7


  • Учителю
  • Использование этнопедагогического наследия С. А. Зверева- Кыыл Уола на уроках родного чтения.

Использование этнопедагогического наследия С. А. Зверева- Кыыл Уола на уроках родного чтения.

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала

С.А.Зверев айымньыларын духуобунай ис кыађын γѳрэх эйгэтигэр туттуу.

Саха норуота быдан дьыллар мындааларыттан баай ис хоhоонноох тылынан уус-уран айымньылаах. Кини фантазията киэнин, образтара кγγстээђин, идеята дирин ис хоhоонноођун араас омук γѳрэхтээхтэрэ, чинчийээччилэрэ чорботон бэлиэтииллэр. Тылынан уус-уран айымньы тылтан тылга ,киhиттэн киhиэхэ, кѳлγѳнэттэн кѳлγѳнэђэ бэриллэн кγн бγгγццэ дылы бэйэтин ѳцун дьγhγнγн сγтэрбэккэ кэллэ5э. Туох барыта тѳрѳѳбγт тылтан са5аланар. «Норуот улуу учуутала- кини тѳрѳѳбγт тыла» диэн улуу педагог Ян Амос Каменскай этэн турар. Норуоппут баhа-ата5а биллибэт баай ис хоhоонноох тылынан уус-уран айымньытын сѳргγтэн, ѳбγгэлэрбит олохторугар-дьаhахтарыгар киллэриммит γтγѳ γгэстэрин,сиэрдэрин-туомнарын тѳнγннэрэн,саха о5олорун сахалыы куттаан-сγрдээн «сахалыы майгылаах- сигилилээх,киhилии киэптээх» гына иитэр сорук турар.

Υѳhээ γрдγк айыылартан γѳттэриилээх, орто дойду улууларыттан уhуйтарыылаах, γйэђэ биирдэ кѳстѳн ааhар уонна ѳлбѳт-сγппэт тѳлкѳлѳммγт, аар айылђа анаан-минээн айбыт улуу оhуокайдьыта, чуор тойуксута С.А.Зверев-Кыыл Уола сахаларга сγγрбэhис γйэ сγдγ бэлэђэ буолар.

С.А.Зверев айымньыларын экологическай иитиигэ туhанарга литература уруоктарыгар программа5а киллэрэн γѳрэтиэххэ сѳп: 1. О5олор уус-уран тыл кэрэтэ, сγмэтэ мунньуллубут айыл5а араас кѳстγγлэрин хоhуйар ураты ньымаларыгар γѳрэнэллэр. Ол учуутал сатабылыттан тутулуктаах. 2. Айыл5а кэрэтин , тѳрѳѳбγт дойдуну таптыырга , кининэн киэн туттарга γѳрэтэр. 3. Аар айыл5аны харыстыырга, ѳбγгэлэр γтγѳ γгэстэрин тутуhарга γѳрэтэр 4. Айыл5а араас кѳстγγлэрин кэтээн кѳрѳн чинчийэргэ, γѳрэтэргэ, кини суруллубатах сокуоннарынан салайтаран сылдьарга, олорорго γѳрэтэр 5.Кѳтѳр-сγγрэр ѳцγн-тγγтγн ойуу-оhуор тылынан, сир дойду сиэдэрэй симэ5ин синньэ дьэрэкээн тылынан симээн хоhуйарга γѳрэтэр. Балары барытын Зверев айымньыларыттан холобурдары туттан γѳрэтэр туhалаах эрэ буолуо.

С.А.Зверев γцкγγлэрэ о5ону иитиигэ-γѳрэтиигэ бары ѳттγнэн олус улахан суолталаахтар. Кини γцкγγhγт, γцкγγнγ айааччы, туруорааччы быhыытынан тэцнээ5э суо5а. Кини саамай идэтийбит суола- оhуокай. Сергей Зверев атын омук культуратынан кутун-сγрγн кубулуппатах, сыччах норуотугар туох баарын иhигэр ицэринэн, γйэлэри уцуордаан, биhиэхэ тириэрдэн а5албыт.

« Оhуокай иитэр- γѳрэтэр суолтата олус улахан: Оhуокай о5ону уус-уран тылга γѳрэтэр. Оhуокай тылын γѳрэ-дьγѳрэ тыллары булан наардыыр о5о поэт, импровизатор буолуон сѳп. О5о иннигэhэ-толлугаhа суох сацарар, чобуо буолар, айа5а аhыллар, активнай турукка киирэр.

Айыл5аттан айдарыылаах аар тай5а аатырбыт ырыаhыта а5ыс кырыылаах айар талаанын γγнэр кѳлγѳнэ5э γѳрэтии ситэтэ суо5ун ѳйдѳѳн, кини айар γлэтэ оскуола5а γѳрэтиллиитэ начаалынай кылаастан са5алаан γрдγкγ кылаастарга дирицэтэн γѳрэтии киириэхтээх. С.А.Зверев айымньыларын литература уруоктарыгар программа5а киллэрэн γѳрэтиэххэ сѳп: Тѳрѳѳбγт тѳрγт тылларын сѳрγγн сγѳгэйин амтанын биллиннэр, тыл кэрэтиттэн дуоhуйууну ыллыннар диэн С.Зверев айымньытын γѳрэтиини кэцэтиллиэхтээх. Балары барытын Зверев айымньыларыттан холобурдары туттан γѳрэтэр туhалаах эрэ буолуо. Ол учуутал сатабылыттан тутулуктаах.

Алын кылаас учуутала буоларым быhыытынан, С.А.Зверев айымньыларын 1-4 кылаастарга разделларынан бэйэм кѳрγγбγнэн киллэртээтим: 1 кылааска кγн аайы тыл имитэргэ чабыр5ахтары киллэриэххэ сѳп. Чабыр5ах этэргэ о5о тыла-ѳhѳ эрчиллэр, тγргэнник ѳйдγγр дьо5ура сайдар; 2кылааска - суруйааччылары кытта билсиьиигэ эбии С.А.Зверев айар оло5ун туhунан кылгастык (о5олорго тиийимтиэ гынан) учуутал кэпсээниттэн истэллэр уонна 2-3 айымньыны аа5ыахтарын сѳп;3кылааска-темаларынан3-4 айымньыны аа5аллар уонна 1айымньыны нойосуусуерэтиэххэ сеп; 4 кылааска 70 аа5ыы уруогар чаас бэриллэр. 1чааhыгар - норуот тылынан уус-уран айымньытын γѳрэтэллэр. Манна учуутал кѳрγγтγнэн киэц ис хоhоонноох 1-2 уруогу С.А.Зверевкэ аныахха сѳп эбит, айымньыларыттан аахтарыахха наада. Ол учуутал сатабылыттан тутулуктаах, холобур, «Кулун кугас аттааах Куллустай Бэргэн» - олоцхону. Бу олоцхо кинилэр саастарыгар сѳптѳѳх.

Тѳрγт культурабыт норуоппутугар тѳнγннэ дии саныыр буоллахпытына, С.Зверев айымньыларын оскуола5а γѳрэтии олохтоохтук киириэхтээх. Оттон Тγбэй-Дьаархан оскуолата кини аатын сγгэринэн уонна биир дойдулаахтара буоларбыт быhыытынан, киэн туттан туран булгуччу программа5а киллэрэн γѳрэтиэхтээхпит дии саныыбын. Тѳрѳѳбγт тѳрγт тылларын сѳрγγн сγѳгэйин амтанын биллиннэр, тыл кэрэтиттэн дуоhуйууну ыллыннар диэн С.Зверев айымньытын γѳрэтиини кэцэтиллиэхтээх.

Биир киhиэхэ эргиччи элбэх талан эриэккэскэ бэриллэр тγгэн. С.Зверев курдук поэт, артист, композитор, балетмейстер, драматург, олоцхоhут, улуу γцкγγhγт, тойксут буолуу айыл5а5а сэдэх кѳстγγ. Ону γѳрэтэн, чинчийэн туох баарынан ыччаттарбытыгар тириэрдэр эбээhинэстээхпит.

Корнилова Вера Николаевна, Сунтаар улууhун Тубэй -Дьаархан орто оскуолатын алын кылаас урдук категориялаах учуутала.



 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал