7


  • Учителю
  • Доклад по языку саха Электроннай азбука

Доклад по языку саха Электроннай азбука

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала

</ Yөhээ Бүлүүтээ5и Ю.Н.Прокопьев аатынан орто оскуола

















«Төрөөбүт дойдум кыыла - сүөлэ»

диэн компьютернай азбука.





Yлэни оҥордо:

Yөhээ Бүлүүтээҕи

Ю.Н.Прокопьев аатынан

орто оскуола 3 кылааhын

үөрэнээччитэ Яковлев Эрсан

Салайааччы: Муксунова О.И























2016 с

Ис хоhооно:

1.Киириитэ........................................................................................................ стр 3

2. Сыала, соруга, саба5алааьыннар.................................................................стр 3

3. Yлэ сүрүн тематын арыйыыта.....................................................................стр 4

4. Yлэ матырыйааллара ................................................................................... стр5

5.Түмүктэр ........................................................................................................стр 4

6.Туттуллубут литература................................................................................стр 5

7. Эбии матырыйааллар....................................................................................стр 6





























































































Киириитэ.

Мин үһүс кылааска үөрэнэбин, аан бастаан ааҕа, суруйа үөрэммит кинигэбинэн буолар буукубаар, автора Александра Петровна Колесова.

Оҕо - аймах аан бастаан үөрэнэр кинигэтэ сүрдээх элбэх уларыйыылары көрсүбүт эбит. Мин 1-кы буукубаарым урукку буукубаардатан олох атын. Буукубаны үөрэтэн сатаан ааҕа үөрэнии олус ыарахан, үгүс сыраны, үлэни ирдиир.

Буукубаны үөрэтии өссө интэриэһинэй, чэпчэки буоллун диэн, маҥнайгы кылаас оҕолоругар анаан «Төрөөбүт дойдум кыыла - сүөлэ» диэн компьютернай азбука оҥордум. Бу азбуканан буукубаны үөрэтэллэригэр чэпчэки, өйдөнүмтүө уонна Сахабыт сирин хамсыыр - харамайын арааһын биллэллэр, кыра эрдэхтэн кинилэргэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга үөрэнэллэр.

Актуальноhа:

Үөрэххэ аналлаах кыракый компьютернай үлэлэри онорон, үөрэххэ интэриэһи үөскэтии, ааҕыы үөрүйэхтэрин чэпчэкитик ылыналларыгар көмөлөһүү.

Yлэ сыала:

Төрөөбүт дойду хамсыыр - харамайын арааһын билии, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыыга иитиини оҥоһуллубут улэ көмөтүнэн тириэрдии.

Yлэ соруктара:

  1. Чичийиллэр үлэҕэ наадалаах литератураны ааҕыы.

  2. Алфавит буукубаларыгар сөп түбэһэр Саха сирин кыылын - сүөлун талыы.

  3. Хамсыыр - харамайдар уратыларын, интэриэһинэй өрүттэрин чинчийэн ырытыы.

  4. Хамсыыр - харамайдарга сөп тубэһэр о5олорго аналлаах хоһооннору булуу.

Yлэ5э туттуллар технология:

1. Үлэ оҥоһуллубут программата WINDOWS-2015.

2.CD диискэ5э киллэрии.



Yлэм саҥа өрүтэ:

Компьютернай оонньуу көмөтүнэн о5олору кинигэни ааҕарга, бэйэ билиитин сайыннарарга көҕулээhин .































Сүрүн чааhа.



Сүрүн чааһыгар хас биирдии сахалыы буукубаҕа дорҕоонун бэлиэтэ, арааһа ыйыллар, бу буукубаттан саҕаланар кыылын - сүөлун ойуута, ааҕарыгар уонна билиитин хаҥатарыгар кыракый иһитиннэрии, хоһоон баар. Сорох буукубаларга сөп тубэһэр кыыл - сүөл аата суоҕунан наадалаах (дорҕооно) буукубата,тыл ортотугар, бүтэһигэр турара ыйыллар, бэлиэтэнэр.

Наадалаах страницаны түргэнник буларга алпабыыт баар, онно наадалаах буукубаҕын баттыыгын, холобура Аа.

Аа - аһаҕас дорҕоон. Аһаҕас дорҕоон буоларын көрдөрөр смайлик.

Кылгас , уһун аһаҕас дорҕоон бэлиэлэрэ бааллар.

Кинигэҕэ уонна тэтэрээккэ суруллуута.

Оҕоҕо аналлаах Аа буукуба туһунан кыракый хоһоон.

А-ттан саҕаланар балык уруһуйа бэриллибит.

Алыһар.

Бу балык туһунан интэриэһинэй иһитиннэрии ааҕаллар. Уһун , ыарахан тыллар сүһүөхтэнэн тураллар.

Түннөрбөр бу стрелканы баттыыбын.

Бу азбукаҕа:

- 6 кыыл.

- 9 көтөр

- 2 балык

- 7 үөн-көйүүр

- 2 үүтүнэн аһатааччылар араастара киирдилэр.



Бу үлэни 1 кылаастарга дорҕооннору ырытарга, саҥа буукубаны барарга туттубуппут, бу үлэ о5олору түргэнник интэриэһиргээн аа5арга угуйбута, үөрэппитэ. Бу үлэни маҥнайгы кылаас о5ото барыта сөбүлээбитэ, хас биирдии иһитиннэриини, хоһоону үчүгэйдик билэллэр этэ, ааҕыы тэтимин үрдэтиигэ туһалаабыта.

Сорох Саха сирин кыылын - сүөлүн билбэттэр эбэтэр аатын эрэ истибиттэр, онон ыйыллыбыт иһитиннэриини ааҕан бэйэлэрэ билии эбинэллэрэ өссө интэриэһинэй.

Үлэбит диискэҕэ устан маҥнайгы кылаас оҕолоругар тарҕаппыппыт.





























Түмүк.

Түмүкпэр этиэхпин баҕарабын, бу азбуканы оҥорор олус интэриэһинэй этэ. Бу азбука көмөтүнэн мин араас элбэх билиини ыллым, төрөөбүт дойдубут хамсыыр - харамайа, кыыла - сүөлэ олус да элбэх эбит, хас биирдии харамайы биһиги бары харыстыахтаахпыт, хамсыыр - харамай эйгэтэ билигин да ситэри чинчийиллэ илик, өссө да араас дьиктини биһиги айыл5абыт кистии сытара буолуо дии саныыбын, ону салгыы чинчийэн ааҕан үөрэтэн иһитиннэриилэри сылтан сыл хомуйан, бу үлэни саҥардан иһиэххэ сөп.

Онтон бу үлэ 1 кылаас үөрэнээччилэригэр ааҕыы сурук эйгэтигэр бастакы хардыыны оҥороллоругар чэпчэки буоллун диэн оҥоһуллубут, мантан сиэттэрэн кинилэр салгыы бэйэлэрэ чинчийэн, ааҕан билиилэрин хаҥаталларыгар интэриэһи үөскэтэр.

Аныгы сылга бу үлэ атын хайысхатын ылан үөрэххэ аналлаах атын программаны оҥоруохпут диэн былаан оҥосто сылдьабыт.

Онтон бу мин биир сыл устата оҥорбут үлэм буукубаар уруогар эрэ буолбакка кылаас чаастарыгар, тулалыыр эйгэ уруоктарыгар кылаас таһынан ыытыллар тэрээһиннэргэ эмиэ туһаныахпын сөп.

























































Туттуллубут литература:



  1. Детская энциклопедия «Я познаю мир», серия «Животные»- Москва., Баласс.2000

  2. Детская энциклопедия «4000 увлекательных фактов». Москва., Баласс.2000

  3. Справочник Насекомые Якутии. Жуки.-Якутск., Бичик.2006

  4. Справочник Насекомые Якутии. Бабочки.-Якутск., Бичик.2006

  5. Саха сирин кыыла-суелэ.-Дьокуускай.. Бичик кинигэ издательствота. 2006.

  6. Бысыина М. И уо.д.а. «Кэрэхсиибин төрөөбүт дойдубун"..Дь., Бичик. 2001с.

  7. Винокуров В.Н. «Саха сирин уунээйитэ, кыыла - суелэ».Бичик..2004с.

  8. Г.Н.Иванова. "Дойдум эмтээх үүнээйилэрэ". Дь., Бичик, 2015с.

  9. Кирова Г.А. "Аптаах холбуйачаан", Дь., Бичик, 199с.

  10. Колесова А.П. "Буукубаар".

  11. Тобуруокап П.Н. «Ытанньах герой буолбат», ДЬ., Бичик, 2012с.

  12. Федоров Г.М. Федорова З.П."Хамсыыр-харамай эйгэтэ",Дь., Бичик. 2006с.

  13. Тулалыыр эйгэ - учебник 3 кылаас. 2014



































Yөhээ Бүлүүтээҕи Ю.Н.Прокопьев аатынан орто оскуола











«Төрөбүт дойдум кыыла - сүөлэ»

компьютернай азбука



Yлэни онордо:

Yөhээ Бүлүүтээҕи

Ю.Н.Прокопьев аатынан

орто оскуола 3 кылааhын

үөрэнээччитэ Яковлев Эрсан

Салайааччы: Муксунова О.И.













2016 с











 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал