7


  • Учителю
  • Доклад на тему: 'Саха сылгыта' выполнила ученица 3 класса, Потапова Иванна, руководитель: Васильева Елена Александровна

Доклад на тему: 'Саха сылгыта' выполнила ученица 3 класса, Потапова Иванна, руководитель: Васильева Елена Александровна

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание: Саха сылгытын боруодата        Биһиги Сахабыт сирин айылҕатыгар оһуобай боруода сылгы чочуллан үөскээбит.  Аан дойду былыргы боруодаларыттан саха сылгыта төгүрүк сыл устата аһаҕас халлаан анныгар сылдьан, сиртэн-буортан аһын булунар биир дьикти боруода буолар. Кыһын
предварительный просмотр материала

Саха Республикатын үөрэҕин министерствота

«Нам улууһун үөрэҕин управленията» МКТ

«Көбөкөн орто уопсай үөрэхтээһинин оскуолата» МБҮӨТ












Сылгы - саха тыына, культурата






толордо: Иванна Потапова

3 кылаас уөрэнээччитэ

салайааччы: Васильева Е.А.





2014


Иһинээҕитэ



  1. Киирии тыл…………………………………………………………3

  2. Сылгыга сыһыаннаах сиэр-туом…………………………………..4

  3. Саха сылгытын боруодата…………………………………………5

  4. Сылгыны сааһынан араарыы………………………………………8

  5. Ат тэрилэ……………………………………………………………9

  6. Сылгыны хайдах өҥнууллэрэ……………………………………..10

  7. Сылгыһыт эһэм этиитэ.....................................................................12

  8. Түмүк………………………………………………………………..14

  9. Туьаныллыбыт литература………………………………………...15


Киирии тыл

Былыр-былыргыттан сылгы иитиитинэн дьарыгырбыт саха дьоно Дьөһөгөйтөн төрүттээх айыы о5отун - сылгыны атын дьиэ сүөһүтүттэн ойуччу туталлара, кинини ытыктыыллара, киниэхэ сүгүрүйэллэрэ.

Сылгы культурата сахаларга ураты суолталааҕын чинчийээччилэр бигэргэтэллэр. Саха киһитин олоҕор-дьаһаҕар сылгы суөһу былыр былыргыттан тыын суолталааҕа. Ол курдук саха норуотун былыргы итэҕэлэ, араас бырааһынньыктара, туомнара эмиэ сылгы иитиитин кытта быстыспат ситимнээхтэр, киниэхэ олоҕуран сайдаллар. Самаан сайын салаллан кэлиитин, киһи-сүөьү, көтөр-сүүрэр төрүүр-уһуур, үүнээйи чэчириир кэмин уруйдуур-айхаллыыр саха улуу бырааһынньыга-ыһыах эмиэ сылгы иитиитин культуратыгар олоҕуран тэриллэн, уруйданар. Сэргэ, баҕах туруоруута , сэлэ, салама тардыыта, ытык аты ыытыы эбэтэр кэрэх бэлэхтээһин, ат сүүрдүүтэ, кулун оонньуута, чэчир анньыыта, кымыстааһын - бука барыта сылгы баайдаах норуоттар итэҕэллэрэ, оонньуулара, туомнара, тэриллэрэ.

Сахалар - аттаах норуот. Ат сэриигэ бойобуой доҕор, айаҥҥа миинэр миҥэ, курэхтэһиигэ- дьүккүрдээх күөн көрсөөччү, үлэҕэ- буулаҕа бухатыыр, идэһэлэннэххэ-эмис этэ (хаана, субайа, хаһата, иһэ), ыан истэххэ - уохтаах кымыс, таҥыннахха - талба таҥас быа-туһах гыннахха - бигэ тэрил.

Улэ сыала - соруга: Биһиги сахабыт сирин айылҕатыгар оһуобай боруода сылгы чочуллан үөскээбит. Саха сирин усулуобуйатыгар сылгыны иитии - хаһаайыстыба барыыстаах салаата. Хаһан аһыыр атын боруодаларга тэҥнээтэххэ, этэ - сыата элбэҕинэн саха сылгыта оһуобай миэстэҕэ турар. Онон сиэттэрэн саха сылыгытын сөпкө иитиигэ сыал - сорук турар.


Сылгыга сыһыаннаах сиэр - туом


Ыанар биэ уонна кулун быатын «алаастыыллара», оччоҕуна кинилэр ыалдьыбаттар, өлбөттөр. Алаастааһын - ол аата биэ сулардаах көнтөһүн күөдьүйбүт түптэ буруотугар «алаас, алаас, алаас» дии дии ыһаараллар;

- саас уонна сайын ыараханнык ыалдьыбыт киьиэхэ ойуун ытык сылгынан сирэйдээн кыырар. Ытык диэн өлбөт, сааһын тухары тыыннаах сылдьар сылгы биитэр сүөьү буолар. Ытык сылгы өллөҕунэ, этин сиэбэттэр, ойуурга таьааран араҥастыыллар.

- эргэ сүктэр кыыс хайаан да хара сылгы тириитинэн киэргэтиллибит аас маҥаас сылгы тириитэ тэллэхтээх буолар. Ити үрдүнэн эбии ууруллар кугас кулун тирии тэллэҕэ «тахтыр тэллэх» диэн ааттанар.




Сылгыга алгыс


Таҥаралыыр бэчээттээх,

Сабаҕалыыр дьаҕыллар,

Түөрт түөрэм туйахтаах,

Дьөһөгөйбүт оҕото,

Төрүөххүн чүөмчүлээ,

Үөдут - үөскэт,

Үлүннэр - үксэт.

Айылыат! Айылыат!



Саха сылгытын боруодата


Биһиги Сахабыт сирин айылҕатыгар оһуобай боруода сылгы чочуллан үөскээбит. Аан дойду былыргы боруодаларыттан саха сылгыта төгүрүк сыл устата аһаҕас халлаан анныгар сылдьан, сиртэн-буортан аһын булунар биир дьикти боруода буолар. Кыһынын кыратык эбиэс, от эрэ биэрэллэр. Кини тириитин анныгар муньуллар халыҥ сыата - тымныыттан туорууругар көмөлөһөр. Тайҕа үрэхтэрин хочолоругар, күөллэр кытыыларыгар кини кэтит туйахтарынан хаары хаһыйан, хагдарыйбыт оту булан сиир. Саха сылгытын бу уратыта былыргыттан билиҥҥэ диэри кэлии дьону дьиктиргэтэр.

Саха сирин усулуобуйатыгар сылгыны иитии - хаһаайыстыба барыыстаах салаата. Билигин кинини эккэ анаан иитэллэр. Хаһан аһыыр атын боруодаларга тэҥнээтэххэ, этэ - сыата элбэҕинэн саха сылгыта бастакы миэстэҕэ турар.

Сылгы уопсай ыйааһыныттан уҥуо5а 13-тэн тахса бырыһыаны ылар, оттон этэ - 70,5 бырыһыаны, сыата 17 кэриҥэ бырыһыаны ылар. Сылгы этин биир уратытынан кини сыа быыстааҕа, сымнаҕаһа, минньигэһэ буолар. Саха сылгыта намыһах уҥуохтаах, түүтэ олус хойуу, сиэлэ -кутуруга уһун буолар. Тыстара олус бөҕө, ол иһин кыһын халыҥ хаар анныттан хаһан аһыырыгар улахан көмөлтөлөөх.

Саха сылгыта туспа боруода быhыытынан 1987 с.ССРС уонна РСФСР Госагропромнарын бирикээстэринэн бигэргэтиллибитэ.

2010 с. Бутун Россиятаа5ы сылгыны чинчийэр институт уонна Саха сиринээ5и тыа хаhаайыстыбатын научнай -чинчийэр институтун учуонайдарын,республика племенной хаhаайыстыбаларын специалистарын, сылгыhыттарын улахан ситиhиилэринэн сылгы икки сана боруодаларын:Олуенэ энээринээ5и уонна мэнэдьэк сылгыларын, ону таhынан саха боруодатын керуннэрин быhыытынан дьааны уонна халыма сылгыларын бигэргэтии буолбута.

Онон билигин республика5а саха сылгытын 3 боруодатын иитэллэр: саха боруодатын ( 3 керуннээх - терут сылгы , дьааны уонна халыма сылгылара),Олуенэ энээринээ5и уонна мэнэдьэк сылгыларын.

Сылгы боруодаларын уескэтии уонна ууhатан тэнитии улэтэ 6 сылгы собуотугар уонна 27 племенной хаhаайыстыбаларга ыытыллар. Итиннэ барыта 15 тыhыынчаттан тахса племенной сылгы иитиллэр.

Саха Республикатыгар сылгы ахсаана Дальнай Востоктаа5ы Федеральнай уокурукка баар сылгы 91%-нын ылар.

Саха боруодата уескуур-ууhуур киэн нэлэмэн сирин тулалыыр айыл5атын уратыларыгар сеп тубэhэн 3 араас керуннэргэ арахсар. Онуоха боруоданы теруттээччинэн саха терут сылгыта буолар.

Терут сылгы

Терут сылгы - ебугэлэрбит со5урууттан илдьэ кэлбит сылгыларын терут хаан удьуора. Сылгы бу керунэ киин уонна Булуу белех улуустарга челлеен ордон хаалбыт.Терут сылгы бэрт уhун кэмустата сыыйыллан, кыhынны туптэлэс тымныыны тулуйарга анаммыта тас керунэр уонна ис уорганнарын улэлэрин ураты дьо5урдарыгар кестер. Куhунтэн са5алаан уойан,телеhуйэн,туутэ уhаан, хойдон, кыhынын тас киэлитэ ордук модьураан, текунуйэн кестер. Моонньо кылгас уонна суон, ар5аhа намыhах эрээри кэтит, туеhэ уонна самыыта кэтит, атахтара кылгас. Боруода иhигэр бу саамай кыра унуохтаах уонна дьо5ус ыйааhыннаах сылгылар, ол эрээри кинилэр аhара тулуурдаахтар.

Терут саха сылгылара сур, сиэр, ке5еччер, кугас, тура5ас, элэмэс эгэлгэ дьуhуннээхтэр, сэдэхтик чуо5ур баар.

Тыыннаах ыйааhынын генетическэй кыа5а: атыырдарга - 430-490 киилэ, биэлэргэ - 415-470 киилэ.





Дьааны сылгыта

Дааны сылгыта Дьааны уонна Индигиир ерус тардыыларынан туелбэлээн уескэтиллэр. Тас керунунэн саха терут сылгытыгар маарынныыр эрээри, кээмэйинэн уонна ыйааhынынан лаппа баhыйар. Ол кини кылгас сайын устата тургэнник уойар дьо5урун туоhулуур.Дьааны сылгыта кене эбэтэр хото5ор тебелеех,кэтит суустээх, кылгас, модьу моонньулаах, кэтит эрээри намыhах ар5астаах, самыыта арыый уhун, бе5е атахтардаах.

Дьуhунугэр сырдык ен баhыйар: улаан, ке5еччер, сур, сиэр, элэмэс эгэлгэтэ.

Тыыннаах ыйааhынын генетическэй кыа5а: атыырдарга - 450-520 киилэ, биэлэргэ -420-480 киилэ.


Халыма сылгыта


Халыма сылгыта Халыма уонна Алаhыай орустэр сунньулэригэр уоскэтиллэр. Бу корун уратыта - атыырдара биэлэриттэн харахха быра5ыллар улаханнара суох . Кыhынны хаhар сирин аhылыга уксугар куол кытыытын манчаарыта буолар, ити от курдук имэнтэлээх , онон халыма сылгыта , кыhыны аhaра ырбакка - быстыбакка тахсар буолан , эрдэ буоhуур уонна торуур. Тобото коно , уhун систээх, самыылаах , бо5о та5а атахтардаах.

Халыма сылгыта сырдык онноох : манан, сырдык сур , ко5оччор , улаан.

Тыыннаах ыйааhынын генетическэй кыа5а : атыырдарга - 440 - 530 киилэ, оттон биэлэргэ - 430 - 530 киилэ.







Сылгыны сааһынан араарыы


Кулун (кулунчук) - төруө5уттэн 6-7 ый туолуор диэри. Убаһа - 6-7 ыйыттан биир сааһын туолуор диэри. Тый - 1 сааһын толору туолан 2-с хаарыгар уктэммит сылгы. Ийэтин эмэ сылдьар буоллаҕына эмаааньик тый, ийэтиттэн араардахха, ханчааһый тый дэнэр.

Сылгыны икки сааһын туолан, уһус хаарыгар үктэннэҕинэ кутуругун сарбыйан, сиэлин сэлээн ыыталлар, онуоха атыырын тиҥэһэ соноҕос, тыһытын тиҥэһэ кытыт дииллэр.

Үһүн туолар сааһыгар эмиэ сиэлин сэлээн, кутуругун сарбыйан ыыталлар, онуоха атыыра түөртээх соноҕос, тыһыта түөртээх кытыт дэнэр.

Түөрдүн туолар сааһыгар эмиэ сиэлин сэлээн, кутуругун сарбыйан ыыталлар, онуоха атыыра түөртээх соноҕос, тыһыта түөртээх кытыт дэнэр.

Биэһин туолар сылыгар атыыра биэстээх соноҕос, тыһыта биэстээх кытыт дэнэр.

Сылгы алта сааһын туоларыгар атыырын алталаах ат эбэтэр алталаах атыыр, оттон тыһытын алталаах биэ дэнэр.

Мантан үөһэ сааһынан араарбакка эрэ аты ат, биэни биэ, атыыры атыыр дэнэр. Кырдьан эрэр сылгыны кырдьаҕас ат, кырдьаҕас биэ, кырдьаҕас атыыр дэнэр.


Ат тэрилэ


Биһиги өбугэлэрбит сылгы, оҕус, таба көлөлөөхтөрө. Ол сэбин-сэбиргэлин төһө кыалларынан улэҕэ, айаҥҥа табыгастаах, киһи көрөрүгэр үчүгэй көстүүлээх, оҥоһуулаах, киэргэллээх буолар гына тэринэллэрэ.

Холобур, ат сэбин-сэбиргэлин, быатын-туһаҕын оҥоруунан уонна ону оһуордаан-мандардаан киэргэтиинэн туспа анал дьон дьарыгырара. Эр дьон сыарҕа араас көрүҥүн, дугатыттан адаҕатыгар, сылгы түүтүн кырыатыыр кыһыаччыгыттан атах иһэхтииригэр тиийэ оҥостоллоро.

Ат таһаҕаһы тардарыгар аналлаах хомуутун, сэдиэлкэтин, ыҥыырын араастаан киэргэтэллэрэ. Тимири, алтаны, үрүҥ көмүһү таптайан, чочуйан, нарын куорманы биэрэллэрэ уонна ойуу-бичик түһэрэллэрэ. Оччотооҕу уустар оҥоһууларын, ат сэбин-сэбиргэлин киэргэлин билигин көрөргө олус сиэдэрэйдэр. Аты араас түгэннэргэ сөп түбэһиннэрэн симииллэрэ. Холобур, уус тарбахтаах дьахталлар дьарык оҥостон тигэллэр. Араас чаҕылхай өҥнөөх таҥаска, тириигэ - сарыыга, түнэҕэ оҕуруонан, үрүҥ көмүс киэргэллэринэн, өҥнөөх сабынан оһуор-ойуу анньаллара. Сылгы быата-туһаҕа кылтан сиэлтэн, тирииттэн араастаан өрүллэрэ, хатыллара.

Ат элбэх араас тэрилэ барыта тус-туспа ааттаах буолара.

Ыҥыыр - акка олорорго аналлаах ат сиһигэр ууруллар бөҕө олох.

Бото (буутай) - ыҥыыр аннынан ат сиһигэр ууруллар оту эбэтэр сиэли симэн оҥоһуллар халыҥ олбох.

Бургэ - ыҥыыр сирэйин уонна кэлин өттүн маһа.

Хоҥсуоччу - ыҥыыр сирэйигэр хороччу саайыллар, ону-маны иилэр дьоҕус тимир.

Дэпсэ - ыҥыыр бөрүөтэ.

Кычым - ыҥыыр икки өттүттэн ат ойоҕоһун саба уурар тириилэр.

Чаппараак - ат самыытын таба уурар таҥас.

Холун - ыҥыыр ортоку кура, ат өрөҕөтүгэр түбэһэр өттө.

Төргүү - ыҥыыр кэннигэр ону-маны баайарга аналлаах икки синньигэс быа.

Дьирим - холун төбө өттүнээҕи тирии быа.

Иҥэһэ - киһи аты миинэригэр үктэнэн тахсарга аналлаах дугалыы быһыылаах тимир (ыҥыырга иҥиннэриллэр).

Сулар - ат төбөтүгэр кэтэрдиллэр быа.

Тэһиин - тирииттэн оҥоһуллар, ат айанын салайан биэрэр үүн быата.

Көнтөс - аты сиэтэргэ, баайарга аналлаах сиэлинэн хатыллыбыт хаптаҕай быа.

Сылгыны хайдах өҥнүүллэрэ


Сахалар сылгыны таба дьүһүннүүргэ былыр-былыргыттан үөрэммиттэрэ, бу кинилэр бэркэ тэнийбит, улахан дьарыктара. Кырдьаҕастар сылгыны дьүһүнүнэн ханнык удьуор сылгы төрүөҕэ буоларын көрөөт билэллэр үһү.

Кэпсииллэринэн сылгыга 60-тан тахса суол дьүһүн, ону тэҥэ дьүһүн ахсын хас да көрүҥ баар. Сылгыны дьүһүннээһин сир-сир аайы туһунан буолар. Биллэрин курдук, сылгы дьүһүнэ кини сааһыттан, дьыл бэлиэлэриттэн араастаан уларыйыан сөп. Ордук элбэхтик буулур сылгы дьүһүнэ кубулуйар. Кини дьүһүнүн сыл устата 7 төгүл даҕаны уларытар дииллэр.

Сылгыны дьүһүннүүргэ уҥа эбэтэр хаҥас өттө дэниллибэт, хаҥас өттүн аттаныах өттө, уҥа өттүн кымньыылаах өттө дэниллиэхтээх.

Хара сылгыны икки көрүҥҥэ араараллар: хара чох хара эбэтэр лаахтаах хара. Бэйэтин уопсай дьүһүнэ хара эрээри, бытыктара уонна хоҥоруута кытаран көстөр буоллаҕына, ол сылгы тураҕас (тёмная гнедая) сылгыга киирсэр. Төрүүрүгэр олох хара сылгы, сааһырдаҕына кэрэ дьүһүҥҥэ кубулуйар.

Маҥан сылгы хаһан да төрүөҕүттэн маҥан буолбат, кини сааһырдаҕына маҥхайар. Маҥаны 4 суолга араараллар: маҥан, кэрэ саһыл, кэрэ, үүт кэрэ.

Түөрт туйаҕа дьэҥкир, тумса хатыр, хараҕа чоккуруос буоллаҕына эрэ үүт кэрэ дииллэр. Маҥаҥҥа киирсэр сылгы сиэлэ, кутуруга олорчу маҥан буолуохтаах. Бэйэтэ маҥан эрээри сиэлэ-кутуруга уйуллаах буоллаҕына, көҕөччөрүнэн ааҕыллар.

Көҕөччөр сылгыны хара көҕөччөр, күөх көҕөччөр, сырдык көҕөччөр, чуоҕур көҕөччөр диэн араастаан ааттыыллар. Итилэртэн хас биирдиилэрин сиэлинэн, кутуругунан арааран эмиэ тус-туһунан дьүһүннүүллэр. Ол курдук чаҥкырыын сиэллээх уйуллаах кутуруктаах күөх көҕөччөр дииллэр эбит.

Сур сылгыны эмиэ араастаан өҥнүүллэрэ биллэр: күтэр сур, бороҥ сур, саһыл сур, хара сур. Маны таһынан хос бэлиэлэрэ: сиһин ороҕо. Хаҥалас быччыҥнара, сиэр кутурук ардайа, араас дьагыллар дэнэллэр.

Буулур (чалая) икки суолга араарыллар: күөх буулур, кыһыл буулур. Буулур сылгы өҥүн хас да төгүл уларытыан сөп: көҕөрөр, маҥхайар, саһарар, кытарар. Күөх буулур сылгыны саас сырдык көҕөччөр диэххэ сөп, ол эрээри ньилбэктэрин уонна хоҥоруутун дьүһүнэ улаханнык уларыйбаттарынан булкуйумуохха сөп эбит. Сырдык буулур сылгы сааьыран истэҕин аайы маҥхайар.

Сиэр сылгыны эмиэ хас да көрүҥүнэн дьүһүннүүллэр: кыһыл сиэр, улаан сиэр, сырдык сиэр, хардаҥ сиэр. Улаан сиэр сылгыны үгүстүк судургу улаан диэччилэр.

Сиэр сылгыга майгынныыр гынан баран сиһэ ороҕо суох буоллаҕына, кугас (рыжая) дэнэр. Бүтэй кугас диэн сүүһүгэр туоһахтата, ураанньыга, атахтара чулкута суох, түөрт туйахтара олорчу хара буоллахтарына ааттанар.

Тураҕас (гнедая) дьүһүн хара тураҕаска, сырдык тураҕаска арахсар. Хара тураҕаска бэйэтин уопсай дьүһүнэ хара эрээри, быттыга-хонноҕо кытаран көстөрү киллэриллэр.

Элэмэс сылгы олус элбэх дьүһүҥҥэ араарыллар: хара элэмэс, сур элэмэс, күөх элэмэс, кугас элэмэс...

Сылгы сирэйин бэлиэлэрин ураанньык, туоһахта, хатыр тумус, маҥаас диэн бэлиэтииллэр. Ураанньык диэн оройуттан тумсугар тиийэ уһун маҥаннаах буоллаҕына туоһахта дэнэр.

Сылгы түүтүн үс суолга араараллар эбит: кыл түүлээх, куобах түүлээх, халтаҥ түүлээх.

Сылгы этин-сиинин, холобур, суон моойдоох , үрдүк арҕастаах, таҥхаҕар уҥуохтаах, көнө систээх, кэдэгэр систээх диэн быьаараллар. (П. Иннокентьев. Сылгыны таба дьүһүннээһин. Кыым хаьыатыттан). Онон Дьөһөгөй оҕото сахалар тапталлаах-маанылаах төрүт уус бэйэбит кыылбыт буолар.


Сылгыһыт эһэм Потапов Иван Егорович ахтыыта


Саха сылгыта кой туулээх, кэтит таьаалаах, толору истээх-уостээх, бор тымныыны тулуйумтуо, модьу - та5а сылгы. Кини этэ туохха да тэннэммэт минньигэс, хойуу, олус тотоойу элбэх битэмииннээх, ууттээх. Уопсайынан саха дьонун саха онорбут, аьаппыт, таныннарбыт, коло буолбут, мииниллэр минэ буолбут сылгы.

Сылгы тириитэ наьаа ичигэс сон, этэрбэс, ыстаан, бэргэьэ буолар. Сиэлинэн, кутуругун кылынан араас элбэх кобуордэри, тубэтиэйкэлэри орон, быаны-туьа5ы, ситиилэри орон-хатан онороллор. Араас массаастыыр тэриллэри онороллор. Сылгы тйа5ын тараан ,тимэх оноьуутугар туттуллар. Сылгы иигэ- саа5а собулээн сиир о5уруотун аьыгар саамай наадалаах удобрение . Сылгы хаьата киьиэхэ куус биэрэр битэмиинээх ас, уонна улуйуу тонуу баастарыгар комолоьор маас эмп . Сылгы хара5ынан суьуох тымныйыытыгар эмп онороллор. Уутунэн буолла5ына киьи доруобуйатыгар олус туьалаах утах онороллор. Уопсайынан саха сылгытыттан туттар буоллаххына туга да хаалбат. Билигин биьиэхэ саха сиригэр, урукку дьиннээх саха сылгытын угус хаачыстыбатын илдьэ сылдьар боруоданан Дьааны сылгыта буолар. Бу сылгы олус тулуурдаах боруода. Саха сирин олус тымныылаах алта ыйдаах кыьынын уксун ата5ынан охсон сыл тахсар. Инньэ гынан бу сылгы олус сыаналанан , дьон-сэргэ убаастабылын ылыан ылар. Сылгы 9 ый буолан баран кулуннанар. Саас маай ыйтан са5алаан, онтон 4 ый буолан баран убаьа буолан (куьун) ийэлэриттэн араарыллаллар, уонна туттааччылар тутталлар, иитэ хааллараачылар хааллараллар. Иитэ хаалларар убаьаны ийэтэ тоьо ууттээ5инэн ,тоьо доруобуйатыттан учуоттанар. Убаьа этэ билигин граница таьыгар тиийэ ирдэбигэ турар. Сылгыны иккилии-устуу буолат-буола атын улуустартан,атыыр ылан хаан уларытыахтааххын , оччо5о сылгын доруобай , учугэй торуохтээх буолар. Сылгы атыыра сылгы иитиитигэр биир саамай сурун оруолу ылар. Сылгы уорэ атыыра хайда5ыттан онтон тутулуктаах буолар . Атыыра учугэй уор туруга , ыччата уонна кыылга энин мээнэ былдьаппат буолар. Билигин киин оройуоннар уксун Дьааны сылгытын иитэ сатыыллар ол иьин Дьааныттан баран самалётунан атыырдары а5алаллар. Сылгы иитиитэ норуот хаьаайыстыбатыгар биир саамай кэскиллээх барыстаах салаа буолар.

Түмүк

Саха сылгыта биьиги Сахабыт сирин айыл5атыгар оьуобай боруода сылгы чочуллан уоскээбит. Аан дойду былыргы боруодаларыттан саха сылгыта тогурук сыл устата аьа5ас халлаан анныгар сылдьар, сиртэн-буортан аьын булунар биир дьикти боруода буолар. Кини тириитин анныгар мунньуллар халын сыата, хойуу туутэ - тымныыттан туорууругар комолоьор. Тай5а урэхтэрин хочолоругар, куоллэр кытыыларыгар кини кэтит туйахтарынан хаары хаьыйан, куох оту булан сиир. Саха сылгытын бу уратыта буолар. Сылгыны иитэр киьи, хаьаайыстыба Дьоьогой Айыыттан араначчыланар, ол колуонэттэн колуонэ ыччатыгар бэриллэр. Турук, чэгиэн буолар кэскиллээхтэр. Түмүктээн эттэххэ биһиги сахалар сылгылаах норуот буоламмыт күн бүгүнүгэр диэри үүнэ-сайда олоробут, инники олохпутугар кэскиллээхпит.

Туһаныллыбыт литература


  1. Саха төрут культурата М.А. Попова 1 чааьа, Дь. 1993 (12 - 19 с)

  2. Алексеев Н.Д. «Сылгы иитиитин төрүттэрэ»,

  3. 3. Абрамов А.Ф. «Сылгы кыстыгын билгэлээһиҥҥэ сүбэлэр» ,

  4. Попова М.А. «Төрүт культура»1 чааьа,

  5. Винокурова У.А. «Күн Дьөһөгөй Айыы»,

  6. Федоров А.С. «Өбүгэ сиэрэ - туома»,

  7. Бравина Р.И., Алексеева С.Г. «Күн Дьөһөгөй оҕото»,

  8. Саввин А.А. «Пища якутов до развития земледелия»,

  9. Габышева М.Н., Зверева А.Н. «Культура питания якутов»,

  10. Федоров И.Г., Васильев П.К. «Өбүгэбит олоҕо - дьаһаҕа»,

  11. Афонькин С.Ю. «Лошади» (Серия «Узнай мир») улэлэригэр тирэҕирдэ.




 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал