- Учителю
- Аннотация ЦОР 'Якутские писатели детям'
Аннотация ЦОР 'Якутские писатели детям'
«Саха суруйааччылара о5олорго» электроннай приложения.
Петрова М.Г.
Афанасьева Е.М.
куорат 7-с оскуолатын
учууталлара
Билигин олох-дьаhах уларыйа, сайда турар кэмигэр, нууччалыы эттэххэ «информационнай эпоха» кимэн киирдэ. Дьон-сэргэ өйө-санаата, дьулуура, олохтон дуоhуйуута тосту уларыйда. Онон, алын кылаас о5отун үөрэтии лаппа уларыйда. Ити барыта олох ирдэбилэ буолар.
Билинни оскуола сүрүн соругунан буолар - о5ону наука төрүттэригэр үөрэтии уонна иитии. Билинни о5ону иитии, үөрэтии уустугурбут кэмигэр сурун оруолу учуутал толорор. Ханнык ба5арар уруокка учуутал ИКТ туттан үлэлиир эрэ буолла5ына, үлэтин көдьүүhэ үрдүүр, ситиhиилэнэр.
Бары билэрбит курдук, нуучча тылын уруоктарыгар эрэ буолбакка, атын да предметтарга ананан оңоһуллубут мультимедийнай уруоктар, электроннай пособиялар уонна приложениялар элбэхтэр. Онтон алын кылаас учууталыгар төрөөбүт тылы, аа5ыыны үөрэтиигэ бэлэм электроннай приложенияны туттара наадалаа5а көстөр. Ол курдук, аныгы оло5у кытта тэңңэ хардыылыыр учуутал үлэтигэр учебнигынан эрэ муӊурдаммакка, бэйэтин кыа5ынан презентация оӊорон, Интернеттэн матырыйаал хомуйан уруоктарга туһанар. ИКТ көмөтүнэн оңоһуллубут уруок алын кылаас үөрэнээччилэригэр ордук өйдөмүнтүө, тиийимтиэ буолар.
Онон, алын кылааска аа5ыы уруогар аңаардас учебнигынан туhанан үөрэтии улахан көдьүүhэ суох буолар. Мантан сиэттэрэн аа5ыы уруоктара о5олорго интэриэhинэй, тиийимтиэ, өйдөмүнтүө буоларын иннигэр, биhиги бэйэбит «Саха суруйааччылара о5олорго» диэн көмө приложения оӊордубут.
Бу электроннай приложениябытын 2 уонна 4 кылаас учебниктарыгар киирбит суруйааччылар айымньаларыгар оло5уран оӊордубут: Л.В. Захарова, Л.К. Избекова «Саhар5а» уонна Л.К. Избекова «Ньургуhун».
Иккис кылааска - биэс саха суруйааччыларын, төрдүс кылааска - сэттэ суруйааччыны киллэрдибит. Хас биирдии суруйааччыга хаартыскаларын, кылгас биографиятын, айар үлэтин, айынньыларын, сорох суруйааччылар айымньыларыгар викториналары оӊорон, киинэттэн быhа тардан киллэрдибит.
Холобур, биир суруйаачыны ылан көрдөххө:
Бастакынан, хаартыскалаах биографията. Бу иккис кылаас үөрэнээччилэригэр анаммыт презентация, онтон төрдүс кылаас о5олоругар суруйааччы биографията арыый кэңээн киирэр. Учуутал талан наадалаах этиилэрин уhултарыан сөп.
Иккиhинэн, айар үлэтэ. Суруйааччы айар үлэлэригэр биллэр айымньыларын ааттарын уонна хаhан суруллубутун информация быhыытынан киллэрдибит.
Үсүhүнэн, айымньылара. Манна суруйааччы айымньылара хронологическай таблица быhыытынан киирэр, сорох айымньыларыгар аудиозапись уонна уруhуйдары, хаартыскалары о5олорго тиийимтиэ буоллун диэн киллэрэн биэрдибит.
Көннөрү суруйааччыны кытта билсиhии буолбакка викторина, таайбараӊ эбии киллэрдибит. Маннык сорудахтар о5о толкуйдуур дьо5урун сайыннараллар. Учуутал бу үлэни бэйэтэ көрөн уруокка сөптөөх, туhалаах диэтэ5инэ киллэриэн сөп, эбэтэр кылаас таhынан аа5ыы уруоктарыгар туттуон сөп.
Бу электроннай приложенияны аа5ыы уруоктарыгар туhанан о5о кругозора үрдүүрүгэр, сайдарыгар учебнигынан эрэ муӊурдаммакка, эбии матырыйаалы, аудиозапиhы туhаннахха үөрэнээччи билэрэ- көрөрө кэӊиир, төрөөбүт литературатын үөрэтэригэр интэриэhэ үрдүүр, көдьуустээх, туhалаах буолар дии саныыбыт.