7


  • Учителю
  • 'Олонхо дойдутугар айан' (2 класс)

'Олонхо дойдутугар айан' (2 класс)

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала


«Олоӊхо дойдутугар»

уруок таҺынан дьарык бырагыраамата.


БыҺаарыы сурук.


Оскуола алын сүҺүөх кылаастарыгар «Норуот тылынан айымньыта уонна уус - уран литература» бырагырааматыгар олонхону үөрэтии иккис кылаастан көрүллэр. Онон олонхо сүрүн өйдөбүлүн, тылын-өҺүн үөрэтии сађаланар. Кылааска олонхону толору үөрэтии уустугунан, тылын - өҺүн үөрэтии куурус быҺыытынан уруок таҺынан үлэђэ ыытыллар.

Кууруска олонхо тылын үөрэтии тыл дэгэтин, дорђоон дьүөрэлэҺиитин быҺаарарга олођурар. Олонхо тыла омук ытык өйдөбүллэрин (сыаннастарын) биэрэринэн, тыл көмөтүнэн ођо кутун - сүрүн иитэр үлэ барар.

Олонхо тылын үөрэтии сүрүн сыала: ођо олонхону өйдүүрүгэр, биҺирииригэр, ылынарыгар олук ууруу, сахалыы тылын саппааҺын байытыы; олонхо ытык өйдөбүллэрэ ођону иитэр кыахтарын туҺаныы.


Олонхо тылын үөрэтии соруктара:

  1. Олонхо эйгэтин үөскэтии.

  2. Тыл кэрэтинэн ођону олонхођо умсугутуу.

  3. Тыл кэрэтинэн төрөөбүт дойдуга, ийэ сиргэ тапталы инэрии.

  4. Олонхо тылынан ођођо ийэ өйү, сиэрдээх майгыны, кэрэ сигилини олохсутуу.

  5. Тыл күүҺүнэн кыра кылаас үөрэнээччитэ уус - уран толкуйун сайыннарыы.

  6. Ођо бэйэтигэр эппиэтинэстээх буоларыгар иитии.

  7. Олонхо уран тылын кыра кылаас ођотугар инэрэр олугу охсуу.

Ытык өйдөбүллэри (сыаннастары) куурус ис хоҺоонугар киллэрии.

Олонхођо сөӊөн сытар ытык өйдөбүллэри кыра кылаас үөрэнээччитин сааҺыгар сөп түбэҺэр тылларынан, олуктарынан тиэрдиллэр.

Олонхођо саха норуотун маннык ытык өйдөбүллэрэ бааллар: Олох. КиҺи. КиҺи аймах. Дойдуга бэриниилээх буолуу. Айылђа. Υлэ. СомођолоҺуу. Уус-уран тыл. Дьулуур. Эрэйдэнии. Мал-сал.

Олонхо ис хоҺооно, этэр санаата кыра саастаах ођођо ордук кэбэђэстик, судургутук төрүт өйдөбүллэринэн тиийэр. Олонхо төрүт өйдөбүллэрэ саха олођу, тулалыыр олох көстөр-көстүбэт эйгэтин, аан айылђаны анааран, сылыктаан, сэдиптээн көрөр үөрүйэђин кытта быҺаччы ситимнээхтэр.


4. Олонхо төрүт өйдөбүллэрин туҺанан хоту сир, Саха сирэ, аан дойду, үс дойду өйдөбүллэригэр бэйэтин санаатын этэр, сааҺылаан санарар.

5. Олонхоттон сэргиир, наадыйар иҺитиннэриитин арааран булар.

6. Олонхођо этиллэр сиэр-майгы олуктарыгар олођуран, ођолору (ол иҺигэр атын омук) кытта сатаан алтыҺар, ханнык бађарар түгэннэ сөптөөх суолу-ииҺи көрдүүр.

Куурус түмүгэ

  1. Олонхону үөрэтэргэ сыалы туруорар, аађары былаанныыр.

  2. Олонхо олугуттан ис хоҺоонун сабађалыыр.

  3. Олонхо олугуттан аахпытын, үөрэппитин сыаналыыр.

  4. Олонхо олугуттан тэннэбилгэ кэриннэри, төрүт буолар тылы (билиини) талар.

  5. Олонхо араас олугуттан биир кэлими, бүтүнү танан онорор, онуоха бэйэтэ ырытан ситэри толкуйдуур, көтүтүллүбүт, сиппэтэх өлүүскэни ситэрэн биэрэр.

  6. Олонхођо ойууланар айылђа көстүүтүн быҺаарар, ырытар, толкуй утум-ситим тутулун тутар, дакаастыыр.

  7. Олонхоттон улахан быҺа тардыыны аађарыгар салайыныыга дьулуҺар: кыађын, күүҺүн-күдэђин түмэр, көрсөр мэҺэйдэри, ыарахаттары туоруур; бэйэни күҺэйинэр.

  8. Олонхону аађыы, үөрэтии итэђэҺин тупсарар: үлэ былааныгар, ньыматыгар уларытыыны, эбиини, тупсарыыны киллэрэр.

  9. Киэп (эталон), дьайыы уонна үлэ түмүгүн (бородууксуйа) икки ардыгар араастаҺыы тађыстађына, дьайыы былааныгар уонна ньыматыгар сөптөөх уларытыылары, көннөрүүлэри киллэрэр.


Куурус ис хоҺооно.


Олонхо тылын үөрэтии олонхо олугар олођурар. Олонхо олугун сүрүн ис хоҺоонугар үлэ эрчиллии араас көрүнүнэн барар. Хас практическай дьарык аайы ођо кэтээн көрөр, илиитинэн тутан-хабан онорор үлэлэрэ киирэллэр.

Yөрэтиллэр матырыйаал тиэмэнэн наарданар.

Олонхо тылын үөрэтии олохо сирин-уотун, дьонун-сэргэтин туҺунан уопсай өйдөбүлтэн сађаланар. Эрчиллии үксэ тылынан ыытыллар. Дьарыкка хамсанан эрчиллии учуутал көрүүтүнэн оноҺуллар. Бу кылааска ођо уруҺуйдуур.

Аан дойду айыллыытын үөрэтэллэр. Маныаха сөптөөх тиэмэлэр таныллан, болђомто ођо тылын-өҺүн, өйүн-санаатын сайыннарарга туҺаайыллар. Суругунан үлэ киирэр.

Дьарык таҺыма хас биирдии учуутал дьођуруттан тутулуктаах. Онон манна этиллибит тиэмэлэри, үлэ араас көрүӊүн төҺө бађарар уларытыахха сөп.

Тыл дьүөрэлэҺиитигэр учуутал көрүүтүнэн дьарыктаныы ыытыллар. Практическай дьарык араас көрүӊэ: уруҺуй; олонхо ойуутун көрүү, үс дойдутун, дьонун-сэргэтин ойуунан көрөн тэннээҺин, ырытыы; күн-дьыл хаамыытын кэтээн көрүү; ребуҺу, таабырыны таайсыы; араас тиэмэђэ, ол иҺигэр олорор түөлбэтигэр баар Кэрэ Ытык сирдэр туҺунан бэйэттэн айан хоҺоон, кэпсээн суруйуута; тылы наардыырга өйгө дьарыктаныы, хоҺуйуу, этиилэри сааҺылаан санарыы, өйү сайыннарар оонньуу киирэр. Υөрэх-иитии үлэтин көдьүүҺэ үөрэппиккэ олођурбут бырайыактары онорууга эмиэ

Календарно-тематическое планирование


Тиэмэтэ

ЧааҺа

Υөрэнээччи үлэтин ис хоҺооно

Күнэ

Был.

Факт.

1


2


3

4

5

6

7

8

9

10


11


12


13


14


15


16

17


18

19


20


21


22

23

24


25


26


27

28

29


30


31

32

33


34

Олонхо-норуот киэн туттуута


Төрөөбүт түөлбэ олонхоҺуттара

Υс дойду

ΥөҺээ дойду

Орто дойду

Орто дойду кэрэтэ

Аллараа дойду

Айыы дьоно

Айыы бухатыыра

Төрөөбүт сирин-уотун көмүскээччи

Саха уола уонна айыы бухатыыра

АбааҺы бухатыырын майгыта


Сиэрэ суох быҺыы охсуута


Уол ођо туҺунан олонхођо өйдөбүл

Олонхођо Υрүӊ Уоланы хоҺуйуу

Чаппараах анала

Олонхођо куйаар өйдөбүлэ


Олонхо уус-уран тыла

Наукађа куйаар өйдөбүлэ


Олонхођо халлаан өйдөбүлэ


Наукађа халлаан өйдөбүлүн быҺаарыы

Олонхођо күнү хоҺуйуу

Халлаан эттигэ (кун туҺунан наукађа быҺаарыы)


Олонхођо былыты ойуулааҺын

Былыт туҺунан наука өйдөбүлүнэн

Олонхођо ый туҺунан хоҺуйуу


Ый-наукађа

Сулустар сахалыы ааттара

Сулус туҺунан научнай быҺаарыы

Дьыл түөрт кэмигэр,ыраас халлаан туҺунан олонхо, хоҺоон уус-уран тыла


Харана хайдах үөскүүрэ

Сырдык уонна харана

Олоӊхођо күн, ый, сулус туҺунан уус-уран этиилэр.

Түмүк.


1


1


1

1

1

1

1

1

1

1


1


1


1


1


1


1

1


1

1


1


1


1

1

1


1


1


1

1

1


1


1

1

1


1


Төрөөбүт түөлбэ олонхоҺуттарын туҺунан кэпсэтиҺии. Кинилэр олохторун, олонхолорун үөрэтии.

Yс дойду олохтоохторун тэннээн көрүү.

Айыы дьонун олонхо тылынан ойуулааҺын. Билинни дьону кытары тэӊнээҺин.

АбааҺы майгытын олонхо тылынан ойуулааҺын, бэйэ санаатын этии.

Уус-уран тылынан дьүҺүйэн этии. Бэйэ күннээђи олођун кытары дьүөрэлэҺиннэрии. Былыты уус-уран хоҺуйуу. Аан дойду айыллыытын, халлааны ойуулааҺын. Күн, ый, сулус туҺунан уустаан-ураннаан этии.

Бэйэ төрөөбүт дойдутун уус-уран хоҺуйуу. Бэйэ дойдутун олођуттан суруйуу. Алаас, хону у уратытын уус-уран тылынан этии.

Олорор дойдубут дьыл түөрт кэмигэр.Өйтөн суруйуу « Мин дойдум - олоӊхо дойдута».


Кэтээн көрүү.


Тыл саппааҺын байытыыга тылдьыты сатаан тутта үөрэнии.

Ийэ дойдуга тапталы этэргэ уустаан - ураннаан санарыы.

Айылђа уларыйыытын кэтээн көрүү.

КиҺи майгытын туҺунан уопсай түмүк оноруу.

Материальнай-техническэй хааччыллыыта


Материальнай-техническэй тэриллэр

Хос быҺаарыы

1


2


3

4

Yөрэтэр-методическэй кэмпилиэк:

Кыра кылааска олонхо тылын үөрэтиигэ сүрүннүүр бырагыраама.

Олонхо олуктарынан ођођо аналлаах аађар кинигэлэр.

Учууталга аналлаах кинигэлэр.


Бэчэээтинэй босуобуйалар


Тиэмэнэн наардаммыт ойуулаах кинигэлэр

Тылдьыт.

Олонхо төрүт өйдөбүлүгэр сөп түбэҺэр ойуулар.


Көрдөрөр-иҺитиннэрэр босуобуйалар


YөМК сөптөөх слайдалар.

Мультимедийнэй босуобуйа.


Оонньуулар уонна оонньуурдар


Олонхо дьоруойдарынан танастаах куукулалар.

«Саха ыала» остуол оонньуурдара.

Олонхо тылын үөрэтиигэ эбии матырыйаал быҺыытынан туттуллар Саха Республикатын Yөрэх министиэристибэтин биҺирээбит, бигэргэппит босуобуйалара, кинигэлэрэ.





 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал