- Учителю
- Конспект урока по якутскому языку на тему Перенос слова
Конспект урока по якутскому языку на тему Перенос слова
1 кылааска саха тылыгар уруок былаана
Уруок темата: Тылы көһөрүү. Түмүктүүр уруок.
Сыала: Тылы көһөрүү быраабылаларын билиилэрин чиҥэтии.
Соруктар:
-
Тылы таба көһөрөр сатабылларын салгыы сайыннарыы;
-
Орфографическай сатабылларын сайыннарыы Развивать орфографическую зоркость и орфографические умения (видеть в словах орфограмму, графически обозначать ее);
-
Саҥарар саҥаларын, болҕомтолорун, бэйэни хонтуруолланыыларын сайыннарыы Развивать речь, внимание, способность к самоконтролю;
-
Улэҕэ дьулууру, аккуратнаһы иитии Воспитывать трудолюбие, аккуратность в работе.
УУД:
Предметнай: тыллары биир строкаттан атын строкаҕа көһөрүү сатабылын чинэти, билиитин хаҥатыы
Универсальнай: үлэ сыалын быһааарар (определяет цель деятельности), былааннаммытынан улэлиири сатыыр (умеет работать по предложенному плану)
Личностнай: учебнай матырыйаалы интэриэһиргиир (проявляет учебно-познавательный интерес к учебному материалу).
Уруок хаамыыта:Үтүө күнүнэн оҕолоор! Бүгүн биһиги уруокпутугар ыалдьыттар бааллар. Кинилэри эҕэрдэлиэҕиҥ уонна хаһаайыттар буоларбыт быһыытынан кинилэр биһиэхэ ыалдьыттаабыттарыттан үчүгэй эрэ өйдөбүллээх баралларыгар кыһаныаҕыҥ диэн туран уруокпутун саҕалыаҕыҥ.
Книжкаларбытын арыйдыбыт, ботугураан аахтыбыт.
Эҕэрдэлэһии
3 мүн. ботугураан ааҕыы
2. Уруок сыалын туруоруу (целепологание)
- Оҕолоор дуосканы көрүҥ эрэ. Тыллар бааллар. Бу тыллары сааһылаан этии оҥорун эрэ. (слайд №1) (тиийэн, саас, сандал, кэллэ)
- Туох диэн этии таҕыста? (Сандал саас тиийэн кэллэ.)
- Аны мин этиибин бэрэбиэркэлээн эрэ (слайд №2). Тугу бэлиэтии көрдүгүт?
- Мин тылы тоҕо ситэ суруйбатахпын быһаарабын. Этиим бүтэһик тыла строкабар баппата. Тугу сүбэлиэ этигитий?
- Тылы көһөрүү диэн тугуй?
- Этиҥ эрэ, тылы хайдах саныырбытынан көһөрөбүт дуу, эбэтэр быраабыланан көһөрөбүт дуу?
- Быраабыланан. Ким таайда, бүһүн биһиги уруокпутугар туох туһунан кэпсэтэр эбиппитий. Туохха үөрэниэхтээхпитий?
- Оҕолор ааҕаллар, этии оҥороллор.
- Биһиги кылааспыт оҕолоро иллээхтэр.
- Тыл ситэ суруллубатах.
- Тылы көһөрүөххэ наада.
- Тыл биир чааһын строкаҕа хаалларан баран, атын чааһын саҥа строкаҕа суруйабыт
- Быраабыланан.
- Тылы көһөрүү туһунан. Биир строкаттан атын строкаҕа тылы көһөрүү быраабылаларын билиибитин чиҥэтии, хатылааһын.
Тирэх билиилэрин актуализациялааһын.
Барбыты хатылааһын, хас биирдии оҕо туохха ыарырҕатарын быһаарыы Актуализация опорных знаний. Повторение изученного материала, выявление затруднений в индивидуальной деятельности каждого.
Физминутка
- Тэтэрээппитин арыйдыбыт уонна чыыһылабытын, кылааска үлэ диэн суруйдубут.
- Саха тылыгар хас б/д баарый? Тоҕо б/д диибитий? Билигин саха тылыгар баар ураты буукубалары суруйууну хатылыахпыт. Ханныктарый? Туох уратылаахтарый? (ҥ, ҕ хоһуласпаттар, тыл иннигэр турбаттар, улахан буукубалара суох)
- Буукубалары образеһынан таба суруйуҥ.
- - Тылы хайдах көһөрөр туһунан былаан оноруоҕун эрэ. Бастаан тугу гынабытый? Онтон салгыы? (слайд№3)
1) аһаҕас дорҕооннор буукубаларын булабыт
2) тылы сүһүөхтүүбүн
3) көһөрөргө анаан араарабын
- Тылы көһөрүү быраабылаларын өйдүөҕүҥ эрэ. (слайд №4) Бу таблицаны туһанаҥҥыт кэпсээн эрэ:
1. Кини-гэ, куо-рат.
2. Ап-па, тул-лук
3. Куос-ка, сэр-гэ
4. Кыыс, быар
5. Алаас, Аня
- Тыл сүһүөххэ ханан арахсар да, онон көһөр.
- Соҕотох буукуба строкаҕа хаалбат, биир буукуба соҕотоҕун көспөт.
- Бу быраабылаларга моделлары оҥоруохайыҥ эрэ.
«Как живешь?»
- Тэтэрээти арыйан суруйаллар.
- Оҕолор эппиэттэрэ.
- оҕолор тэтэрээт-гэр суруйаллар, моделлары онороллор.
Бэрэбиэркэлиир үлэлэр
- Биһиги уруокпутугар Билбэтчэй кэлбит. Кини тылы биир строкаттан атын строкаҕа көһөрүүгэ эмиэ сорудах толорбут. Бэрэбиэркэлээн эрэ. (слайд №5) (а-ппа, а-лаас, кы-ыс, му-ос, кин-игэ, чаа-скы)
- Билбэтчэй аны тыаҕа барбыт. Кини өйүө ылбыт уонна биир аһын умнан ылбатах. Бу тыллартан көһөрүллүбэт тылы булун, оччоҕуна Билбэтчэй тугу умнубутун билиэххит. (слайд №6) (Килиэп, саахар, халбаһы, арыы, сымыыт)
- Тоҕо бу тылы ыллыгыт?
- Билбэтчэй өссө туох аһы ылбытый? Ити тыллары хайдах көһөрүөххэ сөбүй? Тэтэрээккитигэр суруйун.
- 1 үөрэнээччи дуоскаҕа, атыттар тэтэрээттэригэр көннөрөллөр.
- Оҕолор эппиэттэрэ
- Тэтэрээккэ суруйаллар
Самостоятельнай үлэ
- учебник 42 стр. арыйын, тест толоруохпут.
- оҕолор тэтэрээттэригэр толороллор
Рефлексия
-
Уруокка тугу хатылаатыбытый?
-
Туохха ыарырҕатар эбиппитий?
-
Туох табылынна?
-
Барыгытыгар үлэҕит иһин махтал.