7


  • Учителю
  • Рабочая программа дополнительного образования «Өбүгэ үгэhэ»

Рабочая программа дополнительного образования «Өбүгэ үгэhэ»

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала

Утверждаю:

Директор школы

_____________/М.П.Макарова/

« »__________2012г.

«Өбүгэ үгэhэ»

эбии дьарык программата

1 кылаас.

Амма - Наахара орто оскуолата







Толордо: алын сүhүөх учуутала

Антипина Анна Александровна



Быhаарыы сурук

Саха сирин төрүт олхтоохторун культуратын үөрэтэр эбии дьарык быhыытынан о5о5о бэйэтин норуотун духовнай, материальнай культуратын аан дойду арахсыспат чааhын курдук ылынарыгар көмөлөhөр, төрөөбут тылы уонна культураны үөрэтэргэ, харыстыырга интэриэhи сайыннарар. өрэнээччи бэйэтин норуотун туhунан киэн өйдөбүлү, билиини уонна араас сатабыллары ылар.

Программа алын сүhүөх оскуола5а бэйэтин норуотун культуратын билэр уонна атын норуоттар культураларын убаастыыр личноhы иитэн таhаарарга көмөлөhөр, төрөөбүт тылы уонна культураны сайыннарар, харыстыыр ирдэбили үөскэтэр.

Сүрүн хайысхаларынан төрөөбүт дойду норуотун оло5ун - дьаhа5ын, дьарыгын, абыычайын, үгэhин, ону тэнэ айыл5а, кыыл - суол, тулалыыр эйгэ тустарынан бастакы билиини - көрүүну киллэрии буолар.

«Өбүгэ үгэhэ» эбии дьарык программатын сыала уонна соруктара:

- төрөөбүт тылы уонна Саха сирин төрүт норуоттарын культуратын сайыннарар уонна инэринэр ирдэбили үөскэтии;

- бэйэтин норуотун культуратын билэр уонна атын норуот культуратын убаастыыр личноhы иитии;

- бэйэ норуотун духовнай уонна материальнай культуратын арахсыбат чааhын курдук ылыныыны иңэрии;

-бэйэ норуотун культуратын, оло5ун - дьаhа5ын, итэ5элин, духовнай баайын билэргэ, өйдүүргэ, ис сүрэхтэн ылыныыга, таптыырга, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууга иитии.

Саха оскуолатыгар норуот культуратын үөрэтии маннык принциптэргэ оло5урар: оло5у кытары сибээс, культуралар алтыhыылара, санарар хайысхалаах уорэтии, өйдөөн үөрэнии.

өрэтии кэмигэр үөрэнээччи араас норуоттар культураларын көстүүлэрин кэтээн көрөр, иңэринэр, кэпсэтиигэ көхтөөхтүк кыттар, этиллибити ырытар, алтыhар үөрэнэр буолуохтаах. О5олор бэйэлэрэ толкуйдаан быhаара, атын о5о санаатын истэ, ырыта, айыллыбыт быhыыны - майгыны оонньоон көрдөрө, бэйэлэрин дьарыктарын былаанныы, бииргэ улэлии үөрэнэллэр.

Түмүк ситиhии сүрүн ирдэбиллэрэ: хас биирдии үөрэнээччи ылыахтаах - өйдүөхтээх - хайаан да инэриниэхтээх билиитин - көрүүтүн; баhылыахтаах - чопчу сатабыллары уонна дьо5урдары;

куннээ5и оло5ор туhаныахтаах - инэриммит билиитин - көрүүтүн уонна сатыбылларын.

Дьарык нэдиэлэ5э 1 чаас, сылга 32 чаас.

Сыллаа5ы дьарык барыла


Темата

I чиэппэр

чаас

Күнэ-дьыла

Бэлиэтээhин

1

Мин гражданиммын -

Мин Россия гражданинабын


1

2

Мин дойдум - Саха сирэ

1

3

Саха сирин төрүт норуоттара

1

4

Мин төрөөбү төрүт түөлбэм

1

5

Мин дойдум айыл5ата

1

6

Хамсыыр - харамай айыл5а сор5ото

1

7

Мин дьиэ кэргэним,

1

8

Мин чугас дьонум

1


II чиэппэр


1

Норуотум дьиэтэ - уота

1

2

Норуоттар дьарыктара

1

3

Өбүгэм аhа - үөлэ

1

4

Омуктар танастара

1

5

Норуотум танаhа

1

6

Туос, мас иhиттэр

1

7

Оhуор, ойуу - бичик

1


III чиэппэр


1

Норуотум оонньуурдара

1

2

Өбгүлэр оонньуулара

1

3

4,5

Остуол оонньуулара.

Хабылык.Хаамыска

1

2

6

«Атах тэпсиитэ»

1

7

«Ким кыайан турарый?»

1

8

Төрүт омуктар үңкүүлэрэ

1

9

Норуотум ырыата тойуга

1

10

Норуот уус - уран айымньыта

Алгыс, чабыр5ах

1

11

Өс хоhооно, таабырын

1


IV чиэппэр


1

Норуотум үтүө үгэстэрэ

1

2

Бодороhуу. Дорооболоhуу

1

3

Эйэ5эс тыл эгэлгэтэ. Э5эрдэлээhин, көрдөhүү.

1

4

Ыңырыы, махтаныы

1

5

Сиэрдээхтик кэпсэт.

Ырыыстык саңар.


6

Түмүктүүр дьарык.

1

Туhаныллыбыт литература:

1. Захарова Л.В. уо.д.а. «Саха сана», Дьокуускай: Сахаполиграфиздат,2005.

2. Винокуроава Е.И.,Дедюкина Л.Г., «Өбүгэ үгэhэ» 1,2 чаастара.

Дьокуускай: Бичик, 2009.

3. Филиппова Н.И. «Мин о5обун. Мин киhибин. Мин гражданиммын.»

Дьокуускай: Бичик, 2007.





 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал