7


  • Учителю
  • Урок по родной литературе Сыырга 2 класс

Урок по родной литературе Сыырга 2 класс

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала

Уруок технологическай картата.

Учуутал: Курчатова Татьяна Гаврильевна

Оскуола : Н.В.Петров аатынан Дьабыыл орто агрохайысхалаах оскуолата.

Предмет: ааҕыы уруога

Кылаас : 3

Тиэмэтэ: Николай Носов «Сыырга»

Сыала-соруга : 1.Үтүө уонна мөку быһыы көстүүтүн ырытыы.

2.Кэпсээҥҥэ былаан оҥорорго үөрэнии, ойуу былааны тутуһан кэпсииргэ бэлэмнэнии

3.О5олор бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыһыыларын тэрийэн саҥарар уонна толкуйдуур дьоҕурдарын сайыннарыы

4.Айымньы сүрүн санаатын быһаарыы

Сатабыл:

-бэйэни салайынар-дьаһанар: оҕо билэр-көрөр, толкуйдуур кыаҕын сайыннарыы

-былааннанар: сыал-сорук туруорунан көдьүүстээхтик үлэлииргэ үөрэтии

-бодоруһар: пааранан үлэлииргэ таһаарыылаахтык, көдьүүстээхтик үлэлииргэ салайыы

-билэр-көрөр: саҥа билиини арыйарга оҕо тус бэйэтин билиитигэр тирэҕирэригэр үөрэтии

Туттуллар матырыйаал: үөрэнэр кинигэ "Кустук" 3 кылаас Л.В.Захарова, Л.К.Избекова ,презентационнай матырыйаал, Н.Носов кинигэлэрэ, тест толорор карточка

















Учуутал дьарыга

Үөрэнээччи дьарыга

Үөрэх дэгиттэр дьайыылара

1

Тэрээһин чаас

-Ханнык тиэмэни үөрэтэн саҕалаатыбытый?



-Эһиги туохтан үөрэҕит, туохтан хомойоҕут?

Үчүгэйтэн үөрэбит, куһаҕантан хомойобут.

Оҕолор санаалара

Тус санааны сөпкө этинии



2.

Сорук туруоруу

-Билбэтчэй туһунан остуоруйаны ким аахпытай? Ааптара кимий?

Носов өссө ханнык айымньыларын билэ5ит?

Носов биографиятын кылгастык кэпсээһин

Н.Н.Носов 1908 с Киев куоракка киинэ артыыһын дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ . Кыра эрдэҕиттэн араас дьарыктаах этэ: ыллыыра, музыкаҕа оонньуура, артыыстыыра , хаартыскаҕа түһэрэрэ, дуобаттыыра.

Оскуола кэнниттэн заводка үлэлээбитэ, онтон Москва университетыгар кинематограф үөрэҕэр үөрэммитэ . Кини үөрэҕин кэнниттэн киинэ режиссерунан үлэлээбитэ . Онтон хайдах суруйааччы буолбута буолуой? Уолугар анаан кэпсээн айар эбит.

Кинигэ быыстапката.

Николай Носов о5олорго анаан элбэх көрдөөх -нардаах ,мүччүргэннээх сырыылардаах кэпсээннэри суруйар эбит .Бугун биһиги оннук биир кэпсээнин ааҕыахпыт.

-Кэпсээн аата эһиэхэ тугу эмэ этэр дуо

-Билиэххитин баҕараҕыт дуо

Үлэбитин хайдах былаанныыбытый

Оҕолор эппиэттэрэ.

Аахпыт билэр кинигэлэрин ааттыыллар





















Оҕолор билэр кинигэлэрин

Булан көрөллөр





Оҕолор санаалара





-Ааҕабыт

-Ырытабыт

-Тэҥниибит

-Түмук оҥоробут

Аааҕар тиэкискэ сорук туруоруу уонна ону былааннааһын

3.

Кэпсээни аа5ыы

Учуутал саҕалыыр оҕолор салгыы ааҕаллар

Ханнык билбэт тылгыт баарый?

Хоспох - сарай





хоспох

Сөпкө ааҕар бол5омтолоохтук истэр сатабыл

4.

Тиэкиьи бастаан ылыныы бэрэбиэркэтэ

Төһө болҕомтолоохтук истибиккитин бэрэбиэркэлэниэхпит.

1.Оҕолор олбуорга тугу оҥорбуттарый?

  1. сыыр

  2. кириэппэс

  3. хаар киһи

2.Оҕолор сыыр оҥорор кэмнэригэр Котька тугу гыммытый?

  1. оҕолору кытары үлэлээбит

  2. телевизор көрбүт

  3. дьиэтин иһиттэн атыттар хайдах үлэлииллэрин көрбүт

3.Оҕолор аһыы барбаттарыгар тугу гыммытый?

  1. хаҥкытын кэтэ охсоот таһырдьа ыстаммыт

  2. телевизорын көрө олорбут

  3. бэйэтэ сыыр оҥостон барбыт

4.Тоҕо Котька сыырга сатаан тахсыбатаҕый?

  1. оҕолор таһаарбатахтар

  2. сыыр үрдүк баҕайы эбит

  3. сыыр халтархай эбит

5.Сыырга хайдах тахсыбытый?

  1. кумах кутан баран тахсыбыт

  2. атын сиргэ баран оонньообут

  3. аҕатын ыҥырбыт

6.Оҕолор Котька быһыытыгар хайдах сыһыаннастылар?

  1. хайҕаан баран бииргэ оонньообуттар

  2. сэмэлээн баран көннөттөрбүттэр

  3. кырбаабыттар

6.Котька сыыһатын хайдах көннөрбүтүй?

  1. сыырга хаар кутан баран ойоҕоһугар кирилиэс оҥорбут

  1. оҕолорго кэмпиэт аҕалантүҥэппит

  2. тугу да гымматах



Оҕолор карточкаҕа сөптөөх эппиэти талан бэлиэтииллэр























































Бэйэни хонтуруолланар

сатабыл

5.

Пааранан улэ

Билигин пааранан атын о5олортон тугу ыйытыаххытын баҕараргытын субэлэһин

Пааранан үлэ быраабылатын тутуһабыт

Ыйытыыларын оҕолорго биэрэллэр, эппиэтин истэллэр ,сыаналыыллар

Бэйэ икки ардыгар пааранан сүбэлэһэн быһаарсыы

Боппуруоһу сөпкө туруоруу

6.

Тиэкиһи иккиһин ылыныы, ырытыы.



Кэпсээн сүрүн геройа кимий?

Котька хайда5ын көрдөрөр кэрчиги булан аа5ын.



Оҕолор аһыы барбыттарын кэннэ тугу гыннай? Булан ааҕын.

Тоҕо кыайан сыырга тахсыбата?

Кини сыырга хайдах тахсыбытын булан ааҕын.

Оҕолор сыырга кумах кутуллубутун көрөн хайдах буоллулар?

Арай бу о5олор оннугар эһиги буолун тугу гыныа этигитий?







Котька Чижов.

Кини олус киитэрэй, сурэҕэлдьээбит.

Талан ааҕаллар











Оҕолор санааларын үллэстэллэр

Айымньы дьоруойун туһунан бөлөҕүнэн улэҕэ дьүүллэһэн, дьоруой туһунан бэйэ тус санаатын этии

7.

Хамсаныылаах сынньалаҥ







8.

Кэпсээни чаастарга араарыы, былаан оҥоруу, кэпсээһин

Худуоһунньук кэпсээҥҥэ уруһуй оҥортообут.

Уруһуйдар бэрээдээктэрэ кэпсээн ис хоһоонугар сөп тубэһэр дуо?

Бэрээдэгинэн туруорун. Ханнык түгэн уруһуйдаммакка хаалбытый?

Биһиэхэ ойуунан былаан тахсан кэллэ.

Хас биирдии ойууну ааттыаҕын эрэ.













Уруһуйдаммакка хаалбыт түгэннэ эһиги тугу уруһуйдуо этигитий

Хайдах ааттыаххытый?



Суох

Уруһуйдары кэпсээн ис хоһоонунан көрөн бэрээдэктииллэр.



1.О5олор сыыр оҥороллор

2.Киитэрэй Котька сыырга тиийдэ

3.Котька сыырга кумах кутар

4.О5олор Котькаҕа сыыры көннөттөрөллөр

Котька сыыр оҥоро сылдьарын.

6.Котька үлэлиирин сөбулээтэ.







Айымньы былаанын оҥорор,чаастарга араарар, былааны тутуһан кэпсиир сатабыл

9.

Түмүк ырытыы

Ааптар сүрүн санаатын быһаарыы

Былаан төрдүс пуунугар сөп түбэьэр кэрчиги кэпсээнтэн булун.

Бу кэрчиккэ туох туһунан этиллэрий?

Билигин диалогу хос истиэҕин уонна кэпсииргэ бэлэмнэниэхпит.

Бэйэҕитин артыыстар курдук сананын уонна мимика, хамсаныы көмөтүнэн бу кэрчиги оонньоон көрдөрүн.

Оҕолор саҥаларын хайдах ааҕабыт?





Котька сыыһатын хайдах көннөрбүтүй?

Эһиги санааҕытыгар оҕолор Котьканы бырастыы гыммыттара буолуо дуо?То5о?

Эһиги олоххутугар маннык түбэлтэ буолбута дуо



Н.Носов бу кэпсээнинэн биһиэхэ тугу этиэн баҕарбытый? Сүрүн санаата тугуй?

Бу кэпсээнтэн бэйэҕэр туох туһалааҕы ылыннын?

Мин эһигини үчүгэйтэн үөрэр, куһаҕантан хомойор үтүө санаалаах дьон буола улаатыахтара диэн эрэнэбин . Уонна табаарыстара сыыьа быьыыланна5ына бырастыы гыныахтара кини аны куһаҕаны оҥорботун курдук көмөлөьүөхтэрэ диэн. Атын киһи үлэтин харыстаан.







Оҕолор Котьканы кытары кэпсэтиилэрэ







Кыыһыран, абаран, хомойон,кэлэйэн.

Оҕолор бу түгэни оонньоон көрдөрөллөр

Кини сыыһатын көннөрбүт.

Оҕолор санаалара



Куһаҕан уонна мөку быһыыны араарарга көмөлөһөр. Атын киһи үлэтин харыстыырга үөрэтэр. Табаарыһын алҕаһын бырастыы гынарга











Айымньы дьоруойун ис туругун мимика,хамсаныы көмөтүнэн истээччилэргэ тиэрдии











Кэпсээн дьоруойдара төһө сөпкө быһыыламмыттарын дьүүллэһэр, туох алҕас оҥоһуллубутун,ону хайдах көннөрүөххэ сөбүн быһаарар сатабыл

Тус санааны сөпкө этинии

Ааптар сүрүн санаатын

Быһаарыы

Биир санааҕа кэлии





10.

Рефлексия.

Бу хаар кыырпахтарынан сыыр оҥоруохпут. Биһиги хайдах үлэлээтэхпитинэ сыырбыт үрдүк , көнө, үчүгэй көстүүлээх буолуой?

Көрүҥ эрэ сыырбыт хайдах курдук тупсаҕай буоллай.



Бары сүбэнэн, эйэлээхтик , сүрэҕэлдьээбэккэ оҥордохпутуна.

Үлэ түмүгүттэн дуоһуйууну ылыы







 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал