омук үөскээбит, сайдыбыт историята. Саха тыла - туур тыла. Саха тылын уруулуу тыллара. Төрөөбүт тыл киһи оло5ор суолтата.
Дор5оон уонна таба саҥарыы. Сана дорҕоонун өйдөбүлүн, сахалыы дорҕоон араа-һын билии. Төрөөбүт тылын дорҕооннорун, ордук чуолаан сахалыы ураты дорҕооннору (уһун-кылгас аһаҕас уонна хоһуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаһар бүтэй дорҕооннору, дифтоннары, к, нь, мурун , ҕ дорҕооннору) арааран истии, чуолкайдык, таба саҥарыы нуорматын тутуһан саҥарыы. Саха тылыгар киирии тыллары үксүн сахатытан, аһаҕас дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрин сокуонун тутуһан саҥарыы. Тылы дорҕоонун састаабынан ырытыы.
Лексика. Норуот тылын туһунан уопсай өйдөбүлү, төрүт уонна киирии тыл ураты-ларын билии. Литературнай тыл суолтатын билии, нуорматын тутуһуу. Тыл лексическэй суолтатын быһаарыы. Хомуур суолталаах, түөлбэ тыл, биир уонна элбэх суолталаах тыллар, көспүт суолталаах тыллар, омоним, антоним, синоним (харыс тыллар, метафоралар, сомоҕо домох) өйдөбүллэрин билии, тиэкистэн булуу, саҥарар саҥаҕа сөпкө туттуу. Быһаарыылаах тылдьыт арааһын сатаан туһаныы, тыл суолтатын тылдьыттан булан быһаарыы.
Графика. Сурук сайдыытын бэлиэ түгэннэрин билсии, киһи олоҕор суолтатын өйдөөһун. Сахалыы сурук-бичик сайдыытын историятын билии. Дорҕоон буукубаларын билии, таба ааттааһын. Буукубалары суруллар ньымаларынан холбоон, ыраастык, тэ-тимнээхтик илиинэн суруйуу. Сурукка туттуллар атын бэлиэлэри, өйдөбүллэри (абзац, тылы көһөрүү бэлиэтэ, тыл икки арда (пробел)) сөпкө туттуу. Сахалыы алпаабыт бэрээдэгин билии. Араас тылдьытынан, ыйынньыгынан, каталогунан үлэлииргэ алпаабыты сөпкө туһаныы. Компьютерга сахалыы шрибинэн тиэкиһи тэтимнээхтик бэчээттээн
суруйуу.
Морфология. Тыл састааба диэн өйдөбүлү, тыл уларыйар уонна үөскүүр ньыматын билии. Саҥа чааһын туһунан уопсай өйдөбүлү билии. Саҥа чаастарын бөлөҕө: ааттар (аат тыл, даҕааһын аат, ахсаан аат, солбуйар аат), туохтуурдар (аат туохтуур, сыһыат туохтуур, тус туохтуур), сыһыат, көмө саҥа чаастара, саҥа аллайыы. Тылы састаабынан ырытыы (тыл олоҕо, сыһыарыыта). Тыллары сүрүн бэлиэлэринэн (грамматическай халыыптарынан) бөлөхтөөһүн, ырытыы. Саҥарар саҥаҕа тыл литературнай нуорматын тутуһуу.
Синтаксис. Этии уонна тыл ситимэ уратыларын, этии арааһын (сэһэн, ыйытыы, күүһүрдүү) билии. Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии, судургу уонна холбуу этии, сирэй саҥа, ойоҕос саҥа, диалог, туһулуу өйдөбүллэрин билии, этиигэ, тиэкискэ арааран булуу, бэйэ этиитин толкуйдааһын. Этиини таба интонациялаан ааҕыы, сурукка саҥа дэгэтин сурук бэлиэтинэн араарыы. Этии чилиэнинэн ырытыы.
Сурук-бичик култуурата
Таба суруйуу. Таба суруйуу сурук-бичик култуурата буоларын өйдөөһүн. Уһун аһаҕас дорҕооннору, дифтону, хоһуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаһар бүтэй дорҕоон-нору, саха тылыгар киирии дорҕооннору таба суруйуу. Сахалыы араастык этиллэр тыллар таба суруллуулара тыл төрүт сокуоннарыттан тахсалларын, норуокка үөрүйэх, үгэс буолбут нуормаларыгар олоҕуралларын өйдөөһүн, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы. Киэҥник, элбэхтик туттуллар эбэтэр сахалыы этэргэ табыгастаах киирии тыллары сахатытан суруйуу. Тылбаастанар эбэтэр саха тылынан бэриллэр кыахтаах нуучча тылларын сахалыы солбугунан биэрии. Олохторо нууччалыы суруллар киирии тыллар сыһыарыыларын таба суруйуу.
Сурук бэлиэтэ. Сурук бэлиэтэ - тыл култууратын сорҕото буоларын, киһи этэр санаатын чуолкайдыырга, иэйэр иэйээни сурукка биэрэргэ, суругу-бичиги тупсарарга биллэр-көстөр туһалааҕын, тиэкис арҕам-тарҕам барбатын, ыһыллыбатын, биир сомоҕо, сибээстээх буоларын хааччыйарын өйдөөһүн. Тылын ордук тупсаҕай тутуллаах, этигэн, бэргэн буоларыгар сахалыы этии, сурук бэлиэтин арааһын (араарар, тоһоҕолоон бэлиэ-тиир) сатабыллаахтык туттуу.
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы
Туох сыаллаах-соруктаах саҥарарын-суруйарын чуолкай өйдөөн (тиэмэ, сүрүн санаа), дьон өйүгэр-санаатыгар тиийимтиэтик санаатын сааһылаан, араас тиэкистэри холкутук саҥарыы-суруйуу (истэн суруйуу, өйтөн суруйуу, о.д.а.). Тиэкис сүрүн санаатыгар олоҕуран, тиэкиһи таба ааттааһын. Тиэкис тиибиттэн көрөн (сэһэргээһин, ойуулааһын, тойоннооһун), тиэкис тутулун тутуһар (киириитэ, сүрүн чааһа, түмүгэ), былаанын оҥорор (кылгас, тэнийбит), кэрчик тиэмэлэргэ бытарытыы. Тыл туттуллар уратытын, дэгэтин учуоттаан, сахалыы тутуллаах этиилэри (логичность речи), ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары, тыл баайын (богатство речи) сөпкө туттар (уместность речи).
Быһаарыы сурук.
Программа сүрүн сыала соруга - тылынан уонна суругунан саҥаны сайыннарыы, ортоку сүһүөх оскуолаҕа саха тылын уонна литература курсун үөрэтиигэ бэлэмнээһин. Манна биллэрэр, сайыннарар, иитэр сорук тэҥҥэ дьүөрэлэһэр.
Программа үгэс буолбут үөрэхтээһин тупсарыллыбыт систематыгар олоҕурар. Билии, сатабыл уонна үөрүйэх кээмэйэ үөрэх стандартын ирдэбилигэр сөп түбэһэр.
Учебник: И.И. Каратаев, Н.С. Попова «Саха тыла 3 кылаас» 2013 сыл.
Саха оскуолатын программата «Саха тыла »1-4 кылаас. Бичик. Дь.2006 с (автор: Л,В. Захарова, С.Е. Потапова) .
Сылга - 136 чаас
Нэдиэлэҕэ - 4 чаас
Бэрэбиэркэлиир сурук үлэлэрэ - 10 чаас
Саҥаны сайыннарыы- 17 чаас
Үөрэнээччи үһүс кылааска суругунан үлэтин нуормата быһа холоон маннык: аахпыттан суруйуу- 80- 100тыл, айан суруйуу- 1 - 1,5 сирэй. Диктант тиэкиһин кээмэйэ: үөрэтэр диктант - 50- 60 тыл, бэрэбиэркэлиир- 50-55 тыл.
Үөрэх дьылын бүтүүтэ үөрэнээччигэ ирдэбил:
- тылы састаабынан ырытар (олоҕо + сыһыарыыта);
- тыл саҥа чаастарын, сүрүн бэлиэлэрин быһаарар (аат тыл, даҕааһын аат, солбуйар аат, туохтуур);
- этии тутаах уонна ойоҕос чилиэннэрин булар, дакаастыыр, бэлиэтиир;
- этииттэн тыллар ситимнэрин оҥорор, наадалаах тыл ситимнэрин булар;
- судургу этиини чилиэннэринэн ырытар;
- этии араастарын булар, быһаарар буолуохтаах.
Саха оскуолатын алын сүһүөх кылаастарыгар ситимнээх саҥаны сайыннарыы туох ханнык иннинэ тылынан кэпсиир уонна кэпсэтэр үөрүйэҕи сайыннарыы буолар.
Нэдиэлэҕэ 4 чаас, сылга 136 чаас.
№
Уруок тиэмэтэ
Чааһа
Уруок сыала: үөрэтэр, сайыннарар, иитэр.
Уруок тэрилэ
Күнэ-дьыла
Факт. ыытыллыбыт күнэ-дьыла
Дьиэҕэ үлэ
Прим.
1
Саха тылын дорҕооннорун арааһа.
1
Саха тылыгар дорҕоон арааһын билиилэрин чиҥэтии. Тыл дорҕоонун уонна буукубатын ахсаанын ырыта үөрэнии. Тыл дорҕоонун схематын оҥорор сатабылы чиҥэтии. Толкуйдуур, саҥарар, ырытар дьоҕуру сайыннарыы.
Оскуола аьыллыытын туһунан хартыына, сахалыы алфавит.
Сайыҥҥы сынньалаҥ-айар үлэ.
2
Саха тылын дорҕооннорун арааһа.
1
с.4 Эрч 2
3
Этии тыллартан турара. Этии суруллуута.
1
Саҥарар саҥаттан этиини арааран истэ үөрэнии. Этии бүтүүтэ, тохтобул оҥоһулларын кэтээн көрүү. Этиини этииттэн арааран саҥара үөрэнии. Этии схематын туттар сатабылы чиҥэтии. Тыллартан этии оҥорторо үөрэтии. Этии улахан буукубаттан сурулларын, бүттэҕинэ сурук бэлиэтэ турарын өйдөтүү. Дьиэ харамайдарын туһунан кэпсэтиһии. Айылҕаҕа тапталы иитии. Саҥарар саҥаны, болҕомтону, өй-санаа өттүн сайыннарыы.
Хартыына. Этии схемалара.
с.5 Эрч 4
4
Этии тыллартан турара. Этии суруллуута.
1
Мин учууталым-айар үлэ.
5
Этии тыллартан турара. Этии суруллуута.
1
Ийэ туһунан 5 этии суруйуу.
6
Тиэкис.
1
Этии бүтүүтүгэр куолаһы уларытан, тохтобулу сатаан оҥоро үөрэнии.
Тиэкис туһунан билиини чиҥэтии. Тиэкис арааһын, чаастарын быһаара үөрэнии. Тиэкис хас этииттэн турарын быһаара үөрэнии. Саҥарар саҥаны, истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, айар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.
Этии схемата, хартыына-күһүн.
Күһүн туһунан тиэкис суруйуу.
7
Ситимнээх саҥа (хартыынанан этиилэри оҥоруу).
1
Этиилэри бэйэ-бэйэлэрин кытта сибээстээн тиэкис оҥорор сатабылы үөскэтии. Этии схематын таба туттар үөрүйэҕи чиҥэтии. Оҕо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун, сайыннарыы.
От үлэтэ. Хартыына. ойуулар: кыраабыл, атырдьах уо.д.а.,карточкалара,этии схемата.
Хартыынанан кэпсээн суруйуу.
8
Дорҕоон уонна буукуба.
1
Дорҕоон уонна буукуба туох уратылаахтарын быһаара үөрэнии. Тыл дорҕоонун уонна буукубатын ахсаанын ырыта үөрэнии. Тыл дорҕоонун схематын оҥорор сатабылы чиҥэтии. Саҥарар саҥаны, истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, айар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.
Таблица.
с.9 Эрч 11
9
Дорҕоон уонна буукуба.
1
10
Аһаҕас дорҕооннор араастара. Дифтонг.
1
Кылгас, уһун аһаҕас дорҕооннору арааран истэр уонна чуолкайдык саҥара үөрэнии. Тыл дорҕоонун састаабын чуолкайдык арааран истэр үөрүйэҕи чиҥэтии. Тыл схематын туһанан, кылгас, уһун аһаҕас уонна дифтонг дорҕоонноох тыллары таба саҥарыы уонна суруйары чиҥэтии. Бэриллибит тылларынан ситимнээх этиилэри оҥоро үөрэнии. Саҥарар саҥаны, истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, айар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.
Аһаҕас дорҕооннор араастара - таблица.
с.11 Эрч 14
11
Аһаҕас дорҕооннор араастара. Дифтонг.
1
с.12 Эрч 18
12
Ситимнээх саҥа (хартыынанан этиилэри оҥоруу).
1
Этиилэри бэйэ-бэйэлэриттэн сибээстээн оҥорор сатабылы үөскэтии. Этии схематын таба туттар үөрүйэҕи чиҥэтии. Дьон үлэтин сыаналыырга уонна харыстыырга иитии. Оҕуруот аһа киһи доруобуйатыгар туһатын туһунан кэпсэтиһии. Оҕо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун, сайыннарыы.
Этиилэр схемалара көрдөрөр хартыына, тыл схемалара.
с.14 Эрч 21
13
Ситимнээх саҥа (хартыынанан этиилэри оҥоруу).
1
Кэпсээн айан суруйуу
14
Бэрэбиэркэлиир диктант "Модьугу" (с.131)
1
Кылгас, уһун аһаҕас дорҕоонору уонна дифтоннары арааран истэр уонна таба суруйар үөрүйэҕи чиҥэтии. Истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, анализтааһыны сайыннарыы.
15
Бүтэй дорҕоон араастара.
1
Бүтэй дорҕоону арааран истэр уонна чуолкайдык саҥарар үөрүйэҕи сайыннарыы. Бүтэй дорҕоон этиллиитин аһаҕас дорҕоон этиллиитигэр тэҥнээһин. Тыл саппааһын байытыы: төрөөбүт норуот материальнай культуратыгар кэрэхсибили үөскэтии. Саҥарар саҥаны, истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, айар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.
Тыллар карточкалара.
Быраабыланы хатылааһын.
16
Бүтэй дорҕоон араастара.
1
с.16 Эрч 23
17
Маарыннаһар бүтэй дорҕооннор.
1
К,х,5,н, бүтэй дорҕооннору арааран истэ, саҥара уонна таба суруйа үөрэнии. Этии улахан буукубаттан сурулларын, бүттэҕинэ туочука турарын чиҥэтии. Тыллары сааһылаан этии оҥоро үөрэнии. Хамсыыр харамай эйгэтигэр кэрэхсэбили үөскэтии. Истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны сайыннарыы.
с.19 Эрч 29
18
Сэргэстэспит бүтэй дорҕоонноох тыллар.
1
Тылга бүтэй дорҕоон сэргэстэһиитин арааран истэ уонна суруйа үөрэнии. Тыл схематынан үлэлиир сатабылы чиҥэтии. Айылҕа туһунан тыллар ситимнэрин оҥоруу. Тыл уонна тыл ситимэ диэн арааран өйдүүллэрин ситиһии. Сэргэстэспит бүтэй дорҕоону сүһүөххэ таба араара үөрэнии. Оҕо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур, кэпсиир,айар дьоҕурун, сайыннарыы.
Тус - туспа сүһүөхтэртэн оҥоһуллубут карточкалар.
с.20 Эрч 32
19
Сэргэстэспит бүтэй дорҕоонноох тыллар.
1
с.24 Эрч 40
20
Хоһулаһар бүтэй дорҕоонноох тыллар.
1
Хоһуласпыт бүтэй дорҕоону арааран истэ үөрэнии, сүһүөххэ таба араарыы, суруйуу.Сэргэстэспит бүтэй дорҕоонноох тыллары кытта тэҥнээһин. Маарыннаһар дорҕоонноох тыллары таба саҥарыы уонна этии ис хоһоонунан көрөн таба тутта үөрэнии, ыйытыыга толору эппиэтиир үөрүйэҕи сайыннарыы. Тыл ситимин оҥоро үөрэнии. Саҥарар саҥаны, истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, айар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы
Хоһуласпыт бүтэй дорҕооннор - таблица.
с.25 Эрч 44
21
Хатылыыр уруок.
1
Хоһуласпыт бүтэй дорҕоону арааран истэ үөрэнии, сүһүөххэ таба араарыы, суруйуу. Дорҕоону арааран истэр уонна таба суруйар сатабылы чиҥэтии. Хоһоону уонна тексти өрө көтөҕүллэн, иэйиилээхтик хайдах ааҕары билиһиннэрии. Оҕо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун, сайыннарыы.
Тестэр.
с.25 Эрч 45
22
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы: хартыынанан кэпсээн оҥоруу.
1
Ыйытыы көмөтүнэн этиилэри табатык ситимнии үөрэнии. Оҕо тылын-өһүн байытыы,толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.
Хартыына.
Мин дэриэбинэм туһунан суруйуу.
23
Саҥаны сайыннарыы: аахпыттан суруйуу «Булчут тигээйи» (с.37)
1
Өйдөөбүттэрин сатаан ситимнээхтик алҕаһа суох суруйалларын ситиһии. Оҕо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.
24
Киирии дор5ооннор. Я,е,ё,ю буукубалар.
1
Я, е,ё, ю буукубалар икки дор5оону бэлиэтиир түбэлтэлэрин, сымнаҕас бүтэй дорҕоону бэлиэтиир түбэлтэлэрин өйдөөн истэ уонна суруйа үөрэнии. Нууччалыы тылга й дорҕоон аһаҕас дорҕоону кытта ситимин өйдөөн истэр үөрүйэҕи чиҥэтии. Маарыннаһар бүтэй дорҕоонноох тыллары таба истэн суруйуу. Тыллары сааһылаан, этии оҥоро үөрэнии. Тыллар суолталарын чуолкайдааһын. Саҥарар саҥаны, истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, айар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы
Тыллар карточкалара, этии схемата.
с.27 Эрч 50
25
Киирии дор5ооннор. Я,е,ё,ю буукубалар.
1
с.29 Эрч 55
26
Киирии дор5ооннор. Я,е,ё,ю буукубалар.
1
с.31 Эрч 60
27
Хатылыыруруок.
1
Нууччаттан киирбит буукубалары таба истэн суруйуу. Тыллар суолталарын чуолкайдааһын. Саҥарар саҥаны, истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, айар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.
с.33 Эрч 67
28
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы.
1
Сюжеттаах хартыынанан сирдэтэн, кыра кэпсээни оҥоруу уонна суруйуу Оҕо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.
с.33 Эрч 68
29
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы.
1
Ойуунан кэпсээн суруйуу.
30
Бэрэбиэркэлиир диктант "Скрипка" (с.132).
1
Нууччаттан киирбит тыллары таба суруйууну бэрэбиэкэлиир уонна ол сатабылы чиҥэтии. Саҥарар саҥаны, истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.
31
Тыл. Тыл састааба.
1
Тылтан олоҕун уонна сыһыарыытын сатаан араарар үөрүйэҕи чиҥэтии. Нууччалыы суруллар олохтоох тылга сахалыы сыһыарыы сыстарын өйдөтүү. Тыл сүһүөххэ хайдах арахсарын туһунан өйдөбүлү чиҥэтии. Тылы, өйү, болҕомтону сайыннарыы.
Тирэх схема, сыһыарыы сыстарын көрдөрөр таблица.
с.36 Эрч 72
32
Тыл. Тыл састааба.
1
Быраабыланы хатылааһын.
33
Тыл. Тыл састааба.
1
с.38 Эрч 76
34
Тыл. Тыл састааба.
1
с.39 Эрч 79
35
Тыл. Тыл састааба.
1
с.40 Эрч 82
36
Хонтуруолунай диктант «Үөрүү күнэ» (с.150)
1
Үөрэх маҥнайгы чиэппэрин түмүктүүр сурук үлэтэ. Саҥарар саҥаны, истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.
37
Саҥа чаастар туһунан уопсай өйдөбүл.
1
Саҥа чаастарын туһунан уопсай өйдөбүлү биэрии. Предметтэри тус-туспа бөлөххө арааралларын эрчийии. Ыйытыы көмөтүнэн этиилэргэ ханнык сана чааһа буоларын быһаара үөрэнии. Оҕо тылын-өһүн байытыы,толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун, сайыннарыы.
с.42 Эрч 85
38
Аат тыл.
1
Аат тыл туһунан билиһиннэрии. Предмет аатын көрдөрөр тыллары арааран өйдүүллэрин ситиһии. Предмет аатыгар Ким? уонна туох? диэн ыйытыылары сөпкө туруора үөрэнии. Этии ис хоһоонугар сөп түбэһиннэрэн, предмет аатын көрдөрөр тылы атын тыллары кытта ситимнииргэ үөрэтии. Кыстыыр көтөрдөрү, чыычаахтары көрүү- харайыы уонна таптыырга, харыстыырга үөрэтии. Оҕо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.Тыллар суолталарын чуолкайдааһын.
Тирэх схема.
с.44 Эрч 88
39
Аат тыл
1
с.45 Эрч 90
40
Чопчу предмети, хайааһыны уонна айылҕа көстүүтүн көрдөрөр аат тыллар.
1
Чопчу предмэттэртэн ураты айылҕа көстүүлэрин, хайааһын аатын, араас терминнэри көрдөрөр тыллары киллэрэн, аат тыл туһунан өйдөбүлү кэҥэтии. Саҥарар саҥаны, истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, айар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.
с.48 Эрч 96
41
Чопчу предмети, хайааһыны уонна айылҕа көстүүтүн көрдөрөр аат тыллар.
1
с.49 Эрч 100
42
Идэни көрдөрөр уопсай ааттар.
1
Идэни көрдөрөр аат тыллары киллэрэн аат тыл туһунан билиини хаҥатыы. Тыл ситимин таба оҥорон этиилэри толкуйдааһын. Саҥарар саҥаны, истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, айар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы
Этии схемата.
с.51 Эрч 104
43
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы.
1
Хартыынанан сирдэтэн, кыра кэпсээни оҥоруу уонна суруйуу. Анал аат улахан буукубаттан сурулларын чиҥэтэн өйдөтүү. Этиилэри табатык ситимниир сатабылы салгыы сайыннарыы. Оҕо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.
Кылгас диктант суруйуу.
44
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы.
1
с.52 Эрч 106
45
Маарыннаһар уонна утары суолталаах аат тыллар.
1
Маарыннаһар уонна утары суолталаах аат тылллары булан, суолталарын тэҥнээн көрө үөрэнии. Этиилэри табатык ситимниир сатабылы салгыы сайыннарыы. Оҕо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.
с.54 Эрч 110
46
Анал аат.
1
Анал аат туһунан өйдөбүлү чиҥэтии. Анал аакка улахан буукуба суруллуутун туһунан билиини кэҥэтии. Анал ааты атын тыллары кытта ситимнээн этиилэри оҥоруу, суруйуу. Саҥарар саҥаны, истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, айар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы. Предмет аатыгар Ким? туох? диэн ыйытыыны таба туруорар сатабылы чиҥэтии. Этиини табатык оҥорор сатабылы сайыннарыы.
с.55 Эрч 115
47
Анал аат.
1
с.56 Эрч 118
48
Паараласпыт аат тыллар.
1
Паараласпыт аат тыллары кытта билсиһии. Паараласпыт тыллары туттан этиилэри оҥоруу, суруйуу. Истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.
с.57 Эрч 123
49
Паараласпыт аат тыллар.
1
50
Аахпыттан суруйуу "Хорсун Сима" (с.44)
1
Өйдөөбүттэрин сатаан ситимнээхтик алҕаһа суох суруйалларын ситиһии. Оҕо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.
51
Аат тыл биир уонна элбэх ахсааҥҥа уларыйара.
1
Биир ахсааҥҥа турар аат тылы элбэх ахсааҥҥа туруора үөрэнии. Тыл олоҕун уонна сыһыарыытын туһунан өйдөбүлү чиҥэтии. Тыл ситимин таба оҥорорго үөрэтии. Айылҕаҕа тапталы иитии. Оҕо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур, кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.
с.59 Эрч 126
52
Аат тыл биир уонна элбэх ахсааҥҥа уларыйара.
1
с.61 Эрч 129
53
Аат тыл биир уонна элбэх ахсааҥҥа уларыйара
1
с.62 боппуруостарга эппиэттиргэ бэлэмнэнии.
54
Бэрэбиэркэлиир диктант "Герой пионер кэриэһэ" (с.139)
1
Аат тыллары таба суруйууну бэрэбиэркэлээһин уонна ол сатабылы чиҥэтии. Саҥарар саҥаны, истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.
55
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы.
1
Хартыынаҕа ыйытыы көмөтүнэн сирдэтэн, кыра кэпсээни оҥоруу уонна суруйуу. Анал аат улахан буукубаттан сурулларын чиҥэтэн өйдөтүү. Этиилэри табатык ситимниир сатабылы салгыы сайыннарыы. Оҕо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.
56
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы.
1
57
Даҕааһын аат өйдөбүлэ. Аат тылы кытта ситимэ.
1
Даҕааһын туһунан билиһиннэрии. Предмет өҥүн, дьүһүнүн, кээмэйин, форматын, хаачыстыбатын уонна туохтааҕы көрдөрөр тылларын предмет бэлиэтин туһунан өйдөбүлү кэҥэтии. Аат тылы кытта ситимнээн туттуу. Оҕо тылын-өһүн байытыы,толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.
Тирэх схема
с.64 Эрч 134
58
Даҕааһын аат өйдөбүлэ. Аат тылы кытта ситимэ.
1
с.65 Эрч 138
59
Даҕааһын аат өйдөбүлэ. Аат тылы кытта ситимэ.
1
с.66 Эрч 141
60
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы.
1
Хартыынанан сирдэтэн, кыра кэпсээни оҥоруу уонна суруйуу. Анал аат улахан буукубаттан сурулларын чиҥэтэн өйдөтүү. Этиилэри табатык ситимниир сатабылы салгыы сайыннарыы. Оҕо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.
с.68 Эрч 145
61
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы.
1
Кыһын туһунан суруйуу.
62
Маарыннаһар уонна утары суолталаах даҕааһын ааттар.
1
Маарыннаһар уонна утары суолталаах даҕааһын ааттары булан, суолталарын тэҥнээн көрө үөрэнии. Этиилэри табатык ситимниир сатабылы салгыы сайыннарыы. Оҕо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.
с.69 Эрч 148
63
Маарыннаһар уонна утары суолталаах даҕааһын ааттар.
1
с.72 Эрч 156
64
Хонтуруолунай диктант «Күөрэгэй-хорсун чыычаах» (с.150)
1
Чиэппэри түмүктүүр уонна билиини хонтуруоллуур сурук үлэ. Истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.
65
Аат тылтан даҕааһын үөскүүрэ.
1
Аат тылтан даҕааһын үөскүүрүн билиһиннэрии. Предмет аатын уонна бэлиэтин көрдөрөр тыллары таба ситимнээн этиилэри оҥоруу, суруйуу. Истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, айар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.
с.73 Эрч 159
66
Аат тыл даҕааһын суолтатыгар туттуллуута.
1
Аат тыл сороҕор уларыйбакка даҕааһын аат суолтатыгар туттуллуутун билиһиннэрии. Аат тыллары даҕааһын суолтатыгар туттан этиилэри оҥоруу, суруйуу. Оҕо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.
с.75 Эрч 163
67
Аат тыл даҕааһын суолтатыгар туттуллуута.
1
с.76 Эрч 166
68
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы.
1
Хартыынанан сирдэтэн, кыра кэпсээни оҥоруу уонна суруйуу. Анал аат улахан буукубаттан сурулларын чиҥэтэн өйдөтүү. Этиилэри табатык ситимниир сатабылы салгыы сайыннарыы. Оҕо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.
69
Хатылыыр уруок.
1
Даҕааһын аат туһунан ылбыт билиини хатылааһын. Даҕааһын ааттары аат тылы кытта ситимнээн этиилэри оҥоруу, суруйуу. Оҕо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.
с.77 Эрч 168
70
Бэрэбиэркэлиир диктант «Халтархай табаарыс» (с.142)
1
Ылбыт билиини бэрэбиэркэлиир сурук үлэтэ. Истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, айар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.
71
Туохтуур өйдөбүлэ. Аат тылы кытта ситимэ.
1
Туохтуур туһунан билиһиннэрии. Ыйытыы көмөтүнэн предмет тугу гынарын көрдөрөр тыллары була үөрэнии. Сыһыарыы көмөтүнэн аат тылтан туохтуур үөскүүрүн билиһиннэрии. Предмет аатын көрдөрөр тылтан ыйытыы туруоран, тугу гынарын көрдөрөр тыллары булар сатабылы чиҥэтии. Ыйытыыга таба эппиэттээн, этии оҥоро үөрэнии. Оҕо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.
с.80 Эрч 172
72
Туохтуур өйдөбүлэ. Аат тылы кытта ситимэ.
1
с.82 Эрч 177
73
Туохтуур өйдөбүлэ. Аат тылы кытта ситимэ.
1
с.84 Эрч 181
74
Туохтуур өйдөбүлэ. Аат тылы кытта ситимэ.
1
с.85 Эрч 185
75
Көмө тыллаах туохтуурдар.
1
Көмө туохтуурдары этиигэ киллэрэн, туохтуур туһунан өйдөбүлү кэҥэтии. Оҕо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.
Быраабыланы хатылааһын.
76
Көмө тыллаах туохтуурдар.
1
с.87 Эрч 189
77
Көмө тыллаах туохтуурдар.
1
78
Туохтуур бириэмэтэ.
1
Туохтуур бириэмэтин туһунан билиһиннэрии. Туохтууру билиҥҥи, ааспыт , кэлэр бириэмэҕэ уларытыы. Этиилэри сөпкө оҥорор сатабылы салгыы сайыннарыы. Истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, айар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.
с.90 Эрч 194
79
Туохтуур биир уонна элбэх ахсааҥҥа уларыйыыта.
1
Туохтуур биир уонна элбэх ахсааҥҥа уларыйыытын билиһиннэрии. Элбэх ахсааҥҥа уларыйарыгар үөскүүр хоһуласпыт бүтэй дорҕооннору таба суруйуу. Истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, айар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.
с.91 Эрч 197
80
Аахпыттан суруйуу «Хотугу сиргэ олохсуйан» (с.45)
1
Өйдөөбүттэрин сатаан ситимнээхтик алҕаһа суох суруйалларын ситиһии. Оҕо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.
81
Туохтуур аат тылтан үөскүүрэ.
1
Туохтуур аат тылтан үөскүүрүн билиһиннэрии. Этиилэри сөпкө оҥорор сатабылы салгыы сайыннарыы. Истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, айар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.
82
Туохтуур аат тылтан үөскүүрэ.
1
83
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы.
1
Хартыынанан сирдэтэн, кыра кэпсээни оҥоруу уонна суруйуу. Анал аат улахан буукубаттан сурулларын чиҥэтэн өйдөтүү. Этиилэри табатык ситимниир сатабылы салгыы сайыннарыы. Оҕо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.
84
Пааралаһар туохтуурдар.
1
Пааралаһар туохтуурдары кытта билиһиннэрии. Этиилэри табатык ситимниир сатабылы салгыы сайыннарыы. Оһо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.
85
Пааралаһар туохтуурдар.
1
86
Маарыннаһар туохтуурдар.
1
Маарыннаһар туохтуурдары кытта билиһиннэрии. Этиилэри табатык ситимниир сатабылы салгыы сайыннарыы. Оһо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.
с.96 Эрч 206
87
Маарыннаһар туохтуурдар.
1
с.98 Эрч 209
88
Хонтуруолунай диктант «Мин эбэм» (с.148)
1
Ылбыт билиини бэрэбиэркэлиир сурук үлэтэ. Истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, айар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.
89
Арахсыспат сомоҕо туохтуурдар.
1
Арахсыспат сомоҕо туохтуурдары билиһиннэрии. Этиилэри табатык ситимниир сатабылы салгыы сайыннарыы. Оҕо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.
90
Хатылыыр уруок.
1
91
Өйтөн айан суруйуу «Дьиэ кыыла».
1
Дьиэ кыылын туһунан кыра кэпсээн суруйуу. Маарыннаһар уонна утарыта туохтуурдары этиигэ сөпкө туттуу. Оҕо тылын-өһүн байытыы,толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.
92
Этии араастара.
1
Ыйытыы, сэһэн, күүһүрдүү этиилэри таба интонациялаан саҥара үөрэнии. Этии бүтүүтүн куолас уларыйыытынан араарар туһунан өйдөбүлү чиҥэтии. Этии бүтүүтүгэр сурук бэлиэтин таба туруорар сатабылы чиҥэтии. Тиэкискэ этиилэр хайдах сибээстэһэллэрин көрүү. Саҥарар саҥаны, истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, айар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.
Быраабыланы хатылааһын.
93
Этии араастара.
1
с.103 Эрч 216
94
Этии араастара.
1
с.105 Эрч 220
95
Этии араастара.
1
с.106 Эрч 223
96
Этии тутаах чилиэннэрэ.
1
Этии тутаах чилиэннэрин була үөрэнии. Кэпсиирэ аат тылынан уонна даҕааһын аатынан бэриллэр түбэлтэлэрэ. Саҥарар саҥаны, истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, айар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.
с.109 Эрч 226
97
Этии тутаах чилиэннэрэ.
1
с.113 Эрч 230
98
Этии тутаах чилиэннэрэ.
1
с.115 Эрч 234
99
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы.
1
Чопчу тиэмэҕэ кэпсээн оҥоруу, суруйуу. Этиилэри табатык ситимниир сатабылы салгыы сайыннарыы. Оҕо тылын-өһүн байытыы, толкуйдуур,кэпсиир,айар дьоҕурун сайыннарыы.
с.116 Эрч 236
100
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы.
1
101
Хонтуруолунай диктант «Ийэбит-күндү киһибит» (с.151)
1
Ылбыт билиини бэрэбиэркэлиир сурук үлэтэ. Истэр дьоҕуру, болҕомтону, өйү-санааны, айар, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.
102
Сыыһаларын көннөрөр уруок.
1
Ыйытыы көмөтүнэн этии ойоҕос чилиэннэрин булла үөрэнии; тутаах чилиэннэри этии ойоҕос чилиэннэрэ хайдах быһааралларын кэтээн көрүү; тэнийбит уонна тэнийбэтэх этиилэри арааран билэ үөрэнии; ситимнээх этиилэри оҥорор сатабылларын сайыннарыы.
103
Этии ойоҕос чилиэннэрэ. Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии.
1
с.118 Эрч 240
104
Этии ойоҕос чилиэннэрэ. Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии.
1
с.119 Эрч 242
105
Этии ойоҕос чилиэннэрэ. Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии.
1
с.121 Эрч 246
106
Этии ойоҕос чилиэннэрэ. Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии.
1
107
Этии ойоҕос чилиэннэрэ. Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии.
1
108
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы.
1
Ситимнээх тиэкис бэрээдэгин кэспэккэ, тыллары табатык туттан, этиилэри сөпкө суруйа үөрэнии; тугу суруйары өйгө былаанныы үөрэнии; тыл ситимин таба оҥорор үөрүйэҕи чиҥэтии; тиэкиһи сиһилии көтүппэккэ өйтөн суруйа үөрэнии.
Быраабыланы нойосуус.
109
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы.
1
110
Биир уустаах чилиэннэр.
1
Этииттэн биир ыйытыыга эппиэттиир чилиэннэри була үөрэнии; биир уустаах чилиэннэр икки ардыларыгар соппутуой турарын дакаастааһын; этиини тэнитэр сатабылы чиҥэтии; ситимнээх кэпсээни оҥорор үөрүйэҕи сайыннарыы.
с.124 Эрч 250
111
Биир уустаах чилиэннэр.
1
с.125 Эрч 253
112
Биир уустаах чилиэннэр.
1
113
Биир уустаах чилиэннэр.
1
114
Хатылыыр уруок.
1
Ыйытыы көмөтүнэн биир уустаах чилиэннэри булар сатабылы сайыннарыы; биир уустаах чилиэннэри ааҕарга куолас хайдах уларыйарын кэтээн көрүү.
Диктаҥҥа бэлэмнэнии.
115
Бэрэбиэркэлиир диктант «Куоракка» (с.152)
1
Биир уустаах чилиэннэри таба суруйууга билиилэрин уонна сатабылларын бэрэбиэркэлээһин.
116
Аахпыттан суруйуу "Балыксыттар" (с.50)
1
Ситимнээх тиэкис бэрээдэгин кэспэккэ, тыллары табатык туттан, этиилэри сөпкө оҥорон суруйа үөрэнии; тугу суруйары өйгө былаанныы үөрэнии; тыл ситимин таба оҥорор үөрүйэҕи чиҥэтии.
117
Түмүктүүр уруоктар. Дорҕоон уонна буукуба.
1
Дорҕоон, буукуба, сүһүөх туһунан билиилэрин чиҥэтии; тыл дорҕоонун састаабын схематын көрдөрө үөрэнии; тылы дорҕоонунан истэн ырытар сатабылы чиҥэтии; ситимнээн кэпсии үөрэнии.
с.126 Эрч 255
118
Түмүктүүр уруоктар. Дорҕоон уонна буукуба.
1
119
Түмүктүүр уруоктар. Дорҕоон уонна буукуба.
1
120
Түмүктүүр уруоктар. Дорҕоон уонна буукуба.
1
121
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы.
1
Былаан көмөтүнэн ситимнээх кэпсээн оҥоро үөрэнии; этии араастарын чуолкайдык сааһылаан билии.
122
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы.
1
123
Аат тыл, даааһын аат, туохтуур.
1
Ыйытыы көмөтүнэн аат тылы булар сатабылы чиҥэтии; «аат тыл» диэн саҥа чааһыгар киирэр тыллары наардааһын; тыл саппааһын байытыы.
Даҕааһын аат уонна туохтуур туһунан ылбыт билиилэрин уонна сатабылларын чиҥэтии; сана чаастарын тэҥнээһин.
124
Аат тыл, даҕааһын аат, туохтуур.
1
125
Аат тыл, даҕааҕын аат, туохтуур.
1
126
Аат тыл, даҕааҕын аат, туохтуур.
1
127
Аат тыл, даҕааһын аат, туохтуур.
1
128
Аат тыл, даҕааһын аат, туохтуур.
1
129
Аат тыл, даҕааһын аат, туохтуур.
1
130
Этии араастара, тутаах чилиэннэрэ, ойоҕос чилиэннэрэ. Биир уустаах чилиэннэр.
1
Этии чилиэннэрин туһунан өйдөбүлү чиҥэтии; этии тутаах уонна ойоҕос чилиэннэрэ ханнык саҥа чааһынан бэриллэллэрин быһаара үөрэнии; этии оҥорор үөрүйэҕи сайыннарыы.
131
Этии араастара, тутаах чилиэннэрэ, ойоҕос чилиэннэрэ. Биир уустаах чилиэннэр.
1
132
Этии араастара, тутаах чилиэннэрэ, ойоҕос чилиэннэрэ. Биир уустаах чилиэннэр.
1
133
Этии араастара, тутаах чилиэннэрэ, ойоҕос чилиэннэрэ. Биир уустаах чилиэннэр.
1
134
Этии араастара, тутаах чилиэннэрэ, ойоҕос чилиэннэрэ. Биир уустаах чилиэннэр.
1
135
Хонтуруолунай диктант «Ленин паамытынньыга» (с.152)
1
Таба суруйууга билиилэрин уонна сатабылларын бэрэбиэркэлээһин.
136
Сыыһаларга үлэ.
Түмүктүүр уруок.
1