- Учителю
- Статья по методу кластерного обучения
Статья по методу кластерного обучения
Муниципальное казенное общеобразовательное учреждение
«Сеген - Кюельская средняя общеобразовательная школа»
Аа5ыы, тыл уруоктарыгар кластер ньыматын туттуу
Солнцева Людмила Евгеньевна
алын кылаас учуутала
МКОУ «Сеген - Кюельская сош»
п. Сеген-Кюель, Кобяйский улус
2016 сыл
Улэм сыала: Уорэхтээьин сана стандартын ирдэбилигэр оло5уран уорэтии сана хайысхатын, кластернай ньыманы тыл, аа5ыы уруоктарыгар туттуу.
Соруктара:
-
кластер ньыматын туттан уорэтии методическай-педагогическай торуотун быьаарыы;
-
учууталлар бу ньыманы улэлэригэр тутталларыгар интэриэс уоскэтии;
-
саха тылын, литература аа5ыытын, саха култууратын уруоктарыгар сана технологияны туьаныы сурун туьумэхтэрин билиьиннэрии;
Тумук ситиьиилэр:
Учууталлар кластер ньыматын ырытан, кини кодьууьун толору ойдоон, бэйэлэрин уруоктарыгар, дьарыктарыгар туьанан, о5о уорэнэр, аа5ар, билэр - корор ба5атын куодьутэн уьугуннарыахтара. О5о чинчийэн, айан корор ба5атын сайыннарыахтара.
Киириитэ
Уорэх предметтэрин сана программатын уонна учебниктарын сурун уратытынан ФГУОС ирдэбилигэр соп тубэьэллэрэ, ытык ойдобуллэри инэриигэ, уорэх дэгиттэр дьайыыларын сайыннарыыга туьаайыылаахтар. Оскуола5а сана уорэх стандартыгар коьуунэн сибээстээн, учууталларга сана информационнай технологиялары баьылыырга, уруоктарга туьанарга сорук турар. Уорэх технологията, ньымата оло5у кытта тэннэ хардыылаьар. Оскуола5а сана информационнай технологияны туьаныы хас да хайысханан барыахтаах. Бастатан туран, бэлэм программнай продуктары (компакт дискэлэри) туьаныы, иккиьинэн информационнай эйгэни оноруу уонна туьаныы. Хас биирдии учуутал бу сыалы ситиьэргэ санаттан - сана ньымалары туттар. О5о метапредметнай уоруйэхтэрин сайыннарарга биир табыгастаах ньыманан кластернай ньыма буолуон соп.
Кластер диэн тыл экономика, политика эйгэтиттэн киирбит тыл. Наука эйгэтигэр химияга, физика5а, социология5а, астрономия5а эмиэ элбэхтик тутталлар. Информатика5а кластер диэн иьитиннэриини, информацияны харайар ойдобул буолар.
Бииртэн биири ситимнээн атыны ойдоон кэлии, биир ойдобултэн хас да ис хоьооннорунан майгыннаьар, соп тубэьэр ол эбэтэр ол ойдобулу ситэрэн биэрэр тыллары суумэхтэргэ араарыы кластер дэнэр.
Мантан сиэттэрэн кластернай ньыма диэн - бэриллэр матырыйаалы схема ньыматынан систиэмэлээьин буолар.
Учуутал уруокка уонна уорэх таьынан дьарыкка кластернай ньыманы туьанан о5о бэйэни сыаналанар, билэр-корор, бодоруьар дьайыыларын (метапредметнай уоруйэхтэрин) инэрэри ситиьиэхтээх.
(Регулятивные)
Билэр - корор дьайыы
(Познавательные)
Бодоруьар дьайыы
(Коммуникативные)
Бэйэни салайынар дьайыы
(Личностные)
Метапредметнай уоруйэхтэр
Кластернай ньыма
Тус санааны, сыьыаны сайыннарар уоруйэ5э (личностные УУД) сайдарыгар эрчиллиилэри киллэрэн биэрии:
- Торообут тыл уорэтии суолтатын ойдооьун.
- Сиэр - майгы сыаннастарын ойдооьун.
- Торообут тыл чол туруктаах буоларыгар тус бэйэ оруолун ойдооьун.
- Бэйэни сыаналаныы.
Торообут тылы сайыннарыыга бэйэни салайынар - дьаьанар уоруйэ5э (регулятивные УУД) сайдарыгар сорудахтары киллэрэн биэрии:
- Сыалы-соругу таба туруорунуу;
- Сатаан былааннаныы;
- Тумугу сылыктааьын;
- Бэйэни хонтуруолланыы;
- Ал5аьы конноруу;
- Бэйэни сыаналаныы.
Билэр - корор уоруйэ5э (познавательный УУД) сайдарыгар сорудахтары киллэрэн биэрии:
- Сурун уорэнэр уоруйэх (общеучебные УД)
- Тобулук - ойу сайыннарар уорэнэр уоруйэх (логические УД)
- Проблеманы туруорар уонна быьаарар уоруйэх (постановка и решение проблем)
- Бэлиэни - символы туьанан уорэнэр уоруйэх (знаково-символические УД)
Бодоруьар уоруйэ5э (коммуникативнай УУД) сайдарыгар сорудахтары киллэрэн биэрии:
- Бииргэ улэлиири былаанныыр;
- Бииргэ тапсан улэлиир;
-Санаатын сааьылаан санарар уонна суруйар.
Холобур, кластер ньыматынан оноьуллубут саха торут дьарыгар сыьыаран сылгы иитиитигэр сыьыаннаах матырыйаалы саха тылын, литература аа5ыытын, саха култууратын уруогар тоьо багарар уларытан - тэлэритэн туьаныахха соп.
Сыспай сиэллээх - сылгы - биэ - ат
кулун кытыт айаас ат
убаьа баайтаьын аллах ат
тый минэ нэс
соногос - уулаах биэ дьоруо ат
тинэьэ соногос
толуу атыыр
Сылгы дьуьунэ: тура5ас, элэмэс, ко5оччор, сиэр, сур, дьа5ыллаах, чох хара, уут кэрэ (манан), буулур.
Бу ньыма олус элбэх информацияны, иьитиннэриини хабар буолан, сана тиэмэни барарга о5ону уруокка бэлэмниир, уорэтэр тиэмэ5э киллэрэр курдук сурун ньыма быьыытынан, ону тэнэ уруогу са5алыырга барбыт матырыйаалы санатыьар уонна араас ис хоьоонноох эрчиллиилэри биэрэргэ олус табыгастаах.
Кластер ньыматын алын, орто уонна урдуку кылаас уорэнээччилэригэр судургутутан, уустугурдан хайдах ба5арар киллэрэн биэрэр ордук. Саастарынан уратыта диэн урдуку кылаас о5ото учууталтан тутулуга суох бэйэтэ кластер ньыматынан эрчиллиилэри толорор, тыллары тоьо ба5арар сааьылыыр, быьаарыытын этэр кыахтаах. Оттон алын кылаас о5олоругар учууталы кытта тэннэ улэ ирдэнэр. 2 - 3 дьарык кэннэ бу ньыма олохтоохтук киирдэ5инэ о5о то5о бу ньыманы туьанарбытын ойдоон, ордук интэриэьинэй диэн ылынан барар.
Кластернай ньыма - ассоциативнай толкуйу сайыннарар уорэх технологията буолар.
Кластеры оноруу сурун принциптэрэ
Кластер Аал - Луук мас эбэтэр спутниктаах планеталар моьуоннаах буолуон соп. Схема ортотугар сурун тыл, ойдобул суруллар. Тулатыгар тема5а туьааннаах тирэх тыллар, ойдобуллэр коно сурааьынынан ыйыллан холбоьоллор. Тирэх тылларга кинилэргэ ис хоьооннорунан чугас, ойдонуллэр, теманы арыйар тыллар тирэх буолан холбоноллор. Киирбит, ыйыллар тыллар бары биир ситимнэ холбоьон сурун ойдобулу кытта биир ситимнээх буолан тахсыахтаахтар.
Кластер ньыматын уруокка сопко туьаныы, туттуу быраабылалара
Уруок хаамыытыгар ыйыллыбыт ньыманы хаьан туттартан тутулуга суох кластеры дуоска5а, туспа илиискэ, тэтэрээккэ онорооьуну киьи хара5ар быра5ыллар гына ча5ылхай, онноох гынары субэлииллэр. Ордук онноох миэллэри, харандаастары, ручкалары, фломастердары туьанары ордороллор.
Кластеры онорууга ыйынньык
Кластеры онорууга о5о ойугэр туох киирбитин барытын киллэрэн иьиэххэ наада. Ал5ас, сыыьа буолуо диэн кутал суох буолуохтаах. Ыйбыт, киллэрбит санааны хаьан ба5арар сотон, коннорон, ситэрэн биэриэххэ соп. О5о толкуйун, саба5алааьынын, ба5атын тоьо ба5арар куттаммакка толору киллэрэн иьиэн соп. Тоьонон кластер салаата элбэх да соччонон о5о ырытан толкуйдуура, теманы толору ойдуурэ кэниир, талар ньымата элбиир. Ырытыы тумугунэн сурун ойдобул салаата ханан эрэ сотуллан, ханан эрэ эбиллэн миэстэтин булан тахсар.
Кластер ньыматын туттуу
Кластер ньымата ханнык ба5арар уруокка ханнык ба5арар теманы барыыга туьаныллыан соп. Биирдии о5онон, боло5унэн, сыалай коллективынан улэни тэрийии барар. Биир улэттэн атын улэ5э коьуу ханнык ба5арар тугэннэ костор. Холобура: уруок са5аланыыта биирдии о5о туспа бэйэтин тэтэрээтигэр кластер оностор. Сана тема5а киирэн истэхтэрин, улэ хаамыыта улаатан ситэн истэ5ин, уопсай ырытыы киирэн истэ5ин аайы графическай схеманы болох, коллектив бары бииргэ ырытан оноруохтарын соп. Дьиэ5э улэ5э о5о бэйэтэ кластерынан улэлиэн, оноруон соп.
Кластер ньымата уруок ханнык ба5арар кэмигэр туттуллуон соп.
-
Сана теманы барыы кэмигэр уорэнээччилэр тугу билэллэрин, саба5алааьыннарын кордороллор. Бу тугэннэ о5о билэр-корор, сопко ырытар буолар уоруйэ5ин сайыннарар.
-
Информациянан улэ тэриллиитэ; текси аа5ыы, толкуйдааьын, ырытыы.
-
Рефлексия этабыгар кластер ньымата билиини тоьо ойдообуттэрин, ылыммыттарын хонтуруоллуурга ыытыллар.
Кластеры бутун уруогу быьа туьаныахха соп. Оноьуллубут схема5а эбии сана бэлиэтээьиннэри киллэрэн иьии ыытыллар. Эбии киирэр бэлиэтээьиннэри араас онунэн кордордоххо о5о ойугэр ордук кэбэгэстик киирэр, ойдонумтуо буолар.
Холобурдар
Нуучча тыла. Тема: Имя существительное
Саха ороспуубулукэтин култуурата. Тема: Обугэбит аьа-уолэ. Балык ас.
Кластер ньыматын туьаныы учугэй оруттэрэ, тумуктэрэ
Учугэй оруттэрэ:
-
Элбэх информацияны хабар;
-
Кылаас о5отун барыларын хабан, интэриэьиргэтэн улэлэтэр;
-
О5олор сыыьыахпыт, сатыахпыт суо5а, билбэппит диэн куттаммакка сэргэхтик, дьаныьан туран улэлииллэр;
-
Тугу билэрин, сатыырын барытын ырытар, таьыгар таьаарар.
Туохха уорэтэрэ:
-
Ыйытыы биэрэ уорэнэллэр;
-
Суруну булан ыйаллар;
-
Саба5алыыллар, тумэллэр, биир санаа5а тахсаллар;
-
Толору ырыталлар;
-
Системалыы уорэнэллэр;
-
Бэйэ санаатын этэ уорэнэллэр;
-
Тэннии уорэнэллэр.
Тумук
Кластер ньыматынан улэлии уорэммит о5о бэйэтин санаатын толору этэ,
санаабытын бэйэтэ оноро уорэнэр. Кини атын дьону, группаны кытта сатаан улэлиир, бэйэтин улэтинэн астынар, киэн туттар киьи буолар. Кластер ньымата саба5алаан корооьуну, ырытыыны, ситэрэн биэриини, анализтааьыны уонна суруну булан бэлиэтээьини сайыннарар. Бу ньыманан о5о дьулайбакка кэпсиир, санаатын толору этэр буола уорэнэр.
Туьаныллыбыт литература:
-
Заир-Бек С.И., Муштавинская И.В. Развитие критического мышления на уроке: пособие для учителей общеобразовательных учреждений. М.: Просвещение, 2011. - 223 с.
-
Федеральный государственный образовательный стандарт начального общего образования в Республике Саха (Якутия). Практика / М-во образования Респ.Саха(Якутия) ; [сост. М.В.Винокурова]. - Якутск : Бичик, 2012 - 148 с.
-
Научно-методический журнал «Сайдыы кыьата (Школа развития)», №3 (3) 2014
Сыьыарыы 1
Уруок технологическай картата
Туундара оьо5о. Сэмэн Тумат
Учуутал: Солнцева Людмила Евгеньевна
Предмет: литература аа5ыыта
Кылааьа: 3-с
Уруок тиибэ: комбинированнай уруок
Уруок корунэ: кластер ньыматын туттан кэпсээни ырытыы, бэлиэтэниилээх аа5ыы
Методическай албастар: тэттик чинчийии, Кластер ньыматын туьаныы, тылынан дьайыы, ситиьиигэ ко5улээьин, биирдиилээн уонна комолоон улэ.
Учууталга турар сыал: Сэмэн Тумат «Туундара оьо5о» кэпсээнин билиьиннэриигэ о5олору турукка киллэрии, кэпсээн ис хоьоонун кластер ньыматынан ырыталларын ситиьии.
Уорэх дэгиттэр дьайыыларын сайыннарыы тумук ирдэбиллэрэ:
Билэр-корор уоруйэх: кылгатан чопчулаан бэлиэтэнэ, уус-уран айымньы тылын-оьун ырыта, быьаарыылаах тылдьыт комотун туьана, ылбыт билиитин сатаан тумэ, сааьылыыр, билиини-корууну аа5ан кэбэ5эстик ылар.
Бэйэни салайынар-дьаьанар уоруйэх: бэйэ улэтин сатаан былааннаныы, ханнык ба5арар улэ кэмигэр сыал туруорары сатыыр.
Тус санааны, сыьыаны сайыннарар уоруйэх: бэйэ санаатын этэр, суруйар, бииргэ тапсан улэлиир.
Туттуллар матырыйаал: литература аа5ыытын учебнига, интерактивнай дуоска, схема-таблица.
1.1. Сонур5атыы
- Таабырын
(туундара, хоту сир)
Хартыына кордоруу (слайд 1)
- Бугун биьиги туох туьунан кэпсэтиэхпитий?
Толкуйдуур, ситимниир
Кэпсэтиигэ кыттар, санаатын сатаан этэр.
1.2. Уруок тематын таьаарыы.
- Кинигэбитин 43 сирэйин арыйан бугун аа5ар кэпсээммит аатын аа5абыт.
- Бу кэпсээни ким суруйбут эбитий?
Суруйааччыны билиьиннэрии. (слайд 2)
- Айымньы аатын аа5ан баран эьиги бу кэпсээн туох туьунан буолуо диэн саба5алыаххытын собуй? Сэрэйин эрэ.
- Бугун биьиги «Туундара оього» кэпсээни аа5ыахпыт, ырытыахпыт.
- Хайдах бэлиэтэниэхпитий?
Туундара оьо5о
Сэмэн Тумат
О5олор саба5алааьыннара. Туундара. Оьох. Тымныы. Хоту дойдуга хайдах оьох оттоллорун туьунан.
Улэтин сааьыланар, сыал туруорунар.
2. Тексинэн улэ.
Ойдооьун.
Ойго-санаага баары уьугуннарыы.
Тылдьыт комото.
Кластер
2.1. Айымньыны искэ 1-дэ аа5абыт
- Сааьыланыы
Ааппытыгар тоннуо5ун. Уруок са5аланыыта эьиги кэпсээн аатын аа5ан баран бу кэпсээммит туох туьунан буолуон собун саба5алаан корбуккут. Ол санаа5ыт уларыйда дуо? То5о?
- Ким билэрий эмэх диэн тугуй?
- Хайдах маьы ааттыылларый?
- Эмэх диэн тыл быьаарыытын хантан билиэхпитин собуй?
2.2. Тэтэрээккэ тылдьыттан булан эмэх тыл суолтатын, быьаарыытын булан суруйуу.
Дуоска5а учуутал тогурук иьигэр ЭМЭХ суруйар.
Искэ ботугураан аа5ыылара
Ылбыт билиитин туьанар. Эмэх туьунан суруллубут. Тымныыга туох комолоох буолара ыйыллыбыт.
Мас.
Ол туьунан билбэт эбиппит.
Быьаарыылаах тылдьыт комолоьуон соп. Тылдьыттан коруоххэйин.
Эмэх - мас сиигирэн, сытыйан урэллибитэ, оннук урэллибит мас. (с.666)
Тирэх бэлиэлэр. Таблица
Кластер
Тохтобуллаах утуу - субуу аа5ыы.
2.3. Айымньыны бэлиэтэниилээх утуу-субуу аа5ыы.
- Билигин айымньы этэр ис номо5ун ырыта-ырыта, кылгатан сурунун бэлиэтэниэхпит. Ырытыыга табыгастаах буоллун диэн таблицанан кордоруохпут.
- Маннай таблица тоботун толоруохха. Ырытарбытыгар текси кытта улэлиибит.
- Кэпсээммит 2 абзаьа тугу санатарый? Аа5ан баран санаабытын уллэстэбит.
Айымньы сурунун булар. ЭМЭХ
Тирэх бэлиэнэн кордорор.
Айымньы сурунун кылгас бэлиэтэнии. 1 сыьыарыы.
- Мин санаабар бу кэрчик олонхо тылларынан суруллубут. (Ойон тахсар куннээх, охтон баранар мастаах…)
- Туундара кэрэ айыл5ата олонхо дойдутун курдук оноьуулаах диэн санаа5а кэллим.
Эттээх ыйытыылар
Кластер
- Хайдах эмэ5и туьа5а таьаараллар эбитий?
О5олор кэрчигинэн аа5ан тэтэрээккэ улэлииллэр.
- Кураанах
-Кыра о5о суутун анныгар уганнар сииги оботтороллор.
- Муустаах ойбонтон сыгынньах илиилэрин эмэхтээх моьооччуккэ батары биэрэн эмэ5инэн соттоллор. Ууну оборон ылар.
- Улуйбут сири эмэхтээх моьооччуккэ уган аргыый имэрийэллэр. Эмэх киьи этин биир тэнник ититэр. Тириитин алдьаппат.
- Сылааьы биэрэр.
3. Рефлексия
Биирдиилээн улэ
3.1. Санаа уллэстии.
- Айымньыбытын аахтыбыт, ырыттыбыт. Аны санаата уллэстиэ5ин.
- Бугунну уруогу собулээтигит дуо?
- Уруок ханнык кэрчигин ордордун?
- Бугунну уруоктан туох сананы биллин?
- Аахпыт тубэлтэ5ин олоххор туьаныан ду?
Тумук оностор, толкуйданар.
Бэйэтин санаатын биирдии тылынан, тыл ситиминэн этэр.