7


  • Учителю
  • Тесты по якутскому языку (4 класс)

Тесты по якутскому языку (4 класс)

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала

Саха тылын уруогар тестэри туhаныы

4 кылааска саха тылын уруогар тестэри оңорон туттабын. Тестэр хас биирдии о5о ʏөрэх программатын төҺө билэн, ылынан иҺэрин көрдөрөр сыаллаахтар. Маны таҺынан кылгас айар сорудахтар эмиэ киирдилэр. Тести толорорго о5о бэриллибит эппиэттэртэн биир сөбу талар, эппиэтин знагынан бэлиэтиир. Тести туҺаныы о5о билиитин сатабылын тʏргэнник, элбэх матырыйаалы хабан бэрэбиэркэлииргэ кыа5ы биэрэр. Үлэ тʏмʏгʏнэн о5о ханнык тема5а ыарыр5атара көстөр, онон салгыы көннөрөр ʏлэни былааннаахтык ыытарга көмөлөҺөр. Бэрэбиэркэ ʏлэтин тест көмөтʏнэн тэрийии учууталтан а5ыйах бириэмэни ылар. Тест толоруутун кэнниттэн таблица оңоҺуллар. Сорудахтар тус-туспа, ыараханыттан көрөн баллынан сыаналаналлар. Тести толоруу бириэмэтин учуутал бэйэтэ о5о, кылаас кыа5ыттан көрөн быҺаарар.

1 тест. Тема: Текст. Этии.

  1. Этии диэн тугуй? Холобурда а5ал.

  2. Текст диэн:

- бэйэ - бэйэлэрин кыттта ситимнээх тыллар;

- икки эбэтэр хас да ис хоҺооннорунан ситимнээх этиилэр;

- буолбут тʏбэлтэни кэпсээҺин;

- ритмнээх строкаларынан оңоҺуллар кыра уус-уран айымньы.

3. Текст араастарынан талан бэлиэтээ:

- сʏрʏн чааҺа;

- тойоннооҺун;

- ойуулааҺын;

- са5аланыыта;

- сэҺэргээҺин;

- бʏтʏʏтэ.

4. Этии чилиэннэринэн ырыт:

- Мин тиэргэн халың хаарын кʏрдьэбин.

- Ууга араас ʏөннэр устан кыймаңнаҺаллар.

- Биир кʏн элбэх тэллэйи буллум.

- Дьабарааскылар тотон хороонноругар саспыттар.

- Кыьын.

5. «КʏҺʏн» диэн темаза ойуулааҺын 7-8 этиилээх текстэ суруй.

Тʏмʏк: 1 - 2 балл, 2 - 1 балл, 3 - 3 балл, 4 - 5 балл, 5 - 8 балл; ʏрдʏк - 17 - 19 балл, орто - 12 - 16 балл, намыҺах - 11 аллараа.

2 тест. Тема: Аат тыл.

  1. Аат тыл диэн:

- тʏҺʏк;

- саңа чаас;

- этии чилиэнэ.

2. Аат тыл тугу бэлиэтиирин талан суруй. Биирдии холобурда суруй.

- хайааҺын аатын;

- чопчу предмети;

- хайааҺыны;

- айыл5а көстʏʏтʏн;

- тэрилтэ аатын;

- бэлиэни.

3. Аат тыл этиигэ туох буоларый:

- ойо5ос чилиэн;

- кэпсиирэ;

- туҺаан.

4. Бэриллибит аат тыллары тыл састаабынан ырыт.

Хаастаахтар, кусчуттар, аттаахтар, андыны.

5. Солбуйар ааттары туҺанан 3 - 4 этиитэ оңор.

Тʏмʏк: 1 - 1 балл, 2 - 4 балл, 3 - 1 балл, 4 - 4 бал, 5 - 4 балл; ʏрдʏк - 13 - 14 балл, орто - 9 - 12 балл, намыҺах - 8 аллараа.

</

3 тест. Тема: Аат тыл тʏҺʏктэринэн уларыйыыта.

  1. Саха тылыгар хас тʏҺʏк баарый?

6 8 7 5

  1. Киминэн? Тугунан? Холбуу тʏҺʏк

Ким? Туох? Туохтуу тʏҺʏк

Кими? Тугу? Араарыы тʏҺʏк

Кимнээ5эр? Туохтаа5ар? Төрʏт тʏҺʏк

Кимнэ? Туохта? Туттуу тʏҺʏк

Кимтэн? Туохтан? ТаҺаарыы тʏҺʏк

Кимниин? Туохтуун? СыҺыарыы тʏҺʏк

Кимиэхэ? Туохха? Тэңнии тʏҺʏк

  1. Балык, чыычаахтар, вагон, кʏөх диэн тыллары тʏҺʏгʏнэн уларыт.

  2. о5онньордуун төрʏт тʏҺʏк

мастан тэңнии тʏҺʏк

олоппоҺу араарыы тʏҺʏк

булчутта сыҺыарыы тʏҺʏк

аэроплан холбуу тʏҺʏк

уруучуканан таҺаарыы тʏҺʏк

килиэпкэ туохтуу тʏҺʏк

Воватаа5ар туттуу тʏҺʏк

Тʏмʏк: 1 - 1 балл, 2 - 8 балл, 3 - 2 балл, 4 - 8 балл; ʏрдʏк - 17 - 20 балл, орто - 10 - 16 балл, намыҺах - 10 аллараа.



4 тест. Тема: Да5ааҺын аат.

  1. Да5ааҺын аат:

- предмети көрдөрөр;

- предмет бэлиэтин көрдөрөр;

- предмет хайааҺынын көрдөрөр.

2. Да5ааҺын аат + аат тыл схеманан 4 тыл ситимин суруй.

3. Бэриллибит аат тыллары да5ааҺын аат суолтатыгар туттан этиилэрдэ оңор.

Тимир, хатың, мас, тирии, тииң.

Тʏмʏк: 1 - 1 балл, 2 - 4 балл, 3 - 5 балл; ʏрдʏк - 8 - 10 балл, орто - 5 - 7 балл, намыҺах - 4 аллараа.



5 тест. Тема: Туохтуур.

  1. Туохтуур диэн:

- хайааҺынын көрдөрөр саңа чааҺа;

- предмет бэлиэтин көрдөрөр саңа чааҺа;

- предмети бэлиэтиир саңа чаас.

2. Туохтуур ыйытыытын суруй.

3. Туохтуурга сөптөөх схеманы аннынан бэлиэтээ.

ахсаан бириэмэ

тʏҺʏк ахсаан

туохтуур сирэй туохтуур сирэй

паарал. Паарал.

4.Туохтуур этиигэ ханнык этии чилиэнэ буоларый?

- туҺаан

- ойо5ос чилиэн

- кэпсиирэ.

5. Паараласпыт туохтуурга холобурда а5ал.

6. Туохтуурдар бириэмэлэрин, сирэйдэрин, ахсааннарын быҺаар.

Үөрэнэллэр, кэпсиэхтээххит, кэппиппит, уҺаныа5а, хаалбыт.

  1. Этиигэ көмө туохтууру со5отох туохтуурунан кубулут.

- Коука ʏс хапкааны тута сылдьар этэ.

- Уол бөҺʏөлэккэ сʏʏрэ турда.

- Кинилэр тʏргэнник биэни хостоон таҺаардылар.

- Тыал биллэ кʏʏҺʏрэн истэ.

8. Буолбат хайааҺыны көрдөрөр туохтууру буолар хайааҺыны көрдөрөр туохтуурга кубулут.

Турбаппын турбаппыт

Турума турумаң

Турбат турбаттар

  1. «Саас кэлиитэ» диэн тема5а араас туохтуурдары туттан ойуулааҺын - текстэ оңорон суруйун.

Тʏмʏк: 1 - 1 балл, 2 - 1 балл, 3 - 2 балл; 4 - 1 балл, 5 - 2 балл, 6 - 5 балл, 7 - 4 балл, 8 - 6 балл, 9 - 8 балл; ʏрдʏк - 25 - 30 балл, орто - 19 - 24 балл, намыҺах - 18 аллараа.





 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал