7


  • Учителю
  • Классный час для начальных классов на тему кино

Классный час для начальных классов на тему кино

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала

























«Мультик кэрэ эйгэтигэр»

алын сүһүөх кылааһын оҕолоругар аналлаах

кылаас чааһа























Толордо: алын сүһүөх кылааһын учуутала

Протопопова Елена Николаевна

















2016 сыл



Алын сүһүөх оҕолоругар аналлаах

кылаас чааһа «Мультик кэрэ эйгэтигэр»

Сыала-соруга:

- мультик оҥорорго наадалаах идэлэри кытары билиһиннэрии;

- оҕо сыанаҕа кыбыстыбакка тутта-хапта сылдьарын, үөрэнээччи саҥа билиини ыларын, үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһар буоларын ситиһии.

Туттуллар тэриллэр: мультик геройдара, 10 кумааҕы уонна фломастер, камера, от күөҕэ таҥас, проектор, ноутбук



- Үтүө күнүнэн, оҕолор! Бары турабыт уонна бэйэ бэйэбитин эҕэрдэлэһэн мин илиибин көтөхтөхпүнэ ытыспытын таһынабыт (төһөнөн үөһэ көтөҕөбүн да, соччонон күүскэ)

- Оҕолор, эһиги иллэҥ кэмҥитигэр ордук тугу гынаргытын сөбүлүүгүт? (Оҕолор бэйэлэрин санааларын этэллэр)

- Сөбүлүүр мультиктаргытын ааттаталаан.

- Россияҕа 2016 сыл туох сылынан биллэриллибитэй? (Киинэ сыла)

- Оҕолор, мультик диэн киинэ искусствотын биир көрүҥэ буолар. Мультик оҥоһуутугар сүрдээх элбэх киһи үлэлиир. Холобур, уруһуйдааччы - мультипликатор, устааччы - оператор, сценарист уонна да атын идэлээх дьоннор.

- Эһиги артыыс уонна киинэ устааччы оруолларын толоруоххутун баҕараҕыт дуо? Миэхэ 10 кыттааччы: 9 артыыс уонна биир киинэ устааччы (оператор) наада. Мин бэйэм мультипликатор оруолун толороммун эһиэхэ биллэр мультик геройдарын уруһуйдаан аҕаллым.

Оруоллары араарыы, атрибуттары үллэрии

-Бу мультик геройдарын бары билэҕит. Биһиги бүгүн «Смешарики» биир кылгас сериятын устан дьоҥҥо көрдөрүөхтээхпит. ( Сценарийа: Крош уонна Еж (кинигэ тутуурдаах) утары көрсөллөр. Крош оонньуу, Еж библиотекаҕа дьиэҕэ үлэтин ааҕа баран иһэр. Иккиэн аргыстаһан бараллар. Утары табаарыстара оонньуу сылдьалларын көрсөллөр. Үөрэллэр-көтөллөр. Крош оонньуу барыахха диир. Онуоха Еж бастаан дьиэҕэ үлэбитин ааҕыахха, онтон бары тэҥҥэ оонньуохха диир. Ханна баралларын толкуйдууллар уонна биир сүбэнэн дьиэҕэ үлэлэрин ааҕан баран бары оонньуу барарга быһаарыналлар. Түмүгэ: бастаан - үөрэниэххэ, онтон - оонньуохха.)

-Бары кыттааччыларбар махтал буоллун. Маладьыастар.

-Кылаас чааспыт саҕаланыытыгар мин иллэҥ кэмҥитигэр тугу гынаҕытый диэн ыйыппытым. Үксүгүт телевизорга киинэ, мультик көрөргүтүн сөбүлүүр буолуохтааххыт. Ол гынан баран, эһиги билэҕит дуо, аан бастакы мультипликационнай киинэ хаһан, хайдах оҥоһуллубутун?

- Кылгастык историяттан кэпсээтэххэ маннык...

Слайд көрдөрүүтэ

  1. Слайд. Кылаас чааһын темата

2-8 Слайд. Кылгастык историяттан

  1. Слайд. Оонньуу. Мелодията таай

  • Оҕолоор, мультик көрөр олус үчүгэй, ол гынан баран түбэһиэх мультигы көрөр табыллыбат. Эһиги күҥҥэ телевизоры быһа холоон уһаабыта 2 чаас көрүөхтээххит. Кылаас чааспыт түмүгэр, мультик биһигини туохха үөрэтиэхтээҕин бары ааҕыаххайыҥ эрэ

  1. Слайд. Мультик биһигини үөрэтиэхтээх... (бары тэҥҥэ ааҕабыт)

Мультикпытын устарбытыгар тоҕо от күөх фон туттубуппутун ким билэрий? Хромакей диэн тылы истибиккит дуо? Аныгы киинэлэри, мультиктары усталларыгар от күөх эбэтэр халлаан күөх фон тутталлар эбит. Тоҕо диэтэр от күөх өҥ киһи этигэр суох.

Мультик көрүү

  • Кылаас чааспытын манан түмүктүүбүт. Инникитин бүгүҥҥү ылбыт билиигит туһалаах буолуо диэн эрэнэбин уонна актыыбынай кыттыыгыт иһин махталбын тиэрдэбин. Көрсүөххэ диэри!

















 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал