7


  • Учителю
  • «Мин кэрэ дойдум – олоҥхо дойдута»

«Мин кэрэ дойдум – олоҥхо дойдута»

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала





«Мин кэрэ дойдум - олоҥхо дойдута» кылаас чааһа.

Кылааһа- 2

Учуутал- Турнина С.И.

Буолбут күнэ- Олунньу күнэ.

Сыала -«Мин кэрэ дойдум - олоҥхо дойдута» өйдөбүлү иҥэрии.

  • Бэйэ олорор дойдутун харыстааһын.

  • Билиигэ-көрүүгэ тардыһыыларын үрдэтии.

  • Бэйэлэрэ тутан хабан оҥорбут оҥоһуктарын сыаналана үөрэнэллэригэр үөрэтии.

  • Бодоруһууга үөрэтии

  1. Тэрээһин чаас.

  2. Бэсиэдэлэһии, "Мин төрөөбүт дойдум" слайда көрүү.

  3. "Олоҥхо алыптаах эйгэтэ" оҥоһук күрэҕэ.

  • Оҥоһугу кэпсээһин.

  • Түмүк таһаарыы.

  1. "Таптыыбын төрөөбүт дойдубун" фотопланшет- оҕолор кэпсииллэр.

  2. Түмүк.

Хаамыыта.

  1. Тэрээһин чаас.

  2. Бэсиэдэлэһии

Бүгүҥҥү кылааспыт чааһа «Мин кэрэ дойдум - олоҥхо дойдута». Биһиги ханна олоробутуй? (Саха сиригэр, Тааттаҕа, Кыйыга). Төрөөбүт Кыйыбыт нэһилиэгэ, Тыараһабыт хайдах сиргэ турарый? (Слайдалары көрөн оҕолору кытта бэсиэдэлэһии).

Аны билигин олоҥхо дойдутун, сирин-уотун хайдах хоһуйаллар этэй? Олоҥхо олуктарын өйдүөххэйин эрэ.









Света- Аан дойду айыллыыта

Былыргы үйэҕэ

Ойуу-бичик уорҕалаах

Киирэр тахсар күннээх,

Кэрэ быйаҥ кэскиллээх

Кэтит аан ийэ дойду

Сириэдийэн үөскээбит.

Айыына- Аан дойду айыллыыта

Оруһуоллаах уулаах.

Одун байҕал олбохтоох,

Охтон баранар мастаах,

Уолан бүтэр уулаах

Аҕыс иилээх-саҕалаах

Аан ийэ дойду айыллыбыт.

Данил- Үрэх

Сэттэ уон сэттэ силбиктээх

Сирэм күөх үрэх...

Аҕыс уон аҕыс

Ааттаах аарыма үрэх

Биһиэхэ ханнык үрэхтэр баалларый? (Таатта, Түөйэ, )

Алина- Күөл

Анараа өттүн

Аһара баттаан

Алам-дьалам көрдөххө

Сөтүөлүү оонньуур

Көлүйэ күөллээх.

Биһиги дэриэбинэбит ортотугар Кыйы күөлэ турар.

Уйгууна- Халлаан

Үрүмэ долгун урсуннаах

Үс харгыстаах

Үһүс халлаан.

Туналҕаннаах маҥан халлаах,

Үрдүк мэҥэ

Добун халлаах.

Юлия- Күн

Сайыҥҥы сандаа маҥан күнүм

Сандаҕыра ойон тахсар,

Кыһыҥҥы кылбаа маҥан күнүм.

Учуутал- Түмүктэ оҥоруоххайын эрэ. Кимиэхэ туох санаа киирдэ?

Света- Биһиги олорор сирбит олоҥхо дойдутун курдук эбит. Уонна олоҥхоҕо наһаа үчүгэйдик суруйаллар эбит.

Уйгууна- Мин санаабар биһиги айылҕабыт наһаа кэрэ эбит.

Юлия- Мин охтор мастаах диэни сөбүлээбэтим.

Учуутал- Тоҕо?

Юлия- Онтон, маспыт бүтэн халыа дии.

Учуутал- Оччоҕо хайдах буолабытый?

Алина- мастар бүттэхтэринэ дьиэ туттубаппыт, оһох оттубаппыт.

Данил- кыыллар олорор сирдэрэ суох буолар.

Учуутал- Оччоҕо тугу гынабытый?

Юлия- элбэх баҕайы мастары олордуохха.

Айыына- мастары суулларымыахха.

Учуутал- Ол аата айылҕабытын хайыыбытый?

Бары- харыстыыбыт!

  1. "Олоҥхо эйгэтэ" оҥоһук күрэҕэ.

Билигин бэйэҕит оҥорбут оҥоһуктаргытын кэпсиигит. Туох матырыйаалтан оҥордугут? Тоҕо маннык оҥордугут?

  • Оҥоһугу кэпсээһин. (Оҕолор биирдии биирдии тахсан көрдөрө көрдөрө кэпсииллэр)

  • Түмүк таһаарыы. (Кыайыылаахтарга бириис, бары кыттыбыт оҕолорго биһирэбил бириис)













  1. "Таптыыбын төрөөбүт дойдубун" фотопланшет- оҕолор кэпсииллэр.

Хаартыскалары хаһан, ханна, кимниин түһэрбиттэрий? Тоҕо түһэрбиттэрин кэпсииллэр.

  1. Түмүк

Бүгүҥҥү кылаас чааһыттан тугу биллигит? Тугу сөбүлээтигит? Тугу сөбүлээбэтигит?

Хас биирдии оҕо санаатын эттэ. Мин өссө элбэхтик хаартыскаҕа түһэриэм.

Мин кумааҕынан оҥоһук оҥорорбун ордоробун.

Уйгууна, Айыына оҥоһуктарын сөбүлээтим, мин эмиэ итинник оҥоруом.

Биһиги наһаа үчүгэй айылҕалаах эбиппит. Саамай үчүгэй сиргэ олоробут. Уонна айылҕабытын харыстыахтаахпыт.

Бука бары наһаа үчүгэйдик үлэлээтигит. Кыһанан бэлэмнэммиккит көстөр. Онон барыгытыгар үчүгэй үлэҕит, кылаас чааһыгар активнайдык кыттыбыккыт иһин махтанабын. Өссө элбэх ситиһиилэри баҕарабын.







 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал