- Учителю
- Календарно - тематическое планирование на якутском языке Язык саха (4 класс)
Календарно - тематическое планирование на якутском языке Язык саха (4 класс)
Муниципальное бюджетное общеобразовательное учреждение «Кюереляхская средняя общеобразовательная школа имени Степана ГурьевичаКоврова»
УТВЕРЖДЕНО
решением педагогического совета
от_______________2015 года
Председатель___________(Колодезников Г.Г.)
РАБОЧАЯ ПРОГРАММА
по предмету «Язык саха» для 4 класса
на 2015-2016 учебный год
Ступень начального общего образования,
102 часа, базовый уровень,
Учитель: Алексеева Альберта Анатольевна
Планирование составлено по программе Министерства образования РС(Я)
«Саха тыла» В.М.Анисимов,С.К.Колодезникова, Е.С.Руфов, С.М.Тимофеева 4 класс
TϴPϴϴБYT ТЫЛ
САХА ТЫЛЫН 1-4 КЫЛААСКА ҮϴРЭТИИНИ CYPYHHYYP БЫРАГЫРААМА
БЫhААРЫЫ СУРУК
Үɵрэх предметин ɵйдɵбүлэ
Тɵрɵɵбүт тыл - кɵлүɵнэттэн кɵлүɵнэҕэ бэриллэр ханнык баҕарар норуот улуу нэhилиэстибэтэ, киhи аймах ытык ɵйдɵбүллэриттэн (сыаннастарыттан) биирдэстэрэ. Тɵрɵɵбүт тыл - oҕoҕo тулалыыр эйгэтин кыраҕатык билэр-кɵрɵр, чугас дьонун-сэргэтин кытта истиҥник бодоруhар, иэйиитэ уhуктар, ɵйɵ-санаата сайдар, ɵбүгэтин үɵрэҕин утумнуур сүрүн эйгэтэ.
Ол иhин оҕону кыра сааhыттан оҕо тэрилтэтигэр, оскуолаҕа тɵрɵɵбүт тылынан иитии-үɵрэтии сүрүн ирдэбил быhыытынан билиниллэн, Российскай Федерация уонна Саха Республикатын үɵрэххэ уонна тылга сокуоннарыгар ити ɵйдɵбүл туспа ыстатыйанан киирэн, быраап быhыытынан кɵмүскэллээх, билиҥҥи усулуобуйаҕа үгүс норуот тыла чел туруктаах хааларыгар тирэх буолар.
Саха Республикатыгар саха тылын тɵрɵɵбүт тыл быhыытынан үɵрэтии 1922 сыллаахтан тиhигин быспакка, үгүс оскуолаҕа үгэскэ кубулуйан, уопсай үɵрэхтээhин оҕону сайыннарар биир сүрүн предметин быhыытынан билиниллэр. Ити кэм устатыгар сэбиэскэй да, билиҥҥи да кэмҥэ орто үɵрэх систиэмэтигэр буолбут араас реформалар сыалларыгар-соруктарыгар сɵп тубэhиннэриллэн, үɵрэтии таhыма, хайысхата, ис xоhооно сайдан иhэр.
Билигин тɵрɵɵбүт тыл, федеральнай государственнай үɵрэх стандартын (ФГ0С) ирдэбилинэн, уопсай үɵрэхтээhин булгуччулаах чааhыгар киирэн, базиснай үɵрэх былааныгар (федеральнай) миэстэтэ, үɵрэтиллэр чааhа чопчу ыйыллан үɵрэтиллэр таhыма урдээтэ. Алын cүhүɵx оскуола таhымыгар тɵрɵɵбүт тылы үɵрэх предметин быhыытынан үɵрэтиигэ түмүк ирдэбили эмиэ федеральнай государственнай үɵрэх стандарда сүрүннүүр.
Ити ааттаммыт докумуон быhыытынан, начаалынай үɵрэхтээhин таhымыгар нуучча уонна тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтиигэ тэҥ таhымнаах түмүк ирдэнэр. Тɵрɵɵбүт тыл атын үɵрэх предметтэрин кытта бииргэ оҕо личность быhыытынан сайдыытын хааччыйыахтааҕа этиллэр, ону сэргэ урукку ɵттүгэр ирдэммэт caҥа булгуччулаах ирдэбили - үɵрэнээччигэ үɵрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини киллэрэр.
Yɵpax предметин сыала уонна соруга:
Начаалынай оскуолаҕа тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтии предметэ атын үɵрэх предмэттэрин ортотугар үɵрэнээччи тылын ɵhүн уонна ɵйүн-санаатын сайыннарар, сүрүн үɵрэнэр үɵрүйэҕи иҥэрэр кыаҕынан бас-кɵс балаhыанньаны ылар предмет буолар. Онон бу предмети үɵрэтии таhымыттан саха оскуолатыгар начаалынай уерэхтээhин уопсай туруга, үɵрэнээччи салгыы сүрүн оскуолаҕа ситиhиилээхтик уерэнэрэ тутулуктаах.
Оҕо начаалынай оскуолаҕа үɵрэнэр сааhыгар билиитэ-кɵрүүтэ, тыла-ɵhɵ уонна ɵйɵ - санаата тэтимнээхтик сайдар, иэйиитэ уонна саныыр санаата судургутук олохсуйар буолан, тɵрɵɵбүт тылы бу кэмҥэ кичэйэн үɵрэтии - норуот тыла чɵл туруктаах буоларыгар, кэнчээри ыччакка улуу нэhилиэстибэни тириэрдэргэ олус суолталаах.
Этиллибиккэ олоҕуран, тɵрɵɵбүт тылы уопсай үɵрэхтээhин алын cүhүɵx таhымыгар үɵрэтии сыалын үс хайысхаҕа араарыахха сɵп:
1) үɵрэнээччигэ тɵрɵɵбүт тыл туhунан билиини аан дойду туhунан научнай билии быстыспат сорҕотун быhыытынан иҥэрии, тыл үɵрэҕин сүрүн балаhыанньаларын билиhиннэрии, онно олоҕуран, оҕо билэр-кɵрɵр, толкуйдуур кыаҕын сайыннарыы;
-
Үɵрэнээччи дьону-сэргэни кытта тɵрɵɵбүт тылынан бодоруhар үɵруйэҕин, саҥа (тыл) култуурата киhи уопсай култууратын быстыспат сорҕото буоларын туhунан ейдебулгэ тирэҕирэн, caҥa (тыл) араас кɵрүҥэр (кэпсэтии, суруйуу, аа^ыы, вйтвн айыы, о.д.а.) үɵрэтэн, салгыы сайыннарыы;
-
Үɵрэнээччигэ тɵрɵɵбүт тыл норуот ытык ɵйдɵбүллэриттэн биирдэстэрэ буоларын быhыытынан ураты харыстабыллаах сыhыаны иҥэрии, хас биирдии киhи ийэ тылын сайыннарар иэстээҕин ɵйдɵтүү.
Тɵрɵɵбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үɵрэтии сыала маннык сүрүн соруктары быhаардахха ситиhиллэр:
-
дьону-сэргэни кытта бодоруhар сана (тыл) сүрүн кɵрүҥнэрин үɵрэнээччигэ үɵрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини кытта бииргэ алтыhыннаран үɵрэтии;
-
тыл (саца) - бодоруhуу сүрүн ньымата диэн тутаах ɵйдɵбүлгэ тирэҕирэн, үɵрэнээччи кэпсэтэр уонна санаатын толору этэр (тыл этэр), суруйар үɵрүйэҕин сааhыгар сɵп түбэhиннэрэн сайыннарыы;
-
тыл үɵрэҕин билиитигэр, сурук-бичик култууратын тɵрүт ɵйдɵбүллэригэр олоҕуран, үɵрэнээччи тɵрɵɵбүт тылын литературнай нуорматын тутуhарын, алҕаhа суох саҥарарын уонна суруйарын ситиhии;
-
тыл үɵрэҕин сүрүн салааларын (лексика, фонетика, морфология, синтаксис, тиэкис) туhунан уопсай ɵйдɵбүлү иҥэриигэ тирэҕирэн, үɵрэнээччи толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы, сааhыгар сеп тубэhиннэрэн, ɵй үлэтин дьайыыларыгар үɵрэтии;
-
тɵрɵɵбүт тылы билии, харыстааhын, сайыннарыы сүрүн ньымаларыгар үɵрэтии.
Тереебут тылы начаалынай оскуолаҕа үɵрэтии үɵрэнээччи нуучча тылын кэбэҕэстик ылынарын хааччыйар, нуучча тылыгар тыл үɵрэҕин үгүс уопсай балаhыанньаларын хос эбэтэр уруттаан үɵрэтэри лаппа аҕыйатан, учуутал уерэх чааhын оҕо нууччалыы саҥатын сайыннарыыга аныыр усулуобуйатын үɵскэтиэхтээх. Онон саха оскуолатыгар нуучча тылын уерэтии хаачыстыбатын тупсарыыга усулуобуйа үɵскэтии - тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтии хос сыала-соруга.
Үɵрэх былааныгар үɵрэх предметен миэстэтэ
Саха тылын үɵрэтии чааhа начаалынай үɵрэхтээhини сүрүннүүр уопсай үɵрэхтээhин бырагырааматыгар (Примерная основная общеобразовательная программа начального общего образования) бэриллэр тɵрɵɵбүт тылынан үɵрэнэр кылаастарга аналлаах базиснай үɵрэх былаанын 3 барыйааныгар тирэҕирэн быhаарыллар. Үɵрэх тэрилтэтэ бэйэтин уерэҕин бырагырааматын, былаанын оҥгосторугар онно баар булгуччулаах чааска киирбит предметтэр чаастарын тутуhара ирдэнэр. Онно эбии үɵрэх былаанын талар чааhыттан бэйэтэ кɵрɵн, ханнык баҕарар предмеккэ чаас эбэрэ, эбэтэр атын пред мети эбии үɵрэтэрэ кɵҥүл.
Ити ыйыллар базиснай үɵрэх былааныгар нуучча уонна тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтии чаастарын ахсаана тэҥнэнэн, ордук государственнай статустаах тɵрɵɵбүт тыл үрдүк таhымьгар үɵрэтиллэригэр усулуобуйа тэриллибитэ кɵстɵр. Ону сэргэ тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтии нуучча тылын үɵрэтиигэ тирэх буоларын ситиhэр туhуттан үɵрэх матырыйаалын аттарарга табыгастаах балаhыанньа үɵскүүр.
Ытык ɵйдɵбүллэри үɵрэх предметин ис xohooҥyгap киллэрии
Начаалынай кылааска саха тылын үɵрэтии oҕoҕo ытык ɵйдɵбүллэри (духуобунай сыаннастары) иҥэриигэ улахан суолталаах. Киhи аймах үйэлэртэн үйэлэргэ ɵрɵ тутан илдьэ кэлбит ытык ɵйдɵбүллэрэ (духуобунай сыаннастара) тɵрɵɵбүт тыл эгэлгэтигэр, кэрэтигэр сɵҥɵллɵр. Ол курдук үɵрэтии ис хоhоонугар тыл үɵрэҕин сүрүн хайысхаларын сэргэ уруок, кэпсэтии (бодоруhуу) тиэмэтин, үɵрэтии матырыйаалын быhыытынан тɵрɵɵбүт дойду, ийэ дойду, тɵрɵɵбүт тыл, айылҕа, үлэ, тɵрүт дьарык, ыал, дьиэ кэргэн, айымньы уонна кэрэ эйгэтэ, кɵҥүл, кырдьык, үтүɵ санаа, киhи аймах, аан дойду омуктарын тылларын уонна култууратын эгэлгэтин курдук ытык ɵйдɵбүллэр (духуобунай сыаннастар) киириэхтээхтэр.
Үɵрэх предметин үɵрэтии түмүгэ
Ытык ɵйдɵбүллэри иҥэрии түмүгэ
(личностные результаты)
Саха тылын оскуолаҕа үɵрэтии кэмигэр оҕо маннык ытык ɵйдɵбүллэри (духуобунай сыаннастары) иҥэриннэҕинэ тɵрɵɵбүт тыла сайдарыгар бэриниилээх, эпииэтинэстээх буоларыгар, бэйэтин кыаҕын толору туhанарыгар эрэниэххэ сɵп.
Тɵрɵɵбүт тыл - омугу сомоҕолуур тыл буоларын ɵйдүүр. Тɵрɵɵбүт тыл тɵрүт айылгыта, үйэлээх үгэhэ, этигэн кэрэтэ норуот тылынан уус-уран айымнъытыгар уонна уус-уран литератураҕа сɵҥмүтүн билэр. Тɵрɵɵбүт тылын сайыннарар, кэлэр кɵлүɵнэҕэ тириэрдэр ытык иэстээҕин, ийэ тыл үйэлэргэ чɵл туруктаах буоларыгар тус оруоллааҕын ɵйдүүр.Тɵрɵɵбүт тыл иитиллэр, үɵрэнэр, айар-сайдар тыл буоларын итэҕэйэр.Тɵрɵɵбүт тыл элбэх омук алтыhан бииргэ олорор кэмигэр, икки (элбэх) тылланыы усулуобуйатыгар хас биирдии киhиттэн харыстабыллаах сыhыаны эрэйэрин ɵйдүүр.
Үɵрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ
(метапредметные результаты)
Бэйэни салайынар-дьаЬанар сатабыл.
Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох- ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быhа холоон билэр. Тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри үѳрэтиэхтээҕин арааран ѳйдүүр.
«Тылын сайыннарар баҕаны үɵскэтии (потребность в совершенствовании собственной речи). Тɵрɵɵбүт тылын барҕа баайын сыаналыыр, тыл кэрэтигэр умсугуйар, этигэн тыл күүhүн, кыаҕын толору туhанарга, тылын-ɵhүн бэйэтэ сатаан чочуйан, тупсаран, санаатын сиhилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуhар.
Хонтуруолланыы. Бэйэ санаатын ɵрүү кэтэнэр, кɵрүнэр, алҕаhа суох caҥapapгa, санаатын ыпсаран, хомоҕойдук этэргэ кыhаллар.
Билэр-кɵрɵр сатабыл. Сүрүн үɵрэнэр сатабыл.
Үлэ сыалын-соругун таба туруору у. Тɵрɵɵбүт тылын үɵрэтэригэр сыал-сорук туруорунан кɵдьүүстээхтик үлэлиир.
Билиини-кврццнц кэҥэтэр араас матырыйаалы туhаныы. Сахалыы үɵрэх-наука литературатыттан (тылдьыттартан, ыйынньыктартан, энциклопедиялартан, араас кинигэттэн) туhааннаах информацияны, билиини дɵбɵҥнүк булар, бэлиэтэнэр, түмэр, ситимниир араас ньыманы табыгастаахтык туhанар. Сахалыы тахсар оҕoҕо аналлаах республика, улуус, оскуола хаhыаттарын-сурунаалларын («Кэскил», «Чуораанчык», о.д.а.) тиhгин быспакка ааҕар, араадьыйанан, телевизорынан сахалыы биэриилэри сэргээн истэр-кɵрɵр, үɵрэтэр, чинчийэр, айар улэтигэр кɵдьүүстээхтик туhанар.
Тобулук ɵйү сайыннарар үɵрүйэхтэр. Тɵрɵɵбүт тыл оскуолаҕа оҕону сайыннарар үɵрэх тутаах салааларыттан (предметтэриттэн) биирдэстэрэ. Онон үɵрэнээччи саха тылын үɵрэтэр кэмигэр үɵрэнэргэ тɵрүт буолар ɵй үлэтин сүрүн үɵрүйэхтэрин баhылыыр.
Рефлексия. Сыалы-соругу ситиhэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын тɵhе сɵпкɵ талбытын сыаналыыр. Үлэ хаамыытын хайдах салайан иhэрин кэтээн кɵрɵр. Үлэ түмүгүн дьон интэриэhин, болҕомтотун тардар курдук сахалыы кэпсиир.
Бэлиэни-символы туhанар үɵрүйэхтэр. Дорҕоон (буукуба), тыл, этии чилиэннэрин, тиэкис анал бэлиэлэрин сатаан туhанар. Анал бэлиэлэринэн тыл, этии, тиэкис моделын онорор. Бэриллибит моделга тирэдирэн, тылы, этиини толкуйдуур, тиэкиhи айар.Таблицанан, исхиэмэнэн, моделынан кɵрдɵрүллүбүт билиини ɵйдүүр уонна кэпсиир.
Бодоруhар сатабыл.
Бииргэ үлэлииргэ үɵрүйэх. Дьону кытта бииргэ алтыhан үɵрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баhылыыр (пааранан, бɵлɵҕүнэн, хамаанданан, о.д.а). Саастыылаахтарын, улахан дьону кытта айымньылаах алтыЬыы туругар кэбэдэстик киирэр (продуктивное взаимодействие
Кэпсэтэр үɵрүйэх. Кэпсэтии уратыларын ɵйдүүр, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр киhитин убаастыыр, сэҥээрэр, санаатын болҕойон истэр, ылынар. Ханнык баҕарар эйгэҕэ кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар, сэргэхситэр, сонурҕатар, кɵҕүлүүр сатабылы табан туhанар. Кэпсэтэр кэмҥэ бэйэ кɵрбүтүн, истибитин, аахпытын сиhилии сэhэргиир.
Сахалыы дорооболоhор, билсиhэр, быраhаайдаhар, кɵрдɵhɵр, бырастыы гыннарар, буойар, телефонунан кэпсэтэр, о.д.а. угэстэри инэриммит, куннээҕи олоҕор ɵрүү туттар.
Тустаах үɵрэх предметин үɵрэтии түмүгэ
(предметные результаты)
Саха тылын литературнай нуорматын (орфоэпическэй, лексическэй, грамматическай) тутуhаp.Дорҕоону, буукубаны, тыл сүhүɵҕүн, саҥа чааhын, этии чилиэнин, судургу этиини булар, быhаарар, наардыыр. Сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылаларын mymyhap. Тиэкис ɵйдɵбүлүн, бэлиэтин билэр (тиэмэҕэ, сүрүн санааҕа, аата, эпиграф, тутула, этиилэрин ситимэ). Саныыр санаатын сааhылаан, дъоҥҥо ɵйдɵммүтүɵтцк, тиийимтиэтик этэр, тиэкис тутулун mymyhan суруйары сатыыр.Тиэкис тииптэрин сэкэргээНин, ойуулааЪын, тойоннооЪун диэн араарар. Монолог (сэкэргиир, ойуулуур, тойоннуур) уонна диалог (кэпсэтии, санаа цллэстии, ыйыталакыы, о.д.а.) арааЬын сатаан myhanap. Бэйэ сацатын (тылынан, суругунан) сатаан хонтуруолланар, тиэкиЬин ис хоЪоонун, тылын-вНцн сыаналанар, ал^астарын булар, чочуйар, тупсарар.
Үɵрэх предметен ис хоhооно
Начаалынай оскуолада тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтии уопсай үɵрэхтээhин систиэмэтигэр саха тылын үɵрэтэр предмет быстыспат сорҕото, «Филология» үɵрэх уобалаhыгар тɵрүт буолар сүрүн куурус буолар. Онон үɵрэтии сыала-соруга, тутула, ис хоhооно уонна түмүк ирдэбилэ үрдүкү кылаастарга тɵрɵɵбүт тылы сэргэ атын филологическай предметтэри үɵрэтиини кытта алтыhыннаран-ситимнээн торумнанар.
Тɵрɵɵбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үɵрэтии маҥнайгы кылааска «Бодоруhарга үɵрэнэбит» диэн саҥа киирэр салааттан саҕаланар, ол кэнниттэн «Грамотаҕа үɵрэтии» диэн үгэс буолбут ааҕарга уонна суруйарга үɵрэтэр салаа «Ааҕарга уонна суруйарга үɵрэнэбит» саҥа аатынан уерэтиллэр. Бу кэмнэ уерэх былааныгар тереебут тыл уонна литературнай аадыы чаастара бииргэ бэриллэллэр. «Аадарга уонна суруйарга уерэнэбит» салаа кэнниттэн биирдэ тереебут тыл уонна литературнай аадыы предметтэрэ тус- туспа уерэтиллэллэр. Ити кэмтэн ыла начаалынай оскуолаҕа тɵрɵɵбүт тыл предметин сүрүн ис хоhоонун тиhиктээхтик үɵрэтии саҕаланар.
Тɵрɵɵбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үɵрэтии ис хоhоонун сүрүн хайысхалара үɵрэтии түмүк ирдэбилин уонна сыалын-соругун ситиhэргэ аналлаах тутаах научнай балаhыанньалартан таҥыллар. Ити ирдэбилгэ олоҕуран, тɵрɵɵбүт тылы үɵрэтии ис хоhоонугар маннык сүрүн научнай хайысхалар киирэллэр:
-
Бoдopyhyy култуурата.
-
Саҥа кɵрүҥэ (виды речевой деятельности): истии, саҥарыы, ааҕыы, суруйуу.
-
Тыл үɵрэҕин тутаах салааларын туhунан уопсай ейдебүлэ: фонетика, лексика, морфология, синтаксис.
-
Сурук-бичик култуурата: таба суруйуу уонна сурук бэлиэтэ.
-
Ситимнээх саҥаны сайыннарыы (тиэкис тукунан сцрцн вйдвбцл).
Сүрүн хайысхаларга киирбит тиэмэлэр ис хоhоонноро начаалынай оскуола үɵрэнээччитин caahын уратытын, ейун-санаатын кыаҕын, билэр-кɵрɵр дьоҕурун учуоттаан таҥыллыахтаахтар.
Бодоруhуу култуурата
Дьону кытта бодоруhуу араас кɵрүҥэ: кэпсэтии, сэhэргэhии, сүбэлэhии, cɵncɵhүү. Тылы бодоруhуу сүрүн ньыматын быhыытынан арыйыы: бодоруhууга саҥа (вербальные средства общения) уонна туттуу-хаптыы (невербальные средства общения) суолтата. Саҥарыы уонна истии култууратын, кэпсэтии сиэрин тутуhуу.
СОГЛАСОВАНО
Заместитель директора по УВР
______________________________
___________________2015г
Муниципальное бюджетное общеобразовательное учреждение «Кюереляхская средняя общеобразовательная школа имени Степана ГурьевичаКоврова»
КАЛЕНДАРНО-ТЕМАТИЧЕСКОЕ
ПЛАНИРОВАНИЕ
по предмету язык саха
Класс :4
Учитель: Алексеева Альберта Анатольевна
Количество часов: всего 1о2 часов; в неделю 3 часа;
Планирование составлено по программе Министерства образования РС(Я)
«Саха тыла» В.М.Анисимов,С.К.Колодезникова, Е.С.Руфов, С.М.Тимофеева 4 класс
урока
Содержание
(разделы, темы)
Кол.
часов
Даты проведения
оборудование
Основные виды учебной деятельности
(УУД)
план
факт
Саңа үөрэх дьылынан. (5 чаас)1 чиэппэр
1
Тиэкис.Этии.Тыл.Дорҕоон.
1
02.09.15
Дуоска,мел,раздаточнай матырыйаал
Ытык ѳйдѳбүллэри иҥэрии түмүгэ (личностные результаты): Тѳрѳѳбүт тыл иитиллэр, үѳрэнэр, айар-сайдар тыл буоларын итэҕэйэр.
Үѳрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ
(метапредметные результаты)
1.Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: . Бэйэ саҥатын ѳрүү кэтэнэр, кѳрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, санаатын ыпсаран, хомоҕойдук этэргэ кыһаллар.
2.Билэр-кѳрѳр сатабыл. Сүрүн үѳрэнэр сатабыл: Саха тылын лингвистическэй матырыйаалыгар тирэҕирэн, ѳй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик толорор: тэҥнээһин (сравнение), ырытыы (анализ), холбооһун (синтез), түмүктээһин (обобщение), (сериация), ханыылатан сааһылааһын (классификация), майгыннатыы (аналогия), сааһылаан ситимнээһин (систематизация). Итини сэргэ араас тойоннуур ньыманы (индукция, дедукция) табыгастаахтык туһанан дьону итэҕэтэр, ылыннарар курдук санаатын сааһылаан этэр үѳрүйэҕэ сайдар.
3.Бодоруһар сатабыл. Бииргэ үлэлииргэ үѳрүйэх. Дьону кытта бииргэ алтыһан үѳрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баһылыыр (пааранан, бѳлѳҕүнэн, хамаанданан, о.д.а). Саастыылаахтарын, улахан дьону кытта айымньылаах алтыһыы туругар кэбэҕэстик киирэр (продуктивное взаимодействие), биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таһаарыылаахтык, кѳдьүүстээхтик үлэлиир үѳрүйэхтэнэр (продуктивное сотрудничество).
2
Тиэкис. Тиэкис бэлиэтэ.
1
03.09.15
Дуоска,мел,раздаточнай матырыйаал
3
Тиэкис арааһа.
1
05.09.15
Дуоска,мел,проектор
4
Суругунан үлэ. Диктант
1
09.09.15
Дуоска, мел
5
Тиэкис чааһа.
1
10.09.15
Дуоска,мел
Этии (7 чаас)
6
Этии. Тыл ситимэ.
1
Дуоска, мел,сорудахтаах лиистэр
Ытык ѳйдѳбүллэри иҥэрии түмүгэ (личностные результаты): Тѳрѳѳбүт тыл - омугу сомоҕолуур тыл буоларын ѳйдүүр.
Үѳрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ
(метапредметные результаты):
1.Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: Бэйэтин сааһыгар сѳп түбэһэр тиэкискэ үѳрэппит матырыйаалын сүнньүнэн тыл литературнай нуормата саҥарар эбэтэр суруйар киһи тылыгар тѳһѳ сѳпкѳ эбэтэр сыыһа туттулларын тута «сэрэйэн» билэр, итэҕэһин, алҕаһын быһаарар, кѳннѳрѳр, бэйэтин тылыгар-ѳһүгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуһарга дьулуһар.
2.Билэр-кѳрѳр сатабыл. Сүрүн үѳрэнэр сатабыл: Тѳрѳѳбүт тыл оскуолаҕа оҕону сайыннарар үѳрэх тутаах салааларыттан (предметтэриттэн) биирдэстэрэ. Онон үѳрэнээччи саха тылын үѳрэтэр кэмигэр үѳрэнэргэ тѳрүт буолар ѳй үлэтин сүрүн үѳрүйэхтэрин баһылыыр.
3.Бодоруһар сатабыл: Бииргэ үлэлииргэ үѳрүйэх. Дьону кытта бииргэ алтыһан үѳрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баһылыыр (пааранан, бѳлѳҕүнэн, хамаанданан, о.д.а). Саастыылаахтарын, улахан дьону кытта айымньылаах алтыһыы туругар кэбэҕэстик киирэр (продуктивное взаимодействие), биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таһаарыылаахтык, кѳдьүүстээхтик үлэлиир үѳрүйэхтэнэр (продуктивное сотрудничество).
7
Суругунан үлэ. Аахпыттан суруйуу
1
12.09.15
Дуоска, мел
8
Этии көрүҥэ.
1
16.09.15
Дуоска, мел, проектор
9
Этии чилиэнэ. Тэнийбит, тэнийбэтэх этии.
1
17.09.15
Дуоска, мел, нагляднай матырыйаал
10
Суругунан үлэ. Өйтөн суруйуу.
1
19.09.15
Дуоска, мел
11
Этии биир уустаах чилиэннэрэ
1
23.09.15
Дуоска, мел
12
Этии. Хатылааһын.
1
24.09.15
Дуоска, мел, сорудахтаах лиистэр
Тыл (5 чаас)
13
Тыл олоҕо уонна сыһыарыыта. Тыл састааба. Сыһыарыы арааһа.
1
26.09.15
Дуоска, мел, нагляднай матырыйаал
Ытык ѳйдѳбүллэри иҥэрии түмүгэ (личностные результаты): Тѳрѳѳбүт тыл иитиллэр, үѳрэнэр, айар-сайдар тыл буоларын итэҕэйэр.
Үѳрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ
(метапредметные результаты):
1.Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: Бэйэ саҥатын ѳрүү кэтэнэр, кѳрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, санаатын ыпсаран, хомоҕойдук этэргэ кыһаллар.
2.Билэр-кѳрѳр сатабыл. Сүрүн үѳрэнэр сатабыл:Тѳрѳѳбүт тылын үѳрэтэригэр сыал-сорук туруорунан кѳдьүүстээхтик үлэлиир.
3.Бодоруһар сатабыл: Дьону кытта бииргэ алтыһан үѳрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баһылыыр (пааранан, бѳлѳҕүнэн, хамаанданан, о.д.а). Саастыылаахтарын, улахан дьону кытта айымньылаах алтыһыы туругар кэбэҕэстик киирэр (продуктивное взаимодействие), биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таһаарыылаахтык, кѳдьүүстээхтик үлэлиир үѳрүйэхтэнэр (продуктивное сотрудничество).
14
</ Сыһыарыы аһаҕас дорҕоонунан уларыйыыта.
1
30.09.15
Дуоска, мел, нагляднай матырыйаал
15
Нууччалыы суруллар тыл сыһыарыыта.
1
01.10.15
Дуоска, мел, нагляднай матырыйаал
16
Суругунан үлэ. Диктант
1
03.10.15
Дуоска, мел
17
Тыл. Теманы хатылааһыҥҥа эрчиллиилэр
07.10.15
Дуоска, мел, сорудахтаах лиистэр
Аат тыл (9 чаас)
18
Аат тыл ахсаана паараласпыт аат тыл.
1
08.10.15
Дуоска, мел, нагляднай матырыйаал
Ытык ѳйдѳбүллэри иҥэрии түмүгэ (личностные результаты): Тѳрѳѳбүт тыл - омугу сомоҕолуур тыл буоларын ѳйдүүр.
Үѳрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ
(метапредметные результаты):
1.Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: Бэйэтин сааһыгар сѳп түбэһэр тиэкискэ үѳрэппит матырыйаалын сүнньүнэн тыл литературнай нуормата саҥарар эбэтэр суруйар киһи тылыгар тѳһѳ сѳпкѳ эбэтэр сыыһа туттулларын тута «сэрэйэн» билэр, итэҕэһин, алҕаһын быһаарар, кѳннѳрѳр, бэйэтин тылыгар-ѳһүгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуһарга дьулуһар.
2.Билэр-кѳрѳр сатабыл. Сүрүн үѳрэнэр сатабыл: Тѳрѳѳбүт тыл оскуолаҕа оҕону сайыннарар үѳрэх тутаах салааларыттан (предметтэриттэн) биирдэстэрэ. Онон үѳрэнээччи саха тылын үѳрэтэр кэмигэр үѳрэнэргэ тѳрүт буолар ѳй үлэтин сүрүн үѳрүйэхтэрин баһылыыр.
3.Бодоруһар сатабыл: Бииргэ үлэлииргэ үѳрүйэх. Дьону кытта бииргэ алтыһан үѳрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баһылыыр (пааранан, бѳлѳҕүнэн, хамаанданан, о.д.а). Саастыылаахтарын, улахан дьону кытта айымньылаах алтыһыы туругар кэбэҕэстик киирэр (продуктивное взаимодействие), биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таһаарыылаахтык, кѳдьүүстээхтик үлэлиир үѳрүйэхтэнэр (продуктивное сотрудничество).
19
Суругунан үлэ. Аахпыттан суруйуу.
1
10.10.15
Дуоска, мел, нагляднай матырыйаал
20
Аат тыл падеһынан уларыйыыта.
1
14.10.15
Дуоска, мел, нагляднай матырыйаал
21
Төрүт уонна араарыы падеж.
1
15.10.15
Дуоска, мел, нагляднай матырыйаал
22
Суругунан үлэ. Өйтөн суруйуу.
1
17.10.15
Дуоска, мел, хартыына
23
Сыһыарыы падеж
1
21.10.15
Дуоска, мел, нагляднай матырыйаал
24
Суругунан үлэ. Хонтуруолунай диктант.
1
22.10.15
Дуоска, мел,
25
Туохтуу падеж
1
24.10.15
Дуоска, мел, нагляднай матырыйаал
26
Таһаарыы падеж.
1
28.10.15
Дуоска, мел, нагляднай матырыйаал
27
Туттуу падеж
1
29.10.15
Дуоска, мел, нагляднай матырыйаал
2 чиэппэр
28
Суругунан үлэ. Диктант
1
11.11.15
Дуоска, мел
Ытык ѳйдѳбүллэри иҥэрии түмүгэ (личностные результаты): Тѳрѳѳбүт тыл - омугу сомоҕолуур тыл буоларын ѳйдүүр.
Үѳрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ
(метапредметные результаты):
1.Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: Бэйэ саҥатын ѳрүү кэтэнэр, кѳрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, санаатын ыпсаран, хомоҕойдук этэргэ кыһаллар.
2.Билэр-кѳрѳр сатабыл. Сүрүн үѳрэнэр сатабыл:Тѳрѳѳбүт тылын үѳрэтэригэр сыал-сорук туруорунан кѳдьүүстээхтик үлэлиир.
3.Бодоруһар сатабыл: Дьону кытта бииргэ алтыһан үѳрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баһылыыр (пааранан, бѳлѳҕүнэн, хамаанданан, о.д.а). Саастыылаахтарын, улахан дьону кытта айымньылаах алтыһыы туругар кэбэҕэстик киирэр (продуктивное взаимодействие), биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таһаарыылаахтык, кѳдьүүстээхтик үлэлиир үѳрүйэхтэнэр (продуктивное сотрудничество).
29
Холбуу падеж. Тэҥнии падеж.
1
12.11.15
Дуоска,мел,
30
Нууччалыы суруллар тыл падеһынан уларыйыыта.
1
14.11.15
Дуоска, мел, проектор
31
Суругунан үлэ. Аахпыттан суруйуу.
1
18.11.15
Дуоска, мел
32
Аат тылы хатылааһын
1
19.11.15
Дуоска, мел, сорудахтаах лиистэр
Солбуйар аат (5 чаас)
33
Солбуйар аат
1
21.11.15
Дуоска, мел, проектор
Ытык ѳйдѳбүллэри иҥэрии түмүгэ (личностные результаты): Тѳрѳѳбүт тылын сайыннарар, кэлэр кѳлүѳнэҕэ тириэрдэр ытык иэстээҕин, ийэ тыл үйэлэргэ чѳл туруктаах буоларыгар тус оруоллааҕын ѳйдүүр.
Үѳрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ(метапредметные результаты):1.Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: (потребность в совершенствовании собственной речи). Тѳрѳѳбүт тылын барҕа баайын сыаналыыр, тыл кэрэтигэр умсугуйар, этигэн тыл күүһүн, кыаҕын толору туһанарга, тылын-ѳһүн бэйэтэ сатаан чочуйан, тупсаран, санаатын сиһилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуһар.
2.Билэр-кѳрѳр сатабыл. Сүрүн үѳрэнэр сатабыл: Дорҕоон (буукуба), тыл, этии чилиэннэрин, тиэкис анал бэлиэлэрин сатаан туһанар. Анал бэлиэлэринэн тыл, этии, тиэкис моделын оҥорор. Бэриллибит моделга тирэҕирэн, тылы, этиини толкуйдуур, тиэкиһи айар. Этиини, тиэкиһи кѳннѳрѳргѳ анал корректорскай бэлиэлэри сатаан туһанар. Лингвистическэй билиини араас таблица, исхиэмэ, модель, диаграмма кѳмѳтүнэн кѳрдѳрѳр. Таблицанан, исхиэмэнэн, моделынан, диаграмманан кѳрдѳрүллүбүт лингвистическэй билиини ѳйдүүр уонна кэпсиир.
3.Бодоруһар сатабыл: . Кэпсэтии уратыларын ѳйдүүр, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, сэҥээрэр, санаатын болҕойон истэр, ылынар. Ханнык баҕарар эйгэҕэ кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар, сэргэхситэр, сонурҕатар, кѳҕүлүүр сатабылы табан туһанар. Кэпсэтэр кэмҥэ бэйэ кѳрбүтүн, истибитин, аахпытын сиһилии сэһэргиир. Дьон ѳйдѳспѳт, тыл тылга киирсибэт буолар тѳрүѳттэрин сѳптѳѳхтүк сыаналыыр, сатаан ырытар, ѳйдѳһүү суолун дѳбѳҥнүк тобулар
34
Суругунан үлэ. Өйтөн суруйуу.
1
25.11.15
Дуоска, мел, хартыына
35
Солбуйар аат сирэйинэн ахсаанынан уларыйыыта
1
26.11.15
Дуоска, мел, проектор
36
Солбуйар аат падеж ыйытыытынан уларыйыыта
1
28.11.15
Дуоска, мел, проектор
37
Солбуйар аат. Хатылааһыҥҥа эрчиллиилэр.
1
02.12.15
Дуоска, мел, раздаточнай матырыйаал
Туохтуур (12 чаас)
38
Туохтуур өйдөбүлэ.
1
03.12.15
Дуоска, мел, проектор
Ытык ѳйдѳбүллэри иҥэрии түмүгэ (личностные результаты): Саха тылын оскуолаҕа үѳрэтии кэмигэр оҕо маннык ытык ѳйдѳбүллэри (духуобунай сыаннастары) иҥэриннэҕинэ тѳрѳѳбүт тыла сайдарыгар бэриниилээх, эппиэтинэстээх буоларыгар, бэйэтин кыаҕын толору туһанарыгар эрэниэххэ сѳп.
Үѳрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ
(метапредметные результаты):
1.Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: Бэйэтин сааһыгар сѳп түбэһэр тиэкискэ үѳрэппит матырыйаалын сүнньүнэн тыл литературнай нуормата саҥарар эбэтэр суруйар киһи тылыгар тѳһѳ сѳпкѳ эбэтэр сыыһа туттулларын тута «сэрэйэн» билэр, итэҕэһин, алҕаһын быһаарар, кѳннѳрѳр, бэйэтин тылыгар-ѳһүгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуһарга дьулуһар.
2.Билэр-кѳрѳр сатабыл. Сүрүн үѳрэнэр сатабыл: Саҥа билии ыларга баар билиитигэр тирэҕирэр. Атын предметтэргэ ылбыт билиитин сатаан ситимниир (интеграция знаний).
3.Бодоруһар сатабыл: Кэпсэтии уратыларын ѳйдүүр, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, сэҥээрэр, санаатын болҕойон истэр, ылынар. Ханнык баҕарар эйгэҕэ кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар, сэргэхситэр, сонурҕатар, кѳҕүлүүр сатабылы табан туһанар. Кэпсэтэр кэмҥэ бэйэ кѳрбүтүн, истибитин, аахпытын сиһилии сэһэргиир. Дьон ѳйдѳспѳт, тыл тылга киирсибэт буолар тѳрүѳттэрин сѳптѳѳхтүк сыаналыыр, сатаан ырытар, ѳйдѳһүү суолун дѳбѳҥнүк тобулар.
39
Туохтуур бириэмэннэн,сирэйинэн,ахсаанынан уларыйыыта
1
05.12.15
Дуоска, мел, проектор
40
Суругунан үлэ. Диктант
1
09.12.15
Дуоска, мел,
41
Туохтуур өйдөбүлүн кэҥэтии.
10.12.15
Дуоска, мел, проектор
42
Туохтуур солбуйар ааты кытта ситимнэһиитэ.
1
12.12.15
Дуоска, мел, проектор
43
Суругунан үлэ. Аахпыттан суруйуу.
1
12.12.15
Дуоска, мел,
44
Туохтуур солбуйар киэбэ.
1
16.12.15
Дуоска, мел, проектор
45
Буолар уонна буолбат хайааһыны көрдөрөр туохтуур
1
17.12.15
Дуоска, мел, проектор
46
Туохтуур.. Дидактическай матырыйаалынан хатылааһыҥҥа эрчиллиилэр
1
19.12.15
Дуоска, мел, дидактическай матырыйаал
47
Суругунан үлэ. Хонтуруолунай диктант.
1
23.12.15
Дуоска, мел
48
Туохтуур. Дидактическай матырыйаалынан хатылааһыҥҥа эрчиллиилэр.
1
24.12.15
Дуоска, мел, дидактическай матырыйаал
49
Туохтуур билинни бириэмэтэ
1
26.12.15
Дуоска, мел,
3 чиэппэр
50
Туохтуур билиҥҥи бириэмэҕэ сирэйинэн уонна ахсаанынан уларыйыыта
1
13.01.16
Дуоска, мел, проектор
Ытык ѳйдѳбүллэри иҥэрии түмүгэ (личностные результаты): Саха тылын оскуолаҕа үѳрэтии кэмигэр оҕо маннык ытык ѳйдѳбүллэри (духуобунай сыаннастары) иҥэриннэҕинэ тѳрѳѳбүт тыла сайдарыгар бэриниилээх, эппиэтинэстээх буоларыгар, бэйэтин кыаҕын толору туһанарыгар эрэниэххэ сѳп.
Үѳрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ
(метапредметные результаты):
1.Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: Бэйэтин сааһыгар сѳп түбэһэр тиэкискэ үѳрэппит матырыйаалын сүнньүнэн тыл литературнай нуормата саҥарар эбэтэр суруйар киһи тылыгар тѳһѳ сѳпкѳ эбэтэр сыыһа туттулларын тута «сэрэйэн» билэр, итэҕэһин, алҕаһын быһаарар, кѳннѳрѳр, бэйэтин тылыгар-ѳһүгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуһарга дьулуһар.
2.Билэр-кѳрѳр сатабыл. Сүрүн үѳрэнэр сатабыл: Саҥа билии ыларга баар билиитигэр тирэҕирэр. Атын предметтэргэ ылбыт билиитин сатаан ситимниир (интеграция знаний).
3.Бодоруһар сатабыл: Кэпсэтии уратыларын ѳйдүүр, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, сэҥээрэр, санаатын болҕойон истэр, ылынар. Ханнык баҕарар эйгэҕэ кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар, сэргэхситэр, сонурҕатар, кѳҕүлүүр сатабылы табан туһанар. Кэпсэтэр кэмҥэ бэйэ кѳрбүтүн, истибитин, аахпытын сиһилии сэһэргиир. Дьон ѳйдѳспѳт, тыл тылга киирсибэт буолар тѳрүѳттэрин сѳптѳѳхтүк сыаналыыр, сатаан ырытар, ѳйдѳһүү суолун дѳбѳҥнүк тобулар.
51
Суругунан үлэ. Диктант
1
14.01.16
Дуоска, мел,
52
Туохтуур кэлэр бириэмэтэ
.
1
16.01.16
Дуоска, мел, проектор
53
Туохтуур кэлэр бириэмэҕэ сирэйинэн уонна ахсаанынан уларыйыыта
1
20.01.16
Дуоска, мел,раздаточнай матырыйаал
54
Суругунан үлэ. Аахпыттан суруйуу.
1
21.01.16
Дуоска, мел,
55
Туохтуур ааспыт бириэмэтэ
1
23.01.16
Дуоска, мел,
56
Туохтуур ааспыт бириэмэҕэ сирэйинэн уонна ахсаанынан уларыйыыта
1
27.01.16
Дуоска, мел, проектор
57
Суругунан үлэ. Өйтөн суруйуу.
1
28.01.16
Дуоска, мел, хартыына
58
Паараласпыт туохтуур.
1
30.01.16
Дуоска, мел, раздаточнай матырыйаал
59
Көмө туохтуур
1
03.02.16
Дуоска, мел,
60
Суругунан үлэ. Диктант
1
04.02.16
Дуоска, мел
61
Хайааһыны дьүһүннүүр туохтуур.
1
06.02.16
Дуоска, мел, нагляднай матырыйаал
62
Туохтуур Хаһан? Ханна? Хайдах? Диэн ыйытыыга хоруйдуур тылы кытта ситимнэһиитэ.
1
10.02.16
Дуоска, мел, проектор
63
Суругунан үлэ. Аахпыттан суруйуу.
1
11.02.16
Дуоска, мел,
64
65
66
Туохтууру хатылааһын.
3
13.02.16
17.02.16
18.02.16
Дуоска, мел, раздаточнай матырыйаал
67
Суругунан үлэ. Өйтөн суруйуу.
1
20.02.16
Дуоска, мел, хартыына
Да5ааьын аат (16 чаас)
68
Даҕааһын аат өйдөбүлэ.
1
24.02.16
Дуоска, мел, проектор
Ытык ѳйдѳбүллэри иҥэрии түмүгэ (личностные результаты): Тѳрѳѳбүт тыл иитиллэр, үѳрэнэр, айар-сайдар тыл буоларын итэҕэйэр.
Үѳрэх сатабылларын сайыннарыы
түмүгэ
(метапредметные результаты)
1.Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: Бэйэ саҥатын ѳрүү кэтэнэр, кѳрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, санаатын ыпсаран, хомоҕойдук этэргэ кыһаллар.
2.Билэр-кѳрѳр сатабыл. Сүрүн үѳрэнэр сатабыл: Саҥа билии ыларга баар билиитигэр тирэҕирэр. Атын предметтэргэ ылбыт билиитин сатаан ситимниир (интеграция знаний).
3.Бодоруһар сатабыл: Дьону кытта алтыһыыга кэпсэтии сиэрин тутуһар, туттан-хаптан бодоруһуу ньымаларын тоҕоостоохтук туттар.Сахалыы дорооболоһор, билсиһэр, быраһаайдаһар, кѳрдѳһѳр, бырастыы гыннарар, буойар, телефонунан кэпсэтэр, о.д.а. үгэстэри иҥэриммит, күннээҕи олоҕор ѳрүү туттар.
69
Суругунан үлэ. Диктант
1
25.02.16
Дуоска, мел
70
Даҕааһын аат аат тылы кытта ситимнэһиитэ
1
27.02.16
Дуоска, мел, раздаточнай матырыйаал
71
Даҕааһын аат саҥа чаастартан үөскээһинэ.
1
02.03.16
Дуоска, мел,
72
Суругунан үлэ. Аахпыттан суруйуу
1
03.03.16
Дуоска, мел,
73
Даҕааһын аат саҥа чаастартан үөскээһинэ.
1
05.03.16
Дуоска, мел, проектор
74
Аат тылы даҕааһын аат суолтатыгар туттуу
1
09.03.16
Дуоска, мел, проектор
75
Суругунан үлэ. Өйтөн суруйуу
1
10.03.16
Дуоска, мел, хартыына
76
Даҕааһын ааты аат тыл суолтатыгар туттуу
1
12.03.16
Дуоска, мел,
77
Нууччалыы суруллар даҕааһын аат
1
16.03.16
Дуоска, мел, проектор
78
Суругунан үлэ. Хонтуруолунай диктант.
1
17.03.16
Дуоска, мел,
79
Нууччалыы сруллар да5ааьын аат
1
19.03.16
Дуоска, мел, сорудахтаах лиистэр
4 чиэппэр
80
81
Даҕааһын аат. Дидактическай матырыйаалынан хатылааһыҥҥа эрчиллиилэр.
2
02.04.16
Дуоска, мел, дидактическай матырыйаал
82
Аат тыл уонна даҕааһын аат кэпсиирэ буолуута.
1
06.04.16
Дуоска, мел, проектор
83
Аат тыл уонна даҕааһын аат кэпсиирэ буолуута.
1
07.04.16
Дуоска, мел, проектор
Сыл бүтүүтэ хатылааһын.
84
85
86
Тиэкис.Этии.Тыл.Дорҕоон. Буукуба.
3
09.04.16
13.04.16
14.04.16
Дуоска, мел, дидактическай матырыйаал
Ытык ѳйдѳбүллэри иҥэрии түмүгэ (личностные результаты): Тѳрѳѳбүт тыл элбэх омук алтыһан бииргэ олорор кэмигэр, икки (элбэх) тылланыы усулуобуйатыгар хас биирдии киһиттэн харыстабыллаах сыһыаны эрэйэрин ѳйдүүр.
Үѳрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ
(метапредметные результаты):
1.Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: Бэйэ саҥатын ѳрүү кэтэнэр, кѳрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, санаатын ыпсаран, хомоҕойдук этэргэ кыһаллар.
2.Билэр-кѳрѳр сатабыл. Сүрүн үѳрэнэр сатабыл: Сыалы-соругу ситиһэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын тѳһѳ сѳпкѳ талбытын сыаналыыр. Үлэ хаамыытын хайдах салайан иһэрин кэтээн кѳрѳр. Үлэ түмүгүн дьон интэриэһин, болҕомтотун тардар курдук сахалыы кэпсиир.
3.Бодоруһар сатабыл: . Дьону кытта алтыһыыга кэпсэтии сиэрин тутуһар, туттан-хаптан бодоруһуу ньымаларын тоҕоостоохтук туттар.Сахалыы дорооболоһор, билсиһэр, быраһаайдаһар, кѳрдѳһѳр, бырастыы гыннарар, буойар, телефонунан кэпсэтэр, о.д.а. үгэстэри иҥэриммит, күннээҕи олоҕор ѳрүү туттар.
87
Суругунан үлэ. Диктант
1
16.04.16
Дуоска, мел
88
89
Аат тыл.
2
20.04.16
21.04.16
Дуоска, мел, дидактическай матырыйаал
90
Суругунан үлэ. Өйтөн суруйуу.
1
23.04.16
Дуоска, мел, хартыына
91
92
Туохтуур
2
27.04.16
28.04.16
Дуоска, мел, дидактическай матырыйаал
93
Суругунан үлэ. Диктант
.
1
30.04.16
Дуоска, мел
94
95
Даҕааһын аат.
2
04.05.16
05.05.16
Дуоска, мел, дидактическай матырыйаал
96
Суругунан үлэ. Аахпыттан суруйуу
1
07.05.15
Дуоска, мел
97
Солбуйар аат. Дидактическай матырыйаалынан хатылааһыҥҥа эрчиллиилэр.
1
11.05.16
Дуоска, мел, дидактическай матырыйаал
98
Тиэкис.Этии.Тыл.Дорҕоон.Буукуба. Дидактическай матырыйаалынан хатылааһыҥҥа эрчиллиилэр
1
12.05.16
Дуоска, мел, дидактическай матырыйаал
99
Аат тыл. Дидактическай матырыйаалынан хатылааһыҥҥа эрчиллиилэр.
1
14.05.16
Дуоска, мел, дидактическай матырыйаал
100
Сылы түмүктүүр хонтуруолунай үлэ
18.05.16
Дуоска, мел
101
Даҕааһын аат. Дидактическай матырыйаалынан хатылааһыҥҥа эрчиллиилэр
1
19.05.16
Дуоска, мел, дидактическай матырыйаал
102
Комплекснай хонтуруолунай улэ
1
21.05.16
Дуоска, мел
СОГЛАСОВАНО СОГЛАСОВАНО
Протокол заседания Заместитель директора по УВР
Методического объединения ___________________________
Учителей начальных классов __________________2015г
От___________2015г