7


  • Учителю
  • Календарно - тематическое планирование на якутском языке Литераура ааҕыыта (1 кылаас)

Календарно - тематическое планирование на якутском языке Литераура ааҕыыта (1 кылаас)

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала





Муниципальное бюджетное общеобразовательное учреждение «Кюереляхская средняя общеобразовательная школа имени Степана ГурьевичаКоврова»

УТВЕРЖДЕНО

решением педагогического совета

от_______________2016 года

Председатель___________(Колодезников Г.Г.)











РАБОЧАЯ ПРОГРАММА

по предмету «Литература ааҕыыта» для 1 класса

на 2016-2017 учебный год











Ступень начального общего образования,

23 часа, базовый уровень,

Учитель: Алексеева Альберта Анатольевна

Планирование составлено по программе Министерства образования РС(Я)

Л.В.Захарова, У.М.Флегонтова . - Дьокуускай : Бичик, 2013. - 128 с.









Күөрэлээх

2016





БЫЬААРЫЫ СУРУК.

Улэ бырагырааммата Федеральнай государственнай уорэх стандартыгар, «Россия гражданинын лиичинэьин сиэрин майгытын сайыннарыыга

уонна иитиигэ кэнсиэпсийэтигэр», уорэх биридимиэтин уорэтии тумуктэригэр, Саха оскуолатын программата «Саха тыла» 1 -4 Захарова Л.

В., Потапова С.Е., Тимофеева В.А., Баснаева С.А., Олесова Н.С.- Дь: «Бичик», 2006с. оло5уран оноьулунна.

Улэлиир бырагыраамма сыала-соруга: Улэлиир бырагыраамма5а уерэх предметин туhунан ейдебул, уерэх предметин ис хоhоонугар

киирэр ытык ейдебуллэр, уерэх предметин уерэтии тумуктэрэ, уерэх былааныгар уерэх предметин миэстэтэ ыйыллар, предмет ис хоhооно

уонна тиэмэнэн аттарыллыыта, уерэх предметин материальнай-техническэй хааччыйыыга ыйыылар бэриллэллэр.

Улэлиир бырагыраамма маннык нормативнай-правовой докумуоннэргэ тирэ5ирэн оноьулунна:

• ФЗ №273 от 29 декабря 2012 г. «Об образовании РФ»

• Федеральный государственный образовательный стандарт начального общего образования. Утвержден приказом

Министерства образования и науки Российской Федерации от «6» октября 2009 г. №373

• Федеральный перечень учебников, рекомендованных (допущенных) к использованию в образовательном процессе в

образовательных учреждениях, реализующих образовательные программы начального общего образования и имеющих

государственную аккредитацию, на 2015-2016 учебный год».

• Федеральный базисный учебный план

• Учебный план школы на 2015-2016 учебный год

Саха оскуолатын программатыгар киллэриллибит уларытыылар: «Литературнай аа5ыы» уорэнэр кинигэ5э соп

тубэьиннэрэн тустаах темалар ааттара уонна чаастара уларыйдылар.

Программа угэс буолбут уорэхтээьин тупсарыллыбыт систематыгар оло5урар. Билии, сатабыл уонна уоруйэх кээмэйэ уорэх

стандартын ирдэбилигэр соп тубэьэр. Билигин тереебут тыл, федеральнай государственнай уерэх стандартын (ФГОС)

ирдэбилинэн, уопсай уерэхтээьин булгуччулаах чааьыгар киирэн, базиснай уерэх былааныгар (федеральнай) миэстэтэ, уерэтиллэр

чааьа чопчу ыйыллан уерэтиллэр таьыма урдээтэ. Алын суьуех оскуола таьымыгар тереебут литератураны уерэх предметин

быьыытынан уерэтиигэ тумук ирдэбили эмиэ федеральнай государственнай уерэх стандарта суруннуур.

.Ити ааттаммыт докумуон быьыытынан, начаалынай уорэхтээьин таьымыгар нуучча уонна торообут литератураны уорэтиигэ тэн

таьымнаах тумук ирдэнэр. Тереебут литература атын уерэх предметтэрин кытта бииргэ о5о личность быьыытынан сайдыытын

хааччыйыахтаа5а этиллэр, ону сэргэ урукку еттугэр ирдэммэт сана булгуччулаах ирдэбили - уерэнээччигэ уерэх дэгиттэр

дьайыыларын инэриини киллэрэр.

Уерэх былаанынан алын суьуех оскуола5а литературнай аа5ыыны уерэтиигэ барыта 227 ч. керуллэр. Ол иьигэр:

1 кылааска - 23 чаас

2 кылааска - 68 чаас

3 кылааска - 68 чаас

4 кылааска - 68 чаас.

Туруоруллубут сыалы-соругу ситиьэргэ туьаныллар уорэх кинигэтэ:

1. Л.В.Захарова, У.М. Флегонтова. Литература аадыыта. Yeрэх кинигэтэ. 1 кылаас.

УОРЭХ БИРИДИМИЭТИН ОЙДОБУЛЭ.

(Общая характеристика учебного предмета).

Программа Саха оскуолатын программатыгар «Саха тыла» 1-4.- Дь: «Бичик», 2006 с., оло5уран оноьулунна.

Уус-уран литература оскуолаҕа оҕону кыра сааьыттан ийэ тыл эйгэтигэр киллэрэр, уран тылга уһуйар, иитэр-үөрэтэр сурун хайысха.

Умсугуйан ааҕар оҕо өйө-санаата сайдыылаах, билиилээх-көрүүлээх, олох бугуннутун эрэ буолбакка, бэҕэһээннитин ырыналыыр,

сарсыннытыгар эрэллээх буолар. Онон «Литературнай ааҕыы» үөрэх предметин анала - оҕо5ҕ аа5ар дьоҕуру олохсутуу, аа5ыы бэйэ кыа5ын

сайыннарыыга суолталааҕын өйдөтүү.

Оскуолаҕа «Литературнай ааҕыы» үөрэх предметин сыаллара:

- ааҕыы уопсай култууратын инэрии; ааҕар үөрүйэҕи олохсутуу; саҥа араас көрүҥүн сайыннарыы;

- оҕоҕо сөптөөх научнай литератураны хабан туран ааҕыы араас эйгэтигэр киллэрии;

- уус-уран айымньыны ааҕыы нөҥүө уйулҕаны хамсатан иэйиини уһугуннарыы; тыл искусствотыгар эстетическэй сыьыаны уескэтии;

тылынан айар дьоҕурун сайыннарыы;

- ааҕыы нөҥүө сиэр-майгы утүө өруттэрин олохсутуу, Саха сирин, Россия уонна тас дойду норуоттарын культуураларыгар убаастабылы

иитии.

Сыалы ситиһэргэ маннык соруктар тураллар:

- ааҕыы араас ньыматын бапылаапын;

- тиэкиһи кытта үлэ сурун сатабылларын иҥэрии;

- наадалаах литератураны булан туһаныы;

- аа5ыыга интэриэьи уескэтэн, кинигэьэ тапталы инэрии;

- айан кэпсиир уонна суруйар үөруйэхтэри сайыннарыы;

- норуот тылынан уонна уус-уран айымньытын духуобунай ис номоҕун нөҥүө иэйиини уһугуннаран, олох араас көстүүтуүэр сиэрдээх

сытыаны үөскэтии;

- уус-уран айымньы тылыгар болҕомтолоох буолууну cитиhии;

- төрөөбут уонна араас омук литературатын араара еөдөөн, ол нөнүө норуоттар доҕордуу cыhыаннарын олохсутуу.

ЫТЫК ӨЙДӨБҮЛЛЭРИ ҮӨРЭХ ПРЕДМЕТИН ИС ХОҺООНУГАР КИЛЛЭРИИ

Орто уопсай үөрэхтээhин үөрэнээччи оскуолаттан сиэр-майгы бастын хаачыстыбаларын - киьи аймах ытык өйдөбүллэрин иҥэриммит Россия

гражданинын иитэн-үөрэтэн таһаарыыга туhуланар.

Киhи уопсастыбатын сайдан кэлбит историятыгар үтүө уонна мөкү, чиэс уонна сиэрдээх быьыы, суобас уонна чиэьинэй буолуу, о.д.а. сиэр-

майгы нуормалара тэҥҥэ олохсуйан кэллилэр. Ол гынан баран, хайа баҕарар норуокка киhилии сиэрдээх быһыы ытык өйдөбүллэрэ

биhирэнэр, кэрэхсэнэр.

2009 с. ылыныллыбыт «Россия гражданинын личноһын сиэрин-майгытын сайыннарыы уонна иитии концепцията» федеральнай

государственнай уерэх стандартарын методологическай төрүтүнэн буолла.

Россия гражданинын личноһын иитиигэ, сайыннарыыга Концепция уон сурун национальнай ытык өйдөбүллэри ыйар. Онно киирэллэр:

1. Ийэ дойдуга, бэйэ сиригэр-уотугар, норуотугар таптал, бэриниилээх буолуу.

2. Биир санааланыы, кырдьыктаах быһыы, аһыныгас, амарах сурэхтээх, чиэстээх, дьоһуннаах буолуу.

3. Ийэ дойдуга сулууспалааһын, сокуону тутуһуу, бэрээдэктээх буолуу. Атын омук культууратын, айымньытын өдөөһүн.

4. Дьиэ кэргэҥҥэ, ыалга тапталлаах уонна бэриниилээх буолуу, доруобуйа, уйгулаах олох, төрөппуттэргэ ытыктабыл, aҕa саастаахха уонна

кырдьаҕаска-кыаммакка кыһамньы, ийэ-аҕа ууьун тэнитии, удьуору салҕааьын.

5. Улэ (төүут дьарык). Үлэҕэ ытыктабыл, дьулуур, дьаныар. Айымньылаах үлэ.

6. Билиини сыаналааьын. Дьин чахчыга дьулуьуу, аан дойду научнай кестуутэ.

7. Итэҕэл, духуобунас өйдөбүллэрэ. Итэҕэли тутуһууга көҥүл. өбүгэ үгэһин утума.

8. Кэрэ, киһи духуобунай эйгэтэ, сиэрдээх быһыы. Олох, олох сиэрэ - майгыта.

9. Ийэ айылҕа. Ытык сир, харыстанар сир. Сир - планета. Айылҕаҕа харыстабыл.

10. Сир урдугэр эйэ, элбэх омук култуурата, киьи аймах сайдыыта, норуоттар сибээстэһиилэрэ.

Уус-уран айымньыга сөҥөн сылдьар норуот историятын, культууратын, олодун терут угэьин, сиэрин-майгытын ненуе ытык ейдебуллэри

«Литературнай ааҕыы» үөрэх предметин ис хоһоонугар киллэрии суолталааҕын бигэргэтэр.

ҮӨРЭХ БЫЛААНЫГАР ҮӨРЭХ ПРЕДМЕТИН МИЭСТЭТЭ

ҮӨРЭХ ПРЕДМЕТИН ҮӨРЭТИИ ТҮМҮКТЭРЭ

Ытык өйдөбүллэри үөрэнээччигэ иҥэрии түмүгэ:

- киһи сайдыылаах уонна ситиһиилээх буоларыгар төрөөбүт тылынан ааҕыы суолтатын өйдүүр;

- уус-уран литератураны тылынан искусство ураты көрүнун быьыытынан сыаналыыр;

- тулалыыр эйгэ туьунан билии-керуу аа5ыы кеметунэн кэниирин-дириниирин ейдуур;

- норуот айымньыта уонна уус-уран литературата саха терут оло5ун-дьаьа5ын, историятын, тылын-еьун, култууратын кестуутэ буоларын

ейдуур, сыаналыыр;

- Саха сирин, Россия уонна аан дойду норуоттарын чулуу айымньыларын аа5ан, атын норуот култууратын, литературатын ытыктыыр;

- утуену-мекуну, сырдыгы-харананы арааран, сиэри тутуьуу, амарах, аьыныгас, дьонно кыьамньылаах майгы учугэйгэ тиэрдэрин ейдуур.

Yврэх сатабыпларын сайыннарыы тумугэ:

- аа5ыы улэтин араас керунэр сыал-сорук туруорунар, былаанныыр, тумугун саба5алыыр;

- улэтин хонтуруолланар, сыаналана үөрэнэр;

- уруокка, уруок таьынан улэҕэ бэриллибит сорудаҕынан араас информационнай эйгэ кыаҕын талар, туһанар;

- уус-уран айымньыга мөккүөр теруетун, сайдыытын быһаарар, үөскээбит көстүүлэри, дьон сыһыанын ырытан дакаастыыр;

- уус-уран айымньы сурун ис хоьоонун, геройдар араас сыһыаннарын, сүрүн сюжет сайдыытын ырытан, анал бэлиэ, графика кеметунэн

быьаара, ситимнии (типиктии) үөрэнэр;

- аахпытыгар уонна тус уопутугар олоҕуран, тэҥниир уонна ойуулуур, учебнигынан улэлиир;

- уус-уран айымньыны ырытыы кэмигэр алтьйыы сиэрин тутуьан, бииргэ улэлиир кыахтанар;

- доҕотторун, тереппуттэрин, кылаас иннигэр кылгас иьитиннэриини оҥорор;

- бэриллибит тиэмэ5э санаатын сааьылаан айан кэпсиир, суруйар.

Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ:

- ааҕыы сүрүн үөруйэхтэрин баһылыыр;

- айымньы араас көрүҥүн болҕойон истэр;

- норуот айымньыта уонна уус-уран литература, төрөөбут уонна атын омук литературата диэн араарар;

- аахпыт уус-уран айымньытын суруйааччытын (сахауонна омук) аатын уонна керунун (жанрын) болҕойор үөрүйэхтээх;

- сааһыгар сөптөөх араас көрүннээх (уус-уран, уерэх, научнай-популярнай) тиэкиьи учугэйдик ейдуур, ырытар, туьанар;

- кэпcээhин араас керунун (сиьилии, кылгатан, талан, быьа тардан) билэр;

Үөрэх былаанынан алын сүһүөх оскуолаҕа литературнай ааҕыыны үөрэтиигэ барыта 2ҥдь ч. көрүллэр.

- сорудах быһыытынан туhааннаах керуннэ сөп тубэьиннэрэн кэпсиир;

- сөбүлээн аахпыт айымньытын туһунан ааҕааччы дневнигэр (альбом, тэтэрээт) уһуктубут иэйиитин үллэстэн санаатын суруйар;

- сааһыгар сеө тубэьэр айымньы тылын араас дэгэт суолтатын өйдүүр, тоҕоостоох миэстэҕэ кубулуйбат эпитети, өс хоһоонун, уус-уран

ньыма арааЬын кэпсииригэр туhанар;

- айымньыттан сөбулээбит кэрчигин талан үөрэтэр, өйтөн хоһоонноохтук ааҕар;

- чопчу тиэмэҕэ араас көруҥнээх суругунан айар улэни толорор.

YӨРЭХ ПРЕДМЕТИН ИС ХОҺООНО

Төрөөбут литератураны үөрэтии маннык ис хоһоонноох буолар:

Саҥарыы уонна ааҕыы үлэтин көруннэрэ:

  • туора сананы истэргэ, ылынарга;

  • истибит айымньы туһунан ыйытыыга сатаан хоруйдуурга, буолбуту сааьылаан быһаарарга;

  • Уистибит уерэх, научнай-биллэрэр, уус-уран айымньы туьунан ыйытыы биэрэргэ уерэтэр.

Таска сүһүөхтээн ааҕыыттан сыыйа бутун тылынан ааҕыыга көһөрүгэр, ааҕыы тэтимин түргэтэтэригэр, орфоэпияны, интонацияны, сурук

бэлиэтин тутуһа, тиэкистэр ис номохторун өйдүү, ааҕыы көрүҥүн быһаара үөрэнэригэр билиини биэрэр.

Араас тиэкиһи кытта үлэ:

♦♦♦ тиэкис өйдөбүлүн, уус-уран тиэкис тиэмэтин, сүрүн санаатын, тутулун, кэрчиктэргэ арааран кыра тиэмэлэри быһаарарга, аат

биэрэргэ;

♦ үөрэх, научнай-популярнай тиэкис диэн араарарга үөрэтэр;

♦ уопсай ырытыыга кыттан, ыйытыыга хоруйдуурга, тыл этэргэ, атын оҕо этэрин сатаан истэ үөрэнэргэ олук уурар;

♦ уус-уран ньыманы туһанан айымньы геройун ойуулуурга, кэпсээһин араас көрүҥүн (сиһилии, талан, кылгатан) баһылыырга

төрүт уурар.

Библиографическай культуура кинигэ искусство биир көрүҥэ, билии төрдө буоларын, көрүҥүн, тутулун, тииптэрин (ыйынньык-кинигэ, үөрэх

кинигэтэ, уус-уран кинигэ) туһунан биллэрэр.

Саҥарыы диалог, монолог диэн сана араас керунэ буоларын биллэрэр, былааннаан санарар, уус-уран ньыманы туттар, айымньыны сал5аан,

өйтөн этэр дьоҕуру, кэпсэтии этикетин тутуһар культуураны олохсутар.

Сурук суругунан саҥа литературнай нуорматын, ис хоһоон уонна тиэкис аата сөп тубэсиһиилэригэр (тиэмэ, кэпсэнэр сир, герой быьыыта-

майгыта), тэттик өйтөн суруйууга (ойуулааһын, сэьэргээһин, толкуйдааһын) уус-уран ньыманы (синоним, антоним, тэннээьин) туьанарга,

бэриллэр тиэмэ5э кэпсээн, сыанабыл оҥорорго үөрэтэр.

Оҕо ааҕар эйгэтэ норуот тылынан айымньытын, Саха сирин, Россия уонна тас дойдулар оҕо литературатыгар классическай айымньыларын,

оҕо ааҕар тиэмэлэрин быһаарар.

Литературнай өйдөбүллэринэн улэ:

■ тиэкистэн уус-уран ньыма көрүннэрин булууга;

■ литература өйдөбүллэринэн (уус-уран айымньы, уус-уран уобарас, тылынан искусство, кэпсээччи, сюжет, тиэмэ)

сирдэтинэргэ;

■ айымньы геройын (мэтириэтэ, тыла-өьө, дьайыыта, өйө-санаата) быһаарарга үөрэтэр;

■ ааптар геройга сыһыанын;

■ кэпсээн уонна хоһоон тылын уратытын, айымньы көрүҥүн (жанр) туһунан биллэрэр.

Үөрэнээччи айар улэтэ оруолунан ааҕарга, тылынан ойуулуурга, бэриллибит тиэмэҕэ өйтөн суруйарга, тиэкиһи инсценировкалыырга, айар

үлэтинэн араас тэрээһиннэ кыттарга, тыл этэргэ олук уурар.

Үөрэтии түмүгэр салгыы үөрэнэргэ бэлэм буолууну кэрэьһлиир сайдыы таһыма:

- тулалыыр эйгэни билиигэ уус-уран литератураны ааҕыы суолтатын өйдүүр;

- уус-уран литература киһи-аймах ытык өйдөбүллэрин билиһиннэрэр суолтатын иҥэринэр;

- айымньы көрүнүн бытаарыыга, геройу ойуулааһына ырытыыны, тэҥнээһини туттары сатыыр;

- араас тиэкистэн туhааннаах информацияны ылар;

- ыйынньыгынан, энциклопедиянан о.д.а. матырыйаалларынан сатаан улэлиир.























СОГЛАСОВАНО

Заместитель директора по УВР

______________________________

___________________2016 г



Муниципальное бюджетное общеобразовательное учреждение «Кюереляхская средняя общеобразовательная школа имени Степана Гурьевича Коврова»



КАЛЕНДАРНО-ТЕМАТИЧЕСКОЕ

ПЛАНИРОВАНИЕ

по предмету литература ааҕыыта

Класс : 1

Учитель: Алексеева Альберта Анатольевна

Количество часов: всего 23 часа; в неделю 2 чаcа;



Планирование составлено по программе Министерства образования РС(Я)

Л.В.Захарова, У.М.Флегонтова . - Дьокуускай : Бичик, 2013. - 128 с.







































</<font face="Times New Roman, serif">КАЛЕНДАРНАЙ-ТЕМАТИЧЕСКАЙ БЫЛААН











Төрөөбүт ийэ дойдум 2 чаас.

1

Ааҕыы - дириҥ билии.

М.Тимофеев-Ийэ дойду хантан саҕаланар?

1

Болдьох бэлиэлэр, үөрэх кинигэтин ис хоһооно. Аптардар үөрэнээччигэ суруктара. Хоһоон уратытын өйдөөн, таба аҕыы. Ыйытыыга хоһоон тылынан эппиэттээһин.

Тылы байытыы-биһик.

Үөрэх кинигэтин уонна болдьох бэлиэлэрин кытта билсиһэр.

Төрөөбүт дойдутун, дьиэ кэргэнин туһунан, төрөөбүт дойдутугар иэйиитин, төрөппүттэргэ тапталын туһунан кэпсиир. Хоһоону ааҕар сорукка сөп түбэһиннэрэн, үөрүүнү, хомолтону тириэрдэр, бэйэ сыһыанын көрдөрөн ааҕар. Аахпыт айымньыларын ис номохторун быһаарар. Ситиһиилэрин сыаналанар, бэржбиэркэлэнэр.

Бэйэ ааҕыыта. Архыып Абаҕыыныскай-Кинигэ ойуута.

Ыалынан истии, ааҕыы Георгий Данилов-Ойуурга сылдьан.Баал Хабырыыс-Саас кэллэ.





2

Пантелеймон Тулааһынап -Кымыс ырыата. Улуро Ада-Туундарам буобура уорҕатынан.

1

Хоһооҥҥо туох туһунан хоһуйулларын ырытыы, хоту дойду туһунан кэпсээһин.

Тылы байытыы-уоҕа, ньуоҕу, уучах, алыы.





Кинигэ - мин доҕорум. 3 чаас

3

Б.Тобуруокап-Кинигэ. С.Омоллоон-Кинигэ.

1

Суруйааччы, ааптар, ааҕааччы диэни билии. Хоһоону өйтөн ааҕыы.

Кэпсээн ис хоһоонун өйдөөн ааҕыы, ыйыыталарга эппиэт. Таабырыннары таайыы.

Салаа сүрүн өйдөбүллэрин чопчу өйдүүр. Быһаарар.Кинигэ ойууларын ырытар, кэпсэтиигэ кыттар. Искэ сатаан ааҕар. Айымньыны хайдах интонациялаахтык ааҕары быһаарар. Ыйытыы көмөтүнэн тиэкис ис хоһоонун, сиэр-майгы өрүттэрин быһаарар. Атын киһи этэрин өйдөөн истэр, паараҕа үлэлиир.

Ситиһиилэрин сыаналанар, бэржбиэркэлэнэр.







4

С.Омоллоон-Бөрө куйуурдаабыта.

1

Оруолунан ааҕарга үөрэнии. Ыйытыыларга хоруй, өс хоһооннорун ырытыы. Остуоруйаны тылынан ойуулаан кэпсиир.

Тылы байытыы-куйуур, иҥсэ.







5

С.Маршак-Үүтээн.

1







Норуот тылынан уус - уран айымньы 3 чаас.

6

К.Туйаарыскай -Таабырынна таайыҥ.

Б.Тобуруокап-Чабырҕах азбука.

1

Таабырыннаһа үөрэнии, өс хоһоонугар сиэр-майгы арыллыыта.

Чабырҕах хоһоонтон ааҕыллар уратытын билии. Чабырҕаҕы ааҕарга эрчиллии, ис хоһоонун өйдөөһүн.

Норуот тылынан уус-уран айымньытын көрүннэрин ааттыыр, өйдөөбөтүн ыйытар. Өс хоһоонугар сиэр-майгы туһунан этиллиини быһаарар. Интонацияны тутуһан доргуччу ааҕар. Сөбүлээбит өс хоһооннорун ырытар, быһаарар, өйтөн этэр Табырыны уонна таайыытын тэҥниир, тиэмэнэн бөлөхтүүр. Чабырҕах ааҕыллар уратытын өйдүүр, өйдөөбөтүн ыйытар. Ситиһиилэрин сыаналанар, бэрэбиэркэлэнэр.

Бэйэ ааҕыыта.

Б.Тобуруокап-Чабырҕах азбука(салгыыта).

Ыалынан ааҕыы.

С.Омоллоон-Ахсаан чабырҕаҕа.

Виктор Башарин-Чабырҕах.





7

Куоска, бөтүүк уонна саһыл

1

Оруолунан ааҕыы, өс хоһооннорун ырытыы, наардааһын.

Тылы байытыы-хоҥуруутугар да холообокко, түбэ.





8

Билиибитин бэрэбиэркэлэнэбит.

1

Ситиһиини сыаналаныы, билиини бэрэбиэркэлэнии.







Остуоруйалаһыаҕын эрэ 4 чаас.

9

Б.Тобуруокап-Буукубалар мунньахтара.

1

Сурук бэлиэтин тутуһан, куолаһы уларытан ааҕыы. Остуоруйа ис хоһоонун кэпсээһин. Түбэлтэлэри ырытыы.

Тылы байытыы-дуга.

Тиэмэ аатыгар олоҕуран туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыыр. Остуоруйаны таска ааҕар. Остуоруйа арааһа, тыынар-тыыннаах туһунан остуоруйа, остуорйа дьоруойа, остуоруйа тиэмэтэ, саха уонна араас норуот остуоруйата диэн өйдүүр. Аахпыт остуоруйа туһунан бэйэ санаатын этэр. Остуоруйа дьоруойдарын тэҥниир, майгытын быһаарар, хаачыстыбаларын ааттыыр. Уруһуйдарынан көрөн остуоруйаны кэпсиир, түгэни ырытар, оруолларынан наардыыр. Ситиһиилэрин сыаналанар уонна бэрэбиэркэлэнэр.

Бэйэ ааҕыыта.

П.Ойуунускай-саһыл уонна балыксыт.

С.Омоллоон-Чычып-чаап.

Ыалынан ааҕыы.

Т.сметанин-Куоска олонхото.





10

Куаҕас суор икки.

Чыычаах уонна күтэр. (саха остуоруйата).

1

Доргуччу ааҕыы.норуот остуоруйаҕа туох санааны этэрин быһаарыы.

Тылы байытыы-куоҕас.









11

Куттал хараҕа улахан (нуучча остуоруйата).

Кутуйах тоҕо кыранарый?(юкагир остуоруйата).

1

Остуоруйаны искэ онтон таска доргуччу ааҕыы. Айымньы аатын ырытыы, чаастарынан ааттаталаан былаан оҥоруу. Кылгатан кэпсээһин, бэйэ түбэлтэтин кэпсээһин.







12

Киит уонна таба.(чукча остуоруйата).

Л.толстой-Саһыл уонна куртуйах.

1

Остуоруйа дьоруойдарын быһаарыы, майгыларын ырытыы. Остуоруйаны сиһилии кэпсээһин.

Тылы байытыы-дьуухала.







Мин дойдум - олонхо дойдута 1 чаас.

13

Екатерина Чехордуна-Бухатыыр ата.

Василий Каратаев-Модун эр соҕотох

1

Олонхону болҕойон ааҕыы. Билбэт тылларын быһаарыыларын булан көрүү. Бухатыыр ата хайдах ойууланарын быһаарыы.

Тылы байытыы-тэһиин, көнтөс, күлүмэх, былас, торҕо.

Олонхо ааҕыллар уратытын өйдөөн истэр. Олонхо дойдутун туһунан билсэр, олонхоһут диэн ким аатанарын өйдүүр. Олнхо дьоруойдарын санаалара уратылааҕын өйдүүр, үтүктэн ааҕарга холонор. Аахпыт кэрчик ис хоһоонун өйдүүр. Олонхоттон айыы киһитин сиэрин-майгытыиҥэринэр, дьону кытта алтыһыытыгар туһанар. Ситиһиилэрин сыаналанар, билиитин бэрэбиэркэлэнэр.

Бэйэ ааҕыыта.

П.Е.Решетников-Көһөҥө Боотур.

Күөнэ көҕөччөр аттаах Күн Күндүлү бухатыыр.

Ыалынан ааҕыы.

Н.Г.Никитина, Е.М.Поликарпова-Модун эр соҕотох.





Айылҕа - барыбыт дьиэбит 4 чаас.

14

К.Туйаарыскай-Сааскы саҥалар.

1

Хоһоону истии, ааҕыы. Ис хоһоонун ырытыы, ааптар хоһуйуутун тиэкистэн булуу. Көтөрдөрсаҥаларын хоһоонноохтук ааҕарга эрчиллии. Хоһоон аатын ырытыы.

Тылы байытыы-харалдьык, ыркый, чөчөгөй, чардырҕас, сонуок.

Тиэмэ аатыгар олоҕуран туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыыр. Тыынар-тыыннаах саҥатын уратытын биэрэн бэйэ санаатын, сыһыанын тириэрдэн хоһоону дорҕоонноохтук ааҕар. Поэттар айылҕа тыаһын-ууһун тириэрдэр тылларын булар. Айымньы дьоруойдарын уонна кинилэр майгыларын быһаарар. Айылҕаҕа бэйэ сыһыанын кэпсиир. Сэһэргэһэр киһиэхэ бэйэтин санаатын этэр, аахпыт айымньы туһунан ыйытыы биэрэр, паараҕа үлэлиир. Ситиһиилэрин сыаналанар, билиитин бэрэбиэркэлэнэр.







15

Александр Николаев-Чыычаах.



1

Хоһоонноохтук ааҕыы. Дьыл кэмин туһунан кэпсээһин. Хоһоон уратытын булуу, аат биэрии. Ойуулуур тыллары булуу. Маарыннаһар дорҕоонноох сүһүөхтэри булуу. Таабырыннары таайыы.

Тылы байытыы-торгуу түмүк.







16

Өксөкүлээх Өлөксөй-Куоска. Егор Макаров-Ийэ биэ.

1

Хоһоону ааҕыы. Ис хоһоонун кэпсээһин. Ойуулуур тыллары булуу.

Тылы байытыы-анатах, кэтэҕириин.

Кэпсээни ааҕыы. Ис хоһоонун ырытыы, бэйэ санаатын этии. Өс хоһооннорун ырытыы.







17

Валентина Осеева-Ким бытай? Платон Ламутскай-Мунрукан.

1







Үчүгэй майгыҥ - көтөр кынатын

18

Амма Аччыгыйа - Бастакы тоҕо?

1

Айымньыны ис хоһоонун кэпсээһин. Сыһыаны көрдөрөр тылы булуу, этиини быһаарыы. Ааптар сүрүн санаатын быһаарыы.

Тиээмэ аатыгар олоҕуран туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыыр. Айымньыны дорҕоонноохтук, оруолунан ааҕар. Салаа сүрүн өйдөбүллэрин чопчу өйдүүр. Айымньы уопсай тиэмэтин , дьоруойдарын быһаарар. Айымньы дьоруойун саҥатын уонна быһыытынан сыаналыыр. Айымньы сүрүн санаатын булан этэр, ис хоһоонун булар. Доҕор диэн ким буоларын дьүүллэһэр, дьиҥнээх доҕордоһуу диэни быһаарар. Үчүгэйи уонна куһаҕаны араарар. Бэйэ уонна атын киһи быһыытын сыаналыыр. Кэпсэтэр киһини хомоппокко эрэ алтыһар. Бэйэ бэйэни өйүүр,бэйэ бэйэҕэ көмөлөһөр. Айымньы тиэмэтин, ис хоһоонун уонна сүрүн санаатынан тэҥниир.







19

Николай Якутскай-Аҕа уонна ийэ.

1

Оруолунан хоһоонноохтук ааҕыы. Ис хоһоонун кэпсээһин, бэйэ санаатын этии. Сөбүлээбит түгэни быһааран, сыаналаан кэпсээһин.







20

Л.Толстой-Барыларыттан ордук.

1

Хоһоонноохтук ааҕыы, этиини ырытыы. Бэйэ санаатын этэн кэпсээһин.







21

Иван Горнай-Мэник оҕо.

Петр Одорусов-Эбээ.

1

Оруолунан ааҕыы. Хоһоону доргуччу ааҕыы. Ааптар этэр санаатын быһаарыы. Бэйэ санаатын этии. Аахпыттан суруйууга холонуу.







22

23

Сыллаа5ы хатылааһын.

2

Ааҕыы уруогар барбыт салаалары, айымньылары хатылааһын. Билиини бэрэбиэркэлэнии, сыаналаныы.

Үҕрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур үлэҕэ олоҕуран ситиһиилэрин сыаналыыр уонна бэрэбиэркэлэнэр.











СОГЛАСОВАНО СОГЛАСОВАНО

Протокол заседания Заместитель директора по УВР

Методического объединения ___________________________

Учителей начальных классов __________________2016 г

От___________2016 г























































 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал