- Учителю
- Сценарий урока Первыйраз, в первый класс
Сценарий урока Первыйраз, в первый класс
Бала5ан ыйын 1 күнүнээ5и бастакы уруок сценарийа.
Сыала: - үөрэх дьыла са5аламмытын бэлиэтээһин;
- Ийэ дойдуга туһалаах дьон буола улаатарга санааны үөскэтии;
- коллектив сокуоннарын айыыы, ылыныы;
Уруок хаамыыта:
I. Тэрээһин чааһа.
Учуутал: О5олоор, бугун эьиэхэ дьикти уонна умнуллубат кун - эьиги аан бастаан оскуола боруогун атыллаан уерэниэхтээх кылааскытыгар киирэн олоро5ут. Бүгүн - бала5ан ыйын 1 күнэ - Билии күнэ. Норуот бүттүүнүн бырааһынньыга. Уһун сайыңңы сынньалаңмыт бүтэн, бука бары сырдык, ыраас кылааспытыгар муһуннубут. Мин эрэнэ саныыбын, эһиги үчүгэйдик сынньанан, эбии күүс ылан миигин кытта бииргэ били дойдутун устун уһун айаңңа айанныырга бэлэмнэрэ буолуо диэн. Υөрэх - эһиги сүрүн үлэ5ит. Төрөөбүт Ийэ дойдугут, төрөппүттэргит, учууталларгыт ити эһиги сүрүн үлэ5ит үчүгэй түмүктээх буоларыгар ба5араллар.
Учуутал: Ким билэрий, оскуола5а туохха уерэтэллэрий? /о5олор эппиэттэрэ/
- Саамай сепке эттигит. Оскуола5а эьигини аа5арга, суруйарга, уруьуйдуурга, до5ордоьорго, бэйэ бэйэ5итигэр эйэлээхтик сыьыаннаьарга уонна онтон да атын угус учугэйгэ уонна туьалаахха уерэтэллэр.
Учуутал: Оттон бу биьиги олорор хоспут туох дин ааттанарый? /Кылаас/
- Тула еттугутун учугэйдик ейдеен керун эрэ. Кылааспыт кыра со5ус да буоллар сурдээх ыраас, тупса5ай. Бу кылааска эьиги 4 сылы быьа уерэнэ кэлиэххит. Онон кылаастарын ыраастык тутуохтара, малын-салын харыстыахтара диэн биьиги учууталлар уонна тереппуппэр эьиэхэ эрэнэбит. Кылааска хайдах туттан-хаптан сылдьаргытын учугэйдик ейдуургут инниттэн билигин «Сеп - сыыьа» диэн оонньууну оонньуохпут. Мин ыйытыылары биэртэлиэм, эьиги бол5омтолоохтук истэн баран септеех хоруйу биэриэхтээххит: «сеп» эбэтэр «сыыьа» диэхтээххит.
- Кылааска кирдээх атахтаах киирэбит дуо? /Суох/
- Илиилэрбитин штораларга соттобут дуо? /Суох/
- Истиэнэ5э, паарта5а суруйабыт дуо? /Суох/
- Ардах кэмигэр уларыттар атах танаьын а5алабыт дуо? /Сеп/
- Перемена кэмигэр охсуьар, этиьэр табыллар дуо? /Суох/
- Уруокка хойутаан кэлэбит дуо? /Суох/
- Учугэйдик уерэнэргэ кыьаллабыт дуо? /Сеп/
Учуутал: Маладьыастар, эьиги бары ыйытыыларга септеех хоруйдары биэрдигит.
О5олоор, ессе ким эрэ оскуола5а барыан наьаа ба5арар эбит. Кимин билиэххитин ба5ара5ыт дуо?
Кимий бу? Киниэхэ папата суумка ылбыт. Губка Боб наьаа уербут, ол гынан баран кини оскуола5а тугу илдьэ барыахтаа5ын билбэт эбит. Кемелеьебут дуо?
Таабырын таайыыта:
- Илиитэ, ата5а да суох буоллар барыга уерэтэр баар уьу (кинигэ)
- Сытыы тумустаах, чыычаах буолбатах тэтэрээккэ суруйар баар уьу (харандаас, ручка)
- Суруйар уруьуйдуур маллары миэхэ уга5ыт, миигинэ суох малгытын сутэриэххитин сеп диир баар уьу (Пенал)
- клетка да буолабын, соро5ор сурааьын тардыылаахпын диир баар уьу (тэтэрээт)
Учуутал : маладьыастар Губка Боб малын барытын хааланан оскуола5а тиийэригэр бары кемелестубут. Кини онно тиийэн табаарыьын керсен сурдээ5ин уербут.
- Чэ эрэ о5олоор, биьиги бэйэ бэйэбитин кытта билсиэ5ин эрэ. (тура тура ааттарын этэллэр)
Учуутал: Маладьыастар, эьиги бары ыйытыыларга септеех хоруйдары биэрдигит. Аны билигин бастакы кылаас уерэнээччитин анда5арын биэриэххит уонна бу анда5ары 4 сылы быьа кэьиэ суохтааххыт.
Бастакы кылаас уерэнээччитин анда5ара:
- Кун аайы уерэнэрбитигэр хойутаабакка кэлиэхпит /Анда5айабыт/
- Уруокка бол5омтолоохтук уонна мэниктээбэккэ олорон уерэниэхпит /Анда5айабыт/
- Ейдеех уонна уерэхтээх буолар инниттэн аа5а уонна суруйа уерэниэхпит /Анда5айабыт/
- Учебниктарбытын, тэтэрээттэрбитин еруу ыраастык тутуохпут /Анда5айабыт/
- Эрэллээх, учугэй до5ор буолар инниттэн бэйэ бэйэбитигэр мэлдьитин кемелеьуехпут.
- Мэлдьитин чэбэрдик танна - симэнэ сылдьыахпыт /Анда5айабыт/
Учуутал: Маладьыастар, о5олоор, бугуннэттэн ыла эьиги дьиннээх уерэнээччи аатын ыла5ыт. Аны билигин тереппуттэрбит анда5ар этиэхтэрэ:
- О5олорбутун сарсыарда туруоран, аьатан…. оскуола5а хойутаппакка ыытыахпыт.
- Танастара - саптара еруу … ыраас буоларын ирдиэхпит.
- Кылаас, оскуола ыытар тэрээьиннэригэр…. мэлдьитин активнайдык кыттыахпыт.
- О5олорбут уерэнэр кылаастарын еремуенугэр … сыл аайы кемелеьуехпут .
- Учууталлары кытта … биир тылы булуохпут.
Учуутал: Убаастабыллаах тереппуттэр, бу анда5аргытын 4 сылы быьа умнубакка саныы сылдьыахтааххыт.
</Учуутал: Кунду о5олор, убаастабыллаах тереппуттэр, ыалдьыттар, барыгытыгар бугун биьиги маннайгы уруокпутугар кэлэн кыттыыны ылбыккытыгар махтанабын. Арахсыахпыт иннинэ о5олортон, тереппуттэртэн кердеьуем этэ, бугунну куну хайдах ейдеен хаалбыккытын илиискэ «Мин оскуола5а бастакы кунум» диэн тема5а айар улэ онорон кэлэргитигэр. Бу улэни уруьуйдаан да5аны, тугу эмэ сыьыаран да5аны оноруоххутун сеп. Ессе тегул барыгытыгар улахан махтал. Манан Билии кунугэр аналлаах кылааспыт чааьа тумуктэнэр. Аныгыс керсуеххэ диэри!