7


  • Учителю
  • Рабочая программа по якутскому языку 3 класс-автор учебника Колесова А.П, Л.Г.Готовцева

Рабочая программа по якутскому языку 3 класс-автор учебника Колесова А.П, Л.Г.Готовцева

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала





Быһаарыы сурук.

  • Үөрэх предметин өйдөбүлэ

Үлэ бырагырааммата Федеральнай государственнай үөрэх стандартыгар, "Россия гражданинын лиичинэһин сиэрин-майгытын сайыннарыыга уонна иитиигэ кэнсиэпсийэтигэр", үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүктэригэр олоҕуран уонна Саха тылын 3 кылаас үөрэнээччилэрин кинигэтигэр, Колесова А.П., Готовцева Л.Г. Дьокуускай, «Бичик», 2009с. Саха Республикатын Үөрэҕин министерствота бигэргэппит босуобуйатыгар тирэҕирэн сурулунна.

Төрөөбүт тыл - көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр ханнык баҕарар норуот улуу нэһилиэстибэтэ, киһи аймах ытык өйдөбүллэриттэн (сыаннастарыттан) биирдэстэрэ. Төрөөбүт тыл - оҕоҕо тулалыыр эйгэтин кыраҕатык билэр-көрөр, чугас дьонун-сэргэтин кытта истиҥник бодоруһар, иэйиитэ уһукгар, өйө-санаата сайдар, өбүгэтин үөрэҕин утумнуур сүрүн эйгэтэ.

Ол иһин оҕону кыра сааһыттан оҕо тэрилтэтигэр, оскуолаҕа төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии сүрүн ирдэбил быһыытынан билиниллэн, Российскай Федерация уонна Саха Республикатын үөрэххэ уонна тылга сокуоннарыгар ити өйдөбүл туспа ыстатыйанан киирэн, быраап быһыытынан көмүскэллээх, билиҥҥи усулуобуйаҕа үгүс норуот тыла чөл турукгаах хааларыгар тирэх буолар.

Саха Республикатыгар саха тылын төрөөбүт тыл быһыытынан үөрэтии 1922 сыллаахтан тиһигин быспакка, үгүс оскуолаҕа үгэскэ кубулуйан, уопсай үөрэхтээһин оҕону сайыннарар биир сүрүн предмэтин быһыытынан билиниллэр. Ити кэм устатыгар сэбиэскэй да, билиҥҥи да кэмҥэ орто үөрэх систиэмэтигэр буолбут араас реформалар сыалларыгар-сорукгарыгар сөп түбэһиннэриллэн, үөрэтии таһыма, хайысхата, ис хоһооно сайдан иһэр.

Билигин төрөөбүт тыл, федеральнай государственнай үөрэх стандартын (ФГҮӨС) ирдэбилинэн, уопсай үөрэхтээһин булгуччулаах чааһыгар киирэн, базиснай үөрэх былааныгар (федеральнай) миэстэтэ, үөрэтиллэр чааһа чопчу ыйыллан үөрэтиллэр таһыма үрдээтэ. Алын сүһүөх оскуола таһымыгар төрөөбүт тылы үөрэх предметин быһыытынан үөрэтиигэ түмүк ирдэбили эмиэ федеральнай государственнай үөрэх стандарта сүрүннүүр.

Ити ааттаммыт дөкүмүөн быһыытынан, начаалынай үөрэхтээһин таһымыгар нуучча уонна төрөөбүт тылы үөрэтиигэ тэн таһымнаах түмүк ирдэнэр. Төрөөбүт тыл атын үөрэх предметтэрин кытта бииргэ оҕо личность быһыытынан сайдыытын хааччыйыахтааҕа этиллэр, ону сэргэ урукку өттүгэр ирдэммэт саҥа булгуччулаах ирдэбили - үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини киллэрэр.

  • Үөрэх предметин ис хоһооно

Начаалынай оскуолаҕа төрөөбүт тылы үөрэтин уоисай үөрэхтээһин систиэмэтигэр саха тылын үөрэтэр предмет быстыспат сорҕото, «Филология» үөрэх уобалаһыгар төрүт буолар сүрүн куурус буолар. Онон үөрэтии сыала-соруга, тутула, ис хоһооно уонна түмүк ирдэбилэ үрдүкү кылаастарга төрөөбүт тылы сэргэ атын филологическай предметтэри үөрэтиини кытта алтыһыннаран- ситимнээн торумнанар.

  • Үөрэх предметин сыала уонна соруга

Начаалынай оскуолаҕа төрөөбүт тылы үөрэтии предметэ атын үөрэх предмэттэрин ортотугар үөрэнээччи тылын-өһүн уонна өйүн- санаатын сайыннарар, сүрүн үөрэнэр үөрүйэҕи иҥэрэр кыаҕынан бас-көс балаһыанньаны ылар предмет буолар. Онон бу предмети үөрэтии таһымыттан саха оскуолатыгар начаалынай үөрэхтээһин уопсай туруга, үөрэнээччи салгыы сүрүн оскуолаҕа ситиһиилээхтик үөрэнэрэ тутулуктаах.

Оҕо начаалынай оскуолаҕа үөрэнэр сааһыгар билиитэ-көрүүтэ балысханнык кэҥиир, тыла-өһө уонна өйө-санаата имигэстик сайдар, иэйиитэ уонна саныыр санаата судургутук олохсуйар буолан, төрөөбүт тылы бу кэмҥэ кичэйэн үөрэтии - норуот тыла чөл турукгаах буоларыгар, кэнчээри ыччакка улуу нэһилиэстибэни тириэрдэргэ олус суолталаах.



Этиллибиккэ олоҕуран, төрөөбүт тылы уопсай үөрэхтээһин алын сүһүөх таһымыгар үөрэтии сыалын үс хайысхаҕа араарыахха сөп:

1) үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл туһунан билиини аан дойду туһунан научнай билии быстыспат сорҕотун быһыытынан иҥэрии, тыл үөрэҕин сүрүн балаһыанньаларын билиһиннэрии, онно олоҕу- ран, оҕо билэр-көрөр, толкуйдуур кыаҕын сайыннарыы;

2) үөрэнээччи дьону-сэргэни кытта төрөөбүт тылынан бодоруһар үөрүйэҕин, саҥа (тыл) культурата киһи уопсай культуратын быстыс- пат сорҕото буоларын туһунан өйдөбүлгэ тирэҕирэн, саҥа (тыл) араас көрүҥэр (кэпсэтии, суруйуу, ааҕыы, өйтөн айыы о.д.а.) үөрэтэн, салгыы сайыннарыы;

3) үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл норуот ытык өйдөбүллэриттэн биирдэстэрэ буоларын быһыытынан ураты харыстабыллаах сыһыаны иҥэрии, хас биирдии киһи ийэ тылын сайыннарар иэстээҕин өйдөтүү.

Бырагыраамма сүрүн сыала-соруга тылынан уонна суругунан саҥаны сайыннарыы, ортоку сүһүөх оскуолаҕа Саха тылын уонна литература кууруһун үөрэтиигэ бэлэмнээһин. Манна биллэрэр, сайыннарар, иитэр сорук тэҥҥэ дьүөрэлэһэр. Төрөөбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии сыала маннык сүрүн сорукгары быһаардахха ситиһиллэр:

  • дьону-сэргэни кытта бодоруһар саҥа (тыл) сүрүн көрүҥнэрин үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини кытта бииргэ алтыһыннаран үөрэтии;

  • тыл (саҥа) - бодоруһуу сүрүн ньымата диэн тутаах өйдөбүлгэ тирэҕирэн, үөрэнээччи кэпсэтэр уонна санаатын толору этэр (тыл этэр), суруйар үөрүйэҕин сааһыгар сөп түбэһиннэрэн сайыннарыы;

  • тыл үөрэҕин билиитигэр, сурук-бичик культуратын төрүт өйдө- бүллэригэр олоҕуран, үөрэнээччи төрөөбүт тылын литературнай нуор- матын тутуһарын, алҕаһа суох саҥарарын уонна суруйарын ситиһии;

  • тыл үөрэҕин сүрүн салааларын (лексика, фонетика, морфология, синтаксис, тиэкис) туһунан уопсай өйдөбүлү иҥэриигэ тирэҕирэн, үөрэнээччи толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы, сааһыгар сөп түбэһиннэрэн, өй үлэтин дьайыыларыгар үөрэтии;

  • төрөөбүт тылы билии, харыстааһын, сайыннарыы сүрүн ньымаларыгар үөрэтии.

Саха оскуолатыгар нуучча тылын үөрэнээччи төрөөбүт тылга ылбыт билиитигэр, иҥэриммит үөрүйэҕэр уонна сатабылыгар тирэҕирэн үөрэтии - билигин олохсуйбут өйдөбүл, бастыҥ учууталлар үгэскэ кубулуйбут үөрэтэр ньымалара. Онно тирэҕирэн,

ФГҮӨС үөрэнэргэ үөрэтэр сүрүн балаһыанньатыгар уонна ирдэбилигэр олоҕуран, төрөөбүт тылга тирэҕирэн нуучча тылын үөрэтиини саҥа таһымҥа таһаарар кэм кэллэ.

Төрөөбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии үөрэнээччи нуучча тылын кэбэҕэстик ылынарын хааччыйар, нуучча тылыгар тыл үөрэҕин үгүс уопсай балаһыанньаларын хос эбэтэр уруттаан үөрэтэри лаппа аҕыйатан, учуутал үөрэх чааһын оҕо нууччалыы саҥатын сайыннарыыга аныыр усулуобуйатын үөскэтиэхтээх. Онон саха оскуолатыгар нуучча тылын үөрэтии хаачыстыбатын тупсарыыга усулуобуйа үөскэтии - төрөөбүт тылы үөрэтии хос сыала-соруга.

  • Үөрэх былааныгар үөрэх нредметин миэстэтэ

Саха тылын үөрэтии чааһа начаалынай үөрэхтээһини сүрүннүүр уопсай үөрэхтээһин программатыгар (Примерная основная общеобразовательная программа начального общего образования) ) бэриллэр төрөөбүт тылынан үөрэнэр кылаастарга аналлаах базиснай үөрэх былаанын 3 (үһүс) барыйааныгар тирэҕирэн быһаарыллар. Үөрэх тэрилтэтэ бэйэтин үөрэҕин программатын, былаанын оҥосторугар онно баар булгуччулаах чааска киирбит предметтэр чаастарын тутуһара ирдэнэр. Онно эбии үөрэх былаанын талар чааһыттан бэйэтэ көрөн, ханнык баҕарар предмеккэ чаас эбэрэ, эбэтэр атын предмети эбии үөрэтэрэ көҥүл.

Ити ыйыллар базиснай үөрэх былааныгар нуучча уонна төрөөбүт тылы үөрэтии чаастарын ахсаана тэҥнэнэн, ордук государственнай статустаах төрөөбүт тыл үрдүк таһымҥа үөрэтиллэригэр усулуобуйа тэриллибитэ көстөр. Ону сэргэ төрөөбүт тылы үэрэтии нуучча тылын үөрэтиигэ тирэх буоларын ситиһэр туһуттан үөрэх матырыйаалын аттарарга табыгастаах балаһыанньа үөскүүр.

Оскуола5а төрөөбүт тыл суолтата баһылыыр суолталаах. Бастакы сүһүөх оскуола5а төрөөбүт тылы үөрэтии олох саҥа ирдэбилигэр эппиэттиир, билиини о5о сайдыытын хааччыйар соруктаах. Кыра кылаас о5ото өйдөөн, сөп тэтимнээх таба аа5ара, суруйара, онтун ырытара, дьин чахчыны кытары тэҥнээн көрөрө, санаатын сааһылаан этэрэ, кэпсиирэ, кэпсэтэрэ, түмүктүүрэ - бэйэтин төрөөбүт тылын билэриттэн тутулуктаах.

Программа сүрүн сыала-соруга тылынан уонна суругунан санааны сайыннарыы, ортоку сүһүөх оскуола5а Саха тылын уонна литература куурсун үөрэтиигэ бэлэмнээһин. Манна биллэрэр, сайыннарар, иитэр сорук тэҥҥэ дьүөрэлэһэр.

  • Ытык өйдөбүллэри үөрэх предметин ис хоһоонугар киллэрии.

Начаалынай кылааска саха тылын үөрэтии оҕоҕо ытык өйдөбүллэри (духуобунай сыаннастары) иҥэриигэ улахан суолталаах. Киһи аймах үйэлэрэтэн үйэлэргэ өрө тутан иддьэ кэлбит ытык өйдөбүллэрэ (духуобунай сыаннастара) төрөөбүт тыл эгэлгэтигэр, кэрэтигэр сөҥөллөр. Ол курдук үөрэтии ис хоһоонугар тыл үөрэҕин сүрүн хайысхаларын сэргэ уруок, кэпсэтии (бодоруһуу) тиэмэтин, үөрэтии матырыйаалын быһыытынан төрөөбүт дойду, ийэ дойду, төрөөб;т тыл, айылҕа, үлэ, төрүт дьарык, ыал, дьиэ кэргэн, айымньы уонна кэрэ эйгэтэ, көҥүл, кырдьык, үтүө сана, киһи аймах, аан дойду омуктарын тылларын уонна култууратын эгэлгэтин курдук ытык өйдөбүллэр (духуобунай сыаннастар) киириэхтэрэ.

  • Үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ

  • Ытык өйдөбүллэри иҥэрии түмүгэ (личностные результаты)

  • Саха тылын оскуолаҕа үөрэтии кэмигэр оҕо маннык ытык өйдөбүллэри (духуобунай сыаннастары) иҥэриннэҕинэ төрөөбүт тыла сайдарыгар бэриниилээх, эппиэтинэстээх буоларыгар, бэйэтин кыаҕын толору туһанарыгар эрэниэххэ сөп.

  • Төрөөбүт тыл - омугу сомоҕолуур тыл буоларын өйдүүр.

  • Төрөөбүт тыл төрүт айылгыта, үйэлээх үгэһэ, этитэр кэрэтэ норуот тылынан уус-уран айымньытыгар уонна уус-уран литератураҕа сөҥмүтүн билэр.

  • Төрөөбүт тылын сайыннарар, кэлэр көлүөнэҕэ тириэрдэр ытык иэстээҕин, ийэ тыл үйэлэргэ чөл туруктаах буоларыгар тус оруоллааҕын өйдүүр.

  • Төрөөбүт тыл иитиллэр, үөрэнэр, айар-сайдар тыл буоларын итэҕэйэр.

  • Төрөөбүт тыл элбэх омук алтыһан бииргэ олорор кэмигэр, икки (элбэх) тылланыы усулуобуйатыгар хас биирдии киһиттэн харыстабыллаах сыһыаны эрэйэрин өйдүүр.

  • Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ (метапредметные результаты)

  • Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл.

  • Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох-ханнык түмүккэ кэлиэхтээҕин быһа холоон билэр. Тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри үөрэтиэхтээҕин арааран өйдүүр. Сылга бииртэн итэҕэһэ суох төрөөбүт тылга аналлаах бырайыактарга кыттан (тус бырайыага, коллективнай бырайыак) үлэлиир.

  • «Тылы сэрэйэр» дьоҕуру (языковое чутье, чувство языка) сайыннарыы. Бэйэтин сааһыгар сөи түбэһэр тиэкискэ үөрэппит матырыйаалын сүнньүнэн тыл литературнай нуормата саҥарар эбэтэр суруйар киһи тылыгар төһө сөпкө эбэтэр сыыһа туттулларын тута «сэрэйэн» билэр, итэҕэһин, алҕаһын быһаарар, көннөрөр, бэйэтин тылыгар-өһүгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуһарга дьулуһар.

  • Тылын сайыннарар баҕаны үөскэтии (потребность в совершен- ствовании собственной речи). Төрөөбүт тылын барҕа баайын сыаналыыр, тыл кэрэтигэр умсугуйар, этигэн тыл күүһүн, кыаҕын толору туһанарга, тылын-өһүн бэйэтэ сатаан чочуйан, тупсаран, санаатын сиһилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуһар.

  • Хонтуруолланыы. Бэйэ санатын өрүү кэтэнэр, көрүнэр, алҕаһа суох саҥарарга, санаатын ыпсаран, хомоҕойдук этэргэ кыһаллар.

  • Билэр-көрөр сатабыл. Сүрүн үөрэнэр сатабыл.

Үлэ сыалын-соругун таба туруоруу. Төрөөбүт тылын үөрэтэригэр сыал-сорук туруорунан көдьүүстээхтик үлэлиир.

Билиини-көрүүнү кэнэтэр араас матырыйаалы туһаныы. Сахалыы үөрэх-наука литературатыттан (тылдьыттартан, ыйынньык- тартан, энциклопедиялартан, араас кинигэттэн) туһааннаах информацияны, билиини дөбөҥнүк булар, бэлиэтэнэр, түмэр, ситимниир араас ньыманы табыгастаахтык туһанар. Сахалыы тахсар оҕоҕо аналлаах республика, улуус, оскуола хаһыаттарын-сурунаал- ларын («Кэскил», «Чуораанчык» о.д.а.) тиһигин быспакка ааҕар, араадьыйанан, телевизорынан сахалыы биэриилэри сэргээн истэр- көрөр, үөрэҕэр, чинчийэр, айар үлэтигэр көдьүүстээхтик туһанар. Сахалыы үөрэҕи сайыннарар интернет-сайтартан туһалаах, наадалаах информацияны булан, сөпкө наардаан туһанар; тиэкиһи сахалыы шрибинэн бэйэтэ тэтимнээхтик бэчээттиир; интернет нөҥүө сахалыы ыытыллар араас тэрээһиҥҥэ төрөөбүт тыл литературнай нуорматын тутуһан, көхтөөхтүк кыттар.

Билиини сааһылааһын (структурирование знаний). Саҥа билии ыларга баар билиитигэр тирэҕирэр. Атын предметтэргэ ылбыт билиитин сатаан ситимниир (интеграция знаний). Тобулук өйү сайыннарар үөрүйэхтэр. Төрөөбүт тыл оскуолаҕа оҕону сайыннарар үөрэх тутаах салааларыттан (предметтэриттэн) биирдэстэрэ. Онон үөрэнээччи саха тылын үөрэтэр кэмигэр үөрэнэргэ төрүт буолар өй үлэтин сүрүн үөрүйэхтэрин баһылыыр.

Саха тылын лингвистическэй матырыйаалыгар тирэҕирэн, өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэҕэстик толорор: тэҥнээһин (сравнение), ырытыы (анализ), холбооһун (синтез), түмүктээһин (обобщение), (сериация), ханыылатан сааһылааһын (классификация), майгыннатыы (аналогия), сааһылаан ситимнээһин (систематизация). Итини сэргэ араас тойоннуур ньыманы (индукция, дедукция) табыгастаахтык туһанан дьону итэҕэтэр, ылыннарар курдук санаатын сааһылаан этэр үөрүйэҕэ сайдар.

Рефлексия. Сыалы-соругу ситиһэр ньымаларын уонна усулуо- буйаларын төһө сөпкө талбытын сыаналыыр. Үлэ хаамыытын хайдах салайан иһэрин кэтээн көрөр. үлэ түмүгүн дьон интэриэһин, болҕомтотун тардар курдук сахалыы кэпсиир.

Бэлиэни-символы туһанар үөрүйэхтэр. Дорҕоон (буукуба), тыл, этии чилиэннэрин, тиэкис анал бэлиэлэрин сатаан туһанар. Анал бэлиэлэринэн тыл, этии, тиэкис моделын оҥорор. Бэриллибит модел-га тирэҕирэн, тылы, этиини толкуйдуур, тиэкиһи айар. Этиини, тиэкиһи көннөрөргө анал коррекгорскай бэлиэлэри сатаан туһанар. Лингвистическэй билиини араас таблица, исхиэмэ, модель, диаграмма көмөтүнэн көрдөрөр. Таблицанан, исхиэмэнэн, моделы- нан, диаграмманан көрдөрүллүбүт лингвистическэй билиини өйдүүр уонна кэпсиир.

  • Бодоруһар сатабыл.

  • Бииргэ үлэлиир үөрүйэх. Дьону кытта бииргэ алтыһан үөрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баһылыырт (пааранан, бөлөҕүнэн, хамаан- данан о.д.а). Саастыылаахтарын, улахан дьону кытта айымньылаах алтыһыы туругар кэбэҕэстик киирэр (продуктивное взаимодействие), биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таһаарыылаахтык, көдьүүс- тээхтик үлэлиир үөрүйэхтээнэр (продуктивное сотрудничество).

  • Кэпсэтэр үөрүйэх. Кэпсэтии уратыларын өйдүүр, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, сэҥээрэр, санаатын болҕойон истэр, ыльшар. Ханнык баҕарар эйгэҕэ кэпсэтэригэр дьон болҕомтотун тардар, сэргэхситэр, сонурҕатар, көҕүлүүр сатабылы табан туһанар. Кэпсэтэр кэмҥэ бэйэ көрбүтүн, истибитин, аахпытын сиһилии сэһэргиир. Дьон өйдөспөт, тыл тьшга киирсибэт буолар төрүөгтэрин сөптөөхтүк сыаналыыр, сатаан ырытар, өйдөһүү суолун дөбөнҥүк тобулар.

  • Кэпсэтии сиэрин (речевой этикет) тутуһар үөрүйэх. Дьону кытта алтыһыыга кэпсэтии сиэрин тутуһар, туттан-хаптан бодоруһуу ньымаларын тоҕоостоохтук туттар.

Сахалыы дорооболоһор, билсиһэр, быраһаайдаһар, көрдөһөр, бырастыы гыннарар, буойар, телефонунан кэпсэтэр, о.д.а. үгэстэри иҥэриммит, күннээҕи олоҕор өрүү туттар.

  • Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ (предметные результаты)

Саха тылын литературнай нуорматын (орфоэпическэй, лексическэй, грамматическай) тутуһар. Дорҕоону, буукубаны, тыл сүһүөҕүн, саҥа чааһын, этии чилиэнин, судургу этиини булар, быһаарар, наардыыр.

Сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылаларын тутуһар.

Тиэкис өйдөбүлүн, бэлиэтин билэр (тиэмэтэ, сүрүн санаата, аата, эпиграф, тутула, этиилэрин ситимэ).

Саныыр санаатын сааһылаан, дьонҥо өйдөнүмтүөтүк, тиийим- тиэтик этэр, тиэкис тутулун тутуһан суруйары сатыыр.

Тиэкис тииптэрин сэһэргээһин, ойуулааһын, тойоннооһун диэн араарар.

Монолог (сэһэргиир, ойуулуур, тойоннуур) уонна диалог (кэпсэ- тии, санаа үллэстии, ыйыталаһыы о.д.а.) арааһын сатаан туһанар.

Бэйэ саҥатын (тылынан, суругунан) сатаан хонтуруолланар, тиэкиһин ис хоһоонун, тылын-өһүн сыаналанар, алҕастарын булар, чочуйар, тупсарар.

  • Саҥа көрүҥэ: истии, саҥарыы, ааҕыы, суруйуу

Истии. Дьону кытта бодоруһууга (кэпсэтиигэ) истии култууратын тутуһуу. Кэпсэтии сыалын-соругун, дьон этэр санаатын, кэпсэтии ис хоһоонун өйдөөһүн. Сахалыы араас тиэкиһи истии, сүрүн ис хоһоонун, болҕойуллуохтаах түгэннэрин истэн сиһилии ылыныы, истибиккэ олоҕуран тус санааны үөскэтии. Истибиттэн туһааннааҕы, суолталааҕы сурунуу, анал бэлиэлэри туһанан, ис хоһоонун, тутулун исхиэмэнэн көрдөрүү.

Ааҕыы. Сахалыы араас тиэкиһи сахалыы саҥа интонациятын, төрүт дорҕоон этиллиитин тутуһан, тэтимнээхтик ааҕыы. Тиэкиһи туох сыаллаах-соруктаах ааҕартан көрөн, ааҕыы араас көрүҥүн сатаан туһаныы (үөрэтэр ааҕыы, билсиһэр ааҕыы, сорудахтаах ааҕыы, о.д.а.). Ааҕыы кэмигэр тиэкис сүрүн санаатын өйдөөһүн, наадалаах, туһалаах информацияны араарыы. Аахпыт тиэкис сүрүн ис хоһоонугар тус сыанабылы (сыһыаны) сатаан этии. Тиэкистэн синонимы, сомоҕо домоҕу, түөлбэ тылы, ойуулуур-дьүһүннүүр ньыманы туттуу бастыҥ холобурун булуу, анаан болҕойуу, аахпыты кэпсииргэ туһаныы. Ааҕыллар тиэкистэн билбэт, өйдөөбөт саҥа тыллары тылдьыттан булуу. Ааптар санаатын, иэйиитин биэрэригэр тиэкис тутулун, этии арааһын хайдах туһаммытын быһаарыы. Ааҕыыга тиэкис интона- циятын, туонун сүрүн санааҕа сөп түбэһиннэрэн таба тайаныы.

Саҥарыы (дорҕоонноох саҥа). Кэпсэтии сиэрин, саҥарыы культуратын тутуһуу. Дьону кытта табан кэпсэтии. Кэпсэтиини тоҕоостоохтук көҕүлээһин, саҕалааһын, салҕааһын, түмүкгээһин. Саныыр санааны толору, сиһилии тириэрдэр инниттэн кэпсэтии сыалыгар-соругар, ис хоһоонугар сөп түбэһэр сахалыы тылы-өһү, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары таба туһаныы. Саҥарыы кэмигэр туттуу-хаптыы бэлиэтин (невербальное общение) тоҕоостоохтук тут- туу. Саҥа тиибин арааһын (ойуулааһын, сэһэргээһин, тойон-нооһун) туттан тыл этии. Кэпсэтии, тыл этии түгэниттэн дорҕоону күүһүрдэн-сымнатан, үрдэтэн-намтатан, уһатан, куолас толбонун, эгэлгэтин туһанан истээччигэ тус сыһыаны, иэйиини тириэрдии. Этэр санааны сааһылаары эбэтэр тустаах өйдөбүлү истээччигэ тоһо- ҕолоон тиэрдээри тоҕоостоох миэстэҕэ анал тохтобуллары (паузаны) сатаан туһаныы. Түгэниттэн көрөн, саҥарыы тэтимин сөпкө талыы.

Суруйуу (суругунан саҥа). Сурук-бичик культуратын тутуһуу. Тупсаҕай буочарынан, ыраастык суруйуу. Тиэкиһи устуу, истэн суруйуу (диктант). Саныыр санааны суругунан сиһилии тириэрдии. Аахпыттан суруйуу (изложение). Дьиэ кэргэн, чугас доҕор, таптыыр дьарык, айылҕа, кыыллар тустарынан, ону таһынан аахпыт айымньы, хартыына, киинэ ис хоһоонун, экскурсияҕа, выставкаҕа сырыытын туһунан тэттик тиэкистэри суруйуу (өйтөн суруйуу). Суругунан үлэҕэ сомоҕо домоҕу, синоним тыллары, онтон да атын сахалыы ойуулуур- дьүһүннүүр ньымалары тупуу. Тиэкис тутулун, сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылатын тутуһуу.

  • Тыл үөрэҕэ

Төрөөбүт тылбыт - саха тыла. Саха омук үөскээбит, сайдыбыт историята. Саха тыла - түүр тыла. Саха тылын уруулуу тыллара. Төрөөбүт тыл киһи олоҕор суолтата.

Дорҕоон уонна таба саҥарыы. Саҥа дорҕоонун өйдөбүлүн, сахалыы дорҕоон арааһын билии. Төрөөбүт тылын дорҕооннорун, ордук чуолаан сахалыы ураты дорҕооннору (уһун-кылгас аһаҕас уонна хоһуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаһар бүтэй дорҕооннору, дифтон- нары, һ, нь, мурун ҕ дорҕооннору), арааран истии, чуолкайдык, таба саҥарыы нуорматын тутуһан саҥарыы. Саха тылыгар киирии тыллары үксүн сахатытан, аһаҕас дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрин сокуонун тутуһан саҥарыы. Тылы дорҕоонун састаабынан ырытыы.

Лексика. Норуот тылын туһунан уопсай өйдөбүлү, төрүт уонна киирии тыл уратыларын билии. Литературнай тыл суолтатын билии, нуорматын тутуһуу. Тыл лексическэй суолтатын быһаарыы. Хомуур суолталаах, түөлбэ тыл, биир уонна элбэх суолталаах тыллар, көспүт суолталаах тыллар, омоним, антоним, синоним (харыс тыллар, сомоҕо тыллар, метафоралар) өйдөбүллэрин билии, тиэкистэн булуу, саҥарар саҥаҕа сөпкө туттуу. Быһаарыылаах тылдьыт арааһын сатаан туһаныы, тыл суолтатын тыдцьыттан булан быһаарыы.

Графика. Сурук сайдыытын бэлиэ түгэннэрин билсии, киһи олоҕор суолтатын өйдөөһүн. Сахалыы сурук-бичик сайдыытын историятын билии. Дорҕоон буукубаларын билии, таба ааттааһын. Буукубалары суруллар ньымаларынан холбоон, ыраастык, тэтимнээхтик илиинэн суруйуу. Сурукка туттуллар атын бэлиэлэри, өйдөбүл-лэри (абзац, тылы көһөрүү бэлиэтэ, тыл икки арда (пробел)) сөпкө туттуу. Сахалыы алпаабыт бэрээдэгин билии. Араас тылдьытынан, ыйынньыгынан, каталогунан үлэлииргэ алпабыыты сөпкө туһаныы. Компьютерга сахалыы шрибинэн, тиэкиһи тэтимнээхтик бэчээттээн суруйуу.

Морфология. Тыл састааба диэн өйдөбүлү, тыл уларыйар уонна үөскүүр ньыматын билии. Саҥа чааһын туһунан уопсай өйдөбүлү билии. Саҥа чаастарын бөлөҕө: ааттар (аат тыл, даҕааһын аат, ахсаан аат, солбуйар аат), туохтуурдар (аат туохтуур, сыһыат туохтуур, тус туохтуур), сыһыат, көмө саҥа чаастара. Тылы састаабынан ырытыы (тыл олоҕо, сыһыарыыта). Тыллары сүрүн бэлиэлэринэн (грамматическай халыыптарынан) бөлөхтөөһүн, ырытыы. Саҥарар саҥаҕа тыл литературнай нуорматын тутуһуу.

Синтаксис. Этии уонна тыл ситимэ уратыларын, этии арааһын (сэһэн, ыйытыы, күүһүрдүү) билии. Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии, судургу уонна холбуу этии, сирэй саҥа, ойоҕос саҥа, диалог, туһулуу өйдөбүллэрин билии, этиигэ, тиэкискэ арааран булуу, бэйэ этиитин толкуйдааһын. Этиини таба интонациялаан ааҕыы, сурукка саҥа дэгэтин сурук бэлиэтинэн араарыы. Этии чилиэнинэн ырытыы.

  • Сурук-бичик култуурата

Таба суруйуу. Таба суруйуу сурук-бичик культурата буоларын өйдөөһүн. Уһун аһаҕас дорҕооннору, дифтону, хоһуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаһар бүтэй дорҕооннору, саха тылыгар киирии дорҕооннору таба суруйуу. Сахалыы араастык этиллэр тыллар таба суруллуулара тыл төрүт сокуоннарыттан тахсалларын, норуокка үөрүйэх, үгэс буолбут нуормаларыгар олоҕуралларын өйдөөһүн, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы. Киэҥник, элбэхтик туттуллар эбэтэр сахалыы этэргэ табыгастаах киирии тыллары сахатытан суруйуу; тылбаастанар эбэтэр саха тылынан бэриллэр кыахтаах нуучча тылларын сахалыы солбугунан биэрии; олохторо нууччалыы суруллар киирии тыллар сыһыарыыларын таба суруйуу.

Сурук бэлиэтэ. Сурук бэлиэтэ - тыл культуратын сорҕото буоларын, киһи этэр санаатын чуолкайдыырга, иэйэр иэйээни сурукка биэрэргэ, суругу-бичиги тупсарарга биллэр-көстөр туһалаа- ҕын, тиэкис арҕам-тарҕам барбатын, ыһыллыбатын, биир сомоҕо, сибээстээх буоларын хааччыйарын өйдөөһүн. Тылын ордук тупсаҕай тутуллаах, этигэн, бэргэн буоларыгар сахалыы этии, сурук бэлиэтин арааһын (араарар, тоһоҕолоон бэлиэтиир) сатабыллаахтык туттуу.

Ситимнээх саҥаны сайыннарыы

Туох сыаллаах-сорукгаах саҥарарын-суруйарын чуолкай өйдөөн (тема, сүрүн санаа), дьон өйүгэр-санаатыгар тиийимтиэтик санаатын сааһылаан, араас тиэкистэри холкутук саҥарар-суруйар (истэн суру- йуу, өйтөн суруйуу о.д.а.). Тиэкис сүрүн санаатыгар олоҕуран, тиэки- һи таба ааттыыр. Тиэкис тиибиттэн көрөн (сэһэргээһин, ойуулааһын, тойоннооһун), тиэкис тутулун тутуһар (киириитэ, сүрүн чааһа, түм- үгэ), былаанын оҥорор (кылгас, тэнийбит), кэрчик темаларга бытарытар. Тыл туттуллар уратытын, дэгэтин учуоттаан, сахалыы тутуллаах этиилэри (логичность речи), ойуулуур-дьүһүннүүр ньыма- лары, тыл баайын (богатство речи) сөпкө туттар (уместность речи).

  • Yѳрэх дэгиттэр үѳрүйэхтэрэ (Универсальные учебные умения)

  • Киhитийии сиэрин иҥэрэр (үѳрэнэр) үѳрүйэх (Личностные УД)

Тѳрѳѳбүт тыл кѳлүѳнэттэн кѳлүѳнэ5э бэриллэр улуу нэhилиэстибэ.

Тѳрѳѳбүт тыл норуот бар5а баайа, үтүѳ үгэhэ, мындыр ѳйѳ буоларын ѳйдүүр. Тѳрѳѳбүт норуотун, дойдутун таптыыр, ытыктыыр.

Тѳрѳѳбүт тыл - истиҥ бодоруhар тыл.

О5о тѳрѳппүттэрин, чугас дьонун-сэргэтин, бииргэ үѳрэнэр до5отторун кытта иэйии, турук, сыhыан (үѳрүү, таптал, ахтыл5ан, сонур5ааhын о.д.а.) тылынан ѳйдѳhѳрүн билэр. Ону арыйар тылларынан тылын саппааhын байытар, санаатын холкутук тиэрдэр.

Тѳрѳѳбүт тылга харыстабыллаах сыhыан.

Тылы харыстыыр, сайыннарар усулуобуйалары билэр:1) дьиэ5э-уокка, оскуола5а тѳрѳѳбүт тылынан кэпсэтии, 2) бэйэ омук дьонун кытта (сахалардыын) тѳрѳѳбүт тылынан бодоруhуу, 3) тѳрѳѳбүт тылынан лоп бааччы саҥарыы, суруйуу, 4) тѳрѳѳбүт тылы-ѳhү эрчийэ, дьарыктыы сылдьыы, 5) улахан дьону кытта табан кэпсэтии.

  • Билиини-кѳрүүнү ылар үѳрэнэр үѳрүйэх (Общеучебные, познавательные УУ)

Бэйэни салайынар-дьаhанар (организационные үѳрэнэр үѳрүйэх).

Учуутал кѳмѳтүнэн тѳрѳѳбүт тылын дьарыгар сыал-сорук туруорунар. Учуутал кѳмѳтүнэн үѳрэнэр соругу хайдах быhаарары былаанныыр. Тугу билэрин-билбэтин арааран ѳйдүүр. Бэйэ оҥорбут үлэтин хонтуруолланар.

Билиини- кѳрүүнү хаҥатар араас матырыйаалы туhаныы.

Туhааннаах информацияны учуутал ыйан биэрбит литературатыттан (тылдьыттартан, ыйынньыктартан, энциклопедиялартан) булар.

Сахалыы тахсар о5о5о аналлаах хаhыаты-сурунаалы («Кэскил», «Чуораанчык») аа5ар, телевизорынан сахалыы биэриилэри сэргээн кѳрѳр.

Тобулук ѳйү сайыннарар үѳрэнэр үѳрүйэх (логические УД)

Yѳрэнээччи саха тылын үѳрэтэр кэмигэр үѳрэнэргэ тѳрүт буолар ѳй үлэтин сүрүн үѳрүйэхтэрин баhылыыр.

Саха тылын предметин, үѳрэтэр матырыйаалыгар тирэ5ирэн, сахалыы толкуйдаан, ѳй үлэтин араас дьайыыларын толорор: тэҥнээhин (сравнение), ырытыы (анализ), холбооhун (синтез), түмүктээhин (обобщение), ханыылатан сааhылааhын (классификация), сааhылаан ситимнээhин (систематизация), майгыннатыы (аналогия).

Рефлексия. Сыалы-соругу ситиhэр ньымалары уонна усулуобуйаларын тѳhѳ сѳпкѳ талбытын сыаналыыр. Yлэ хаамыытын хайдах оҥорбутун сааhылаан кэпсиир.

Бэлиэни-символы туhанан үѳрэнэр үѳрүйэх (знаково-символические УД)

Дор5оон (буукуба), тыл, этии чилиэннэрин, тиэкис анал бэлиэлэрин сатаан туhанар. Анал бэлиэлэрин тыл, этии, тиэкис моделын оҥорор. Бэриллибит моделга тирэ5ирэн, тылы, этиини толкуйдуур. Билиини араас таблица, схема, модель кѳмѳтүнэн кѳрдѳрѳр. Таблицанан, схеманан, моделынан кѳрдѳрүллүбүт билиини ѳйдүүр уонна кэпсиир. Алгоритмы тутуhар.

Бодоруhан үѳрэнэр үѳрүйэх (коммуникативные УУ)

Дьону кытта бииргэ алтыhан үѳрэнэр, үлэлиир (пааранан, бѳлѳ5үнэн, хамаанданан о.д.а.). кэпсэтэр киhитин сэҥээрэр, санаатын бол5ойон истэр, ылынар, ыйытыы биэрэр. Тус санаатын сатаан этэр. Кэпсэтэр кэмҥэ кѳрбүтүн, истибитин, аахпытын туhанан сиhилии сэhэргиир. Сахалыы дорооболоhор, билсиhэр, быраhаайдаhар, кѳрдѳhѳр, телефонунан кэпсэтэр о.д.а. үгэстэри күннээ5и оло5ор туттар.

Программа үгэс буолбут үөрэхтээһин тупсарыллыбыт систематыгар оло5урар. Билии, сатабыл уонна үөрүйэх кээмэйэ үөрэх стандартын ирдэбилигэр сөп түбэһэр.

Саха тылыгар 3 кылаас программата 3 улахан чаастан турар:

1. Саҥа чааһа диэн тугуй?

2. Аат уонна туохтуур грамматическай суолтатыгар тугу өссө арааран билиэххэ сөбүй?

3. Саха тылыгар өссө ханнык саҥа чааһа баарый?







Тематическай былааннааһын:



136ч



Саха тылын уруогар 3 кылааска нэдиэлэ5э 4 ч. ананар, сылга барыта 136 ч. Ол иһигэр истэн суруйуу - 9 ч., аахпыттан суруйуу - 7 ч., өйтөн суруйуу - 4ч., суругунан үлэ уопсай ахсаана - 20 ч.

3 кылааска үөрэнээччи суругунан үлэтин кээмэйэ: - истэн суруйуу - 45-50т., аахпыттан суруйуу - 80-100т., айан суруйуу - 1-1.5сирэй.





















































</<br>


















Дата



Наименование разделов, тем. Тематика практических работ, контрольных работ

(Ытык өйдөбүллэр)

Кол.ч

Элементы содержания (Тиэмэлэринэн былааннааһын)

Характеристика видов деятельности обучающихся (Үөрэнээччи үлэтэ)

Требования к уровню подготовки учащихся, которые формулируются в деятельностной форме (знать, уметь)



Дом.зад



план

факт

Примечания





1

2

3

4



5

6

7

8

9

10

11



12

13



14



15



16

17



18

19

20

21

22



23

24

25

26

27

28



29

30

31

32

33





1.09

2.09

5.09

7.09



8.09

9.09

12.09

14.09

15.09

16.09

19.09



21.09

22.09



23.09



26.09



28.09

29.09



30.09

3.10

5.10

6.10

7.10



10.10

12.10

13.10

14.10

17.10

19.10



20.10

21.10

24.10

26.10

27.10





Саҥа чааһа диэн тугуй? (33ч)

Предмети аатыыр тыл

Предмети ааттыыр тыл

Предмети ааттыыр тыл

Суругунан үлэ. Истэн суруйуу _________________

Предмети ааттыыр тыл

Предмет бэлиэтэ

Предмет бэлиэтэ

Предмет бэлиэтэ

Предмет бэлиэтэ

Предмет бэлиэтэ

Аахпыттан суруйуу__________________

Тылдь.үлэ

Хайааһыны ааттыыр тыл грамматическэй суолтата

Хайааһыны ааттыыр тыл грамматическэй суолтата

Хайааһыны ааттыыр тыл грамматическэй суолтата

Айар үлэ________________

Хайааһыны ааттыыр тыл грамматическэй суолтата

Тылдь.үлэ

Саҥа чааһа

Саҥа чааһа

Саҥа чааһа

Истэн суруйуу__________________

Саҥа чааһа

Саҥа чааһа

Саҥа чааһа

Саҥа чааһа

Саҥа чааһа

Истэн суруйуу__________________

Тылдь.үлэ

Саҥа чааһа

Саҥа чааһа

Саҥа чааһа

Саҥа чааһа





















Саҥа чааһын туһунан уопсай өйдөбүл. Тыллары сүрүн бэлиэлэринэн (грамматиескай халыыптарынан) бөлөхтөөһүн.

Морфологическай бэлиэ өйдөбүлэ. Саҥа чааһын бөлөҕө.

Ааттар (аат тыл, ахсаан аат, солбуйар аат, даҕааһын аат).

Быһаарыылаах тылдьыт суолтата. Биир уонна элбэх суолталаах тыллар.

Тылга ыйытыыны сөпкө туруоруу суолтата.

Аахпыттан суруйуу, айымньы ис хоһоонун арыйан, былаанынан суруйарга бэйэтин тылынан суруйар.

Истэн суруйуу.

Айар үлэ. Тиэкискэ таба суруйуу уонна сурук бэлиэтин туруоруу култуурата.

Саҥа чаастарын кытары билсиһии. Саҥа чаастарынан бэриллибит тыллары үөскүүр сыһыарыыларынан, грамматическай халыыптарынан тэҥнээн наардыыр. Тылы састаабынан ;тыл олоҕо, тылы уларытар уонна үөскэтэр сыһыарыы) ырытар. Араас тылы суолталарынан, грамматическай халыыптарынан (сыһыарыыларынан) бөлөхтүүр. Ыйытыы халыыбыгар, тылы уларытар уонна үөскэтэр сыһыарыылар халыыптарыгар сөп түбэһиннэрэн, ханыылатан тыл арааһын үөскэтэр уонна уларытар.

Предмети, бэлиэни эбэтэр хайааһыны ааттыырын арааран билэ үөрэниэхтээхтэр. Тыл грамматическай уонна лексическэй суолтатын өйдөөһүн.

Түһүк тылга ситимнэһиитин дьүөрэлиир дьоҕуру сайыннарыы. Ситимнээх саҥаны, толкуйдуур дьоҕуру сайыннарыы.

Быһаарыылаах тылдьыты тутта үөрэнии.

Ыраастык суруйар үөрүйэҕи, каллиграфическай буочары сайыннарыы.

Алҕаһа суох, таба суруйар дьоҕуру сайыннарыы.

Аахпыттан истэн суруйар үөрүйэҕи сайыннарыы.

Санааны сөркө сааһылаан, толору этиилэринэн суруйар үөрүйэҕи сайыннарыы.

Ыраастык суруйары ситиһии.





Эрч4өйгө,с8

Эрч6с10

С12тылдь.үлэ

Алҕ.үлэ





Эрч10с15

С15 тылдь.үлэ

Эрч11ной.с16

С16 тылдь.үлэ



Алҕ.үлэ



Айар үлэ(хоһ.ай)

Эрч12с16



Проект.үлэс18



Алҕаст.үлэ

Сообщ.с19



С20тылдь.үлэ

Эрч17с21

Алҕас.үлэ



Проект.үлэ с22

С23 проект.үлэ

С23 айар үлэ

Алҕаст.үлэ







34



35



36



37



38



39

40

41

42

43

44

45

46

47

48

49

50

51

52

53

54

55

56



57



58

59



60



61



62



63



64



65





66





67



68





69



70





71

72





73



74





75





76





77





78









28.10



7.11



9.11



10.11



11.11



14.11

16.11

17.11

18.11

21.11

23.11

24.11

25.11

28.11

30.11

1.12

2.12

5.12

7.12

8.12

9.12

12.12

14.12



15.12



16.12

19.12



21.12



22.12



23.12



26.12



9.01



11.01





12.01





13.01



16.01





18.01



19.01





20.01

23.01





25.01



26.01





27.01





30.01





1.02





2.02



Аат уонна туохтуур грамматическэй суолтата

(45ч)

Тыл лексическэй, грамматическэй суолтата.

Тыл лексическэй, грамматическэй суолтата.

Суругунан (истэн суруйуу) үлэ______________________

Тыл лексическэй, грамматическэй суолтата.

Тыл лексическэй, грамматическэй суолтата.

Тылдь.үлэ

Түһүк

Түһүк

Айар үлэ_________________

Түһүк

Түһүк

Түһүк

Түһүк

Түһүк

Түһүк

Түһүк

Аат тыл ахсаана

Аат тыл ахсаана

Аат тыл ахсаана

Аат тыл ахсаана

Аат тыл ахсаана

Аат тыл ахсаана

Аахпыттан суруйуу__________________

Судургу уонна тардыылаах аат тыллар.

Тылдь.үлэ

Судургу уонна тардыылаах аат тыллар.

Судургу уонна тардыылаах аат тыллар.

Судургу уонна тардыылаах аат тыллар.

Судургу уонна тардыылаах аат тыллар

Судургу уонна тардыылаах аат тыллар

Суругунан(истэн суруйуу) үлэ______________________

Туохтуур сирэйинэн халыыба, кэминэн арахсыыта.

Туохтуур сирэйинэн халыыба, кэминэн арахсыыта.

Айар үлэ______________________

Туохтуур сирэйинэн халыыба, кэминэн арахсыыта.

Аахпыттан суруйуу__________________

Туохтуур сирэйинэн халыыба, кэминэн арахсыыта.

Тылдь.үлэ

Туохтуур сирэйинэн халыыба, кэминэн

арахсыыта.

Суругунан (истэн суруйуу) үлэ______________________

Туохтуур сирэйинэн халыыба, кэминэн арахсыыта.

Туохтуур сирэйинэн халыыба, кэминэн арахсыыта.

Туохтуур сирэйинэн халыыба, кэминэн арахсыыта.

Туохтуур сирэйинэн халыыба, кэминэн арахсыыта.

Аахпыттан суруйуу__________________











































































Аат тыл өйдөбүлэ. Ким уонна туох диэн ыйытыылары саха уонна нуучча тылларыгар туттуу. Аат тыллары суолталарынан уонна грамматическэй халыыптарынан бөлөхтөөһүн, аналларын быһаарыы. Биридимиэти уонна өйдөбүлү бэлиэтиир аат тыллар. Уопсай уонна анал аат тыллар. Анал аат арааһа. Нуучча тылыттан киирбит аат тыллары саҥарыы уонна суруйуу уратылара. Ааттар (аат тыл, ахсаан аат, солбуйар аат, даҕааһын аат).

Туохтуурдар (тус туохтуур, сыһыат туохтуур, аат туохтуур).

Аат тыл үөскээһинэ. Паараласпыт аат тыллар.

Аат тыл уларыйыыта. Түһүктэри билиһиннэрии.

Аат тыл ахсаана.

Саха тылыгар аат тыл ахсаанын ураты түбэлтэлэрэ.

Аат тыл түһүктэниитэ.

Туохтуур өйдөбүлэ. Туохтуурдары этиигэ оруолларынан наардааһын, грамматическэй халыыптарынан бөлөхтөөһүн, аналларын быһаарыы. Туохтуур арааһа (тус туохтуур, сыһыат туохтуур, аат туохтуур).

Туохтуур арааһын үөскэтии. Тус туохтуур, сыһыат туохтуур, аат туохтуур, сыһыат) өйдөбүлэ. Туохтуур (уларыйыыта) грамм.уратыта, грамм.бэлиэлэрэ (сирэйдэниитэ, кэмэ).



Саҥа чаастарынан саха төрүт дьарыгар туттуллар тыл бөлөҕүн хомуур суолталаах тылга, тыл кэккэтигэр тирэҕирэн ситэрэр, ааттыыр, суолталарыгар сөп түбэһиннэрэн тыл ситимэ уонна этии толкуйдуур. Түһүктэр ааттарын билиһиннэрии. Бэриллибит тыл олоҕуттан саҥа чаастарынан тылы үөскэтэр араас сыһыарыыны туһанан, сахалыы тыл эгэлгэтин үөскэтэр. Саҥа чаастарынан бэриллибит тыллары үөскүүр сыһыарыыларынан, грамматическэй халыыптарынан тэҥнээн наардыыр. Сахалыы тылы суруйарга тахсыбыт алҕаһы булан көннөрөр. Сахалыы тыл састаабын, үөскүүр уонна уларыйар уратытынболҕойор, таба суруйарга эрчиллэр.

Тыл лексическэй уонна грамматическэй суолтатын арааран билэр. Түһүктэр ааттарын билэр. Туһулууга сурук бэлиэтин билэ үөрэнэр.нууччалыы суруллар тыллары таба суруйар. Аат тылга ахсаан халыыбын суолтатын өйдүүр. Ситимнэһэр тылын ахсааҥҥа сөп түбэһиннэрэр. Тыл баайын саппааһын хаҥатар. Судургу уонна тардыылаах аат тыллары араарыахтаах, сөпкө биир тэҥ халыыпка киллэриэхтээх. Туохтууру үс сирэйгэ туруоруохтаах, кэминэнэ сөпкө уларытыахтаах, туохтуур -МА сыһыарыытын таба тутта үөрэниэхтээх.







Эрч21с29



Эрч22 ной.с29



Алҕас.үлэ



Эрч24с30



С31 тылдь.үлэ



Эрч26с32

Эрч27 ной.

Алҕаст.үлэ

С33 тылдь.үлэ

Тылы түһ.улар.

Тылы түһ.улар.

Тылы түһ.улар.

Тылы түһ.улар.

Тылы түһ.улар.

Тылы түһ.улар.

Эрч29с33 ной.

Эрч30проект.ү

С36айар үлэ

С37 тылдь.үлэ

Алҕаст.үлэ



Эрч33с37



С39 айар үлэ



Эрч36с40



Эрч38с42



Алҕаст.үлэ



С43 тылдь.үлэ





Эрч41с43айар ү.





Алҕаст.үлэ



Эрч44с47





Алҕаст.үлэ



Эрч46с49





Эрч47ной





Алҕаст.үлэ



Эрч49с50





С52тылдь.үлэ





Алҕаст.үлэ



79

80

81



82

83

84

85

86

87

88



89

90

91

92

93

94

95

96

97

98

99

100

101



102

103

104

105

106

107



108

109

110

111

112

113

114

115

116

117

118

119



120

121

122

123

124

125

126127

128



129

130131



3.02

6.02

8.02



9.02

10.02

13.02

15.02

16.02

17.02

20.02



22.02

23.02

24.02

27.02

1.03

2.03

3.03

6.03

8.03

9.03

10.03

13.03

15.03



16.03

17.03

20.03

22.03

3.04

5.04



6.04

7.04

10.04

12.04

13.04

14.04

17.04

19.04

20.04

21.04

24.04

26.04



27.04

28.04

1.05

3.05

4.05

5.05

8.05

10.05

11.05



12.05

15.05

17.05





Атын саҥа чаастара (53ч)

Ахсаан аат

Ахсаан аат

Истэн суруйуу__________________

Ахсаан аат

Тылдь.үлэ

Ахсаан аат

Ахсаан аат

Эбиискэ

Эбиискэ

Аахпыттан суруйуу__________________

Эбиискэ

Эбиискэ

Эбиискэ

Эбиискэ

Сыһыат

Сыһыат

Айар үлэ_________________

Сыһыат

Сыһыат

Сыһыат

Сыһыат

Ситим тыл

Истэн суруйуу__________________

Ситим тыл

Тылдь.үлэ

Ситим тыл

Ситим тыл

Ситим тыл

Аахпыттан суруйуу__________________

Дьөһүөл

Дьөһүөл

Дьөһүөл

Дьөһүөл

Дьөһүөл

Дьөһүөл

Айар үлэ_________________

Сыһыан тыл

Сыһыан тыл

Сыһыан тыл

Сыһыан тыл

Истэн суруйуу__________________

Сыһыан тыл

Сыһыан тыл

Сыһыан тыл

Сыһыан тыл

Саҥа аллайыы

Тылдь.үлэ

Саҥа аллайыы

Саҥа аллайыы

Аахпыттан суруйуу__________________

Саҥа аллайыы

Саҥа аллайыы

Саҥа аллайыы















Ахсаан аат өйдөбүлэ. Ахсаан ааттары суолталарынан бөлөхтөөһүн, аналларын быһаарыы. Ахсаан аат арааһа.

Ахсаан аат өйдөбүлэ. Ахсаан ааттары суолталарынан бөлөхтөөһүн, аналларын быһаарыы. Ахсаан аат арааһа. Эбиискэ арааһа, өйдөбүлэ. Сыһыат өйдөбүлэ. Сыһыат грамматическай уратыта. Сыһыат арааһын суолталарынан, үөскээбит ньымаларынан наардааһын. Сыһыат арааһын үөскэтии. Этииттэн ыйытыы туруоран сыһыат+туохтуур ситимин булуу. Көмө саҥа чаастарын быһаарыы, араарыы. Ситим грамматическай уратыта, арааһын суолтата, өйдөбүлэ. Дьөһүөл өйдөбүлэ. Дьөһүөл грамматическай суолтата. Сыһыан тыл өйдөбүлэ. Сыһыан тыл грамматическай суолтата, уратыта. Саҥа аллайыы өйдөбүлэ, суолтата, уратыта, грамматическай суолтата.

Саҥа чаастарынан бэриллибит тыллары үөскүүр сыһыарыыларынан, грамматическай халыыптарынан тэҥнээн наардыыр, бөлөхтүүр.көмө саҥа чаастарын билии, ырытыы, араарааһын. Тыл баайын саппааһын хаҥатыы, ситимнээх саҥаны сайыннарыы. Каллиграфическай буочарынан суруйар үөрүйэҕи сайыннарыы. Алҕаһа суох, таба истэн суруйар дьоҕуру сайыннарыы. Аахпыттан истэн суруйар үөрүйэҕи сайыннарыы. Санааны сөпкө сааһылаан, толору этиилэринэн суруйар үөрүйэҕи сайыннарыы, ыраастык суруйары ситиһии.

Көмө саҥа чаастарын ааттарын билиэхтээх, араарыахтаах. Грамматическай суолталарын быһаарыахтаах.бөлөҕүнэн наардыахтаах, аналларын билиэхтээх, быһаарыахтаах. Көмө саҥа чаастарын үөскээбит ньымаларын наардыахтаах. Араас тылы суолталарынан, грамматическай халыыптарынан бөлөтүөхтээх. Алҕаһа суох, таба истэн суурйуохтаах. Истэн суруйар үөрүйэҕэ сайдыахтаах. Санаатын сөпкө сааһылаан, толору этиилэринэн суруйуохтаах. Ыраастык суруйары ситиһиэхтээх. Айар дьоҕура сайдыахтаах. Тылын баайын саппааһа хаҥыахтаах. Санаатын сөпкө сааһылаан, толору этиилэринэн суруйар үөрүйэҕэ сайдыахтаах.



Эрч53проект.ү

Эрч55с58

Алҕаст.үлэ



Эрч56с59

Эрч58с60

С60айар үлэ

Эрч59сообщ.

Алҕастар.үлэ



Эрч61с62

Эрч62с63ной

Эрч63с64пр.үлэ

Эрч65с66

Алҕаст.үлэ

С66тылдь.үлэ

Тылдь.үлэ

Тылдь.үлэ

Тылдь.үлэ

Алҕаст.үлэ



Эрч67с67сообщ

С69тылдь.үлэ

Эрч68с69ной

Алҕаст.үлэ



С71ырытыы

Эрч70с73ной

Эрч72с75

С75айар үлэ

Алҕаст.үлэ



Эрч74с76

Эрч75айар үлэ

С80 тылдь.үлэ

Алҕаст.үлэ



Эрч79с82

Эрч80айар үлэ

С84тылдь.үлэ

Эрч83с85

Алҕаст.үлэ



Эрч85с86

Эрч86сообщ

132



133



134



135



136







18.05



19.05



22.05



24.05



25.05





Сыллааҕы билиини бэрэбиэркэлиир үлэ

Сыллааҕы билиини бэрэбиэркэлиир үлэ

Сыллааҕы билиини бэрэбиэркэлиир үлэ

Сыллааҕы билиини бэрэбиэркэлиир үлэ

Сыллааҕы хонтуруолунай үлэ













Сыллааҕы билиини бэрэбиэркэлиир эрчиллиилэр, сорудахтар.

Эрчиллиилэри, сорудахтары толоруу.

С87тылдь.үлэ

Эрч89с89

Эрч91с89таайб.



Эрч93с91

Эрч96с93

Алҕаст.үлэ





Проект.үлэ







 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал