- Учителю
- Рабочая программа по Литература аа5ыыта (родная литература) 3 класс-автор учебника Захарова Л.В.У., М.Флегонтова
Рабочая программа по Литература аа5ыыта (родная литература) 3 класс-автор учебника Захарова Л.В.У., М.Флегонтова
Литература аа5ыыта: улэлиир бырагыраама
Үөрэх биридимиэтин өйдөбүлэ
Үлэ бырагыраамата Федеральнай государственнай үөрэх стандартыгар, "Россия гражданинын лиичинэһин сиэрин-майгытын сайыннарыыга уонна иитиигэ кэнсиэпсийэтигэр», үөрэх биридимиэтин үөрэтии тумуктэригэр олоҕуран сурулунна.
Бастакы суһүөх оскуолаҕа литература ааҕыыта-уус уран аймньыны үөрэтии уонна тылы сайыннарыы курдук икки хайсханы тутуһар сүрүн биридимиэттэртэн биирдэстэрэ. Биридимиэт оҕо ааҕар үөрүйэҕин, тылынан уонна суругунан саҥатын сайыннарар сүрүн оруоллаах. Оҕоҕо ааҕар уонна тиэкиһи кытта үлэлиир үөрүйэх иҥмит эрэ буоллаҕына, кини атын биридимиэттэргэ ситиһиилээхтик үөрэнэр кыаҕы ылар.
«Литература ааҕыыта» биридимиэт оҕо сааһыгар сөптөөх өйү-санааны иҥэрэр, айар, толкуйдуур дьоҕурун, майгытын-сигилитин, тылын-өһүн сайыннарар, ааҕыы эйгэтигэр киллэрэр, кинигэҕэ интэриэһи үөскэтэр, ааҕар баҕаны олохсутар, уус-уран аймньы тыл искусствота буоларын өйдөтөр, оҕо бэйэтэ сайдар, дьону кыта бодоруһар кыаҕын олохсутар. Ааҕыы оҕо лиичинэс быһыытынан сайдарыгар, тулалыыр эйгэтин өйүнэн-сүрэҕинэн, дууһатынан ылынарыгар суолтата улахан. Бу этиллэр санаа "Литература ааҕыыта" биридимиэт сүрүн сыалын быһаарар:
-
Ааҕыы араас көрүҥнэрин олохсутуу;
-
Уус -уран аймньыны тиэкиһин кытта үлэҕэ оҕо тылын-өһүн сайыннарыы;
-
Араас көрүҥнээх информацияны үлэлиир үөрүйэхтэри иҥэрии;
-
Оҕону уус-уран айымньыга сыһыарыы, айымньыны истэргэ, тылга болҕомтолоох буолууга иитии;
-
Оҕо тус олоҕун айымньы нөҥүө сиэр -майгы саыннастарынан байытыы;
-
Оҕо литературатын эйгэтигэр киллэрии; кинигэҕэ интэриэһи, ситимнээхтик тиһиктээхтик ааҕар баҕаны үөскэтии;
-
Тиэкиһи уонна кинигэни кытта үлэлиир үөрүйэҕи иҥэрии, үөрэх уонна научнай - биллэрэр тиэкиһинэн үлэ бастакы үөрүйэхтэрин олохсутуу.
Маҥнайгы кылааска букубаар кэнниттэн үөрэх дьылын иккис аҥаарыгар «Литература ааҕыыта» биридимиэти үөрэтии саҕаланар. Уус - уран айымньыны ааҕан, үөрэнээччи айымньы ааптарын, дьоруойдарын кытта сэһэргэһэр, алтыһар, сиэр-майгы өрүттэрин, кинилэр сыһыаннарын ырытан, тоҕо итинник буолбутун, ол суолтатын, төрүөтун өйдүүр буолар.
Уус - уран айымньы тыл искусствота буоларын ааҕыы уруогар ааҕан, тыл уруогар ырытан, айымньыны ырытар үлэҕэ тылы тэҥнээн, ааптар этэр санаатын, иэйиитин өйдүүр. Үөрэнээччи айымньы дьоруойдарыгар бэйэтин сыһыанын быһаарар, суруйааччы уонна айымньы туһунан санаатын этэн, сыһыанын көрдөрөр.
Биридимиэт сүрүн ис хоһоонун араас оҕо литературата (саха, Саха сирин хотугу, Россия, тас дойду араас омуктарын суруйааччыларын айымньылара), научнай-популярнай айымньылар арыйаллар. Уус -уран уонна научнай - биллэрэр айымньылары тэҥнээн көрүү тыл искусствотын дириҥник өйдүүргэ көмөлөһөр. «Литература ааҕыыта» биридимиэти атын биридимиэттэри («Култуура», «Тулалыыр эйгэ», «Музыка», «Уруһуй») кытта ситимнээхтик үөрэтии, ырытыы көдьүүстээх, олоххо туох барыта ситимнээх биир кэлим диэн өйдөбүлү үөскэтэр.
«Литература аа5ыыта» биридимиэт ис хоһооно:
-
«Саҥа үлэтин көрүҥнэрэ. Бодоруһуу култуурата»;
-
«Тиэкиһи кытта үлэ көрүҥнэрэ. Саҥа-иҥэ үлэтэ»;
-
«Ус -уран айымньыга кэрэ уонна сиэр -майгы иитиллиитигэр үлэ»;
-
«О5о аа5ар эйгэтэ. Аа5ыы култуурата».
Бастакы салаа - «Саҥа үлэтин көрүҥнэрэ. Бодоруһуу култуурата». Манна о5о аа5ар уонна суруйар, истэр уонна саҥарар дьоҕурун, арас түгэҥҥэ үлэтин саҥа көрүҥүн сайыннарыыта көрүллэр. Бырагыраама таска сүһүөхтээн ааҕыыттан сыыйа бүтүн тылынан, онтон интонацияҕа, ааҕыы тэтимигэр, ис хоһоонноохтук ааҕыыга, сыыйа искэ ааҕыыга болҕомто уурар, бастакы суһүөх саха оскуолатын үөрэнээччитэ мүнүүтэҕэ ааҕар нуорматын быһа холоон биэрэр. Начаалынай оскуоланы бутэрэр үөрэнээччи быһа холоон мүнүүтэҕэ 80-100 тылы ааҕар. Маннык нуорма оҕо бэйэтигэр эрэллээх буолуутун, аахпыт тиэкиһин ис хоһоонун өйдүүрүн, үөрэх тиэкситэрин кытта үлэҕэ көҕүлүүр.
Биридимиэт ис хоһоонугар истии диэн салаа оҕо тылга, дьон саҥатыгар болҕомтолоох буоларын, этиллибит кэрчик сүрүн санаатын араарарын, өйдүүрүн, ырытарын, өйдөммөт түгэҥҥэ туоһулаһар ыйытыылары биэрэрин ирдиир.
Саҥаны сайыннарыы (бэйэ санаатын этии, ыйытыы биэрии, ыйытыыга эппиэт, кэпсэтиһии, кэпсээһин) саҥа этикетин кытта быстыспат ситимнээхтик бэриллэр. Үөрэнээччи саҥарыан иннинэ тугу этиэн баҕарарын толкуйдаан, ырытан, хонтуруоллаан, атын киһини болҕойон истэн, кэпсэтэр киһитигэр убаастабыллаахтык сыһыаннаһан иитиллэрэ эрэйиллэр.
Улахан болҕомто сурук үлэтигэр ууруллар. Ааҕыы уруогар үөрэнээччи аахпыт тиэкиһигэр олоҕуран бэриллэр тиэмэҕэ бэйэ санаатын, аахпыттан, өйтөн (ойуулаан, ырытан, кэпсээн) суруйа үөрэнэр. Бастакы сүһүөх оскуолаҕа оҕо истэр, саҥарар, ааҕар уонна суруйар дьоҕурун сайыннарар.
Ииккис салаа- «Тиэкиһи кытта үлэ көрүҥнэрэ. Саҥа-иҥэ үлэтэ». Уус -уран айымньыны кытта үлэҕэ үөрэнээччи тиэкиһи чаастарга аат биэрэ, былаан оҥоро, аахпыт тиэкиһин кылгатан уонна сиһилии кэпсии, сүрүн санаатын араара уонна ону бэйэ тылынан этэргэ үөрэнэр. Бу салаа тиэкис араас көрһҥүн өйдүү (ойуулуур, ырытар, кэпсиир) , тиэкис аатын ис хоһоонун кытта ситимнии, үөрэх, научнай - биллэрэр уонна уус - уран тиэкиһи араара, суолтатын быһаара үөрэтэр. Үөрэнээччи бодоруһуу арааһын, сыалын- соругун өйдүү үөрэнэр, учуутал көмөтунэн кэтээн көрөр.
Уһус салаа- «Уус - уран айымньыга кэрэ уонна сиэр - майгы иитиллиитигэр үлэ».
О5о уус-уран айымньы нөҥүө сиэр-майгы туһунан өйдөбүлэ кэҥииригэр, эстетическай уонна айар дьоҕура сайдыытыгар туһаланар. Оҕо уус -уран айымньыга да, биллэрэр да тиэкискэ тулалыыр эйгэ ойууланар ньыматын араара, уратылаһар өрүтүн өйдүү, бэйэ тиэкиһин оҥоро үөрэнэр. Бырагыраама оҕо эрэ уус-уран литературатын кытта буолбакка, искусство атын көрүҥнэрин тиэкистэрин (айымньыларын) кытта билиһиннэрэр.
Үөрэнээччи уус-уран айымньыны научнай -биллэрэр ис хоһоонноох тиэкистэн араара үөрэнэр. Уус-уран айымньы -ааптар айымньыта, кини баай тыл-өс көмөтүнэн ааҕааччыга тулалыыр эйгэ уонна дьон араас сыһыанын, ытык өйдөбүллэри, майгыны-сигилини иҥэрэр, кэрэҕэ угуйар искусство ураты көрүҥэ диэн өйдүүр. «Литература аа5ыыта» ис хоһоонугар уус-уран айымньыны судургу ырытыы: ол эбэтэр бастаан тиэки7и саба5алаан, истэн, онтон аа5ан, ырытан, хат-хат төннөн, ис хоһоонун, саҕаланыытын, бүтүүтн ырытан, айымньы аатын, сүрүн санаатын, ис хоһоонун кытта тэҥнээн көрүү ыытыллар. Аймньыны ырытыыга тиэрмин туттуллубат. Айымньы уус-уран тыла ааҕыы бары түһүмэҕэр болҕомтоҕо ылыллар. Тиэкиһи ырытыыга тыл (эпитет, тэҥнэбил) туспа тутан ырытыллыбат, айымньыга сыһыаран, туох суолталаахтык туттуллубутун тоһоҕолоон бэлиэтэнэ, көрүллэр.
Ааҕыы ис хоһоонугар оҕо сааһыгаро өйдөнөр тиэмэ уонна уус-уран айымньы проблемата, онно этиллэр майгы-сигили сыаннастара, тыла-өһө көрүллэр. Айымньыны ырытыы араас таһымнаах: сюжет таһымыгар (дьоруойдары кытта билсиһии, кэпсэнэр түгэни ырытыы); дьоруой таһымыгар (дьоруой тугу эрэ гынар сүрүн ис хоһооно, киниэхэ ааҕааччы сыһыана); ааптар таһымыгар (ааптар дьоруойугар сыһыана, ааптар этэр санаата уонна айымньы уопсай ис хоһооно). Маннык ырытыы айымньыны кэлимник көрөргө сүрүн хайысха буолар. Айымньыны араастаан ырытыы оҕо айымньыны ис хоһоонун өйдүүрүгэр, тылга болҕомто уурарыгар, өйө-санаата байарыгар, майгыта-сигилитэ тупсарыгар көдьүүстэх. Айымньыны хаста да төхтөрүйэн ырытыы түмүгэр, оҕо доҕордоһуу, убаастабыл, кыра уонна кыаммат дьоҥҥо көмөлтө, үтүө сыһыан сыаннастарын иҥэринэр, ааҕыыттан дуоһуйар, астынар, болҕомтолоох ааҕыы түмүгэр айымньы туһунан, ис хоһоонугар бэйэтин сыһыанын этэр. Бырагыраама айылҕа тиэмэтин хабар элбэх айымньылаах, ол иһин оҕо айылҕаны кэтиир үөрүйэҕэ олохсуйар, олоҕун уопута сайдар.
Оҕо айар дьоҕура сайдарыгар айымньыны оонньоон көрдөрөрө, онно кыттара улахан оруоллааҕын бырагыраама учуоттуур. Айымньыны оонньоон көрдөрөрүгэр оҕо айымньыны, дьоруойдарын өйдүүр, бэйэтин сыһыанын тириэрдэн оонньуур.
Төрдүс салаа- «О5о аа5ар эйгэтэ. Аа5ыы култуурата».
Ис хоһоонун уонна ааҕыллыан сөптөөх айымньы аатын ыйар. Манна саха, Саха сирин хотугу омуктарын, Россия араас омуктарын, тас дойду суруйааччыларын уус-уран айымньылара, научнай биллэрэр, аныгы кэм суруйааччыларын айымньылара, ону таһынан норуот тылынан уус-уран айымньыта (остуоруйа, уһуйээн, ырыа, өс хоһооно, таабырын, о.д.а.) киирэллэр. Бырагыраама кыра оҕо интэриэһин учуоттаан, олох араас өттүн хабар айымныьларга болҕомто уурар: бэйэ саастыылааҕын уонна улахан дьону кытта сыһыан, мүччүргэннээх сырыы, айылҕа, дойду историята, култуурата, омуктар култууралара, ону тэҥнээн көрүү, биир тиэмэлээх араас ааптар айымньытын ааҕыы, ырытыы, о.д.а. Тиэмэ төһөнөн киэҥ да, оҕо соччоннон олоҕун уоптуа байар кыахтанар, билэр-көрөр баҕата кэҥиир, ааҕар кыаҕа сайдар, ааҕыы култуурата иҥэр. Киирбит айымньылар кыра саастаах оҕо өйүн - санаатын, майгытын-сигилитин, эстетическай өттүнэн иитиигэ суолталара улахан. Оҕо ааҕар үөрүйэҕэ сайдыытын көрөн, тулалыыр эйгэтин туһунан билиитэ дириҥээн истэҕин аайы, ааҕар эйгэтэ кылаастан кылааска кэҥээн, эбиллэн, байытыллан иһэр. Сыыйа оҕо библиографическай култуурата олохсуйар.
Онон литература ааҕыытын кууруһа уус-уран эстетическэй, өй-санаа, майгы-сигили хайысхалаах буолан, ааҕыы кэмпитиэнсийэтин байытар, кэҥэтэр. Үөрэнээччи бэйэтин билиитин, ааҕар үөрүйэҕин, сатабылын үөрэх сыалын уонна тустаах олох түгэннэрин быһаарарыгар сөпкө туһанар үөрүйэҕин олохсутунар, кэпсэтэр эйгэтэ кэҥиир, ааҕыы култуурата сайдар (аахпытын дириҥник өйдүүр, ааҕар кинигэтин талар үөрүйэхтэнэр, уус-уран литератураны өрүү ааҕар баҕата олохсуйар). Оҕо ааҕар култуурата төһөнөн баай да, соччонон үтүө майгылаах уонна кэрэни өйдүүр сайдыылаах киһи буола улаатар.
Түмүктээн эттэххэ, «Литература аа5ыыта» ис хоһооно оҕо тылын-өһүн, аан дойду уус-уран литературатыгар киириитин, ааҕар кыаҕын, ааҕар култууратын сайыннарар, байытар.
-
ҮӨРЭХ БЫЛААНЫГАР ҮӨРЭХ БИРИДИМИЭТИН МИЭСТЭТЭ
Үөрэх былаанынан алын сүһүөх оскуолаҕа «Литература аа5ыыта» биридимиэти үөрэтиигэ 3 кылааска барыта 68 чаас көрүллэр.
-
Тематическай былааннааһын:
- 68ч
-
ҮӨРЭХ БИРИДИМИЭТИН ҮӨРЭТИИ ТҮМҮГЭ
-
ЫТЫК ӨДӨБҮЛЛЭРИ ҮӨРЭНЭЭЧЧИГЭ ИҤЭРИИ ТҮМҮГЭ
-
Төрөөбут дойдунан, дойду историятын уонна норуоттарынан киэн туттуу санаатын олохсутар.
-
Атын омук историятыгар уонна култууратыгар убаастабыллаахтык сыһыаннаһар.
-
Үөрэнэр баҕаны, бэйэни сайыннарар.
-
Бодоруһууга майгы-сигили нуорматын, бэйэ эппиэтинэһин сайыннарар, салайынар.
-
Эстетическэй сыһыаны олохсутар.
-
Сиэрдээх быһыыны, атын дьоҥҥо амарах сыһыаны сайыннарар.
-
Бииргэ үлэлиир сатабылы сайыннарар.
-
Үтүө сыһыаннаах бодоруһууну иҥэрэр.
-
Мөккүөрдээх түгнтэн сатаан тахсар үөруйэҕи үөскэтэр.
-
Айымньылаах үлэҕэ баҕаны үөскэтэр, сэрэхтээх, чөл олох туһунан өйдөбүлү, сыһыаны олохсутар.
-
ҮӨРЭХ САТАБЫЛЛАРЫН САЙЫННАРЫЫ ТҮМҮГЭ
-
Араас тиэкиһи ис хоһоонноохтук ааҕар, үчүгэйдик толкуйдаан саҥарар, тылынан уонна суругунан тиэкиһи оҥорор.
-
Сорудаҕы толорорго саҥа араас көруҥнэрин, ньымаларын баһылыыр.
-
Сэһэргэһэр киһитин болҕойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа үөскүүрүн өйдүүр, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыһаллар, дакаастыы сатыыр.
-
Тэҥниир, ырытар, түмэр, түмүктүүр, наардыыр, маарынныыры, хардарыта сибээһи, төрүөтү булар, хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтиһиигэ кыттар.
-
Атын биридимиэттэри үөрэтэргэ «Литература аа5ыыта» төрүт буоларын уонна биридимиэттэр алтыһыыларын (бодоруһуу, култуура, айымньылаах үлэ; кинигэ, ааптар, айымньы ис хоһооно; уус-уран тиэкис уо.д.а.); гуманитарнай -эстетическэй хайысхалаах биридимиэттэр икки ардыларынааҕы сибээстэри өйдуур.
-
Үөрэх дьарыгын сыалын уонна соругун өйдүүр, сөптөөх ньымалары булан туттар, туһанар.
-
Үөрэх дьарыгын туруоруллубут соруктарга олоҕуран былаанныыр, хонтуоруолланар уонна сыаналанар, ситиһиигэ тиэрдэр орудк көдьүүстээх ньымалары быһаарар.
-
ТУСТААХ ҮӨРЭХ БИРИДИМИЭТИН ҮӨРЭТИИ ТҮМҮГЭ
-
Уус-уран айымньы омук уонна аан дойду култуурата, сиэр-майгы сыаннастара буоларын уонна баар үгэстэр харыстаныахтаахтарын, кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдиллиэхтээхтэрин өйдүүр.
-
Кинигэ- киһи аймах култууратын ураты сыаннаһа буоларын өйдөөн, сиэрдээх сыһыаны олохсутар.
-
Уус-уран айымньы тыл искусствота диэн өйдуур, харыстабыллаахтык сыһыаннаһар.
-
Саха сирин уонна Россия элбэх ахсааннаах норуоттарын уус-уран литератураларын духуобунай уонна сиэргэ-майгыга сыаннастарын өйдүүр.
-
Сайдыылаах, үөрэх бары биридимиэтигэр ситиһиилээх буоларга тиһиктээх ааҕыы суолтатын өйдүүр; аан дойду, Россия историятын уонна култууратын, үтүө уонна мөкү сыһыан, сиэр-майгы туһунан бастакы өйдөбүллээх.
-
Ааҕыы суолтатын, араас көрүҥнээх тиэкис (билиһиннэрэр, үөрэтэр, талар, көрдүүр, чинчийэр) уратытын уонна ис хоһоонун өйдүүр, дьүүллэһиитигэр кыттар, дьоруой араас быһыытын-майгытын сиэр - майгы өттүнэн ырытар, сыаналыыр.
-
Таска уонна искэ ааҕыы техникатын баһылааһын, аахпыты араастаан уларытыы, уус-уран, научнай-популярнай уонна үөрэтэр тиэкистэри ырытарга судургу литературоведческай өйдөбүллэри туһаныы салгыы ааҕааччы тылын-өһүн сайдыытыгар суолталааҕын өйдуур.
-
Бэйэ ааҕарыгар сөптөөх кинигэни талары сатыыр, тиэмэнэн, алпаабытынан каталогтары уонна сүбэлиир испииһэги туһанар, бэйэ ситиһиитин, кыаҕын сыаналанар, тупсарынар, эбии дьарыктанарга, информация хомуйарга ыйар-кэрдэр матырыйаалынан таба туһанар.
-
ҮӨРЭХ БИРИДИМИЭТИН ИС ХОҺООНО
Тереебут литератураны уерэтии маннык ис хоьоонноох буолар:
Санарыы уонна аа5ыы улэтин коруннэрэ:
-
туора сананы истэргэ, ылынарга;
-
истибит айымньы туьунан ыйытыыга сатаан хоруйдуурга, буолбуту сааьылаан быьаарарга;
-
истибит уерэх, научнай-биллэрэр, уус-уран айымньы туьунан ыйытыы биэрэргэ уерэтэр.
Таска суьуехтээн аа5ыыттан сыыйа бутун тылынан аа5ыыга кеьеругэр, аа5ыы тэтимин тургэтэтэригэр, орфоэпияны, интонацияны, сурук бэлиэтин тутуьа, тиэкистэр ис номохторун ейдуу, аа5ыы керунун быьаара уерэнэригэр билиини биэрэр.
Искэ аа5ыы. Кээмэйинэн уонна керунунэн септеех айымньылары таска аа5ыыттан сыыйа искэ аа5ыыга кеьуу. Аахпыт тиэкиьи ейдуургэ ис хоьоонун санатыьан уонна ыйытыыларга хоруйдаан хонтуруолланар уонна кеннерунэр ньымалары туьаныы. Аа5ыы араас керунун уратытын ейдееьун: факт, ойуулааьын, этиини толоруу уо.д.а.
Араас тиэкиьи кытта улэ:
-
тиэкис ейдебулун, уус-уран тиэкис тиэмэтин, сурун санаатын, тутулун, кэрчиктэргэ арааран кыра тиэмэлэри быьаарарга, аат биэрэргэ;
-
уерэх, научнай-популярнай тиэкис диэн араарарга уерэтэр;
-
уопсай ырытыыга кыттан, ыйытыыга хоруйдуурга, тыл этэргэ, атын о5о этэрин сатаан истэ уерэнэргэ олук уурар;
-
уус-уран ньыманы туьанан айымньы геройун ойуулуурга, кэпсээьин араас керунун (сиьилии, талан, кылгатан) баьылыырга терут уурар.
Библиографическай култуура кинигэ искусство биир керунэ, билии терде буоларын, керунун, тутулун, тииптэрин (ыйынньык-кинигэ, уерэх кинигэтэ, уус-уран кинигэ) туьунан биллэрэр.
Санарыы диалог, монолог диэн сана араас керунэ буоларын биллэрэр, былааннаан санарар, уус-уран ньыманы туттар, айымньыны сал5аан, ейтен этэр дьо5уру, кэпсэтии этикетин тутуьар култуураны олохсутар.
Сурук суругунан сана литературнай нуорматын, ис хоьоон уонна тиэкис аата сеп тубэсиьиилэригэр (тиэмэ, кэпсэнэр сир, герой быьыыта-майгыта), тэттик ейтен суруйууга (ойуулааьын, сэьэргээьин, толкуйдааьын) уус-уран ньыманы (синоним, антоним, тэннээьин) туьанарга, бэриллэр тиэмэ5э кэпсээн, сыанабыл онорорго уерэтэр.
О5о аа5ар эйгэтэ норуот тылынан айымньытын, Саха сирин, Россия уонна тас дойдулар о5о литературатыгар классическай айымньыларын, о5о аа5ар тиэмэлэрин быьаарар.
Литературнай ойдобуллэринэн улэ:
-
тиэкистэн уус-уран ньыма керуннэрин булууга; Тиэкистэн ойуулуур-дьүһүннүүр ньыманы булан араарыы: синоним, антоним; уус-уран быһаарыы, тэҥнээһин, сирэйдээн этии (учуутал көмөтүнэн). литература ейдебуллэринэн (уус-уран айымньы, уус-уран уобарас, тылынан искусство, кэпсээччи, сюжет, тиэмэ) сирдэтинэргэ;
-
литература өйдөбүллэрин быһа холуйан билии: уус-уран айымньы, тыл искусствота, ааптар (кэпсээччи), тиэмэ, дьоруой (мэтириэтэ, туттуута-хаптыыта, майгыта, саҥата); ааптар дьоруойга сыһыана (учуутал көмөтүнэн).
-
Сэһэн (кэпсээн) тутулун туһунан уопсай өйдөбүл, ойуулааһын (айылҕа, мэтириэт, мал-сал), толкуйдааһын (дьоруой монолога, дьоруойдар кэпсэтиилэрэ).
-
Кэпсээнинэн уонна хоһоонунан саҥа, хоһоонунан айымньы уратыта (ритм, рифма).
-
Айымньы жанра. Историческай -литературнай өйдөбүллэр: фольклор уонна ааптар айымньыта (араарыы).
-
Фольклор кыра жанрын билии, араарыы, сүрүн санаатын быһаарыы.
-
Остуоруйа көрүҥнэрэ: тыынар тыыннаах, олох-дьаһах, аптаах-алыптаах. Остуоруйа уус-уран уратыта: остуоруйа дьоруойа, ойуулуур-дьуһуннуур ньымалар, тутула. Литературнай остуоруйа. Олоҥхо өйдөбүлэ, олоҥхо, бухатыыр, дьоруойдара, Орто дойду, олоҥхо тыла.
-
Кэпсээн, хоһоон, үгэ тһунан уопсай өйдөбүл, тутулларын уонна ойуулуур- дьүһүннүүр ньымаларын уратыта.
Уерэнээччи айар улэтэ оруолунан аа5арга, тылынан ойуулуурга, бэриллибит тиэмэ5э ейтен суруйарга, тиэкиьи инсценировкалыырга, айар улэтинэн араас тэрээьиннэ кыттарга, тыл этэргэ олук уурар.
Уерэтии тумугэр салгыы уерэнэргэ бэлэм буолууну кэрэьэлиир сайдыы таьыма:
- тулалыыр эйгэни билиигэ уус-уран литератураны аа5ыы суолтатын ейдуур;
- уус-уран литература киьи-аймах ытык ейдебуллэрин билиьиннэрэр суолтатын инэринэр;
- айымньы керунун бытаарыыга, геройу ойуулааhынна ырытыыны, тэннээьини туттары сатыыр;
- араас тиэкистэн туhааннаах информацияны ылар;
- ыйынньыгынан, энциклопедиянан о.д.а. матырыйаалларынан сатаан улэлиир.
3 кылааска аа5ыы уруога тематическай принципкэ оло5урар. Лексическэй тема ахсын уорэнээччи онно сыьыаннаах норуот айымньытын, араас суруйааччы кэпсээнин, хоьоонун, тылбаас айымньыны аа5ар. Онон суруйааччыны кытта билсии салгыы кэниир, биир тиэмэлээх тус-туспа айымньыны тэннээн корер кыах баар буолар. Тиэмэ араас еттуттэн арыллан, о5о билиитэ-керуутэ сааьыланарыгар туьалыыр.
-
БИРИДИМИЭТИ ҮӨРЭТИИГЭ ТУТТУЛЛАР ХУДУОҺУННЬУКТАР ҮЭЛЭРЭ
-
В.С. Карамзин. Народные узоры.
-
И.В.Попов. Внутренний вид урасы.
-
Н.Е.Ябловская. Олоҥхо дойдута.
-
А.П.Собакин. Кыталыктар үҥкүүлэрэ.
-
А.П.Мунхалов. На праздник.
-
А.П.Мунхалов. О!Солнце!
-
В.Г.Петров. Түбэлээх бөһүөлэгэ.
-
В.С.Карамзин. Өлүөнэ очуостара.
-
И.В.Попов. Кучу.
-
А.П.Собакин. Кыталыктар үҥкүүлэрэ.
-
Т.А.Степанов. Основные герои олонхо.
Наименование разделов, тем. Тематика практических работ,
контрольных работ
(Ытык өйөбүллэр)
Кол.ч
Элементы содержания
(Тиэмэлэринэн былаанааһын)
Характеристика видов деятельности обучащихся
(Үөрэнээччи үлэтэ)
Требования к уровню подготовки учащихся, которые формулируются в деятельностной форме (знать, уметь)
Примечания
План.
Факт.
Дом.задание
(Дьиэҕэ үлэ)
«Үөрэх баар- бараммат баай" -1ч
1.
5.09
Айымньы түһүлгэтигэр айан.
1ч
Киирии уруок. Больдох бэлиэлэр, үөрэх кинигэтин ис хоһооно. Ааптардар үөрэнээччигэ суруктара.
«Литература аа5ыыта» үөрэх кинигэтинэн сирдэтинэр. Болдьох бэлиэлэри быһаарар. Наадалаах салааны үөрэх кинигэтин ис хоһоонунан булар.
Болдьох бэлиэлэри быһаара уорэниэхтээх. Наадалаах салааны ис хоһоонунан булары сатыахтаах.
Кинигэ быыстапката
«Иитиллэр ийэ айылҕабыт" - 9ч
2.
6.09
Ийэ айылҕа.
Олорор мутуккун кэрдимэ.
Төрүт дьарык.
1ч
Киирии уруок. Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрэ:айылҕаны хоһуйууга уус-уран ньымалар.
Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыыр. Айымньы ааптарын уонна кинигэ аатын билэр. Искэ, таска ааҕар.
Айымньы ааптарын уонна кинигэ аатын билэр. Искэ, таска ааҕар. Пейзаж, уус-уран ньыма диэн өйдөбүл ис хоһоонун, уратытын быһаарар. Тэҥнээһин, тыыннааҕымсытыы диэн өйдүүр, бэйэ холобурун булар.
Худуоһунньуктар айылҕа туһунан хартыыналарын ойуулаан кэпсиир. Кэпсииригэр туһанар тылларын булар. Уус-уран тиэкискэ хартыына уларыйарын кэтээн көрөр. Тиэкискэ туттуллар этиилэри быһаарар. Уус -уран уонна ойуулуур - дьүһүннүүр айымньылары тэҥниир. Кинигэ быыстапкатын тиэмэтин уонна аатын быһаарар. Кинигэлэри бөлөхтүүр. Наадыйар кинигэтин булар. Үөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур үлэҕэ олоҕуран, ситиһиилэрин сыаналанар уонна бэрэбиэркэлэнэр.
Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сатаан сөпкө сабаҕалыахтаах. Айымньы ааптарын уонна кинигэ аатын билиэхтээх. Искэ, таска ааҕыахтаах. Айымньы ааптарын уонна кинигэ аатын билиэхтээх, пейзаж, уус-уран ньыма диэн өйдөбүл ис хоһоонун, уратытын быһаарыахтаах. Тэҥнээһин, тыыннааҕымсытыы диэн өйдүүр, бэйэ холобурун булуохтаах. Худуоһунньуктар айылҕа туһунан хартыыналарын ойуулаан сатаан кэпсиэхтээх. Кэпсииригэр туһанар тылларын булуохтаах. Хартыына уларыйарын кэтээн көрүөхтээх. Тиэкискэ туттуллар этиилэри быһаарыахтаах. Уус -уран уонна ойуулуур - дьүһүннүүр айымньылары тэҥниэхтээх. Кинигэ быыстапкатын тиэмэтин уонна аатын быһаарыахтаах. Кинигэлэри бөлөхтүөтээх. Наадыйар кинигэтин булуохтаах. Үөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур үлэҕэ олоҕуран, ситиһиилэрин сыаналанар уонна бэрэбиэркэлэнэр буолуохтаах.
Айар үлэ «Мин айыл5ам» (сообщ)
3.
12.09
1ч
Михаил Чооруоһап. Балысхан баайдаах дойду.
Николай Габышев. Бүөккэ киһиргэс дуо?
Иһитинн(сообщ)
С.10 кэпсээ
4
13.09
1ч
Моисей Ефимов. Күһүн кутаата.
Георгий Данилов. Ким киэргэттэ?
Илья Чаҕылҕан. Кыһыҥҥы ырыа.
С12 дорҕ ааҕыы
С14-15 тал ной.үөр.
Ойуута уруһуйдаа
5.
19.09
1ч
1ч
Иван Мигалкин. Мин сааһы таптыыбын.
Леонид Попов. Моойторук охсуста...
Иннокентий Сосин. Дьэдьэнньиттэр.
С16 ис хоһ.кэпс
С18 ис хоһ.кэпс
С20 айар үлэ, уруһ
6.
20.09
1ч
Бибилэтиэкэҕэ дьарык. Айылҕа туһунан кинигэлэр, альбомнар.
Сообщение проект
7.
26.09
1ч
Бэйэ ааҕыыта. Николай Якутскай. Кыраһа суруга.
Мүнүүтэҕэ ааҕыы
8.
27.09
1ч
1ч
Айар үлэ умсулҕана. «Чэлгийэ тур, айыл5ам барахсан!» литературнай -музыкальнай монтаж. Айымньы дойдутун кистэлэҥнэрэ.
Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.
Айар үлэ
Алҕастарынан үлэ
Кинигэ - мин аргыһым - 6 ч
9.
3.10
Кинигэ-киһи доҕоро.
Бибилэтикэ-улахан баай.
1ч
Киирии уруок. Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрэ: кинигэ арааһа. Кинигэ туһунан бэргэн этии, ох тыл.
Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыыр. Кинигэ арааһа, чопчу өйдөбүл ис хоһоонун быһаарар: кинигэ муудараһа, кинигэ туһунан улуу этиилэри доҕотторун кытта дьүүллэһэр. Кинигэ туһунан бэйэ санаатын чопчулуур. Сахалыы бастакы үөрэх кинигэтин туһунан тугу билэрин уонна сабаҕалаан кэпсиир. Доҕорун санаатын ситэ истэр, пааранан үлэлиир. Бэйэ иһитиннэриитин бэлэмнииригэр атын кинигэлэри сөпкө туһанар, талар. Кинигэ быыстапкатын тиэмэтин быһаарар. Кинигэлэри тиэмэлэринэн наардыыр. Бэриллибит тиэмэҕэ биир кинигэни талан билиһиннэрэр.
Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сатаан сабаҕалыахтаах. Кинигэ арааһа, чопчу өйдөбүл ис хоһоонун быһаарыахтаах: кинигэ муудараһа, кинигэ туһунан улуу этиилэри доҕотторун кытта дьүүллиэхтээх. Кинигэ туһунан бэйэ санаатын чопчулуохтаах. Сахалыы бастакы үөрэх кинигэтин туһунан тугу билэрин уонна сабаҕалаан кэпсиэхтээх. Доҕорун санаатын сатаан ситэ истиэхтээх, пааранан үлэлиэхтээх. Бэйэ иһитиннэриитин бэлэмнииригэр атын кинигэлэри сөпкө туһаныахтаах, талыахтаах. Кинигэ быыстапкатын тиэмэтин быһаарыахтаах. Кинигэлэри тиэмэлэринэн наардыахтаах. Бэриллибит тиэмэҕэ биир кинигэни талан билиһиннэриэхтээх.
Быраабыла суруй, сөбүлүүр кинигэ туһунан кэпсээн
10
4.10
1ч
Федор Ефимов. Бастакы кинигэлэр.
Бүөтүр Тобуруокап. Күндүттэн күндү кылаат.
Иннокентий Левин. Чэй суута.
Проект
С27 дорҕ.аах
С29 ис хоһ.кэпс
уруһуйдаа
11
10.10
1ч
Бибилэтиэкэҕ дьарык. Кинигэ арааһа: уус -уран, биллэрэр-көрдөрөр, ыйынньык, энциклопедия, о.д.а.
Тылдь.үлэ с31
Сообщение
12
11.10
1ч
Бэйэ ааҕыыта. Уйбаан Бахсылаарап. Кинигэ. Төрөөбүт тылбынан саҥарабын.
Илья Чаҕылҕан. Учууталга.
Ис хоһ.кэпс
Уруһуйдаа
Мүнүүтэҕэ аах
13
17.10
1ч
Ыалынан ааҕыы. Дьиэтээҕи бибилэтиэкэттэн талан ааҕыы, бэлиэтэнии.
Сообщение
14
18.10
Айар үлэ умсулҕана. «Сахалыы бастакы үөрэх кинигэтэ хаһан үөскээбитэ буолуой?»
Айар улэ
15
24.10
1ч
Айымньы дойдутун кистэлэҥнэрэ. Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.
Алҕастарынан үлэ
Остуоруйа дойдута- 8ч
16
25.10
Норуот ыра санаата.
Сырдыкка дьулуһуу.
Атын норуот остуоруйалара.
1ч
Киирии уруок. Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрэ: остуоруйа арааһа: алыптаах-дьиктилээх, хамсыыр-харамай, олох-дьаһах туһунан. Тиэмэнэн каталог.
Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыыр. Таска уонна искэ болҕомтолоохтук, сурук бэлиэтин тутуһан ааҕар. Норуот уонна суруйааччы остуоруйата диэн өйдөбүл хоһоонун, уратытын быһаарар. Алыптаах-дьиктилээх, хамсыыр харамай, олох-дьаһах туһунан остуоруйа диэн араарар. Остуоруйа дьоруойдарын характеристикалыыр, тэҥниир. Ойууну сыныйан көрөр, дьоруойдарын быһаарар, хартыынанан кэпсээн оҥорор. Тиэкис былаанын оҥорор, чаастарга араарар, былааҥҥа олоҕуран сиһилии кэпсиир. Ханнык остуоруйа дьоруойдарын сөбүлүүрүн, тоҕо сөбүлүүрүн пааранан эбэтэрбөлөҕүнэн үлэҕэ дьүүллэһэр. Кинигэ быыстапкатын аатын уонна тиэмэтин быһаарар. Кинигэлэри тиэмэлэринэн бөлөхтүүр. Тиэмэнэн каталогтан наадалаах остуоруйаны булар. Оруоллары үллэрэр, доҕотторун кытта сүбэлэһэр. Айымньыны инсценировкалыыр. Бөлөҕүнэн үлэҕэ кыттар. Үөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур үлэҕэ олоҕуран, ситиһиилэрин сыаналанар уонна бэрэбиэркэлэнэр.
Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сатаан сабаҕалыахтаах. Таска уонна искэ болҕомтолоохтук, сурук бэлиэтин тутуһан ааҕыахтаах. Норуот уонна суруйааччы остуоруйата диэн өйдөбүл хоһоонун, уратытын быһаарыахтаах. Алыптаах-дьиктилээх, хамсыыр харамай, олох-дьаһах туһунан остуоруйа диэн араарыахтаах. Остуоруйа дьоруойдарын характеристикалыахтаах, тэҥниэхтээх. Ойууну сыныйан көрүөхтээх, дьоруойдарын быһаарыахтаах, хартыынанан кэпсээн оҥоруохтаах. Тиэкис былаанын оҥоруохтаах, чаастарга араарыахтаах, былааҥҥа олоҕуран сиһилии кэпсиэхтээх. Ханнык остуоруйа дьоруойдарын сөбүлүүрүн, тоҕо сөбүлүүрүн пааранан эбэтэр бөлөҕүнэн үлэҕэ дьүүллэһиэхтээх. Кинигэ быыстапкатын аатын уонна тиэмэтин быһаарыахтаах. Кинигэлэри тиэмэлэринэн бөлөхтүөхтээх. Тиэмэнэн каталогтан наадалаах остуоруйаны булуохтаах. Оруоллары үллэриэхтээх, доҕотторун кытта сүбэлэһиэхтээх. Айымньыны инсценировкалыахтаах. Бөлөҕүнэн үлэҕэ кыттыахтаах. Үөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур үлэҕэ олоҕуран, ситиһиилэрин сыаналанар уонна бэрэбиэркэлэнэр буолуохтаах.
Каталог оҥор
17
7.11
1ч
1ч
1ч
Саха сирин суруйааччыларын остуоруйалара. Саха остуоруйата. Тулаайах уол. Эбэҥки остуоруйата. Кэҕэ.
Нуучча остуоруйата. Александр Пушкин. Муора хонноҕор күөх дууп маска ("Руслан уонна Людмила»диэн поэматтан быһа тардыы).
Узбек остуоруйата. Карнайдаах уол. Алтай остуоруйата. Сүүс өй.
Бибилэтикэҕэ дьарык. "Араас омук остуоруйата" быыстапка.
Биһиги театрбыт. Кэччэгэй балыксыт. Саха остуоруйата.
С38 кэпсээ,тылдь.ү
С42 оруол.аах,ур.
Тылдь.үлэ
С51 өйтөн аах
С51 былаан.кэпс
С56 тылдь.ү
С56кэпсээ,уруһ
С59 тылдь.ү
Айар үлэ
С60 хоһоон.аах
уруһуйдаа
18
8.11
19
14.11
1ч
Бэйэ ааҕыыта . Саха остуоруйата. Уустук үллэрии. Индия остуоруйата. Үс кыһыл көмүс статуэтка.
Мүнүүтэҕэ аах
Уруһуйдаа
20
15.11
1ч
Ыалынан ааҕыы. Михаил Заболоцкай. Ымыы уонна чооруос. Иннокентий Сосин. Икки чабычах.
Айар үлэ
21
21.11
1ч
Айар үлэ умсулҕана. «Дорообо, остуоруйа» куукула театрын персонажтара (о5о саадыгар бэлэх).
Сообщения
22
22.11
1ч
Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэрклээһин.
Алҕаст.үлэ
Олоҥхо-төрөөбүт тыл кэрэтэ, өбүгэ үгэһэ-6ч
23
28.11
Төрөөбүт тылбыт кэрэтэ-олоҥхо тыла.
Үлэ.
Дьулуур.
Сомоҕолоһуу.
Бэриниилээх буолуу.
Ойуулуур-дьүһүннүүр эйгэҕэ. Иван Попов. Внутренний вид урасы. Тимофей Степанов. Основные герои олонхо
1ч
1ч
1ч
1ч
1ч
1ч
Киирии уруок. Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрэр: олоҥхо дьоруойдара, сүрүн санаата, олоҥхо тыла-өһө.
Нуоҕалдьын Кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр (Күннүк Уурастыырап олоҥхото).
Бибилэтикэҕэ дьарык. Күннүк Уурастыырап. Нуоҕалдьын Кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр.
Биһиги театрбыт. Олоҥхоттон быһа тардыыны туруоруу.
Бэйэ ааҕыыта. Сергей Васильев. Күн Эрили.
Ыалынан ааҕыы. Олоҥхоттон сөбүлээбит миэстэни ааҕан иһитиннэрии.
Айар үлэ умсулҕана. «Оло4хо дьоруойдара» (уруһуй эбэтэр оҥоһук).
Олоҥхо дойдутун кистэлэҥнэрэ.
Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэрклээһин.
Олоҥхо ааҕыллар уратытын өйдүүр. Салаа сүрүн өйдөбүллэрин өйдүүр. Олоҥхо дьоруойдарын араарар. Олоҥхо дьоуройдарын саҥаларын уратыларын билэр, үтүктэн ааҕар. Аахпыт кэрчигин ис хоһоонун өйдүүр. олоҥхо сүрүн санаатын быһаарар. Олоҥхоттон айыы киһитин сиэрин-майгытын иҥэринэн, атын дьону кытта алтыһыытыгар туһанар. тылдьыттан билбэт тылын суолтатын, олоҥхо сүрүн санаатын этэр тыл олуктарын булар. Олоҥхоҕо этиллэр миэстэни булан ааҕар. Олоҥхо кэрчигин бэйэтин тылынан кэпсиир. Олоҥхону чаастарга араарар, аат булар. Олоҥхо остуоруйаттан уратытын өйдүүр. Истибит уонна аахпыт кэрчиктэргэ сөп түбэһэр иллюстрацияны булар. Быһа тардыыны тылынан ойуулуур. Уруһуйдарынан олоҥхону кэпсиир. Үөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуу үлэҕэ олоҕуран, ситиһиилэрин сыаналанар уонна бэйэтин бэрэбиэркэлэнэр.
Олоҥхо ааҕыллар уратытын өйдүөхтээх. Салаа сүрүн өйдөбүллэрин өйдүөхтээх. Олоҥхо дьоруойдарын араарыахтаах. Олоҥхо дьоуройдарын саҥаларын уратыларын билиэхтээх, үтүктэн ааҕыахтаах. Аахпыт кэрчигин ис хоһоонун өйдүөхтээх. Олоҥхо сүрүн санаатын быһаарыахтаах. Олоҥхоттон айыы киһитин сиэрин-майгытын иҥэринэн, атын дьону кытта алтыһыытыгар туһаныахтаах. Тылдьыттан билбэт тылын суолтатын, олоҥхо сүрүн санаатын этэр тыл олуктарын булуохтаах. Олоҥхоҕо этиллэр миэстэни булан ааҕыахтаах. Олоҥхо кэрчигин бэйэтин тылынан кэпсиэхтээх. Олоҥхону чаастарга араарыахтаах, аат булуохтаах. Олоҥхо остуоруйаттан уратытын өйдүөхтээх. Истибит уонна аахпыт кэрчиктэргэ сөп түбэһэр иллюстрацияны булуохтаах. Быһа тардыыны тылынан ойуулуохтаах. Уруһуйдарынан олоҥхону кэпсиэхтээх. Үөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуу үлэҕэ олоҕуран, ситиһиилэрин сыаналанар уонна бэйэтин бэрэбиэркэлэнэр буолуохтаах.
С66 бопп.эппиэт
Уруһуйдаа
Тылдь.үлэ
Уруһуй быыстапката
Быһа тардыыны туруоруу
Мүн.аах
Уруһуй быыстапката
Оҥоһук быыстапката
Алҕаст.үлэ
Таптыыбын бары тыынар тыыннааҕы -11ч
24
29.11
Тыынар тыыннаахх таптал.
Үтүө сыһыан.
1ч
Киирии уруок. Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрэ: уус-уран уонна сурутуу литературата. Уус-уран уонна үөрэтэр биллэрэр литератураны тэҥнээһин.
Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыыр. Уус-уран уонна сурутуу литература диэн өйдөбүллэр чопчу ис хоһооннорун быһаарар. Уус-уран уонна сурутуу литератураны тэҥниир; уратыларын быһаарар. Көрдөөх-күлүүлээх айымньы (айымньыга кырдьык уонна сымыйа) уратытын өйдүүр, араарар. Айымньыны болҕомтолоохтук ааҕар, ис хоһоонун быһаарар. Айымньыга кырдьыгы, сымыйаны араарар. Тиэкис былаанын оҥорор, чаастарга араарар, былааны тутуһан кэпсиир. Талан сөбүлүүр тиэкиһин оҥорор. Биллэрэр-көрдөрөр тиэкис уратытын өйдүүр, кэпсиир. Тиэкис туһунан ыйытыы биэрэр, ыйытыылары сыаналыыр. Оҕо хаһыатын, сурунаалын билэр, ааҕар. Наадыйар информациятын сурунаалтан булар. Айымньы дьоруойдарын туһунан пааранан уонна бөлөҕүнэн үлэҕэ дьүүллэһэр, дьоруой туһунан бэйэтин тус санаатын этэр, быһаарар. Оруоллары үллэрэр. Айымньыны туруорарга кыттар. Кинигэ быыстапкатын тиэмэтин уонна аатын быһаарар. Кинигэлэри бөлөхтүүр. Наадыйар кинигэтин булар. Үөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур үлэҕэ олоҕуран, ситиһиилэрин сыаналанар уонна бэйэтин бэрэбиэркэлэнэр.
Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыахтаах. Уус-уран уонна сурутуу литература диэн өйдөбүллэр чопчу ис хоһооннорун быһаарыахтаах. Уус-уран уонна сурутуу литератураны тэҥниэхтээх; уратыларын быһаарыахтаах. Көрдөөх-күлүүлээх айымньы (айымньыга кырдьык уонна сымыйа) уратытын өйдүөхтээх, араарыахтаах. Айымньыны болҕомтолоохтук ааҕыахтаах, ис хоһоонун быһаарыахтаах. Айымньыга кырдьыгы, сымыйаны араарыахтаах. Тиэкис былаанын оҥоруохтаах, чаастарга араарыахтаах, былааны тутуһан кэпсиэхтээх. Талан сөбүлүүр тиэкиһин оҥоруохтаах. Биллэрэр-көрдөрөр тиэкис уратытын өйдүөхтээх, кэпсиэхтээх. Тиэкис туһунан ыйытыы биэриэхтээх, ыйытыылары сыаналыахтаах. Оҕо хаһыатын, сурунаалын билиэхтээх, ааҕыахтаах. Наадыйар информациятын сурунаалтан булуохтаах. Айымньы дьоруойдарын туһунан пааранан уонна бөлөҕүнэн үлэҕэ дьүүллэһэр, дьоруой туһунан бэйэтин тус санаатын этиэхтээх, быһаарыахтаах. Оруоллары үллэриэхтээх. Айымньыны туруорарга кыттыахтаах. Кинигэ быыстапкатын тиэмэтин уонна аатын быһаарыахтаах. Кинигэлэри бөлөхтүөхтээх. Наадыйар кинигэтин булуохтаах. Үөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур үлэҕэ олоҕуран, ситиһиилэрин сыаналыахтаах уонна бэйэтин бэрэбиэркэлэниэхтээх
Айар үлэ
25
5.12
1ч
1ч
Владислав Авдеев. Олуйтарыы.
Николай Якутскай. Хотой до5оро.
Бүөтүр Тобуруокап. Чыычаах оҕото (чабырҕах).
С82 айар үлэ
С82 ис хоһ.кэпс
Уруһуйдаа
С86 тылдь.үлэ
С87 нойосуус
26
6.12
1ч
Тимофей Сметанин, Яков Стручков. Төбөбөр кус сымыыттаабыта, өлөр суолтан бөрө быыһаабыта.
Михаил Тролуков. Чычааҕым.
Василий Тарабукин. Куба өлүүтэ.
С88 кэпс.3 сор.толор
Уруһуйдаа
С92 тылдь.үлэ
С93 былаанынан кэпс, уруһуйдаа
С97 кэпс,уруһ
с101 тылдь.үлэ
27
12.12
Холууптар. (биллэрэр тиэкис).
Айар үлэ
28
13.12
1ч
Бибилэтиэкэҕэ дьарык. Айылҕа туһунан айымньылар. Оҕо сурунааллара.
Быыстапка
Проект
29
19.12
1ч
Бэйэ ааҕыыта. «Чуораанчык» сурунаалтан талан ааҕыы.
Быыстапка
Сообщения
30
20.12
1ч
Ыалынан ааҕыы. Сэмэн Тумат. Хотун-Хаан.
Николай Урсун. Чыычаахтар.
Мүнүүтэҕэ аах, ыалынан аах
31
26.12
1ч
Айар үлэ умсулҕана. «Хото5ойдоохтор» кинигэ хомуурунньук.
Айар үлэ, проект
32
27.12
1ч
Айымньы дойдутун кистэлэҥнэрэ.
Проект
33.
9.01
1ч
Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.
Алҕаст.үлэ
Ойуулуур - дьүһүннүүр эйгэҕэ. Афанасий Собакин. Кыталыктар үҥкүүлэрэ.
Үтүө дьыала үөрүүтэ дэлэгэй - 10ч
34
10.01
Үтүө санаа.
Үлэ. Айымньылаах үлэ.
1ч
Киирии уруок. Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрэ:тирэх тыл, этии. Тиэкис былаана. Араас көстүү туһунан өс хоһоонноро.
Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыыр. Тиэкиһи таска уонна искэ ааҕар. Тиэкискэ тирэх тыллары булар. Тирэх тыллары туһанан бэйэ этиитин оҥорор. Сиэр-майгы чопчу ис хоһоонун быһаарар: чиэһинэй быһыы, эппит тылга туруу. Кэпсээн дьоруойдара төһө сөпкө быһыыламмыттарын дьүүллэһэр; туох алҕас оҥоһуллубутун, ону хайдах көөннөрүөххэ сөбүн быһаарар. Хомууруньуктан тиэмэҕэ кэпсээн оҥорор. Тиэкис аатын быһаарар. Тиэкис былаанын оҥорор, чаастарга араарар, былааҥҥа олоҕуран тиэкиһи толору кэпсиир. Ааҕыллыбыт кэпсээҥҥэ (кинигэҕэ) бэйэ санаатын суруйар. Кинигэ быыстапкатын аатын уонна тиэмэтин быһаарар. Талыллыбыт кинигэни билиһиннэрэр. Тиэкиһи оруолларынан наардыыр; бэйэ икки ардыгар сүбэлэһэр. Айымньыны инсценировкалыырга кыттар. Үөрэх кинигэтинэн үлэтин, ситиһиитин сыаналанар уонна бэрэбиэркэлэнэр.
Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сатаан сабаҕалыахтаах. Тиэкиһи таска уонна искэ ааҕыахтаах. Тиэкискэ тирэх тыллары булуохтаах. Тирэх тыллары туһанан бэйэ этиитин оҥоруохтаах. Кэпсээн дьоруойдара төһө сөпкө быһыыламмыттарын дьүүллэһиэхтээх; туох алҕас оҥоһуллубутун, ону хайдах көөннөрүөххэ сөбүн быһаарыахтаах. Хомууруньуктан тиэмэҕэ кэпсээн оҥоруохтаах. Тиэкис аатын быһаарыахтаах. Тиэкис былаанын оҥоруохтаах, чаастарга араарыахтаах, былааҥҥа олоҕуран тиэкиһи толору кэпсиэхтээх. Ааҕыллыбыт кэпсээҥҥэ (кинигэҕэ) бэйэ санаатын суруйуохтаах. Кинигэ быыстапкатын аатын уонна тиэмэтин быһаарыахтаах. Талыллыбыт кинигэни билиһиннэриэхтээх. Тиэкиһи оруолларынан наардыахтаах; бэйэ икки ардыгар сүбэлэһиэхтээх. Айымньыны инсценировкалыырга кыттыахтаах. Үөрэх кинигэтинэн үлэтин, ситиһиитин сыаналаныахтаах уонна бэрэбиэркэлэниэхтээх.
Өс хоһоонноро
Уруһуйдаа
35
16.01
1ч
1ч
1ч
Василий Тарабукин. Санаа хайдыһыыта.
Николай Носов. Оҕурсу.
Владислав Авдеев. Минньигэһи сиэбэт күн.
Семен Руфов. Албынчыктар.
Суорун Омоллоон. Сымыйалыаҥ-бэйэҕэр куһаҕаны оҥостуоҥ.
Семен Винокуров. Күөскүн эрдэ өрүнүмэ.
С4 кэпс.уруһ
С8 оруол.аах,уруһ
С13 оруол.аах.с17 тылдь.үлэ
С17 ной.
С20кэпсээ,уруһ
С23 оруол.аах
уруһуйдаа
36
17.01
1ч
Бибилэтиэкэҕэ дьарык. «Уус-уран айымньыга-олох араас көстүүтэ» быыстапка.
Проект
37
23.01
1ч
Бэйэ ааҕыыта. Ксения Багневска. Баҕарабын, баҕарбаппын уонна лифт туһунан (поляк тылыттан Кыымчаан Кучу тылбааһа)
Мүнүүт.аах
Уруһуйдаа
38
24.01
1ч
1ч
Ыалынан ааҕыы. Иннокентий Сосин. Кыралары атаҕастаабат буол.
Михаил Заболоцкай. Каратист. Мария Федотова-Нулгынэт. Осиката.
Ыалынан аах, уруһуйдаа
Сообщения
39
30.01
1ч
Айар үлэ умсулҕана. «Кыра да көмө-улахан үөрүү» иһитиннэрии.
Айар үлэ
40
31.01
Айымньы дойдутун кистэлэҥнэрэ.
С27 проект
41
6.02
1ч
Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.
Алҕаст.үлэ
Ойуулуур -дьүһүннүүр эйгэҕэ. Владимир Карамзин. Народные узоры.
Суруйааччылар оҕолорго - 11ч
42
7.02
Суруйааччы тыла.
Уран, хомоҕой тыл.
Саха сирэ:араас омук, араас култуура.
1ч
Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрэ: хоһоонунан остуоруйа, үгэ, үгэ санаата.
Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сабаҕылыыр. Өйдөбүл чопчу ис хоһоонун, уратытын быһаарар: хоһоонунан остуоруйа, үгэ, ойуу. Таска, искэ ааҕар. Кылгатан кэпсииригэр тирэх тыллары булар. Кылгатан кэпсиир. Ааптар ойуулуур хартыынатын хараҕар оҥорон көрөр уонна сөптөөх тыллары булар. Хартыынанан өйгө айар. Саха уонна нуучча суруйааччыларын үгэлэрин билэр, тэҥниир. Үгэлэр ааттарын билэр. Үгэ сүрүн ис хоһоонун өйдүүр, быһаара үөрэнэр. Үгэ дьоруойдарын майгыларын ырытар, дьиҥнээх олоххо сыһыаран көрөр. Үгэ иснценировкатыгар кыттар, оруолу үллэрэр. Үгэттэн быһа тардыыны үгэ тиэкиһигэр булар. Кинигэ быыстапкатын тиэмэтин уонна аатын быһаарар. Кинигэлэри бөлөхтүүр. Наадыйар кинигэтигэр булар. Бэйэни бэрэбиэркэлэнэр уонна үөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур үлэҕэ олоҕуран, ситиһиилэрин сыаналанар.
Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сатаан сабаҕалыахтаах. Өйдөбүл чопчу ис хоһоонун, уратытын быһаарыахтаах: хоһоонунан остуоруйа, үгэ, ойуу. Таска, искэ ааҕыахтаах. Кылгатан кэпсииригэр тирэх тыллары булуохтаах. Кылгатан кэпсиэхтээх. Ааптар ойуулуур хартыынатын хараҕар оҥорон көрүөхтээх уонна сөптөөх тыллары булуохтаах. Хартыынанан өйгө айыахтаах. Саха уонна нуучча суруйааччыларын үгэлэрин билиэхтээх, тэҥниэхтээх. Үгэлэр ааттарын билиэхтээх. Үгэ сүрүн ис хоһоонун өйдүөхтээх, быһаара үөрэниэхтээх. Үгэ дьоруойдарын майгыларын ырытыахтаах, дьиҥнээх олоххо сыһыаран көрүөхтээх. Үгэ иснценировкатыгар кыттыахтаах, оруолу үллэриэхтээх. Үгэттэн быһа тардыыны үгэ тиэкиһигэр булуохтаах. Кинигэ быыстапкатын тиэмэтин уонна аатын быһаарыахтаах. Кинигэлэри бөлөхтүөхтээх. Наадыйар кинигэтигэр булуохтаах. Бэйэни бэрэбиэркэлэниэхтээх уонна үөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур үлэҕэ олоҕуран, ситиһиилэрин сыаналыахтаах.
Быыстапка
43
13.02
1ч
1ч
1ч
Моисей Ефимов. Куобах кутуруга уолчаан.
Анна Неустроева. Оҕолор (кылгатыллан).
Эрилик Эристиин. Кыһыҥҥы киэһэ.
Сэмэн Тумат. Туундара оһоҕо.
Софрон Данилов. Торбостор.
Уйбаан Бахсылыырап. Аат. Аҕыстаах эр киһи.
С30 2 соруд.толор
С36 тылдь.үлэ
С37 оруол.аах
Уруһуйдаа
С40ной,с41тылдь.үлэ
С43был.аах,
с45айар улэ
с46былаан.аах
уруһуйдаа
с49кэпс.айар үлэ
с50кэпс.с51тылдь.үлэ, уруһуйдаа
44
14.02
1ч
1ч
1ч
Рафаэль Баҕатаайыскай. Оҕо хаас. Эһэлээх куобах.
Иван Крылов. Аһыҥа уонна кымырдаҕас. Куба, Сордоҥ уонна Рак.
Болот Боотур. Чугаһынан тойооску.
С52ной,тылдь.үлэ
С54үгэни үөрэт
С56үгэни үөрэт
С58 үгэни талан үөрэт (с56*58)
С60ной.үөрэт
45
20.02
1ч
Биһиги театрбыт. Талбыт үгэнэн инсценировка.
Мүн.аах
46
21.02
1ч
Айар үлэ умсулҕана. «Билэр үгэлэрим»викторина.
Алҕастарынан үлэ
47
27.02
1ч
Айымньы дойдутун кистэлэҥнэрэ.
С65 проект
48
28.02
1ч
Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.
Алҕаст.үлэ
Олохтоох суруйааччы -3ч
49
6.03
Бэриниилээх буолуу.
Киэн туттуу.
1ч
1ч
1ч
Элбэҕи ааҕыаҥ-үгүһү билиэҥ
50
7.03
Билии.
Дьиҥ чахчыга дьулуһуу.
1ч
Киирии уруок. Тиэмэ сүрүн өйдөбүлэ: айар үлэ. Уус-уран тиэкискэ олоҕуран, буолбут түгэн туһунан бэйэ айыыта.
Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыыр. Ааҕыы араас көрүҥүн сайыннарар. «Айыы, айар үлэ, айымньы» диэн өйдөбүллэр суолталарын быһаарар. Бэйэтэ араас историяны айар. Аахпыт айымньыларын суруйааччыларын үтүгүннэрэн, дьоҕус кэпсээни эбэтэр остуоруйаны айан кэпсиир.
Көрбүт мультигар олоҕуран кэпсиир
Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыахтаах. Ааҕыы араас көрүҥүн сайыннарыахтаах.«Айыы, айар үлэ, айымньы» диэн өйдөбүллэр суолталарын быһаарыахтаах. Бэйэтэ араас историяны айыахтаах. Аахпыт айымньыларын суруйааччыларын үтүгүннэрэн, дьоҕус кэпсээни эбэтэр остуоруйаны айан кэпсиэхтээх. Көрбүт мультигар олоҕуран кэпсиэхтээх.
Айар үлэ
51
13.03
1ч
Аан бастакы сурук-бичик «Аан дойду дьиктилэрэ» кинигэттэн. Михаил Чооруоһап. Саха суруктаах этэ дуо?
Николай Урсун. Чыычаахтар.
Наталия Дмитриева. Пейзаж.
А.Романова. тэпсэ сылдьар отторбут: Үөрэ ото.
Иннокентий Сосин. Баҕа хайдах бултууруй?
Владимир Федоров. Санта Клаус дойдутугар (А.Слепцова тылбааһа).
Аким Кондратьев. Тохсунньуга тураах кэлбит.
Михаил Пришвин. Тииҥ.
Егор Макаров. Хотой оҕото
Василий Тарабукин.Хаххан.
Быкова кэпсээнэ. Табыллыбатах булуу.
Саха сирин дьиктилэрэ. Унгра үрэх тоҥмот. Дьикти көтөрдөр. Бөрөнү атаҕа аһатар.
С107проект
С68проект,сообщ
С73сообщения
С76тылдь.үлэ
С78кэпс.уруһ
С79кэпс.уруһ
С82кэпс.уруһ
С84кэпс.уруһ
С85кэпс.уруһ
С86кэпс.ур.тылдь.үлэ
С87кэпс.уруһ
С89дорҕ.аах
С90кэпс.уруһ
С92кэпс.уруһ
52
14.03
1ч
Туох саҥаны биллиҥ? Винкс-Klub Winx/
Проект
53
20.03
1ч
Айар үлэ умсулҕана. «Дьиктилэр, дьиибэлэлэр»
Айар үлэ
54
21.03
1ч
Айымньы дойдутун кистэлэ4нэрэ.
Сообщения
55
3.04
1ч
Ситиһиипни сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.
Алҕастарынан үлэ
Сыллааҕы хатылааһын - 2ч