7


  • Учителю
  • Конспект урока по окружающему миру Индигир орус устун айан (3 класс)

Конспект урока по окружающему миру Индигир орус устун айан (3 класс)

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала

3 кылааска аhа5ас тулалыыр эйгэ уруога

Темата: Индигир өрүс устун айан.

Сыала: Индигир өрүс сүнньүнэн сытар ыаллыы улуустары билиhиннэрии.

Бэлиэлэринэн (гербаларынан ) улуустары араара уорэтии.

Соруктара: 1. Индигир өрүс сүнньүнэн сытар улуустарга ыалдьыттааhын.

2. Сөпкө саӊарар, толкуйдуур , үлэлиир дьо5урдарын сайыннарыы.

3. Төрөөбүт дойдуга тапталы иитии, киэн туттууну иӊэрии.

Уруокка туттар матырыйааллар: проектор, ноутбук, интерактивнай дуоска, пазллар, улуус бэлиэлэрэ (гербалара), кроссворд,

балык ойуулаах карточкалар, таабырын, презентация,





Үөрэх дэгиттэр дьайыылара (УУД)





Тус суолталаах дьайыы (личностные УУД): Саӊа тема5а интириэhи үөскэтии.

Бэйэ бэйэ5э истиӊ сыhыаны, айыл5а5а тапталы иитии





Бэйэни салайынар, дьаhанар дьайыы (регулятивные УУД): Учуутал көмөтүнэн о5олор уруок сыалын ситиhиилэрэ.

Бэйэни хонтуруоллааhын, сыаналааhын, ылбыт билиилэрин хаӊатыы.





Билиини- көрүүнү ылар (познавательные УУД):

Индигир өрүс сүнньүнэн ыаллыы сытар хотугу улуустары, улуустар бэлиэлэрин(гербаларын) билиилэрин чиӊэтии.

Уруокка ылбыт билиилэринэн боппуруостарга сөптөөх эппиэти булаүөрэнии.





Бодоруhа үөрэнэр дьайыы (коммуникативные УУД): Атын дьон саӊатын истэ уонна өйдүү ,биир түмүккэ кэлэргэ сөпсөhө үөрэнии.

Хамаанданан үлэлиир, анаалыстыыр дьо5урдарын сайыннарыы.













Киирии чааhа.

Тус суолталаах дьайыы

- Үтүө күнүнэн, күндү о5олор! Мин аатым Светлана Ивановна. Бүгүн эhиэхэ мин тулалыыр эйгэ уруогун ыытыа5ым. Илии-илиибититтэн ылсан, бэйэ-бэйэбитин утарыта көрсөн истиӊ мичээрбитин бэлэхтиэ5иӊ. Уруокка икки хамаанда5а арахсан үлэлиэхпит. Барыгытыгар көдьүүстээх үлэни, ситиhиилэри ба5арабын.

- О5олор бэйэ- бэйэлэригэр мичээрдэрин бэлэхтэhэллэр.

2





























Уруок сыалын-соругун билиhиннэрии.























Тус суолталаах дьайыы



Бэйэни салайынар, дьаhанар дьайыы

















































Слайд № 1(тыыннаах айыл5а)

- О5олоор,биhиги ханнык улууска олоробутуй? Маладьыастар , биhиги Абый улууhугар олоробут. Абый улууhуттан чугас сытар хотугу ханнык атын улуустары билэ5итий? Бүгүн Индигир өрүс сүнньүнэн сытар ыаллыы хотугу улуустарынан ырыых-ыраах айаӊӊа турунуохпут. Айаӊӊа турунуохпут иннинэ бастаан кроссворду таайыа5ыӊ. Бу кроссворду таайдахпытына уруокпут тематын кытта ыкса сибээстээх тыл тахсыахтаах. (кроссворду таайыы)

Кроссворду таайабыт

1.Олорор улууспут аата? (Абый)

2.Аhатан сиэтэн олорор өрүспүт? (Индигирка)

3.Абый улууhун ханнык бөhүөлэгэр эбээннэр олороллоруй? (Кэбэргэнэ)

4.Эбээн норуота сөбүлээн иитэр кыыла? (таба)

5.Саха сирин бастыӊ күндү түүлээ5э? (киис)

6.Ханнык улууска тымныы о5онньор олороруй? (Өймөкөөн)

7.Абый улууhуттан чугас сытар ыаллыы улуус аата? (Муома)



слайд № 2 (кроссворд арктика)



Ханнык тыл та5ыста о5олор? Сөп маладьыастар. Арктика диэн тыл та5ыста. Арктика диэн тылы хайдах өйдүүгүт?

Арктика диэн хоту дойду айыл5ата. Тымныы да буоллар олус кэрэ айыл5алаах. Төhө да тымныы буоллар киhи ыраах сырытта5ына бэйэтин төрөөбүт дойдутун олус ахтар.













-Абый улууhугар олоробут.







О5олор эппиэттэрэ











-О5олор кроссворду таайаллар.



































Арктика





О5олор эппиэттэрэ.

3





























































































































4





























































































































7

























































Тема5а киирии.



























































































































Сынньалаӊ





























































































































Тумук



Билиини- көрүүнү ылар дьайыы









































































Билиини- көрүүнү ылар дьайыы













































Бэйэни салайынар, дьаhанар дьайыы















Билиини- көрүүнү ылар дьайыы





Бодоруhа үөрэнэр дьайыы





































Билиини- көрүүнү ылар дьайыы





Бодоруhа үөрэнэр дьайыы

















































Билиини- көрүүнү ылар дьайыы





Бодоруhа үөрэнэр дьайыы







Тус суолталаах дьайыы



слайд № 3 (хотугу панорама көстүүтэ кэпсии турар кэммэр)



Индигир өрүс сунньугэр сытар ыаллыы улуустарбыт Арктическай зона5а киирэллэр эбит . Биhиги Абыйбыт улууhа эмиэ бу зона5а киирсэр. Оттон бүгүӊӊү уруокпут темата Арктика диэн тылы кытта ыкса сибээстээх тема «Индигир өрүс устун айан"

Айаммытын Өймөкөөн улууhуттан са5алыыбыт. О5олоор, Өймөкөөн улууhун туhунан тугу билэ5итий? Бу улуус саамай тымныы улууhунан биллэр. Саамай күүстээх тымныы 70 кыраадыска тиийэ сылдьыбыт. Билигин бол5ойон көрөбүт уонна таабырыны таайабыт.



Олбуор ортотугар кэбиhиилээх от турар, иннигэр икки атырдьахтаах, кэннигэр сиппиирдээх. (о5ус). Саамай сөп.



слайд № 4 (о5ус туhунан таабырын, о5ус ойуута)



То5о о5ус туhунан таабырыны тааттарбытым буолуой? Сөп.

Манна тымныы о5уhа олорор. Ол иhин Өймөкөөн улууhун гербатыгар о5ус ойуулаах. Тымныы салгынынан тыынар. Саамай тымныы улууhа буоларын көрдөрөр. Дьэ салгыы буранынан айаӊӊа турунуохха.



слайд № 5 (буранынан айаннааhын)



- Буранынан Муома улууhугар айаммытын салгыыбыт. Сүрдээх уhун айаны айаннаан Муома5а чугаhаатыбыт. Бол5ойуӊ эрэ. Көтөрдөр саӊалара иhиллэр дуу? Ханнык көтөрдөр саӊалара иhиллэрий? Ырыа5а ылланар, хоhооӊӊо хоhуллар саха сирин биир кыраhыабай көтөрө ?



Слайд № 6 (көтөрдөр хаартыскалара)



Өссө бу көтөр үӊкүүтүн көрбүт киhи саамай дьоллоох киhинэн аа5ыллар. Саамай сөп. Маладьыастар.



Ол аата Муома улууhун гербата икки кыталык ойуулаах. Бу кыталыктар ыраас, сырдык, дьоллоох олох бэлиэлэрэ, оттон аллараа өттө национальнай улуус буоларын көрдөрөр эбээнскэй оhуордаах эбит.



Сылайдыгыт дуо? Сынньаныахайыӊ.



Слайд № 7 (физминутка)



Салгыы мотуордаах лодканан айаммытын сал5ыыбыт.



Слайд № 8 (мотуордаах лодка)

(Абый туhунан ырыа иhиллэр)

Ханнык улуус туhунан ырыаны иhиттибит? Ханна кэллибит о5олоор? Муоматтан салгыы бэйэбит улууспутугар Абыйга тиийэн кэллибит. Олорор улууспутун бары бэркэ билэр буолуохтаахпыт.

Билигин биhиги мозаика таӊыахпыт. Биирдии хамаанда биир мозаиканы оӊорор.Тугу оӊорон таhаардыгыт?

Бастакы хамаанда табаны оӊорон таhаарда, оттон иккис хамаанда сылгыны. Бу оӊорбут таба5ыт, сылгыгыт туох суолталаахтарый? Ким таайда?

Ол аата Абый улууhун гербата сылгы, таба ойуулаах эбит, ортотугар сэргэлээх. Таба Абый тымныы климатын көрдөрөр, оттон ат, сэргэ национальнай фольклору, абыычайы.



Слайд № 9 (табанан айан)



Аллайыаха5а табанан айаннаан тиийдибит . Аллайыаха тугунан биллэрий о5олоор? Маладьыастар.



Слайд № 10 (балыктар хартыыналара)

Саамай балык эмиhэ Аллайыаха5а баар. Бу балыктар биhиэхэ эмиэ бааллар. Эhиги балыгы сииргитин сөбүлүүгүт дуо? Балыктан ханнык астары оӊороллоруй?

Сорудахпыт хамаандаттан хас биирдии о5о балыктары кырыйан өрүскэ ыыталыыр. Өрүспүт бу баар.Өрүскэ биир биир тахсан балыктары ыытабыт.

Эн бу ханнык балыгы кырыйдыӊ? Сөп маладьыастар. Таба хоту улуустарга барыбытыгар баар. Ол иhин Аллайыаха гербатыгар таба уонна балык ойуулаах эбит. Таба хотугу улуус биир сүрүн көлөтө, кыhыл өӊө күүhү-уо5у, инники дьулууру көрдөрөр. Балык улуус сүрүн баайын көрдөрөр.



Слайд № 11 (мин биллим,өйдөөтүм, сатаатым)

Ити курдук уhун айаны араас көлөнөн айаннаан Индигир өрүс сүнньүнэн сытар ыаллыы улуустарбытыгар ыалдьыттаатыбыт. Карта5а айаммыт суола та5ыста. Өймөкөөнтөн са5алаан Аллайыаха улууhугар тиийэн айаммыт түмүктэннэ. Маладьыастар. Сүрдээх үлэhит о5олор эбиккит.

Дьэ билигин улуустар тустарынан төhө өйдөөбүккүтүн бэрэбиэркэлиэхпит. Биирдии хамаанда5а иккилии герба бэриллэр. Бу гербалары хамаанданан ситэри оӊорон карта5а тахсан ыйыыбыт. Хамаандалар тахсан бүгүӊӊү уруокка тугу билбиттэрин түмүк оӊороллор.

-Туох саӊаны биллигит?

-Тугу ордук сөбүлээтигит?

-Ханнык улууска сылдьыбыккытын ордук сөбүлээтигит? То5о?

-Ханнык көлөлөрүнэн айаннаатыбыт?

-Бэйэ5итин хайдах үлэлээтибит диэн сыаналана5ытый?

Манан биhиги хотугу улуустарынан айаммыт түмүктэнэр. Барыгытыгар үлэ5ит иhин бар5а махтал. Уонна кыра өйдөбүнньүк бэлэхтэрбин туттарарбын көӊүллээӊ.































-Саамай тымныы улууhунан биллэр.















Таабырын таайаллар.













О5олор эппиэттэрэ.

































Көтөрдөр саӊаларын истии.





О5олор эппиэттэрэ.



Кыталыктар.









О5олор эппиэттэрэ.













О5олор тэӊӊэ физминутка оӊороллор.





















Абый улууhугар.













Хамаандалар мозаика оӊороллор.





























Эмис балыгынан, табатынан.















Хачымаас, туустаах балык, балык кэтилиэтэ…….



Балыктары кырыйан өрүскэ биир биир ыытыы.













































О5олор дуоска5а тахсан тугу билбиттэрин, өйдөөбүттэрин кэпсииллэр.





















Өйдөбүнньүк бэлэхтэри о5олорго туттарыы.



















 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал