- Учителю
- Кылаас таһынан тэрээһин 'Суол бэлиэлэригэр ыалдыттааhын'
Кылаас таһынан тэрээһин 'Суол бэлиэлэригэр ыалдыттааhын'
Уруок таһынан тэрээһин
Алын кылаас оҕолоругар
Темата: Суол бэлиэлэригэр ыалдыттааһын.
Сыала: О5олору уулусса5а сылдьыы, уулуссанан туорааһын быраабылаларыгар, светофор сигналларын тутуһарга үөрэтии.
Тэрилэ: Суол бэлиэлэрэ, ортотугар «Суол бэлиэлэрин дойдута» - плакат, светофор модела, муоста5а "тротуар", "уулусса", "переход" ойуулара. О5олор үс хамаанданан арахсан олороллор.
Тэрээһин хаамыыта
-
Тэрээһин чааһа.
-
Бэсиэдэ.
Учуутал: Оҕолоор, биһиги бүгүн суол бэлиэлэрин дойдутугар кэллибит. Бу дойдуну "Үс харах» салайан олорор. Олохтоохтор кини этиитинэн салайтаран олороллор. Эһиги санааҕытыгар «Үс харах" диэн кимий?
О5олор: Светофор.
Учуутал: «Үс харах» ыалдьыттары үөрэ - көтө көрсөр, ол эрэн суол быраабылатын кэһээччилэри дойдутугар киллэрбэт. «Үс харах» - светофор харахтара хайдах өҥнөөхтөрүй?
О5олор: Кыһыл, арҕас, от күөх (тастан үс оҕо киирэр, түөстэригэр кыһыл, араҕас, от күөх төгүрүк бэлиэлээхтэр).
Учуутал: Көрүҥ, светофор бэйэтинэн тиийэн кэллэ. Истиэхэйиҥ эрэ тугу этэллэрин.
Кыһыл - сэрэхтээх буоларга көмөлөһөн түүннэри, күннэри умайар.
Бары үһүөн: от күөх, араҕас, кыһыл.
Араҕас- Биһиги дьиэбит - светофор.
Бииргэ төрөөбүт бырааттыыларбыт.
Биһиги өртөн умайабыт
Бары оҕолорго.
Кыһыл - Олус кытаанах - кыһыл уот,
Өскө кини умайдын - тохтоо!
Салгыы барыма!
Барыларыгар суол сабыылаах.
Араҕас - Суолу холкутук туоруурга,
Араҕас уоту ортотугар күүт!
От күөх - Кини кэнниттэн иннигэр
От күөх умайыа,
Холкутук инниҥ хоту
Айаннаа диэҕэ кини.
Бары - Светофор бэлиэтин
Барытын тутустаххына
Оскуолаҕа, дьиэҕэр
Сотору тиийиэҥ!
ыУчуутал: Оҕолоор, светофор бэлиэлэрин дойдутугар киллэрэрин туһугар конкурс ыытыахпыт уонна суол быраабылаларын билэрбитин дакаастыахпыт. 3 хамаанда кыттыаҕа. Светофор сигналлара көмөлөһүөхтэрэ. Бастакы хамаанда командирынан От күөҕэ сигнал буолуоҕа. Иккис хамаанда командирынан - Араҕас сигнал. Оттон үһүс хамаанда командира - Кыһыл.
Биһиэхэ көмөлөһөүхтэрэ остуоруйа геройдара Кыһыл Бэргэһэчээн, Билбэччэй, Буратино.
Конкурспутун саҕалыыбыт.
Боппуруостар
Боппуруостары остуоруйа геройдара биэрэллэр.
-
Кууруссалар уулусса ортотугар көрсүбүттэр, иккиэн өр мөккүспүттэр, тиһэҕэр балыыһаҕа киирбиттэр. Кууруссалар сыыһалара тугуй?
-
Массыналар тастарыгар, уулусса кытыытыгар о5олор мээчиктии сылдьаллар. Бу оонньооччулар, онтон мээчиктэрэ ханнаный? Киниэхэ аны быраас да көмөлөспөт. Сыыһалара?
-
Велосипеды сатаан мииммэт эһэчээн айаннаан иһэр, сотору кэминэн кини эмтэнэр 3 шишкатын, 1 синягын. Сыыһата?
-
"Куорат таһыгар дьон хамсааһына» плакат тугу сэрэтэрий?
-
О5олор суол кытыытыгар салаасканан оонньууллар. Бу плакат тугу сэрэтэрий?
Сынньалаҥ оонньуу
Учуутал: светофор сигналын көрдөрөр.
Оҕолор: Кыһыл- миэстэлэригэр тураллар
Араҕаска- ытыстарын таһыналлар
От күөххэ - миэстэлэригэр хаамаллар
Билиини туттуу
Учуутал: Аны, оҕолор, остуоруйабыт геройдара уулусса быраабылаларын хайдах толороллорун кэтээн көрүөҕүҥ.
Учуутал: Ханна бардыҥ, Кыһыл Бэргэһэчээн?
К.Б.: Эбээбэр баран иһэбин.
Учуутал: Чэ бар, ол эрэн суол быраабылаларын өйдөө. (К.Б. кыһыл уокка суолу туоруур, кыһыл уот түөһүн ыйар).
(От күөхтэргэ) Тугу сыыста?
Оҕолор: Кыһыл уокка суолу туораата.
(Араҕастарга) Автобус иһэр (3 оҕо тутуспуттар, инники оҕоҕо таблица "Автобус").
Билбэччэй автобустан түһэр, суол уҥуор Буратино кинини ыҥырар. Билбэччэй автобус иннинэ ааһан барар.
-
Туох сыыһаны оҥордо?
-
Оҕолор: Автобус иннинэн ааста, автобус барарын күүтэн баран уулуссаны туоруохтаах этэ.
(От күөхтэргэ):
Учуутал: Буратино, ханна бардыҥ?
Буратино: Оскуолаҕа баран иһэбин. (Суолу от күөх уокка туоруур).
-
Буратино туох сыыһаны түһэрдэ?
-
О5олор: Кини уулуссаны сөпкө туораата.
Түмүк таһаарыы
Жетоннары ааҕыы
О5олор тугу сөбүлээбиттэрин, туох сыыһалаахтарын сэһэргэһии.