7


  • Учителю
  • Авторская программа по внеурочной деятельности 'ОЬуор' 1 класс

Авторская программа по внеурочной деятельности 'ОЬуор' 1 класс

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала

Муниципальное бюджетное общеобразовательное учреждение

«Хорулинская средняя общеобразовательная школа им. Е.К.Федорова»



Рекомендована Утверждена

педагогическим советом приказом № ____

«_____» ______________ 2012 г. «_____» ______________ 2012г.

протокол № _____ директор _________ /Семенов В.Н./


Рабочая программа внеурочной деятельности по фольклору

учителя Кюдяковой А.Е.


Класс: 1











2012 г.


Быһаарыы сурук


Оскуола са5аттан үөрэххэ кыһаллар, дьулуурдаах, общественнай улэттэн туора турбат, кыра эрдэхтэн активнай позициялаах о5о олоххо да элбэ5и ситиһэр.

О5ону эрдэттэн талаанын таба тайанан, айыл5аттан бэриллибит дьо5урун сайыннарыы - бу учуутал уонна төрөппүт соруга буолар. Учуутал оскуола5а кэлбит үөрэнээччини үөрэтэр эрэ буолбакка, киниэхэ күүс-көмө буолан, саҥаттан-саҥа билиини, үрдэли ыларыгар тирэх буолар. Учуутал бэйэтэ үлэлиир, талаанынан оҕону уруок таһынан эбии дьарыктаан, интэриэһин көбүтэн ураты сыһыаны үөскэтиэн сөп.

Биһиги өбүгэлэрбит үөрэхтээһин да суоҕуна оҕолорун сайыннарар киэптэрэ баар этэ: айылҕа дьиктилэрин билиһиннэрэн, сиэри-туому тутуһуннаран, үтүөҕэ- кэрэҕэ угуйаллара, уос номоҕо буолбут норуот уус -уран айымньыларын оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар тиэрдэр идэлээхтэрэ.

Саха фольклора түҥ былыргыттан киһи өйө-санаата сайдыытын түстүүргэ, дьоҕурун уһугуннарарга, айылгытын байытарга сүрүн суолталаах диэн сабаҕалааһыҥҥа олоҕурдум.

Үлэ сыала: Фольклорнай дьарык нөҥүө үөрэнээччи киҺимньитин, айар дьо5урун сайыннарыы. бу программаны оҥордум

Сыалбын ситиһээри маннык соруктары туруоруннум.

Үөрэтэр:

  • Төрөөбут норуотун культуратын, фольклорун үөрэтии;

  • О5о5о тута-хапта сылдьыы культууратын, сиэр-майгы кылаатын иҥэрии;

  • оҕо тылын байытыы, саҥатын тупсарыы, ырааһырдыы;

  • уйулҕатын уонна өйүн айар хайысхатын уһугуннарыы;

  • сценаҕа дьон иннигэр саҥара үөрэнэллэрин ситиһии

Иитэр:

  • Төрөөбут дойдуга, тылга, үгэстэргэ тапталы иҥэрии;

  • үтүө суобастаах, кырдьыксыт, атын киһиэхэ болҕомтолоох оҕону иитии;

  • инники олоҕор идэни булунарыгар олук ууруу;


Сайыннарар:

  • ис кыаҕын, айар дьоҕурдарын сайыннарыы;

  • Оҕо бэйэтин иитинэр дьоҕурун сайыннарыы;

  • Оҕо уйулҕатын (психика) уhугуннарыы, айылгытын аһыы (анааран көрүү, өйүлэх, болҕомто, кэтээн көрүү, оҥорон көрүү...)

  • Ситимнээх саҥатын сайыннарыы.

Чинчийэн иитии- үөрэтии: уус -уран ылбаҕай, ылыннарыылаах Ийэ тылын сайыннарыы, ис кыаҕын, айар дьоҕурун, талаанын аһыы, сценаҕа оруол оонньоон дьон иннигэр кыбыстыбакка саҥара үөрэнэллэрин ситиһии

Күүтэр түмүгүм: үөрэнээччи сахалыы тыыны иҥэринэр, сиэрдээх майгыланар, айымньыны сценаҕа толорор, киһимньитэ сайдар, НПК-ларга, фестивалларга кыттар, холбоһуктаах үлэҕэ тардыһара күүһүрэр.

Нэдиэлэҕэ 1 чаас көрүллэр, сылга барыта 34 чаас.

Дьарыктар ыытыллар көрүҥнэрэ: оонньуулар, айар мастарыскыайдар уо.д.а.

Сыл түмүгэр о5о ыЬыа5ар фольклор араас көрүҥүнэн кыттыы буолар.


Программа ис хоһооно

(34 чаас )


Программа 9 түһүмэхтэн турар.

  1. Үһүйээннэр, номохтор. Үһүйээннэри, номохтору истии, кэпсээһин, уруһуй.

  2. Остуруйа. Остуоруйаны истии, уруһуй, туруоруу.

  3. Таабырын. Таабырыннары таайсыы, айыы. Таабырын оонньуулар.

  4. Чабырҕах. Чабырҕаҕы өйдөөн истии. Чабырҕах хамсаныылара, эрчиллиилэрэ. Чабырҕахха уһуйуу, этии.

  5. Өс хоһоонноро. Өс хоһооннорун ырытыы, быһаарыы, уруһуй.

  6. Үгэ. Үгэ ис хоһоонун биэрии. Сирэй-харах эрчиллиилэрэ. Үгэни толоруу.

  7. Норуот ырыалара. Таба тыыныыга эрчиллиилэр, хамсаныылар, тэтимэ. Норуот ырыатын үөрэтии, толоруу.

  8. Тойук. Дьиэ- буону тардыы. Тойук тэтимэ. Истии, толоруу.

  9. Олоҥхо. Олоҥхону истии.


Уос номоҕун көрүҥнэрэ: ырыа, тойук, сэһэн, остуоруйа, түһүлгэ ырыата (оһуохай), өс хоһоонноро, чабырҕахтар, таабырыннар уо.д.а. оҕо тылын байытарга, саҥатын тупсарарга, ырааһырдарга, уйулҕатын уонна өйүн айар хайысхатын уһугуннарарга олус туһалаахтар.

Саха тылынан уус-уран айымньыта оҕо интелектуальнай сайдыытыгар сүдү оруоллаах. Саха остуоруйалара оҕону толкуйдаталлар, урут болҕомто уурбатаҕар өйүн хатыырын ситиһэллэр. Оннук остуоруйалар кини билиитин-көрүүтүн хаҥатарыгар эмиэ туһалыыллар.

Таабырыннар оҕону чопчу толкуйдатар сыаллаахтар.

Өс хоһоонноро, үгэлэр, тыл номохторо оҕо сааһылаан логическай өйдүүр дьоҕурун сайыннараллар.

Ырыа, тойук, оһуокай, чабырҕах оҕо уус-уран тыла сайдарыгар, көрөн туран тута хоһуйа охсоругар ордук туһалаахтар.


үөрэтии түмүгэ

Ытык ирдэбиллэри түмүгэ

(личностные результаты)

Саха фольклорун үөрэтии кэмигэр о5о маннык өйдөбүллэри иңэриннэ5инэ төрөөбүт тыла сайдарыгар бэриниилээх, эппиэтинэстээх буоларыгар, бэйэтин кыа5ын толору туһанарыгар эрэниэххэ сөп.

Төрөөбүт тыл - омугу сомо5олуур тыл буоларын өйдүүр.

Төрөөбүт тыл - төрүт айылгыта, үйэлээх үгэһэ, этигэн кэрэтэ, норуот тылынан уус-уран айымньытыгар уонна уус-уран литература5а сөңмүтүн билэр.

Төрөөбүт тыл - иитиллэр, үөрэнэр, айар-сайдар тыл буоларын итэ5эйэр.


Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ

(метапредметные результаты)


Бэйэни салайынар - дьаһанар сатабыл.

Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох ханнык түмүккэ кэлиэхтээ5ин быһа холоон билэр. Сылга бииртэн итэ5эһэ суох фольклорга аналлаах бырайыактарга кыттан үлэлиир.

Бэйэтин сааһыгар сөп түбэһэр тиэкискэ үөрэппит матырыйаалын сүнньүнэн тыл литературнай норматын саңарар эбэтэр суруйар, киһи тылыгар төһө сөпкө эбэтэр сыыһа туттулларын тута билэр, итэ5эһин, ал5аһын быһаарар, көннөрөр.

Билэр-көрөр сатабыл. Сүрүн үөрэнэр сатабыл.

Үлэ сыалын-соругун таба туруоруу.

Билиини-көрүүнү кэңэтэр араас матырыйаалы туһаныы.

Билиини сааһылааһын (структурирование знаний). Саңа билии ыларга баар билиитигэр тирэ5ирэр. Атын предметтэргэ ылбыт билиитин сатаан ситимниир.

Тобулу өйү сайыннарар үөрүйэхтэр. Өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэ5эстик толоруу: тэңнээһин (сравнение), ырытыы (анализ), холбооһун (синтез), түмүктээһин (обобщение), ханыылатан сааһылааһын (классификация), майгыннатыы (аналогия), сааһылаан ситимнээһин (систематизация)

Рефлекция. Сыалы соругу ситиһэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын төһө сөпкө талбытын сыаналыыр.

Бодоруһар сатабыл.

Бииргэ үлэлииргэ үөрүйэх. Саастыылаахтарын, улахан дьону кытта айымньылаах алтыһыы туругар кэбэ5эстик киирэр, биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таһаарыылаахтык көдьүүстээхтик үлэлиир үөрүйэхтэнэр.

Кэпсэтэр үөрүйэх. Кэпсэтии уратыларын өйдүүр, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр кэмңэ бэйэтэ көрбүтүн, истибитин, аахпытын сиһилии сэһэргиир.

Кэпсэтии сиэрин (речевой этикет) тутуһар үөрүйэх. Дьону кытта алтыһыыга кэпсэтии сиэрин тутуһар, туттан-хаптан бодоруһуу ньымаларын то5оостоохтук туттар.

Барыллаан былаан


Дьарык тиэмэтэ

Уопсай чааһа

Контрольн

практич.

үлэлэр

Ыытыллар күнэ

былаан

факт.

1

Фольклор өйдөбүлэ

1




2

Үһүйээннэр, номохтор

1


3

Суор ойуун

1


4

Саһыл ойуун

1


5

Остуоруйа арааһа

1


6

Куобах кутуруга суох буолбута

1


7

Өҥөй бөтүүк

1


8

Остуоруйа күнэ

1

+



9

Таабырын- фольклор биир көрүҥэ

1


10

Таабырыннардыын билсиһии

1


11

«Таабырынна таайсыахха!» күрэх-оонньуу

1

+



12

.Чабырҕах - фольклор биир көрүҥэ

1


13

Ахсаан чабырҕахтар

1


14

Ахсаан чабырҕах үөрэтии

1


15

Ахсаан чабырҕахха күрэх

1

+



16

көр-күлүү чабыр5ахтар

1


17

Чабырҕах үөрэтии

1


18

Хамсаныылаах чабыр5ах этэ үөрэнии.

1


19

Концертка кыттыы

1

+



20

Өс хоһооно- норуот муудараһа

1


21

Сэрэтэр өс хоһооннорунан уруһуй

1


22

сүбэлиир өс хоһооннорунан уруһуй

1


23

сэмэлиир өс хоһооннорунан уруһуй

1


24

Өс хоһооннорунан уруһуй выставката

1

+



25

Үгэ өйдөбүлэ

1


26

Аһыҥалаах кымырдаҕас

1


27

Норуот ырыалара.

Саадьаҕай оҕус - истии

1


28

Истии, үөрэтии

1


29

Ырыаны үөрэтии,ыллааЬын

1


30

Норуот ырыаЬыттарыныын корсуЬуу

1

+



31

Тойук өйдөбүлэ. Истии

1


32

Олоҥхо өйдөбүлэ. Истии

1


33

Оҕо ыһыаҕын түһүлгэтигэр бэлэмнэнии

1

+



34

Оҕо ыһыаҕар кыттыы

1

+



















Туһаныллыбыт литература


  1. Горохов С.И., Ефремов П.Е. , Ойунская С.П. киьи тыла ох - Дьокуускай, 1982.

  2. Дмитриев П.Н. Саха фольклора. Хрестоматия: Кылаас таЬынаа5ы аа5ыыга комо- Якутскай: кинигэ изд-та. 1986-136с.

  3. Егорова З.П. Хрестоматия. Маннайгы кылаас учууталыгар пособие,-Якутскай: Кинигэ издательствота, 1986-80с.

  4. Ларионов В.Р. Саха - айыы киЬитэ - Дьокуускай, «Кудук» ХЭО АБДь, 1998 - 219с.

  5. Максимова М.Е. Кыра кылаастарга төрөөбүт тыл куруһуога/Избекова үлэтин опытыттан/- Якутскай,кинигэ издательствота, 1990 - 43c.

  6. Ноговицын В.А. «О5о чабыр5а5а»- Дьокуускай, 2002с.

  7. Петров Н.Е. Оскуола5а оЬуохай: Учууталларга комо пособие-Дьокуускай, 1989 - 88с.

  8. Попов И.К. Саха таабырыннара, ос хоЬоонноро, чабыр5ахтара.- Дьокуускай: «Бичик» национальнай кинигэ кыьата, 2006.- 112с.

  9. Саха тылын быьаарыылаах кылгас тылдьыта.- Дьокуускай, «Бичик» национальнай кинигэ кыьата, 1994.

  10. Стручкова И.И. Саха бэргэн тыла-оЬо.-Дьокуускай, «Бичик» национальнай кинигэ кыьата, 1997 с.

  11. Федоров Г. Быьаарыылаах ос хоьооннорго уонна тыл номохторо. - Дьокуускай, 1992.

  12. Филиппов Г.Г. Саха тылыгар кылаас таhынаа5ы улэ коруннэрэ: Учууталга комо пособие.- Якутскай: Кинигэ изд-та. 1982-88с.











 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал