- Учителю
- Рабочая программа по Родной литературе 4 класс (Захарова, Флегонтова)
Рабочая программа по Родной литературе 4 класс (Захарова, Флегонтова)
ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА
Суруннуур бырагыраама быЬаарыы суругар уерэх предметин туЬунан ейдебул, уерэх предметин ис хоЬоонугар киирэр ытык ейдебуллэр, уерэх предметин уерэтии тумуктэрэ, уерэх былааныгар уерэх предметин миэстэтэ ыйыллар, предмет ис хоЬооно уонна тиэмэнэн аттарыллыыта, уерэх предметин материальнай-техническэй хааччыйыыга ыйыылар бэриллэллэр.
БЫЬААРЫЫ СУРУК
Уус-уран литература оскуола5а о5ону кыра сааЬыттан ийэ тыл эйгэтигэр киллэрэр, уран тылга уьуйар, иитэр-уерэтэр сурун хайысха. Умсугуйан aa5ap о5о ейе-санаата сайдыылаах, билиилээх-керуулээх, олох бугуннутун эрэ буолбакка, бэ5эЬээннитин ырыналыыр, сарсыннытыгар эрэллээх буолар. Онон «Литературнай аа5ыы» уерэх предметин анала - o5o5o aa5ap дьо5уру олохсутуу, аа5ыы бэйэ кыа5ын сайыннарыыга суолталаадын ейдетуу.
Оскуола5а «Литературнай аа5ыы» уерэх предметин сыаллара:
-
Аа5ыы уопсай култууратын инэрии; аадар уеруйэди олохсутуу; сакга араас керупун сайыннарыы;
-
О5ону аа5ыы араас эйгэтигэр септеех научнай литератураны хабан туран киллэ- рии;
-
уус-уран айымньыны аа5ыы нецуе уйул5аны хамсатан иэйиини уьугуннарыы;
-
тыл искусствотыгар эстетическэй сыЬыаны уескэтии;
-
айар дьо5уру сайыннарыы;
-
аа5ыы ненуе сиэр-майгы утуе еруттэрин олохсутуу;
-
Саха сирин, Россия уонна тас дойду норуоттарын култуураларыгар убаастабылы иитии.
Сыалы ситиЬэргэ маннык соруктар тураллар:
-
Аа5ыы араас ньыматын баьылааьын;
-
тиэкиьи кытта улэ сурун сатабылларын ицэрии;
-
наадалаах литератураны булан туьаныы;
-
аа5ыыга интэриэьи уескэтэн, кинигэ5э тапталы ицэрии;
-
айан кэпсиир уонна суруйар уеруйэхтэри сайыннарыы;
-
норуот тылынан уонна уус-уран айымньытын духуобунай ис номо5ун ненуе иэйиини уЬугуннаран, олох араас кестуутугэр сиэрдээх сыЬыаны уескэтии;
-
уус-уран айымньы тылыгар бол5омтолоох буолууну ситиЬии;
-
тереебут уонна араас омук литературатын араара ейдеен, ол ненуе норуоттар до5ордуу сыЬыаннарын олохсутуу.
Оскуола5а уус-уран литератураны уерэтии Российскай Федерация уонна Саха Республикатын терут сокуоннарыгар, Yepэx туЬунан сокуоннарыгар, «Россия гражданинын личноЬын сиэрин-майгытын сайыннарыыга уонна иитиигэ концепцията», федеральнай государственнай уерэх стандартара курдук государственнай суолталаах докумуоннарга оло5урар.
Орто уопсай уерэхтээЬин уерэнээччи оскуолаттан сиэр-майгы бастыц хаачыстыбаларын - киЬи аймах ытык ейдебуллэрин (духуобунай сыаннастарын) иьэриммит Россия гражданинын иитэн-уерэтэн таьаарыыга туьуланар.
Киьи уопсастыбатын сайдан кэлбит историятыгар утуе уонна меку, чиэс уонна сиэрэ суох быьыы, суобас уонна чиэьинэйэ суох буолуу, о.д.а. сиэр-майгы нуормалара олохсуйан кэллилэр. Ол гынан баран, хайа ба5арар норуокка киЬилии сиэрдээх быЬыы ытык ейдебуллэрэ биЬирэнэр, кэрэхсэнэр.
2009 с. ылыныллыбыт «Россия гражданинын личноЬын сиэрин-майгытын сайыннарыы уонна иитии концепцията» федеральнай государственнай уерэх стандартарын методологическай терутунэн буолла.
Концепция Россия гражданинын личноьы иитиигэ, сайыннарыыга 10 сурун национальнай ытык ейдебулу ыйар. Онно киирэллэр:
-
Ийэ дойдуга, бэйэ сиригэр-уотугар, норуотугар таптал, бэриниилээх буолуу.
-
Биир санааланыы, кырдьыктаах быЬыы, аЬыныгас, амарах сурэхтээх, чиэстээх, дьоЬуннаах буолуу.
-
Ийэ дойдуга сулууспалааЬын, сокуону тутуЬуу, бэрээдэктээх буолуу. Атын омук култууратын, айымньытын ейдееьун.
-
Дьиэ кэргэнцэ, ыалга тапталлаах уонна бэриниилээх буолуу. Доруобуйа, уйгулаах олох. Тереппуттэргэ ытыктабыл, а5а саастаахха уонна кыра5а, кыаммакка кыЬамньы, ийэ-a5a yyhyн тэнитии, удьуору сал5ааьын.
-
Улэ, терут дьарык. Улэ5э ытыктабыл, дьулуур, дьаныар. Айымньылаах улэ.
-
Билиини сыаналааьын. Дьиц чахчыга дьулуьуу, аан дойду научнай кестуутэ.
-
Итэ5эл, духуобунас ейдебуллэрэ. Ебугэ угэьин утума.
-
Тереебут литература - бар5а баай. Кэрэ, киЬи духуобунай эйгэтэ, сиэрдээх быЬыы. Олох, олох сиэрэ-майгыта.
-
Ийэ айыл5а. Ытык сир, харыстанар сир. Сир - планета. Айыл5а5а харыстабыл.
-
Сир урдугэр эйэ, элбэх омук култуурата, киЬи аймах сайдыыта, норуоттар сибээстэЬиилэрэ, сомо5олоЬуулара.
Онон бу ытык ейдебуллэри «Литературнай аа5ыы» уерэх предметин ис хоьоонугар уус-уран айымньыга сецен сылдьар норуот историятын, култууратын, оло5ун терут угэьин, сиэрин-майгытын нецуе киллэрии керуллэр.
Ытык ейдебуллэри уерэнээччигэ ицэрии тумугэ:
-
киЬи сайдыылаах уонна ситиЬиилээх буоларыгар тереебут тылынан аа5ыы суолтатын ейдуур;
-
уус-уран литератураны тылынан искусство ураты керуцун быЬыытынан сыаналыыр;
-
тулалыыр эйгэ туьунан билии-керуу аа5ыы кеметунэн кэциирин-дирициирин ейдуур;
-
норуот айымньыта уонна уус-уран литературата саха терут оло5ун-дьаЬа5ын, историятын, тылын-еЬун, култууратын кестуутэ буоларын ейдуур, сыаналыыр;
-
Саха сирин, Россия уонна аан дойду норуоттарын чулуу айымньыларын аа5ан, атын норуот култууратын, литературатын ытыктыыр;
-
утуену-мекуну, сырдыгы-харацаны арааран, сиэри тутуЬуу, амарах, аЬыныгас, дьооццо кыЬамньылаах майгы учугэйгэ тиэрдэрин ейдуур.
Уерэх сатабылларын сайыннарыы тумугэ:
-
аа5ыы улэтин араас керуцэр сыал-сорук туруорунар, былаанныыр, тумугун саба5алыыр; улэтин хонтуруолланар, сыаналана уерэнэр;
-
уруокка, уруок таЬынан улэ5э бэриллибит соруда5ынан араас информационнай эйгэ кыа5ын талар, тyhaнap;
-
уус-уран айымньыга меккуер теруетун, сайдыытьн быЬаарар, уескээбит кестуулэри, дьон сыЬыанын ырытан дакаастыыр;
-
уус-уран айымньы сурун ис хоЬоонун, дьоруойдар араас сыЬыаннарын, сурун сюжет сайдыытын ырытан, анал бэлиэ, графика кеметунэн быьаара, ситимнии, тиЬиктии уерэнэр;
-
аахпытыгар уонна уопутугар олобуран, тэцниир уонна ойуулуур, учебнигынан улэлиир;
-
уус-уран айымньыны ырытыы кэмигэр бодоруЬуу сиэрин тутуЬан, бииргэ улэлиир кыахтанар;
-
до5отторун, тереппуттэрин, кылаас иннигэр кылгас иЬитиннэриини oцopop;
-
бэриллибит тиэмэ5э санаатын сааЬылаан айан кэпсиир, суруйар.
Тустаах уерэх предметин уерэтии тумугэ:
-
аа5ыы сурун уеруйэхтэрин баЬылыыр;
-
айымньы араас керуцун бол5ойон истэр;
-
норуот айымньыта уонна уус-уран литература, тереебут уонна атын омук литературата диэн араарар;
-
аахпыт уус-уран айымньытын суруйааччытын (саха уонна омук) аатын уонна керуцун (жанрын) бол5ойор уеруйэхтээх;
-
сааьыгар септеех араас керуцнээх (уус-уран, уерэх, научнай-популярнай) тиэкиЬи учугэйдик ейдуур, ырытар, туьанар;
-
кэпсээЬин араас керуцун (сиьилии, кылгатан, талан, 6ыha тардан) билэр; сорудах быЬыытынан туЬааннаах керуццэ сеп тубэЬиннэрэн кэпсиир;
-
себулээн аахпыт айымньытын туЬунан аа5ааччы дневнигэр (альбом, тэтэрээт) уЬуктубут иэйиитин уллэстэн санаатын суруйар;
-
сааьыгар сеп тубэЬэр айымньы тылын араас дэгэт суолтатын ейдуур, то5оостоох миэстэ5э кубулуйбат уус-уран быЬаарыыны (эпитети), ее хоьоонун, уус-уран ньыма apaaьын кэпсииригэр туьанар;
-
айымньыттан себулээбит кэрчигин талан уерэтэр, ейтен хоЬоонноохтук аа5ар;
-
чопчу тиэмэ5э араас керуунээх суругунан айар улэни толорор.
УЕРЭХ ПРЕДМЕТИН ИС ХОЬООНО
1-4 кылааска тереебут литератураны уерэтии маннык ис хоЬоонноох буолар:
Сацарыы уонна аа5ыы улэтин керуцнэрэ туора сацаны истэргэ, ылынарга; истибит айымньы туЬунан ыйытыыга сатаан хоруйдуурга, сааЬылаан быЬаарарга; истибит уерэх, научнай-биллэрэр тиэкис, уус-уран айымньы туЬунан ыйытыы биэрэргэ уерэтэр. Таска суЬуехтээн аа5ыыттан сыыйа бутун тылынан аа5ыыга кеЬеругэр, аа5ыы тэтимин тургэтитэригэр, орфоэпияны, интонацияны, сурук бэлиэтин тутуЬа, тиэкистэр ис номохторун булуу, аа5ыы керуцун быЬаара уерэнэригэр билиини биэрэр.
Араас тиэкиьи кытта улэ тиэкис ейдебулун, уус-уран тиэкис тиэмэтин, сурун санаатын, тутулун, кэрчиктэргэ арааран кыра тиэмэлэри быЬаарарга, аат биэрэргэ, уерэх, научнай-популярнай тиэкис диэн араарарга уерэтэр; уопсай ырытыыга кыттан, ыйытыыга хоруйдуурга, тыл этэргэ, атын о5о этэрин сатаан истэ уерэнэргэ олук уурар; уус-уран ньыманы туЬанан айымньы дьоруойун ойуулуурга, кэпсээЬин араас керуцун (сиьилии, талан, кылгатан) баЬылыырга терут уурар.
Библиографическай култуура кинигэ билии терде буоларын, керунгун, тутулун, тииптэрин (ыйынньык-кинигэ, уерэх кинигэтэ, уус-уран кинигэ) туЬунан биллэрэр.
Сацарыы диалог, монолог диэн сана араас керунгэ буоларын биллэрэр, былааннаан сацарар, уус-уран ньыманы туттар, айымньыны салдаан, ейтен этэр дьодуру, кэпсэтии сиэрин тутуЬар култуураны олохсутар.
Сурук суругунан сана литературнай нуорматын, ис хоЬоон уонна тиэкис аата сеп тубэсиЬиилэригэр (тиэмэ, кэпсэнэр сир, дьоруой быЬыыта-майгыта), тэттик ейтен суруйууга (ойуулааЬын, сэЬэргээЬин, толкуйдааЬын) уус-уран ньыманы (синоним, антоним, тэцнээьин) Tyhaeapra, бэриллэр тиэмэ5э кэпсээн, сыанабыл онорорго уврэтэр.
О5о аа5ар эйгэтэ норуот тылынан айымньытын, Саха сирин, Россия уонна тас дойдулар одо литературатыгар классическай айымньыларын, ogo аадар тиэмэлэрин быЬаарар.
Литературнай ейдебуллэринэн улэ тиэкистэн уус-уран ньыма керуцнэрин булууга; литература ейдебуллэринэн (уус-уран айымньы, тылынан искусство, кэпсээччи, сюжет, тиэмэ, дьоруой) сирдэтинэргэ; айымньы дьоруойун (мэтириэтэ, тыла-ehе, дьайыыта, ейе-санаата) быЬаарарга уерэтэр; ааптар дьоруойга сыЬыанын; кэпсээн уонна xohooн тылын уратытын, айымньы керуцун (жанр) туЬунан биллэрэр.
Уерэнээччи айар улэтэ оруолунан aa5apгa, тылынан ойуулуурга, бэриллибит тиэмэтэ ейтен суруйарга, тиэкиьи инсценировкалыырга, айар улэтинэн араас тэрээьиццэ кыттарга, тыл этэргэ олук уурар.
Уерэтии тумугэр салгыы уерэнэргэ бэлэм буолууну кэрэЬэлиир сайдыы таЬымы- гар киирэллэр:
-
тулалыыр эйгэни билиигэ уус-уран литератураны аадыы суолтатын ейдуур;
-
уус-уран литература киьи аймах ытык ейдебуллэрин билиьиннэрэр суолтатын инэринэр;
-
айымньы керуетун быЬаарар, дьоруойу ойуулааЬынтга ырытыыны, тэн,нээЬини туттары сатыыр;
-
араас тиэкистэн туьааннаах информацияны ылар;
-
ыйынньыгынан, энциклопедиянан, о.д.а. матырыйаалларынан сатаан улэлиир.
Календарнай тематическай былаан
Литература аа5ыыта 4 кылаас
Нэдиэлэ5э 2 ч сылга 68 чаас
№
Ытык өйдөбүллэр
Уруок барыл тиэмэлэрэ
Үөрэнээччи үлэтин сүрүн көрүңнэрэ.
(УУД)
Ыытыллар
күнэ-ыйа
былаан
факт
Айымньы түһүлгэтигэр айан
1
Билиигэ дьулуһуу.
Киирии уруок. Болдьох бэлиэлэр. Үөрэх кинигэтин ис хоһооно. Ааптардар үөрэнээччигэ суруктара.
«Литература аа5ыыта» үөрэх кинигэтинэн сирдэтинэр.Соруда5ы толорууга болдьох бэлиэлэри таба туһанар.
Үөрэх кинигэтиттэн наадалаах салааны булар.
Үөрэх кинигэтин салааларын аатыгар оло5уран, ханнык айымньылар үөрэтиллэллэрин саба5алыыр.
3.09
Дойдум оло5ун кэпсээнэ.
2
Төрөөбүт дойду.
Бэриниилээх буолуу.
Сир үрдүгэр - Эйэ.
Киирии уруок. Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрэ: норуот оло5о, үтүө дьыала, хорсун быһыы. Хоһоон тэтимэ, хоһооңңо дьүөрэлээн этии. С Данилов «Сахам сирэ», Е Макаров «Ахтыл5ан»
Тиэмэ5э туох туһунан айымньылар киирбиттэрин саба5алаан кэпсиир..
Хоһоон ритмин быһаарар. Хоһоон ритмигэр оло5уран хоһоонноохтук аа5ар. Историческай ырыа уратытын этэр.
Үтүө дьыала, хорсун быһыы диэн өйдүбүллэри быһаарар.
«Төрөөбүт дойду диэн?» тиэмэ5э санаатын этэр, чугас тыллары булар.
Өс хоһооннор суолталарын өйдөөн быһаарар. Иһитиннэрии онорорго научнай-биллэрэр литератураттан наадалаах информацияны булар.
Литература уонна ойуулуур-дьүһүннүүр искусство айымньыларын тэңниир. Хартыына туһунан, онно ойууланар түгэн туһунан кэпсиир уонна айымньыга сыһыаран санаатын этэр.
Айымньылаахтык кэпсээһин: айымньы дьоруойдарын аатыттан кэпсиир.
Өйтөн аа5ыыга айымньылары талар.
Кинигэ туһунан кэпсиир. Каталог тиэмэтинэн наадалаах кинигэни булар.
Үөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур үлэ5э оло5уран, ситиһиилэрин сыаналанар уонна бэрэбиэркэлиир.
7.09
3
А Кривошапкин «Хотугу дойдубут»
Н Габышев «Баай дойдулаахпыт»
М Обутова-Эверстова «Дохсун ардах»
10.09
4
Далан «Кыракый хорсун кыыс Ньырбачаан туһунан кэпсээн»
14.09
5
И Данилов «Туймаада хочото»
7.09
6
Т Сметанин «Снайпер саата»
Ча5ыл5ан « Герой Попов туһунан ырыа»
21.09
7
К Добычин «Эдэр сирдьит»
24.09
8
Бэйэ аа5ыыта.
Уйбаан Бахсылыырап «Умнар бырааппыт суох (быһа тардыылар)
28.09
9
Айар үлэ умсул5ана.
«Албан ааттаах биир дойдулаа5ым»
Айымньы дойдутун кистэлэңнэрэ.
1.10
10
Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.
5.10
Кинигэ - киһи аймах билиитэ-көрүүтэ.
11
Аа5ыыга умсугуйуу.
Бибилэтиэкэ - бар5а баай.
Киирии уруок. Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрэ: каталог, аннотация. Кинигэ туһунан этиилэр.
Тиэмэ аатыгар оло5уран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин саба5алыыр.
Каталог уонна аннотация диэни чопчу өйдүүр, быһаарар, туһанар.
Киһи аймах сайдыытыгар кинигэ суолтатын туһунан сэһэргэһэр. Кинигэ туһунан этиилэри аа5ар, ырытар.
Туһааннаах тиэмэ5э кэпсээн айар, иһитиннэрэр; баар холобурга оло5уран сыаналыыр.
Бөлөх үлэтигэр кыттар: иһитиннэриини бэлэмнээһиңңэ сөптөөх информацияны булар.
Бэриллибит испииһэгинэн каталогынан сирдэтэн кинигэни талар.
Хонтуруоллуур сорудахтарга оло5уран, ситиһиилэрин сыаналанар уонна бэрэбиэркэлиир.
8.10
12
Б Тобуруокап «Күндүттэн күндү кылаат»
12.10
13
«Үйэлээх баай» (А Ксенофонтова) Сахалыы бастакы кинигэлэр. И Ча5ыл5ан «Саңа кинигэ»
15.10
14
Бибилэтиэкэ5э дьарык. «Былыргы уонна билиңңи кинигэлэр» быыстапка
19.10
15
Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.
Айар үлэ «Кинигэ уонна компьютер» иһитиннэрии
22.10
Уус-уран литература төрдө - норуот тылынан айымньыта.
16
Норуот тылынан айымньыта - норуот өркөн өйө.
Ыра санаа.
Киирии уруок. Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрэ - норуот тылынан айымньытын көрүңнэрэ: остуоруйа, былыргы кэпсээн, сэһэн, үһүйээн.
Тиэмэ аатыгар оло5уран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин саба5алыыр. Таска уонна искэ бол5омтолоохтук, сурук бэлиэтин куллур5аччы аа5ар.
Араас норуот тылынан уус-уран айымньытын көрүңнэрин араарар; уратыларын булан быһаарар.
Үһүйээни уонна остуоруйаны тэңниир.
Кубулуйбат уус-уран быһаарыылары булар.
Тиэкиһи сиһилии кэпсиир. Салгыы туох буоларын саба5алыыр.
Аахпыт остуоруйатыгар оло5уран атын остуоруйа айар.
Улахамсыйыы, киңнэнии, кыана туттуу тулуурдаах буолуу, эйэ5э дьулуһуу туһунан толкуйдуур.
Бөлөххө оруоллары наардыыр, инсценировкалыыр. Сценарий суруйарга матырыйаал булар.
Кинигэлэри тиэмэлэринэн наардыыр.
Үөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур үлэ5э оло5уран, ситиһиилэрин сыаналанар уонна бэрэбиэркэлэнэр.
Худуоһунньук хартыынатын айымньыга сыһыаран кэпсиир.
2.11
17
Саха остуоруйата. «Кырынаас кутуругун төбөтө хара буолбута». Чукча остуоруйата «Кыыс уонна ый» казах остуоруйата « Ким түүлэ ордуга?»
12.11
18
«Омо5ой баай, Эллэй Боотур». «Майа5атта Бэрт Хара». Манчаары Хаппар уолугар аат биэрбитэ.
16.11
19
М Федотова-Нулгынэт «Бөрө махтала»
19.11
20
Бибилэтиэкэ5э дьарык. «Норуот тылынан айымньыта» быыстапка.
23.11
21
Биһиги театрбыт З Иванова «Уустук үллэрии"
26.11
22
Бэйэ аа5ыыта «Чомо Дьөгүөр» (саха былыргы сэһэнэ)
30.11
23
Саха остуоруйата «Үс сүбэ» таджик остуоруйата «Кахка көтөр»
«Ханнык үйэлэр баалларай?» ыалынан аа5ыы
3.12
24
Айымньы дойдутун кистэлэңнэрэ.
25
Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.
Литературнай остуоруйа.
26
Устар ууну сомо5олуур уус тыл.
Кэрэ киһи.
Сиэрдээх быһыы.
Атын омук культурата.
Киирии уруок. Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрэ: кинигэ5э сыанабыл, тылбаас айымньы, бэйэ остуоруйата.
Тиэмэ аатыгар оло5уран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин саба5алыыр.
Бөлө5өр кинигэни билиһиннэрэр, сыаналыыр (тылынан уонна суругунан).
Тылбаас айымньы буоларын быһаарар.
Литературнай остуоруйа уратытын булар.
Остуоруйа дьоруойдарын характеристикалыыр; дьоруойдар майгыларын туһунан санаатын этэр.
Араас суруйааччы остуоруйатын тэңниир.
Суобаһың этэринэн, бэйэ туһугар, дьоңңо үтүөнү оңорон олоруу туһунан бөлөххө ырытыһар.
Суруйааччы остуоруйатыгар маарыннатан бэйэ остуоруйатын айар.
Айымньы оруолларынан наардыыр, инсценировка5а кыттар.
Туһааннах тиэмэ5э каталог оңорор, киирбит айымньылар тустарынан уопсай аннотация суруйаргва холонор.
Кинигэ быыстапкатын тиэмэтин уонна аатын быһаарар.
Бэйэни бэрэбиэркэлэнэр уонна ситиһиилэри сыаналыыр.
7.12
27
П Ойуунускай «Мөккүөр»
И Федосеев «Чэрэс уонна Чөрөс»
10.12
28
А Пушкин «Салтаан саар, кини уола Кибидиэн Салтаанабыс уонна Куба сарыабына туһунан остуоруйа» (быһа тардыы)
М Горькай «Барабыай о5ото»
14.12
29
Бибилэтиэкэ5э дьарык. «Суруйааччы остуоруйата» быыстапка
17.12
30
Бэйэ аа5ыыта Г Х Андерсен «Куһа5ан кусчаан»
21.12
31
Айар үлэ умсул5ана. «Суруйааччы остуоруйата» тиэмэ5э каталогу оңоруу.
24.12
32
Айымньы дойдутун кистэлэңнэрэ
33
Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.
Олоңхо - төрөөбүт тыл кэрэтэ, өбүгэ үгэһэ.
34
Төрөөбүт тылбыт кэрэтэ - олоңхо тыла.
Олоңхо - киһи аймах уһулуччулаах айымньыта.
Саха оло5ун сиэрэ.
Киирии уруок. Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрэ: олоңхо ис хоһооно, айыы дьоно, олоңхо тыла.
И Ча5ыл5ан «Олоңхоһут.»
Олоңхо аа5ыллар уратытын тутуһан таска уонна искэ аа5ар. Олоңхо дьоруойдарын саңалара уратыларын өйдүүр, үтүктэн аа5ар.
Олоңхо дьоруойдарын характеристикалыыр: майгыларын хаачыстыбатын ааттыыр.
Олоңхо5о өйдөммөт тыллары тылдьыттан булар. Олоңхо тиэкиһиттэн ойуулуур0дьүһүннүүр ньыма арааһын булар.
Олоңхо тылдьытыттан олук суолтатын кэпсиир. Быһа тардыыны тылынан ойуулуур.
Истибит уонна аахпыт кэрчиктэргэ сөп түбэһиннэрэн худуоһунньук хартыынатын ырытар.
Олоңхо сүрүн санаатын, норуот тылынан уус-уран айымньытын саамай бөдөң айымньыта буоларын быһаарар.
Бэйэни бэрэбиэркэлэнэр уонна ситиһиилэри сыаналыыр.
35
П Ойуунускай «Дьурулуйар Ньургун Боотур Кытай Бахсылааны ууска барыыта» (быһа тардыы)
36
Бибилэтиэкэ5э дьарык «Олоңхо - норуот тылынан айымньытын чыпчаала» кинигэ быыстапката.
37
П Ядрихинскай- Бэдьээлэ. «Дьырыбына Дьырылыатта убайа Тойон Дьөллүүтү быыһааһына»
38
Р Кулаковскай «Орто дойду олохтоо5о Ордьоот о5онньор» (олоңхо-остуоруйа)
39
Олоңхо дойдутун кистэлэңнэрэ. Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.
Үтүө майгы - олох сүнньэ.
40
Үтүө майгы.
Аһыныы. Амарах сыһыан.
Киирии уруок. Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрэ: үтүө уонна мөкү быһыы. Айымньы ис номо5о. омуннаан суруйуу.
Тиэмэ аатыгар оло5уран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин саба5алаан сана үллэстэр. Үтүө уонна мөкү быһыы, эппиэтинэстээх буолуу, суобас диэн өйдөбүллэри дьоруойдар майгыларын ырытыыга оло5уран, дьоңңо ханнык хаачыстыба сыаналанарын быһаарар.
Айымньы көрүңүн быһаарар: хоһоон, кэпсээн, остуоруйа. Биир тиэмэ5э суруллубут хоһоонунан уонна кэпсээнинэн тиэкистэри тэңниир. Маарынныыр тиэкиһи айар.
Тиэкис ис хоһоонун кытта өс хоһоонун тэңнээн көрөр сана үллэстэр.
Тиэмэнэн кинигэ испииһэгин оңорор.
Көрдөөх-күлүүлээх тиэкистэр уратыларын булар.
Айымньыны оруолларынан наардыыр, инсценировкалыыр.
Үөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур үлэ5э оло5уран, ситиһиилэрин сыаналанар уонна бэрэбиэркэлэнэр.
41
П Аввакумов « Тыал уонна икки киһи.»
А Кондратьев «Хомолто»
42
Т Сметанин «Куһу ура5аһынан да бултуурбут»
Б Тобуруокап «Чаңый Ча5аан»
43
И Данилов « Үтүө үгэс»
С Гольдерова «Аал Кудук мастыы чэлгий»
44
Бибилэтиэкэ5э дьарык. Суруйааччылар - о5олорго.
45
Бэйэ аа5ыыта. Н Габышев Өлүөскэ.
Е Макаров - Үөкүйэ Бүөтүр. Кырыымпа маастара.
46
Айар үлэ умсул5ана. «Суобас киһи сиэркилэтэ» (иһитиннэрии, сценка о.д.а)
47
Айымньы дойдутун кистэлэңнэрэ
48
Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.
Олоңхо дойдутун суруйааччылара.
49
Ийэ литература - бар5а баай.
Кэрэ - киһи духуобунай эйгэтэ.
Киирии уруок. Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрэ: литературалары төрүттээччилэр. Уус-уран ньыма: тэңнээһин, тыыннаа5ымсытыы.
Тиэмэ аатыгар оло5уран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин саба5алыыр.
Аа5ыы ньыматын баһылыыр.
Ойуулуур-дьүһүннүүр уус-уран ньымалар - сирэйдээн (ханалытан) көрдөрүү, уус-уран быһаарыы, тэңнээһин өйдөбүллэрин быһаарар, бэйэ тылыгар-өһүгэр туттар.
Саха сирин норуоттарын литератураларын төрүттээччилэри билсэр, айымньыларын ааттыыр.
Сөбүлээбит айымньытын өйтөн доргуччу талан аа5ар.
Тиэкиһи сиһилии уонна кылгатан кэпсиир.
Тиэкис сүнньүнэн ыйытыы биэрэр. Бэриллибит тиэмэ5э иһитиннэрии оңорорго сөптөөх информацияны ыстатыйаттан талар.
Ойуулуур-дьүһүннһһр уонна литература айымньыларын тэңниир. Хартыынанан кэпсээн оңорор; бөлөххө кэпсиир.
Бөлө5үнэн үлэ5э көхтөөхтүк кыттар. Оруоллары наардыыр. Айымньыны инсценировкалыыр.
Сала матырыйаалларыгар оло5уран электроннай кинигэ, экскурсия былаанын бэлэмниир.
Бэйэни бэрэбиэркэлэнэр уонна ситиһиилэри сыаналыыр.
50
Саха литературата. Өксөкүлээх Өлөксөй. «Үрэх эстиитэ» А Софронов-Алампа. «Күһүн кэлиитэ» П Ойуунускай «Тураах тууһута»
51
Дьүкээгир литературата Т Одулок «Ойуун тыалы түһэрэр»
52
Эбээн литературата Н Тарабукин «О5о эрдэхтээ5им»
53
С Омоллоон «Хараңа5а тыкпыт сырдык»
54
А Аччыгыйа «Куйуур»
55
К Уурастыырап «Кыьын кэлиитэ»
С Данилов «Кыһыннаах кыраайбар»
56
Эллэй «Таптыа5ын ийэни»
И Гоглев «Ньургуһун»
57
В Лебедев «Табалары талсааччы»
Н Курилов «Үөрүүлээх күн»
58
Бибилэтиэкэ5э дьарык. Хаартыскалар кэпсииллэр (Саха сирин суруйааччылара)
59
Бэйэ аа5ыыта. Өксөкүлээх Өлөксөй Чыычаах ырыата. А Соыронов Өрүс эстиитэ.
60
Т Одулок Ый дьиэлэммит. В Тарабукин Туртас о5ото.
61
С Данилов «Үөрэниэн ба5арар»
П Аввакумов «Туруйалар»
М Федотова-Нулгынэт Тураах
62
Айар үлэ умсул5ана. «Ааа5ар кинигэ» электроннай кинигэ
63
Айымньы дойдутун кистэлэңнэрэ.
Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.
64
Олохтоох суруйааччы айымньыта.
65
Элбэ5и аа5ыаң - үгүһү билиэң.
66
Билии.
Дьиң чахчыга дьулуһуу.
Г Васильев. Тэки Одулок - дьүкээгир литературатын төрүттээччи.
Тиэмэ аатыгар оло5уран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин саба5алыыр.
Аа5ыы эйгэтин кэңэтэр: уус-уран, научнай-популярнай, ыйынньык кинигэлэр, о5о хаһыата, сурунаала, о.д.а.
«Айыы, айар үлэ, айымньы» диэн өйдөбүллэр суолталарын быһаарар. Бэйэтэ араас историяны айар. Аахпыт айымньытынан үтүгүннэрии ньыматынан дьо5ус кэпсээни эбэтэр остуоруйаны айан кэпсиир.
67
Н Дмитриева. Пейзаж. Мэтириэт Умсуура Сааскы ыйдар. Күһүңңү ыйдар.
68
Сыллаа5ы хатылааһын.