7


  • Учителю
  • Рабочая программа по языку саха 2 класс

Рабочая программа по языку саха 2 класс

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала

Рекомендована Муниципальное бюджетное общеобразовательное учреждение Утверждена

педагогическим советом «Хорулинская СОШ имени Е. К. Федорова» приказом № ____

«_____» ______________ 2015 г. Нюрбинский район «____» ___________2015 г

Протокол №____ Республика Саха (Я) директор________ /Семенов В. Н.



Рабочая программа

по учебному курсу

«Язык саха» 2 класс

для общеобразовательных учреждений

авторы: А.П.Колесова


Рабочую программу составила:

учитель начальных классов

второй категории

Кюдякова Анна Егоровна

2015-2016 учебный год.



Быһаарыы сурук


Төрөөбүт тылы 2 кылааска үөрэтии Российскай Федерация уонна Саха Республикатын Төрүт сокуоннарыгар, Үөрэх туһунан сокуоннарыгар, «Россия гражданинын личноһын сиэрин-майгытын сайыннарыыга уонна иитиигэ концепцията», федеральнай государственнай үөрэх стандартара курдук государственнай суолталаах докумуоннарга оло5урар.

Бу рабочай программа Саха тылын 1-4 кылааска үөрэтиини сүрүннүүр программа5а уонна А.П.Колесова авторскай программатыгар сөп түбэһиннэрэн оӊоһулунна.

Үөрэх предметин өйдөбүлэ

Төрөөбүт тыл - көлүөнэттэн көлүөнэ5э бэриллэр ханнык ба5арар норуот улуу нэһилиэстибэтэ, киһи аймах ытык өйдөбүллэриттэн (сыаннастарыттан) биирдэстэрэ.

Төрөөбүт тыл - о5о5о тулалыыр эйгэтин кыра5ытык билэр-көрөр, чугас дьонун-сэргэтин кытта истиӊник бодоруһар, иэйиитэ уһуктар, өйө-санаата сайдар, өбүгэтин утумнуур сүрүн эйгэтэ. Начаалынай үөрэхтээһин таһымыгар нуучча уонна төрөөбүт тылы үөрэтиигэ тэӊ таһымнаах түмүк ирдэнэр. Төрөөбүт тыл атын үөрэх предметтэрин кытта бииргэ о5о личность быһыытынан сайдыытын хааччыйыахтаах, ону сэргэ урукку өттүгэр ирдэммэт саӊа булгуччулаах ирдэбили - үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иӊэриэхтээх.

Начаалынай оскуола5а төрөөбүт тылы Үөрэтии предметэ атын үөрэх предметтэрин ортотугар үөрэнээччи тылын-өһүн уонна өйүн-санаатын сайыннарар, сүрүн үөрэнэр үөрүйэ5и иӊэрэр кыа5ынан бас-көс балаһыанньаны ылар предмет буолар. Онон бу предмети үөрэтии таһымыттан саха оскуолатыгар начаалынай үөрэхтээһин уопсай туруга, үөрэнээччи салгыы сүрүн оскуола5а ситиһиилээхтик үөрэнэрэ тутулуктаах.


Үөрэх предметин сыала уонна соруга

Төрөөбүт тылы үөрэтии сыала:

1.үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл туһунан билиини аан дойду туһунан научнай били быстыспат сор5отун быһыытынан иӊэрии, тыл үөрэ5ин сүрүн балаһыанньаларын билиһиннэрии, онно оло5уран, о5о билэр-көрөр, толкуйдуур кыа5ын сайыннарыы;

2.үөрэнээччи дьону-сэргэни кытта төрөөбүт тылынан бодоруһар үөрүйэ5и, саӊа (тыл) култуурата киһи уопсай култууратын быстыспат сор5ото буоларын туһунан өйдөбүлгэ тирэ5ирэн, саӊа (тыл) араас көрүӊэр (кэпсэтии, суруйуу, аа5ыы, өйтөн айыы, о.д.а.) үөрэтэн, салгыы сайыннарыы;

3. үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл норуот ытык өйдөбүллэриттэн биирдэстэрэ буоларын быһыытынан ураты харыстабыллаах сыһыаны иӊэрии, хас биирдии киһи ийэ тылын сайыннарар иэстээ5ин өйдөтүү.

Төрөөбүт тылы үөрэтии соруктара:

-дьону-сэргэни кытта бодоруһар саӊа (тыл) сүрүн к өрүӊнэрин үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иӊэриини кытта бииргэ алтыһыннаран үөрэтии;

-тыл (саӊа) - бодоруһуу сүрүн ньымата диэн тутах өйдөбүлгэ тирэ5ирэн, үөрэнээччи кэпсэтэр уонна санаатын толору этэр (тыл этэр), суруйар үөрүйэ5ин сааһыгар сөп түбэһиннэрэн сайыннарыы;

-тыл үөрэ5ин билиитигэр, сурук-бичик култууратын төрүт өйдөбүллэригэр оло5уран, үөрэнээччи төрөөбүт тылын литературнай нуорматын тутуһарын, ал5аһа суох саӊарарын уонна суруйарын ситиһии;

-тыл үөрэ5ин сүрүн салааларын (лексика, фонетика, морфология, синтаксис, тиэкис) туһунан уопсай өйдөбүлү иӊэриигэ тирэ5ирэн, үөрэнээччи толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы, сааһыгар сөп түбэһиннэрэн, өй үлэтин дьайыыларыгар үөрэтии;

- төрөөбүт тылы билии, харыстааһын, сайыннарыы сүрүн ньымаларыгар үөрэтии.

Төрөөбүт тылы 2 кылааска үөрэтиигэ программа маннык докумуоннарга оло5уран оӊоһулунна:

1.А.П.Колесова авторскай программата. Дьокуускай: «Бичик», 2009с.

2.Закон РФ «Об образовании»

п. 2.7, ст.32 - о разработке учебных программ;

п. 6, 7, 8, ст9, п. 5, ст.14 - о содержании образовательных программ;

п. 2.23, ст.32 - об определении списка учебников в соответствии с утвержденными федеральными перечнями учебников;

п. 3.2, ст. 32 - о реализации в полном объеме образовательных программ.

3.Федеральный государственный образовательный стандарт начального общего образования, Приказ Минобразования и науки РФ от 06.10.2009г. №373 «Об утверждении и введении в действие федерального государственного образовательного стандарта начального общего образования».

4.Учебный план МБОУ «Хорулинская СОШ им.Е.К.Федорова» в 2014-2015учебном году. (Приказ Минобрнауки России от 03.06.2011г. №1994г. приложение «Изменения, которые вносятся в федеральный базисный учебный план и примерные учебные планы для образовательных учреждений РФ, реализующих программы общего образования, утвержденные приказом Министерства образования РС(Я) №01-16/2516 от 25.08.2011г., приложение «» Примерный учебный план для образовательных учреждений (ОУ) РС(Я), реализующих программы общего образования»).

5.Федеральнай государственнай үөрэх стандарда саха оскуолатыгар: (начаалынай уопсай үөрэхтээһин) = Федеральный государственный образовательный стандарт в якутской школе. Н.В.Ситникова, С.С.Семенова, Н.Н.Васильева уо.д.а.; Саха Респ. Үөрэ5ин министерствота, Саха Респ.национальнай оскуолаларын чинчийэр научнай институт; -Дьокуускай: Бичик, 2011.

Үөрэх былааныгар үөрэх предметин миэстэтэ

Үөрэх федеральнай базиснай былаанын үһүс барыйааныгар оло5уран, саха оскуолатын начаалынай кылаастарыгар төрөөбүт тылы үөрэтиигэ сылга 102, нэдиэлэ5э 3 чаас бэриллэр.

Ытык өйдөбүллэри үөрэх предметин ис хоһоонугар киллэрии

Начаалынай кылааска сха тылын үөрэтии о5о5о ытык өйдөбүллэри (духуобунай сыаннастары) иӊэриигэ улахан суолталаах. Киһи аймах үйэлэртэн үйэлэргэ өрө тутан илдьэ кэлбит ытык өйдөбүллэрэ (духуобунай сыаннастара) төрөөбүт тыл эгэлгэтигэр, кэрэтигэр сөӊөллөр. Ол курдук үөрэтии ис хоһоонугар тыл үөрэ5ин сүрүн хайысхаларын сэргэ уруок, кэпсэтии (бодоруһуу) тиэмэтин, үөрэтии матырыйаалын быһыытынан төрөөбүт дойду, ийэ дойду, төрөөбүт тыл, айыл5а, үлэ, төрүт дьарык, ыал, дьиэ кэргэн, айымньы уонна кэрэ эйгэтэ, көӊүл, кырдьык, үтүө сана, киһи аймах, аан дойду омуктарын тылларын уонна култууратын эгэлгэтин курдук ытык өйдөбүллэр (духуобунай сыаннастар) киириэхтээхтэр.

Үөрэ5и тэрийии формалара: саӊа билиини ылар уруок, комбинированнай уруок, уруок-күрэх, уруок-оонньуу.

Биирдиилээн, пааранан, бөлө5үнэн үлэ көрүӊнэрэ ыытыллаллар.


Үөрэх предметин ис хоһооно

Төрөөбүт тылы начаалынай оскуола5а үөрэтии ис хоһоонун сүрүн хайысхалара үөрэтии түмүк ирдэбилин уонна сыалын-соругун ситиһэргэ аналлаах тутах научнай балаһыанньалартан таӊыллар. Ити ирдэбилгэ оло5уран, төрөөбүт тылы үөрэтии ис хоһоонугар маннык сүрүн научнай хайысхалар киирэллэр:

-Бодоруһуу култуурата.

-Саӊа көрүӊэ (виды речевой деятельности): истии, саӊарыы, аа5ыы, суруйуу.

-Тыл үөрэ5ин тутаах салааларын туһунан уопсай өйдөбүлэ: фонетика, лексика, морфология, синтаксис.

-Сурук-бичик култуурата: таба суруйуу уонна сурук бэлиэтэ.

-Ситимнээх саӊаны сайыннарыы (тиэкис туһунан сүрүн өйдөбүл).

Сүрүн хайысхаларга киирбит тиэмэлэр ис хоһоонноро начаалынай оскуола үөрэнээччитин сааһын уратытын, өйүн-санаатын кыа5ын, билэр-көрөр дьо5урун учуоттаан таӊыллыахтаахтар.

Бодоруһуу култуурата

Дьону кытта бодоруһуу араас көрүӊэ: кэпсэтии, сэһэргэһии, сүбэлэһии, сөпсөһүү.

Тылы бодоруһуу сүрүн ньыматын быһыытынан арыйыы: бодоруһууга саӊа (вербальные средства общения) уонна туттуу-хаптыы (невербальные средства общения) суолтата.

Саӊарыы уонна истии култууратын, кэпсэтии сиэрин тутуһуу.

Саӊа көрүӊэ: истии, саӊарыы, аа5ыы, суруйуу.

Истии. Дьону кытта бодоруһууга (кэпсэтиигэ) истии култууратын тутуһуу. Кэпсэтии сыалын-соругун, дьон этэр санаатын, кэпсэтии ис хоһоонун өйдөөһүн. Сахалыы араас тиэкиһи истии, сүрүн ис хоһоонун, бол5ойуллуохтаах түгэннэрин истэн сиһилии ылыныы, истибиккэ оло5уран тус санааны үөскэтии. Истибиккэ коллективынан былаан оӊоруу.

Аа5ыы. Сахалыы араас тиэкиһи сахалыы саӊа интонациятын, төрүт дор5оон этиллиитин тутуһан, тэтимнээхтик аа5ыы. Тиэкиһи туох сыаллаах-соруктаах аа5артан көрөн, аа5ыы араас көрүӊүн сатаан туһаныы (үөрэтэр аа5ыы, билсиһэр аа5ыы, сорудахтаах аа5ыы, о.д.а.). Аа5ыы кэмигэр тиэкис сүрүн санаатын өйдөөһүн, наадалаах, туһалаах информацияны араарыы. Аахпыт тиэкис сүрүн ис хоһоонугар тус сыанабылы (сыһыаны) сатаан этии. Тиэкистэн синонимы, сомо5о домо5у, ойуулуур-дьүһүннүүр ньыманы туттуу, аахпыты кэпсииргэ туһаныы. Аа5ыллар тиэкистэн билбэт, өйдөөбөт саӊа тыллары булуу. Аа5ыыга тиэкис интонациятын, туонун сүрүн санаа5а сөп түбэһиннэрэн таба тайаныы.

Саӊарыы (дор5оонноох саӊа). Кэпсэтии сиэрин, саӊарыы култууратын тутуһуу. Дьону кытта табан кэпсэтии. Саӊарыы кэмигэр туттуу-хаптыы бэлиэтин (невербальное общение) то5оостоохтук туттуу. Саӊа тиибин арааһын (ойуулааһын, сэһэргээһин) туттан тыл этии. Кэпсэтии, тыл этии түгэниттэн дор5оону күүһүрдэн-сымнатан, үрдэтэн-намтатан, уһатан, куолас толбонун, эгэлгэтин туһанан истээччигэ тус сыһыаны, иэйиини тириэрдии.

Суруйуу (суругунан саӊа). Сурук-бичик култууратын тутуһуу. Тупса5ай буочарынан ыраастык суруйуу. Тиэкиһи устуу, истэн суруйуу (диктант). Саныыр санааны суругунан тириэрдии. Аахпыттан суруйуу (изложение). Дьиэ кэргэн, чугас до5ор, таптыыр дьарык, айыл5а, кыыллар тустарынан, ону таһынан айымньы, хартыына, киинэ ис хоһоонун, экскурсия5а сырыы туһунан тэттик тиэкистэри суруйуу (өйтөн суруйуу). Тиэкис тутулун, сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылатын тутуһуу.


Тыл үөрэ5э

Дор5оон уонна таба саӊарыы. Аһа5ас, бүтэй дор5оон. Сахалыы дор5оон арааһа.Кылгас-уһун аһа5ас дор5оон, дифтонг, хоһуласпыт, сэргэстэспит бүтэй дор5оон. Маарыннаһар бүтэй дор5ооннор.

Тустаах предмети үөрэтии түмүгэ (предметные результаты).

Саӊа дор5оонун өйдөбүлүн, сахалыы дор5оон арааһын били. Төрөөбүт тылын дор5ооннорун, ордук чуолаан сахалыы ураты дор5ооннору (уһун-кылгас аһа5ас уонна хоһуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаһар бүтэй дор5ооннору, дифтоннары, һ, нь, мурун ӊ, 5 дор5ооннору) арааран истии, чуолкайдык, таба саӊарыы нуорматын тутуһан саӊарыы. Тылы дор5оонун састаабынан ырытыы.

Лексика. Төрүт уонна киирии тыллар. Тыл лексическэй суолтата. Омоним, антоним, синоним, сомо5о домох.

Тустаах предмети үөрэтии түмүгэ.

Норуот тылын туһунан уопсай өйдөбүлү, төрүт уонна киирии тыл уратыларын били. Тыл лексическэй суолтатын быһаарыы. Омоним, антоним, синоним (харыс тыллар, метафоралар, сомо5о домох) өйдөбүллэрин били, тиэкистэн булуу, саӊарар саӊа5а сөпкө туттуу. Быһаарыылаах тылдьыт арааһын сатаан туһаныы, тыл суолтатын тылдьыттан булан быһаарыы.

Графика. Дор5оон, буукуба, сүһүөх. Тылы көһөрүү. Алпаабыт.

Тустаах предмети үөрэтии түмүгэ.

Дор5оон буукубаларын били, таба ааттааһын. Буукубалары суруллар ньымаларынан холбоон, ыраастык, тэтимнээхтик илиинэн суруйуу. Сурукка туттуллар атын бэлиэлэри, өйдөбүллэри (абзац, тылы көһөрүү бэлиэтэ, тыл икки арда (пробел)) сөпкө туттуу. Сахалыы алпаабыт бэрээдэгин билии. Араас тылдьытынан, ыйынньыгынан, каталогунан үлэлииргэ алпаабыты с өпкө туһаныы.

Морфология. Тыл састааба, тыл уларыйар, уларыйбат өлүүскэтэ. Аат тыл, туохтуур, да5ааһын аат.

Тустаах предмети үөрэтии түмүгэ.

Тыл састааба диэн өйдөбүлү, тыл уларыйар уонна үөскүүр ньыматын били. Саӊа чааһын туһунан уопсай өйдөбүлү били. Саӊа чаастарын бөлө5ө: ааттар (аат тыл, да5ааһын аат), туохтуурдар. Тылы састаабынан сатаан ырытыы (тыл оло5о, сыһыарыыта). Тыллары сүрүн бэлиэлэринэн (грамматическай халыыптарынан) бөлөхтөөһүн, ырытыы.

Синтаксис. Этии, тыл ситимэ. Сэһэн, ыйытыы, соруйуу, күүһүрдүү этиилэр. Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии, сирэй саӊа, диалог, туһулуу.

Тустаах предмети үөрэтии түмүгэ.

Этии уонна тыл ситимэ уратыларын, этии арааһын (сэһэн, ыйытыы, күүһүрдүү) билии. Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии, сирэй саӊа, диалог, туһулуу өйдөбүллэрин билии, этиигэ, тиэкискэ арааран булуу, бэйэ этиитин толкуйдааһын. Этиини таба интонациялаан аа5ыы, сурукка саӊа дэгэтин сурук бэлиэтинэн араарыы. Этии чилиэнинэн ырытыы.

Сурук-бичик култуурата. Таба суруйуу.

Таба суруйуу. Таба суруйуу сурук-бичик култуурата буоларын өйдөөһүн. Уһун аһа5ас дор5ооннору, дифтону, хоһуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаһар бүтэй дор5ооннору, саха тылыгар киирии дор5ооннору таба суруйуу. Киэӊник, элбэхтик туттуллар эбэтэр сахалыы этэргэ табыгастаах киирии тыллары сахатытан суруйуу. Тылбаастанар эбэтэр саха тылынан бэриллэр кыахтаах нуучча тылларын сахалыы солбугунан биэрии. Олохторо нууччалыы суруллар киирии тыллар сыһыарыыларын таба суруйуу.

Ситимнээх саӊаны сайыннарыы.

Тустаах предмети үөрэтии түмүгэ.

Туох сыаллаах-соруктаах саӊарарын-суруйарын чуолкай өйдөөн (тиэмэ, сүрүн санаа), дьон өйүгэр-санаатыгар тиийимтиэтик санаатын сааһылаан, араас тиэкистэри холкутук саӊарыы-суруйуу (истэн суруйуу, өйтөн суруйуу, о.д.а.). тыл туттуллар уратытын, дэгэтин учуоттаан, сахалыы тутуллаах этиилэри (логичность речи), тыл баайын (богатство речи) сөпкө туттар (уместность речи).


Үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ

Ытык өйдөбүллэри иӊэрии түмүгэ (личностные результаты)

Саха тылын оскуола5а үөрэтии кэмигэр о5о маннык ытык өйдөбүллэри (духуобунай сыаннастары) иӊэриннэ5инэ төрөөбүт тыла сайдарыгар бэриниилээх, эппиэтинэстээх буоларыгар, бэйэтин кыа5ын толору туһанарыгар эрэниэххэ сөп.

Төрөөбүт тыл - омугу сомо5олуур тыл буоларын өйдүүр.

Төрөөбүт тыл төрүт айылгыта, үйэлээх үгэһэ, этигэн кэрэтэ норуот тылынан уус-уран айымньытыгар уонна уус0уран литература5а сөӊмүтүн билэр.

Төрөөбүт тылын сайыннарар, кэлэр көлүөнэ5э тириэрдэр ытык иэстээ5ин, ийэ тыл үйэлэргэ чөл туруктаах буоларыгар тус оруолла5ын өйдүүр.

Төрөөбүт тыл иитиллэр, үөрэнэр, айар-сайдар тыл буоларын итэ5эйэр.

Төрөөбүт тыл элбэх омук алтыһан бииргэ олорор кэмигэр, икки (элбэх) тылланыы усулуобуйатыгар хас биирдии киһиттэн харыстабыллаах сыһыаны эрэйэрин өйдүүр.


Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ

метапредметные результаты

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл.

Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр.

Тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри үөрэтиэхтээ5ин арааран өйдүүр.

«Тылы сэрэйэр» дьо5уру (языковое чутье, чувство языка) сайыннарыы. Бэйэтин сааһыгар сөп түбэһэр тиэкискэ үөрэппит матырыйаалын сүнньүнэн тыл литературнай нуормата саӊарар эбэтэр суруйар киһи тылыгар төһө сөпкө эбэтэр сыыһа туттулларын «сэрэйэн» билэр, ит5эһин, ал5аһын быһаарар, көннөрөр.

Тылын сайыннарар ба5аны үөскэтии (потребность в совершенствовании собственной речи). Төрөөбүт тылын бар5а баайын сыаналыыр, тылын- өһүн тупсаран, санаатын сиһилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуһар.

Хонтуруолланыы. Бэйэ саӊатын кэтэнэр, ал5аһа суох саӊарарга кыһаллар.

Билэр-көрөр сатабыл - сүрүн үөрэнэр сатабыл.

Үлэ сыалын-соругун таба туруоруу.

Билиини-көрүүнү кэӊэтэр араас матырыйаалы туһаныы. Сахалыы тахсар о5о5о аналлаах республика, улус, оскуола хаһыаттарын-сурунаалларын («Кэскил», «Чуораанчык», о.д.а.) аа5ар, араадьыйанан, телевизорынан сахалыы биэриилэри сэргээн истэр-көрөр, үөрэ5эр туһанар.

Билиини сааһылааһын (структурирование знаний). Саӊа билии ыларга баар билиитигэр тирэ5ирэр. Атын предметтэргэ ылбыт билиитин сатаан ситимниир (интеграция знаний).

Тобулук өйү сайыннарар үөрүйэхтэр. Төрөөбүт тыл оскуола5а о5ону сайыннарар үөрэх тутах салааларыттан (предметтэриттэн) биирдэстэрэ. Онон үөрэнээччи саха тылын үөрэтэр кэмигэр үөрэнэргэ төрүт буолар өй үлэтин сүрүн үөрүйэхтэрин баһылыыр.

Ѳй үлэтин араас дьайыыларын толорор: тэӊнээһин (сравнение), ырытыы (анализ), холбооһун (синтез), түмүктээһин (обобщение), сериация, ханыылатан сааһылааһын (классификация), майгыннатыы (аналогия), сааһылаан ситимнээһин (систематизация).

Рефлексия. Үлэ хаамыытын хайдах салайан иһэрин кэтээн көрөр. Үлэ түмүгүн кэпсиир.

Бэлиэни-символы туһанар үөрүйэхтэр. Дор5оон (буукуба), тыл, этии чилиэннэрин сатаан туһанар. Анал бэлиэлэринэн тыл, этии, тиэкис моделын оӊорор. Бэриллибит моделга тирэ5ирэн, тылы, этиини толкуйдуур, тиэкиһи айар.

Бодоруһар сатабыл.

Бииргэ үлэлиир үөрүйэх. Дьону кытта бииргэ алтыһан үөрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баһылыыр (пааранан, бөлө5үнэн, хамаанданан, о.д.а.). Саастыылаахтарын, улахан дьону кытта айымньылаах алтыһыы туругар кэбэ5эстик киирэр (продуктивное взаимодействие), биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таһаарыылаахтык, көдьүүстээхтик үлэлиир үөрүйэхтэнэр (продуктивное сотрудничество).

Кэпсэтэр үөрүйэх. Кэпсэтии уратыларын өйдүүр, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр киһитин убаастыыр, сэӊээрэр, санаатын бол5ойон истэр, ылынар. Кэпсэтэр кэмӊэ бэйэ көрбүтүн, истибитин, аахпытын сэһэргиир. Дьон өйдөспүт, тыл тылга киирсибэт буолар төрүөттэрин сөптөөхтүк сыаналыыр, сатаан ырытар, өйдөһүү суолун тобула сатыыр.

Кэпсэтии сиэрин (речевой этикет) тутуһар үөрүйэх. Дьону кытта алтыһыыга кэпсэтии сиэрин тутуһар, туттан-хаптан бодоруһуу ньымаларын то5оостоохтук туттар. Сахалыы дорооболоһор, билсиһэр, быраһаайдаһар, көрдөһөр, бырастыы гыннарар, буойар, телефонунан кэпсэтэр о.д.а. үгэстэри иӊэриммит, күннээ5и оло5ор өрүү туттар.

Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ

Предметные результаты

Саха тылын литературнай нуорматын (орфоэпическэй, лексическэй, грамматическай) тутуһар. Дор5оону, буукубаны, тыл сүһүө5үн, саӊа чааһын, этии чилиэнин, судургу этиини булар, быһаарар, наардыыр.

Сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылаларын тутуһар.

Тиэкис өйдөбүлүн, бэлиэтин билэр (тиэмэтэ, сүрүн санаата, аата, этиилэрин ситимэ).

Саныыр санаатын сааһылаан, дьоӊӊо өйдөнүмтүөтүк, тиийимтиэтик этэр.

Монолог уонна диалог (кэпсэтии, санаа үллэстии, ыйыталаһыы о.д.а.) арааһын сатаан туһанар.

Бэйэ саӊатын (тылынан, суругунан) сатаан хонтуруолланар, тиэкиһин ис хоһоонун, тылын- өһүн сыаналанар. Ал5астарын булар, чочуйар, тупсарар.


Үөрэнээччи билиитин бэрэбиэркэлиир, хонтуруоллуур үлэлэр

Бэрэбиэркэлиир суругунан үлэ - 2

Хонтуруолунай суругунан үлэ - 4

Ол таһынан аахпыттан суруйуу - 4, өйтөн суруйуу - 4


Учебниктар, методическай ыйынньыктар

1.Колесова А.П. Саха тыла. Дьокуускай: «Бичик», 2009с.

2.Ситникова Н.В., Семенова С.С. уо.д.а.: Федеральнай государственнай үөрэх стандарда саха оскуолатыгар: (начаалынай уопсай үөрэхтээһин)=Федеральный государственный образовательный стандарт в якутской школе. Саха Респ. Үөрэ5ин министиэристибэтэ, Саха Респ.нац. оскуолаларын чинчийэр науч.инст. - Дьокуускай: Бичик, 2011

3.Кондакова У.Ф. Тыл оонньуута. Якутскай, 1998

4.Саха тылын 1-4 кылааска үөрэтиини сүрүннүүр бырагыраама, Дьокуускай, Бичик, 2007

5.Тылдьыттар

6. Үөрэх электроннай босуобуйалара «Аптаах холбуйачаан».

Саха тыла (102ч)


Уруок темата

чаас ахсааана

Ыытыллар күнэ

былаан

факт.

№1 Сурук тыла уратылаах дуо?

1

Этии туох соруктаах этиллэрэ

1

2

Диалог, реплика, туһулуу

1

3

Туһулуу. Сатаан истэргэ үөрэниэӊ - сатаабаккын да сатыаӊ

1

4

Күүһүрдүү этии. Бүтүннүү харах уонна кулгаах буолуу диэн тугуй?

1

5

Бэрэбиэркэлии диктант

1

6

Сыыһаны кытта үлэ. Тиэкис

1

7

Тиэкис сүрүн санаата

1

8

Б/у. Биир кулгаа5ынан киирэр, атын кулгаа5ынан тахсар

1

9

Дор5оон араастара: аһа5ас дор5ооннор.

Б/у. Истэбин: миэхэ тугу этэллэрий?

1

10

Дор5оон араастара: аһа5ас дор5ооннор.

Б/у. Истэбин: миэхэ тугу этэллэрий?

1

11

Аахпыттан суруйуу

1

12

Бүтэй дор5оон араастара

1

13

Бүтэй дор5оон араастара

1

14

Сирэй саӊа, ааптар тыла.

Б/у. Ыйытартан кыбыстыма, билбэккиттэн кыбыһын

1

15

Сирэй саӊа, ааптар тыла.

Б/у. Ыйытартан кыбыстыма, билбэккиттэн кыбыһын

1

16

Т.с. Хартыынанан кэпсээн оӊоруу

1

17

Үлэни ырытыы.

Б/у. Саӊарар саӊаӊ санаа5ын көрдөрөр

1

№2 Тылтан тыл хайдах үөскүүрүй?

18

Биир төрүттээх тыллар

1

19

Уруулуу тыллар

1

20

Тыл оло5о, сыһыарыы

1

21

Тыл оло5о, сыһыарыы

1

22

Б/у. Уруокка биһигини истэллэр - биһиги истэбит

1

23

Аттарыы ньыманан тыл үөскээһинэ

1

24

Тылы састаабынан ырытыы

1

25

-лаах сыһыарыы суолтата

1

26

Хонтуруолунай диктант

1

27

Үлэни ырытыы.

Б/у. Үөрэнэр кинигэлэрим

1

28

Кыччатыр, эйэргиир суолтаны көрдөрөр сыһыарыылар

1

29

Кыччатыр, эйэргиир суолтаны көрдөрөр сыһыарыылар

1

30

Б/у. Уруһуй, таблица, схема, болдьох бэлиэтэ

1

31

Дьүһүннүүр, тыаһы үтүктэр тыллар

1

32

Аахпыттан суруйуу «Муӊур». Эрч.51

1

33

Сыыһаны кытта үлэ. Аахпыт тиэкискэ ыйытыыга хоруйдаан суруйуу

1

34

Б/у. Туһулуу. Диалог, монолог

1

35

Текси кытта үлэ. Ойуулааһын-тиэкис

1

36

Т.с. Хартыынанан кэпсээн суруйуу. Эрч.55

1

№3 Сыһыарыы тылга туохха нааданый?

37

Тыл лексическэй суолтата

1

38

Элбэх суолталаах тыллар. Текси кытта үлэ «Даарыйа эмээхсин остуоруйата». Тиэкис сүрүн санаата

1

39

Элбэх суолталаах тыллар. Текси кытта үлэ «Даарыйа эмээхсин остуоруйата». Тиэкис сүрүн санаата

1

40

Тиэкис арааһа

1

41

Тиэкис. Тирэх тыллар

1

42

Тиэкис тутула

1

43

Элбэх ахсааны көрдөрөр сыһыарыы

1

44

Хонтуруолунай диктант

1

45

Үлэни ырытыы. Хатылааһын

1

46

Тыл грамматическай суолтата

1

47

Тыл грамматическай суолтата

1

48

Б/у. Эйэ5эс көрдөһүү

1

49

Этиигэ тыл ситимэ

1

50

Этиигэ тыл ситимэ

1

51

Ситимниир тыл

1

52

Б/у. Сөбүлэһии эбэтэр аккаастааһын

1

53

Тиэкис чаастара: киириитэ, сүрүн чааһа, түмүгэ. Хатылааһын

1

54

Ѳйтөн суруйуу

1

55

Үлэни ырытыы. Тэнийбит, тэнийбэтэх этиилэр

1

56

Предмет бэлиэтин ааттыыр тыл. Этиигэ ситимэ

1

57

Предмет бэлиэтин ааттыыр тыл. Этиигэ ситимэ

1

58

Предмет бэлиэтин ааттыыр тыл уларыйбата

1

59

Предмет бэлиэтэ өйдөбүллээх тыл тугу көрдөрөрө

1

60

Б/у. Хомоппот гына аккаастаа

1

61

Хайааһын өйдөбүллээх тыл сирэйинэн, ахсаанынан уларыйыыта

1

62

Хайааһын өйдөбүллээх тыл кэминэн уларыйыыта

1

63

Аахпыттан суруйуу

1

64

Үлэни ырытыы. Хатылааһын

1

65

Билиӊӊи кэм сыһыарыыта

1

66

Ааспыт кэм сыһыарыыта

1

67

Кэлэр кэм сыһыарыыта

1

68

Буолар, буолбат хайааһыннар

1

69

Б/у. Аккааска хоруй

1

70

Тыл грамматическай суолтата

1

71

Хонтуруолунай диктант

1

72

Үлэни ырытыы. Сыыһаны кытта үлэ

1

73

Хайааһын өйдөбүллээх тыл лексическэй, грамматическай суолталара тыл хайа өлүүтүгэр бэлиэтэнэллэрэ

1

74

Хайааһын өйдөбүллээх тыл лексическэй, грамматическай суолталара тыл хайа өлүүтүгэр бэлиэтэнэллэрэ

1

75

Сирэй саӊалаах этиигэ сурук бэлиэтэ

1

№4 Түһүк сыһыарыыта то5о араастанар эбитий?

76

Тыл ханнык түһүккэ турарын быһаарыы. кими? тугу? ыйытыылаах түһүк

1

77

Тыл ханнык түһүккэ турарын быһаарыы. кими? тугу? ыйытыылаах түһүк

1

78

Кимиэхэ? Туохха? Ыйытыылаах түһүккэ тыл оло5ун, сыһыарыытын кэтээн көрүү

1

79

Кимиэхэ? Туохха? Ыйытыылаах түһүккэ тыл оло5ун, сыһыарыытын кэтээн көрүү

1

80

Б/у. Саӊа тэтимэ. Тон, интонация

1

81

Кимтэн? туохтан? ыйытыылаах түһүк сыһыарыыта

1

82

Кимтэн? туохтан? ыйытыылаах түһүк сыһыарыыта

1

83

Киминэн? тугунан? ыйытыылаах түһүк сыһыарыыта

1

84

Кимниин? туохтуун? ыйытыылаах түһүк сыһыарыыта

1

85

Аахпыттан суруйуу

1

86

Үлэни ырытыы. Хатылааһын

1

87

Кимнэ? туохта? ыйытыылаах түһүк сыһыарыыта

1

88

-таа5ар сыһыарыы

1

89

Түһүк сыһыарыытын араастаныыта

1

90

Төрүт түһүк

1

91

Хатылааһын. Түһүктэринэн уларыйыы

1

№5 Киирии тыл хайдах уларыйарый?

92

Киирии тыллар суруйуулара

1

93

Сир-дойду, дьон-сэргэ аата суруллуута

1

94

Киирии тыл сыһыарыытыгар ы, а суруллуута

1

95

Киирии тыл сыһыарыытыгар и, э уонна у, а суруллуута

1

96

Сыллаа5ы хонтуруолунай үлэ

1

97

Үлэни ырытыы. Хатылааһын

1

98

Тиэкис көрүӊнэрэ. Сэһгээһин тиэкис

1

99

Ойуулааһын тиэкис

1

100

Тойоннооһун тиэкис

1

101

Ѳйтөн суруйуу

1

102

Үлэни ырытыы. Хатылааһын

1





 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал