7


  • Учителю
  • Рабочая программа 2 класс КНРС(Я)

Рабочая программа 2 класс КНРС(Я)

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала

«Сунтаар улууьа (оройуон)» муниципальнай оройуон

«Бордон орто уопсай уерэхтээьин оскуолата» муниципальнай бюджетнэй уопсай уерэхтээьин тэрилтэтэ

Керулуннэ: «Сепсеьебун» «Бигэргэтэбин»

МХ мунньа5ар дириэктэри уерэх чааьыгар солбуйааччы оскуола директора

___________ «___» кунэ 2014с ___________________/Спирова Л.Н./ ___________/Иванов Р.А./

_____________ «_____» кунэ 2014с. ___________ «____» кунэ 2014с.







«Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын культурата»

улэ программата



учуутал: Петрова Л.Г

кылаас: 2 кылаас

</ программа: «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын культурата» 2 - 4 кылаастарга сахалыы оскуола программата. Дьокуускай

2014 сыл. Уерэх министерствотын учебнай - методическай сэбиэтэ бигэргэппитэ

автордар: Е.И. Винокурова, А.В. Иванова, Е.П.Чехордуна

керуллэр чаас: 34 чаас

нэдиэлэ5э: 1 чаас







Быhаарыы сурук



Уерэх биридимиэтин ейдебулэ

Лиичинэс духуобунас, сиэр-майгы быьыытынан сайдыытын уонна ытык ейдебуллэр систиэмэлэрин баьылааьын биир суолунан культуроведческай компетенцияны ицэрии буолар.

Федеральнай государственнай уерэх стандардын (ФГУЕС) методологическай тирэ5инэн буолбут «Россия гражданинын лиичинэьин духуобунаска, сиэрдээх майгыга итии уонна сайыннарыы кэнсиэпсийэтигэр», «Саха Ереспуубулукэтин норуоттарын култуурата» биридимиэт улэлиир барыл бырагараамматыгар оцоьулунна.

Россия Федерацията - 190 тахса араас норуот иллээхтик олорор дойдута. Саха Ереспуубулукэтэ - Россия биир субъега, манна 120 тахса омук эйэ дэмнээхтик алтыьан олорор.

Билигин аан дойду биир ситимцэ киирэригэр суцкэн уларыйыылар бара турар кэмнэригэр «Саха Ереспуубулукэтин норуоттарын култуурата» биридимиэт (куурус) «Россия Федерациятын 2025 сылга диэри государственнай национальнай политикатын стратегията» (РФ Президенин Укааьа, 2012с. ахсыньы 19 кунэ) олоххо киирэрин биир теьуу механизма буоларын хааччыйар. Россия Федерациятыгар государство уерэ5эрии систиэмэтигэр национальнай политика5а маннык соруктары туруорар: уерэх-итии улэтигэр гуминитарнай хайысха суолтатын урдэтии, Россия норуоттарын угус уйэ5э эйэлээхтик алтыьан олоробут утуе угэстэрин, история5а мунньуллубут бэлиэ событиелары, наада кэмигэр сомо5олоьуу уонна бэйэ-бэйэ5э кемелеьуу холобурдарын уерэх бырагырааммаларыгар киллэрии; уопсай орто уерэхтээьин тэрилтэтигэр Россия норуоттарын култууратын уонна тылларын харыстыырга, сайыннарарга, Россия бары омуктарын историятыгар уонна култуураларыгар, аан дойду норуоттарыгар ылыныллыбыт сыаннастарга ытыктабылы иитэр сыаллаах уерэтии систиэмэтин тупсарыы; уопсай орто уерэхтээьин тэрилтэлэрин бырагырааммаларыгар Россия норуоттарын уонна национальнай угэстэрин уерэх-итии куурустарын быьыытынан киллэрии.

«Россия гражданинын лиичинэьин духуобунаска, сиэрдээх майгыга итии уонна сайыннарыы кэнсиэпсийэтигэр» Россия гражданинын ейдебулугэр сеп тубэьиини олохсутуу 3 туьумэ5инэн бэриллэр: 1) ыал иьигэр бэйэ-бэйэ5э сыьыан уопсастыбаннай сыьыацца дьайар уонна киьи гражданскай майгытын-сигилитин терде буолар; 2) лиичинэс тереебут дэриэбинэтин, куоратын, оройуонун, регионун угэьин, сыаннастарын, култуурунай, историческай, социальнай, духуобунай оло5ун ийэ дойду, тереебут дойду, тереебут тыл, ыал, дьиэ кэргэн уо.д.а ытык ейдебуллэр нецуе ейдеен ылыныыта; 3) элбэх омуктаах Россия норуотун култууратын уонна сиэр-майгы угэьин ылын.)ыыта.

«Саха Ереспуубулукэтин норуоттарын култуурата» биридимиэт улэлиир бырагыраамматын ис хоьооно Кэнсиэпсийэ5э бэриллибит идентичность тутулугар сеп тубэьэр. Уерэх биридимиэтин тутула уерэхтээьин туьумэхтэринэн бэриллэр: начаалынай (1-4 кылаастар), орто (5-9 кылаастар). Начаалынай оскуола5а о5ону бэйэтин норуотун култууратын убаастыыр буола улаатарын сайыннарарга, Саха сирин терут норуоттарын тереебут тылларын уонна култуураларын ицэринэр, сайыннарар ирдэбили уескэтиигэ сурун бол5омто ууруллар. Биридимиэт уерэтиитин утума «Саха Ереспуубулукэтин национальнай оскуолатын сацардан сайынарыы кэнсиэпсийэтин» (1991) «олохтоох норуоттар материальнай уонна духуобунай култуураларын туьунан киэц билиини биэрэр, салгыы нуучча уонна аан дойду култууратын ейдуур кыа5ын кэцэтэр диэн ейдебулугэр оло5урар».

Начаалынай оскуола5а «Саха Ереспуубулукэтин норуоттарын култуурата» биридимиэт сыала: этнокултуурунай компетенциялары ицэрии, араас омук алтыьар эйгэтигэр сатаан олоруу уонна ситиьиилээх социализация усулуобйатын теруттэрин уурсар.





Биридимиэт соруктара:

  1. Бэйэ норуотун духуобунай уонна материальнай ытык ейдебуллэрин аан дойду култууратын арахсыбат чааьын ицэрии;

  2. Бэйэтин уонна ыаллыы норуоттарын култуураларын туьунан терут билиини олохсутуу;

  3. Бэйэ норуотун угэьин, итэ5элин тутуьууну, Хотугу дойду, Саха сирэ, Россия олохтоо5о диэн ейдебулу, атын омуктаргы кытта алтыьарга бэйэ норуотун култууратын сатаан тиэрдии сатабылын сайыннарыы;

  4. Атын тыллаах, итэ5эллээх норуоттар култуураларыгар утуе сыьыаны, ейдееьуну уонна бодоруьууну иитии.

Уерэх былааныгар уерэх биридимиэтин миэстэтэ

Уерэх федеральнай базиснай былаана булгуччулаах уонна уруок таьынан улэ чаастарыттан турар. «Саха Ереспуубулукэтин норуоттарын култуурата» биридимиэти уерэтии уерэх федеральнай базиснай былаанын булгуччулаах чааьыгар керуллубэт. Биридимиэти уерэтэргэ нэдиэлэ5э 1 чаас бэриллэр (уопсайа 135 чаас), уерэх былаанын талар чааьын, уруок таьынан улэ чэрчитинэн о5о уонна тереппут ба5атын учуоттан ыытыллыан сеп.

Биридимиэти уерэтии керуцнэрэ (моделлара):

  1. Керуц - уруок улэтэ. Биридимиэти уерэтэргэ уерэх биридимиэтин быьыытынан эбии уерэх былаанын талар чааьын суотугар тэрийиии.

  2. Керуц - биридимиэт муодулун нецеу ыытыллыан сеп: 1. Биридимиэт иьинэн муодул; 2.Биридимиэт икки ардыгар муодул-хас да уерэх биридимиэтин алтыьыытын нецуе: тереебут уонна нуучча тыллара, тереебут уонна нуучча тылынан литературнай аа5ыы, уруьуй, улэ, музыка, физическэй культуура.

  3. Керуц - уруок таьынан дьарык. Уруок таьынан улэ чааьыгар студия, куруьуок, факультатив, интэриэстэринэн кулууптар, иитиигэ дьарык уо.д.а атын нецеу тэриллиэн сеп.



Ытык ейдебуллэри уерэх биридимиэтин ис хоьоонугар киллэрии

Начаалынай кылааска «Саха Ереспуубулукэтин норуоттарын кульуратын» уерэтии о5о5о ытык ейдебуллэри (духуобунай сыаннастары) ицэриигэ улахан суолталаах. Киьи аймах уйэлэртэн уйэлэргэ ере тутан кэлбит ытык ейдебуллэрэ тереебут тыл эгэлгэтигэр, култууратыгар сецеллер. Ол курдук уерэтии ис хоьоонугаркулутуура сурун хайысхаларын сэрэг уруок, уерэтии матырыйаалын быьыытынан тереебут дойду, ийэ дойду, айыл5а, улэ, терут дьарык,ыал, дьиэ кэргэн, кэрэ эйэгтэ,утуе санаа, киьи аймах, аан додйу омуктарын култууратын эгэлгэтин курдук ытык ейдебуллэр киирэллэр.



Уерэх биридимиэтин уерэтии тумуктэрэ

Ытык ейдебуллэри ицэрии тумугэ

Тус суолталаах дьайыы:

Ытык ейдебуллэри билинии:

- саха терут угэстэрин, ытык ейдебуллэрин ылыныы, олохсутуу;

- угэс буолбут терут култуураны норуот айымньытын тумугун уонна айыланы кытта бииргэ алтыhан олоруу курдук ылыныы;

- ереспуубулукэ норуоттарын ураты култуураларыгар убаастабыллаах сыьыаны кулууралар алтыьыыларын сайдыытын сурун усулуобуйатын уонна утарсыылары быьаарар терутун курдук ылыныы;

- ахсааныттан, олорор сириттэн тутулуга суох хас биирдии норуот култууратын ылыныы;

- норуоттар култууралара эгэлгэ араастаа5ын уопсастыба култууратын байытыы тердун курдук ылыныы;

- элбэх култууралар алтыьар эйгэлэрэ,бодоруьуулара, култууралар диалогтара-лиичинэс бэйэтэ уонна гражданскай уопсасыба социальнай сиэрэ-майгыта сайдар усулуобуйата буоларын ылыныы.

Сатабылы сайыннарыы:

- бэйэ норуотун угэhин куннэ5и олоххо уонна анал этнокултуурунай тэрээhиннэргэ(ыhыах, сиэр-туом уо.д.а) тутуhуу;

- бэйэни саха, Саха сирин Россия гражданинын быhыытынан билинии;

- бэйэни Хоту дойду, Саха сирэ, Россия олохтоо5унбын диэн билиhиннэрии;

- бэйэ5э, тулалыыр дьоцо-сэргэ5э, айыл5а эйгэтигэр убаастабылы иитии.



Уерэх сатабылларын сайыннарыы тумугэ

Бэйэни салайынар-дьаьанар сатабыллар:

- культураведческай матырыйаалларга оло5уран сыалы-соругу таба туруорунар, бырайактыыр дьарыгы сатаан былаанныыр;

- сиэри-туому, угэhи толорууга тахсар ал5аhы кеннерер;

- культураведческай билиини, сатабылы, уеруйэ5и сепке сыаналыыр;

- кэллэктиибинэн этнокултуурунай улэ5э кыттыьар (норуот бырааьынньыктарыгар уо. д.а.);

- араас этнокултуура усулуобуйатыгар терут угэhи тутуhар уонна бэйэни стаан салайынар;

- пааранан, беле5унэн, хамаанданан уо.д.а. бииргэ алтыhан улэлиир;

- Саха сирин уонаа Россия норуоттарын бодоруhар майгыларын-сигилилэрин олохсуйбут бэрээдэгин (этноэтикеты)бииргэ алтыhыы усулуобуйатыгар учуоттуур;

- тас керуцнэринэн, тылларынан, угэстэринэн, итэ5эллэринэн уратылаhар дьону кытта ейдеhерге уонна алтыhарга бэлэмнээх буолар;

- бэйэ норуотун култууратын атын омуктары кытта алтыhыыга Саха сирин, Россия таhымыгар сатаан кердерер.



Тустаах уерэх биридимиэтин уерэтии тумугэ

- анал ейдебуллэр нецеу бэйэни саха быьыытынан билиhиннэрэр сатабылы олохсутуу;

- фольклор керуцнэрин, оруот ырыатын, музыкатын, терут угэьин, сиэрин-туомун куннээ5и олоххо уонна кун-дьыл эргииринэн тутуhар сиэрин-туомун нецуе ереспуубулукэ, култуура5а, тылга уратылаhаругус еруттээх оло5ун туhунан бастакы билсиhиитин олохсутуу;

- ереспуубулукэ уонна Россия норуоттарын кулутууратын туhунан билиини-керууну кэцэтэр араас матырыйаалы туhана уерэнии(уерэх, уус-уран, уерэххэ-наука5а ыйынньык литературатыттан, тылдьыттартан, атыластартан, хаарталартан уо.д.а.);

-тобулла5ас ейу сайыннарар уеруйэхтэр;

-чопчу тэцнээhин(конкретное сравнение) (дьиэ-уот: ураhа, бала5ан, дэриэбинэ, беhуелэк, куорат, ас-уел, тацас-сап,туттар мал-сал, киэргэл, симэх, о.д.а.);

- ырытыы, холбооhун(анали, синтез)(олох-дьаhах тэрээhинэ, суеhу иитиитэ, булт, уhаныы,иис; омук оонньуута, оонньуура,о.д.а.);

-ханыылатын сыаналааhын(классификация)(аан дойду, сир, айыл5а, киhи, дьиэ кэргэн, уран оцоьук (ойуу-бичик, оцоhук,симэх); норуот музыката(хомус, кырыымпа, хобо, уо.д.а.);

- дакаастааhын(докозательство)(айыл5аны кытта алтыанолоруу уратылара уо.д.а.);

- ереспуубулукэ норуоттарын култуураларын бэлиэ(символ)нецуе кердеруу(сэргэ, саха ата, таба, ураhа уо.д.а.).





Уерэх биридимиэтин ис хоhооно

2-4 кылааска «Саха Ерспуубулукэтин норуоттарын култуурата»биридимиэти уерэтии манны кис хоhоонноох буолар: «Айыл5а», «Тереебут дойдум», «Дьиэ кэргэн», «Норуотум дьиэтэ-уота», «Норуот терут дьарыга», «Уус-уран оцоhук», «Тацас-сап», «Ебугэм аhа-уелэ», «Оонньуурдар, оонньуулар», «Норуот ырыата-тойуга», «Олоцхо», «Билиигин бэрибиэркэлэн».

«Айыл5а»

Угэс, сиэр-туом.Саха сирин норуоттарын угэс буолбут итэ5эллэрин уратыта уонна маарыннаhар еруттэрэ. Айыл5а5а билицци сыhыан, тулалыыр айыл5а туруга. Терут омуктар айыл5а5а сыhыаннара. Айыл5а иччилэрин туhунан ейдебул.

«Тереебут дойдум»

Саха сирэ-мин тереебут дойдум. Иитиллибит Ийэ дойдуга таптал. Материальнай эйгэ-мал-сал, айыл5а кестуутэ. Духуобунай эйгэ-кинигэ5э, искусство айымньыларыгар баар билии уонна информация, дьон ыккардыгар сыhыан уо.д.а. бу култуура эйгэтэ. Култуура-киhи-аймах, олох-дьаhах, оцоруу-тутуу, ей-санаа, сиэр-майгы еттунэн ситиhиитэ.

Саха Ереспуубулукэтэ-элбэх омук алтыhан олорор сирэ. Норуот ейдебулэ, саха сирин терут норуоттара. Саха, эбээн, эбэцки, дьукээгир, долган, чукча терут олохтоох нуучча, кинилэр тулбэлээн олохсуйбут сирдэрэ. Ереспуубулукэ5э олорор араас омук дьоно (украинецтар, буряттар, белорустар уо.д.а).

Ийэ дойдуга таптал уонна убаастабыллаах сыhыан. Ытык ейдебуллэр: тереебут дойдуга таптал, ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу. Саха Ереспуубулукэтэ- араас омук култуурата алтыьар дойута.

Саха сирин духуобунай угэhэ-сиэри-туому сырдатыы, култууралар алтыhыылара. Бэйэ норуотун култууратын, оло5ун-дьаhа5ын, духуобунай баайын билэр, ейдуур, ылынар, таптыыр ону ааhан ис сурэхтэн тереебут дойдуга бэриниилээх буолуу.

«Дьиэ кэргэн»

Дьиэ кэргэн сыьыана. Мин тереппуттэрим, дьиэ кэргэццэ ийэ, а5а оруола. Дьиэ кэргэццэ о5ону иитии. Кырдьа5астары ытыктааhын. Дьиэ кэргэним ытык ейдебуллэрэ. Дьиэ кэргэн улэтэ,сынньалаца, бырааhынньыга. Бэйэ-бэйэни керуу-харайыы, ейеhуу,кемелесуhуу. Бэйэ теруччутун оцоруу. Биhиги чугас ыалларбыт, кинилэр дьиэ кэргэттэрэ.

«Норуотум дьиэтэ-уота»

Саха Ереспуубулукэтин угэс буолбут дьарыктара. Саха сирин норуоттарын сурун дьарыктара: туулээх, балык булда, таба, сылгы, ынах иитиитэ.

Норуотум угэс буолбут хаhаайыстыбата. Дьиэ кэргэним хаhаайыстыбата. Дьиэ суеhутэ-норуот баайа, утуе туруга.

«Уус-уран оцоhук»

Норуот уус-уран оцоhуктар. Норуот ойуулуур-дьуhуннуур искусствотын керуцнэрэ. Саха Ереспуубулукэтин терут омуктарын угэс буолбут уус-уран оцоhуктара. Тацас-сап, атах тацаhын, туттар мал киэргэтиитэ, оhуордарын ааттара, суолталара, аналлара. Биллиилээх норуот маастардара уонна худуоhунньуктара.

«Тацас-сап»

Норуот тацаhа-саба. Саха сиригэр олорор норуоттар сурун тацастара: уратылара уонна маарыннаhар еруттэрэ. Мин норуотум тацаhын сабын керуцнэрэ уонна уратылара. Тыhы, тириини имитии, тацастааhын туhунан ейдебул. Туулээх тацаhы, атах тацаmын керуу-харайыы.

«Ебугэм аhа -уелэ»

Норуот аhа-уелэ. Саха сирин норуоттарын угэс буолбут астара. Дьыл кэминэн ас арааhа. Ебугэм аhа. Аhы астааhын технологиятын кытта билсиhии.

«Оонньуурдар, оонньуулар»

Норуот оонньуурдара уонна оонньуулара. Угэс буолбут норуот оонньуулара, керуцнэрэ (остуол оонньуута, хамсаныылаах оонньуулар уонна д.а). Ооньуурдар керуцнэрэ, туохтан оцоhуллубуттара.

«Норуот ырыата-тойуга»

Саха Ереспуубулукэтин норуоттарын ырыа, тойук култууралара. Норуот ырыата, тылынан уус уран айымньытын керуцнэрэ. О5о5о аналлаах ырыалар. Саха сирин норуоттарын ырыа до5уhуоллаах уцкуулэрэ (оьуокай, ьээдьэ, лондол, хэйро, гасигор уо.д а). Норуотум ырыата-тойуга, уцкуутэ. Норуотум биллиилээх ырыаhыттара, артыыстара, ырыа айааччылара. Норуот музыкатын тэриллэрэ: дуцур, хомус, кырыымпа уо.д.а.

«Олоцхо»

Саха героическай эпоhа олоцхо-саха норуотун ытык ейдебуллэрин тумэр суду айымньы. Аан дойду айыллыыта. Ус дойду. Олоцхону туруоруу уонна олоцхону туруоруу уратылара. Норуот дириц ейун, куустээх санаатын, уус дьэрэкээн тылын-еhун, киэц билиитин чыпчаала-эпос. Олоцхо уонна Саха сирин норуоттарын эпостара. Эпостарга бухатыыр уонна кыыс уратылара. Олоцхо араас омук култуураларыгар.

Бэйэ дьарыга:

«Саха сирин театрдара»

Театр туhунан ейдебул (спектакль, режиссер, репертуар, артыыс уо.д.а). Театрдар араастара (драматическай, музыкальнай, куукула уо.д.а). Дьокуускай куоракка баар театрдар: П.А.Ойуунускай аатынан Саха драматическай театра; А.С.Пушкин аатынан Нуучча драматическай театра; Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет государственнай театра; Эдэр керееччу театра. Саха сирин улуустарын, куораттарын, беhуелэктэрин театрдара. Бэйэ олорор сирин, оскуолатын театра.

«Ереспуубулукэ музейдара»

Музей-норуот муудараhын кыладабыайа. Музей арааьа: ойуулуур-дьуhуннуур, историческай, этнографическай уо.д.а Ереспуубулукэ государственнай музейдара: Национальнай-художественнай музей; Ем. Ярославскай аатынан Саха сиринээ5и хоту норуоттар историяларын уонна култуураларын государственнай музейа; П.А.Ойуунускай аатынан государственнай литературнай музей. Ереспуубулукэ уонна улуус музейдара; мамонт музейа, хомус музейа, сунтаар улууhун Б.Андреев аатынан Элгээйитээ5и айыл5а музейа, Таатта улууьун Черкеехтее5у историческай-этнографическай музейа. Саха биллиилээх худуоhунньуктара.

«Бибилэтиэкэ - билии-керуу уйата»

Бибилэтиэкэ - грек тыла. Бибилэтиэкэ5э сылдьыы быраабылата. Ереспуубулукэтээ5и о5о бибилэтиэкэтэ. Саха Ереспуубулукэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ.

Бырайыактыыр улэ.

Мин дьиэ кэргэним теруччутэ. Айыл5а. Ыhыах - саха норуотун бырааhынньыга.

















2 кылааска календарнай - тематическай барыллааьын былаан.



1 чиэппэр





Айыл5а.

Тереебут дойдубут айыл5атын кэрэ кестуутэ, уратыта. (5 ч)

1

Мин дойум кэрэ айыл5ата.

Дьыл кэмнэрэ.

1

05.09.



Истии уонна кэпсээьин: Учуутал дойдубут кэрэ айыл5атын, уратытын, терут омуктар айыл5а5а сыьыаннарын туьунан кэпсээнин истэр, бэйэтэ туох угэьи, сиэри-туому билэрин кэпсиир.



Кэтээн керуу: Айыл5а кэрэтин кэтээн, тэцнээн керер.

Быьаарыы: Саха сирин айыл5атын уратытын билсэн быьаарар.



Белехтееьун: Саха сирин норуоттарын угэс буолбут итэ5эллэрин уратыттынан уонна маарыннаьар еруттэринэн белехтеен наардыыр.



Кэпсэтии. А.Н. Осипов, А П. Мунхалов айымньыларын кереллер уонна кэпсэтиьэллэр.



Билсиьии.

Саха биллиилээх худуоьунньуктарын сурун улэлэрин кытта билсиьэр.



Практическай улэ. Угэскэ сиэргэ-туомца сыьыаннаах матырыйааллары хомуйаллар. Айыл5а5а билицци сыаьыан туьунан ейтен суруйаллар.

Сылдьыы. Музейга сылдьаллар



Дьыл туерт кэмин уруьуйдаан кэлэр

Алгыс: салама ыйааьына, байанайга алгыс,

айан алгыьа.

Угэс: сири аьатыы, битии

Сиэр-туом:от-мас ичиилэрин аьатыы, салама ыйааьына, хотугу норуоттар айыл5а5а сугурууйуулэрэ.

Олоцхо уерэ5э: терут билии, билгэ, аан Алахчын Хотун, Эрэкэ-Дьэрэкэ о5олор.

Хартыынанан улэ: Юрий Васильевич Спиридонов «Куьун», «Туун».

Афанасий Нтколаевич Осипов «Саха норуодунай суруйааччылара»

Афанасий Петрович Мунхалов «Дьол»

Бэйэ дьарыга: Айыл5а баайа музейга. Саха биллиилээх худуоьунньуктара: А.Н. Осипов, А.П. Мунхалов уо.д.а.

2

Айыл5а5а билицци сыьыан, тулалыыр айыл5а туруга.



1

12.09.



Ейтен суруйуу. «Мин айыл5а5а сыьыаным»

3

Саха сирин айыл5атын уратыта: туундара, тай5а, алаас. Куну-дьылы билгэлээьин. Айыл5аны харыстааьын, сугуруйуу.



1

19.09.





4

Терут омуктар айыл5а5а сыьыаннара.



1

26.09



Кэпсииргэ бэлэмнэнэн кэлии

5

Саха-айыы киьитэ. Саха сирин норуоттарын угэс буолбут итэ5эллэрин уратыта уонна маарыннаьар еруттэрэ.

Билгэ.

1

03.10.





Хатылааьынна бэлэмнэнэн кэлии





Тереебут дойдум.

Тереебут ийэ дойдуц- теле туппат терут баайыц. Ереспуубулукэ араас омугун культууралара.(3 ч.)

6

Тереебут дойду ейдебулэ. А5а дойду. Ийэ додйу. Россия. Саха сирэ (улуустар). Тереебут туелбэ.

1

10.10.



Истии. Норуот ейдебулун туьунан учутал кэпсээнин бол5ойон истэр.

Тэцнээьин. Ереспуубулукэ терут омуктарын маарыннаьаруонна уратылаьар еруттэрин тэцнээн керер.

Толкуйдааьын. Саха сирин терут олохтоохторо туох ураылаахтарын толкуйдаан керер.

Кэпсээьин.Уруок тиэмэтигэр сеп тубэьиннэрэн кыра кээмэйдээх кэпсээн оцорор.



Угэс: Тэс биэрии

7

Саха сирин терут олохтоох норуоттара: саха, эбээн, эбэцки, долгаан, дьукэгиир, чукча, терут олохтоох нуучча. Кинилэр туелбэлээн олохсуйбут сирдэрэ.

1

17.10.







8

Саха сиригэр олорор араас омуктар. Саха сирэ элбэх омуктаах дойду.

1

24.10.







Дьиэ кэргэн(4ч)

9



Дьиэ кэргэн уонна ыал ейдебулэ

1

31.10.



















2 чиэппэр

10

Дьиэ кэргэн сыьыана. Мин тереппуттэрим. Дьиэ кэрэгэн ытык ейдебуллэрэ.

1

14.11.



Быьаарыы. Тереппуттэрин, дьиэ кэргэццэ сыьыан туьунан быьаар, кэпсиир.

Билсиьии. Эбэтин, эьэтин туьунан билиьиннэрэр.

Холобурдары а5алыы. Дьиэ кэргэццэ ийэ, а5а оруолун туьунан холобурдары а5алар.

Ырытыы. Дьиэ кэргэн ытык ейдебуллэрин туьунан ырытар.

Эбии матырыйаалы туьаныы. Дьиэ кэргэн бырааьынньыктарын уонна угэстэрин туьунан матырыйаал хомуйар.

Бырайыактыыр улэ. Дьиэ кэргэнин а5а саастаах чилиэннэрин кытта бэйэтин теруччутун оцорор.



Алгыс: ийэ5э, а5а5а алгыс.

Сиэр-туом: сац тардыы

Хартыынанан улэ: Элляй Семенович Сивцев. Чэйдээьин.(ыалдьыттааьын серияттан). Николай Николаевич Рязанскай. Туьа дьоно.

Бэйэ дьарыга. Бибилэтиэкэ-билии-керуу уйата. Ереспуубулукэтээ5и о5о бибилэтиэкэтэ.

11

Дьиэ кэргэццэ ийэ, а5а оруола. Мин эбэм, эьэм. Теруччум.

1

21.11.



Дьиэ кэргэн теруччутун оцороллор.

12

Мин чугас аймахтарым. Аймахтар бэйэ-бэйэ5э уруу-аймах буолар угэстийбит ааттара.

1

28.11.







Норуотум дьиэтэ-уота.

Алаьа дьиэ. Иэримэ дьиэ-киьи уескээбит уйата.

13

Норуот угэс буолбут дьиэтэ-уота.

1

05.12











Алгыс: Аал уоту аьатыы.

Угэс: Дьиэни тутуу

Сиэр-туом: Сэргэ туруоруу.

Олоцхо уерэ5э: дьиэ иччитэ.

Хартыынанан улэ: Иван Васильевич Попов. Дьокуускай куорат 17-с уйэ са5аланыытыгар.

Бэйэ дьарыга. Музей арааьа: ойуулуур-дьуьуннуур, историческай уо.д.а. Саха биллиилээх худуоьунньуга-И.В. Попов

14

Саха сиригэр сиригэр олохтоох омуктар былыргы дьиэлэрэ уоттара. Тереебут дьиэм. Ебугэм дьиэтэ-уота, тэлгэьэтэ.

1

12.12



Быьаарыы. Бэйэ норуота угэс буолбут дьиэтин-уотун уратытын быьаар.

Тэцнээьин. Саха сиригэр олохтоох омуктар хайдах дьиэ5э-уокка олороллорун тэцнээн керер.

Кэпсээьин. Бэйэтин тереебут дьиэтин уруьуйдуур уонна ону туьанан кэпсиир.

Кэпсэтии. И.В. Попов айымньыларын кереллер уонна кэпсэтиьэллэр.

Ырытан тэцниир. Музей араастарын уратыларын уонна маарыннаьар еруттэрин тэцнээн керер.

Билсиьии. Саха биллиилээх худуоьунньугун улэтин кытта билсэр





15

Дьиэни керуу-харайыы, дьиэ улэтэ.

1

19.12.





16

Дьиэ5э-уокка мин кемем. Дьиэ5э-уокка сыьыаннаах сиэр-туом.

1

26.12.





3 чиэппэр

Норуот терут дьарыга

17

Норуотум угэс буолбут дьарыга. Мин дьиэ кэргэним хаьаайыстыбата. Дьиэ суеьутэ: ынах, сылгы, таба, ыт уо.д.а.

1

16.01.



Тэцнээьин. Бэйэ норуотун угэс буолбут дьарыктарын тэцнээн керер.

Кэпсээьин. Дьиэ кэргэнин хаьаайыстыбатын туьунан кэпсиир.

Эбии матырыйаалы туьаныы. Себулуур дьиэ кыылын туьунан интернеттэн, билиини-керууну кэцэтэр кинигэлэртэн матырыйаал кердеен булар, уруокка туттар.







Алгыс: саца тереебут ынахха, ыалга сеуьу иитэригэр.

Угэс: ына5ы арчылааьын.

Олоцхо уерэ5э: ынах суеьу иччитэ-Наадьы.

Хартыынанан улэ:

Иван Васильевич Попов. Ньирэй.1926.

18

Дьиэ суеьутун иитии туьата. Мин себулуур дьиэм кыыла. Терут дьарыкка сыьыаннаах сиэр-туом.

1

23.01.







Уус уран оцоьук

19

Норуотум уус уран оцоьуктара. Кэрэ-мааны, ойуулаах дьар5алаах норуот уус-уран оцоьуктара. Оьуор-бичик арааьа.

1

30.01.



Истии. Норуот уус-уран оцоьугун туьунан учуутал кэпсээнин бол5ойон истэр.

Белехтееьун. Иьит-хомуос арааьын матырыйаалынан белехтуур.

Ырытыы. Иьит-хомуос туохха анаммытын ырытар.



Угэс.Туоьу хастааьын.

Хартыынанан улэ: Николай Николевич Рязанскай. Солбуйааччылар. Чороон. 18 уйэ бастакы ацаара. Ус атахтаах чороон. 18 уйэ икиис ацаара. Кэриэн ымыйа. 19 уйэ оротото.

20

Иьит хомуос арааьа (туос, мас, туой)

1

06.02.







Тацас-сап

21

Саха сиригэр олорор терут норуоттар терут тацастара: уратылара уонна маарыннаьар еруттэрэ.

1

13.02.



Быьаарыы уонна кэпсээьин. Олохтоох хотугу норуоттар тацастарын уратытын туьунан быьааран кэпсиир.

Тэцнээьин. Бэйэ норуотун тацнар тацаьын арааьын тэцнээн кер.





Алгыс: кыыс о5о5о.

Хартыынанан улэ: Иван Васильевич Попов. Бууктаах сонноох кыыс 19 уйэ. Иван Васильевич Попов. Нуучча кыыьа. (Б.К. Веник хартыынатын куоппуйата).

22

Норуотум тацнар-тацаьындьыл кэминэн арааьа: Туулээх, сарыы тацас,таба тириитэ сон, ыстаан, бэргэьэ, атах тацаьа. Тацас угэс буолбут ойуута -бичигэ.

1

20.02..











Ебугэм аьа-уелэ

23

Аччыгы аьат, тоцмуту ириэр. Ебугэм аьа(эт, балык, уут) Угэс буолбут ас-уел аата.



1

27.02



Истии. Ебугэ аьын туьунан учуутал кэпсээнин бол5ойон истэр.

Наардааьын. Угэс-буолбут аьы-уелу ааттарынан араарыы.

Белехтееьун. Аьы эт, балык, уут ас диэн арааран, сепке ааттаан белехтуур.



Угэс: астааьын угэьэ(куерчэ5и ытыйыы) остуолга олоруу.

Сиэр-туом: сандалы сиэрэ-туома.

Хартыынанан улэ: Николай Николаевич Рязанскай. Куерчэх.

24

Мин себулуур уруц аьым.







1

06.03.















Оонньуурдар. Оонньуулар.

Оонньуу- о5о саас дьоллоох тугэнэ

25

О5о оонньууртан салгыбат.

Норуотум оонньуурдара уонна оонньуулара. Мин таптыыр оонньуурум. Оонньуурдар керуцнэрэ, туохтан оцоьуллубуттара.

1

13.03.



Кэпсээьин уонна уруьуйдааьын. Себулуур оонньуурун уруьуйдуур уонна кэпсиир.

Араарыы.былыргы аныгы оонньуур арааьын араарар.

Талыы. Норуот оонньуурдарын уонна арааьын сепке ааттаан талар.

Практическай улэ. Хартыынаттан бэйэ санаатын этэр, суруйар.



Угэс: терут хамсаныылар.(млммгэ анньыныы, атахха уйдаран олоруу, ыллац)

Хартыынанан улэ: Мария Афанасьевна Рыхлеева. Хачыаллар.

26

Ебугэ оонньуулара

1

20.03.







Норуот ырыата-тойуга

27

Норуот ырыата-тойуга

1

27.03.



Истии.учуутал терут омуктар ырыаларын-тойуктарын, музыка тэриллэрин туьунан кэпсиир., иьитиннэрэр. Норуот ырыаьыттарын толорууларын истэллэр.

Уерэтии. Ырыа матыыптарын уерэтэллэр.

Толоруу. О5о5о аналлаах ырыалары уерэтэн толороллор.

Практическай улэ. Хомус музейыгар сылдьыы. Туох санаа5а кэлбитин суруйар

Сылдьыы.театрга сиэрдээхтик сылдьаллар.

Кэпсээьин. Учуутал театр туьунана кэпсээнин ейдеен истэр.

Ырыаны ейге уерэтии.

Олоцхо уерэ5э: Кудай Бахсы

Хартыынанан улэ:Владимир Давыдович Иванов. Ырыа. («Куьун»триптихтэн)

Бэйэ дьарыга: театр туьунан ейдебул.



28



О5о5о аналлаах ырыалар.





1



10.04.







4 чиэппэр







29

Норуотум музыкатын тэриллэрэ: дуцур, хомус, кырыымпа уо.д.а.

1

17.04.



Хомус илдьэ кэлии

30

Хомус. Хомуьу тутуу, харыстааьын ирдэбилэ.

1

24.04







Олоцхо-улуу айымньы.

Тереебут норуоппут суду айымньыта-олоцхо

31

Саха героическэй эпоьа олоцхо-саха норуотун ытык ейдебуллэрин тумэр улуу айымньы.

1

08.05.



Билсиьии. Олоцхо туьунан ейдебулу учуутал кэпсээниттэн билсэр. Тимофей Степанов улэтин кереллер.

Тэцнээьин. Олоцхо ус дойдутун тэцнээн кэпсиир. Тимофей Степанов улэлэрин, олоцхо тылын кытта тэцнииллэр.

Истии. Гаврил Колесов «Ньургун Боотур» толорор олоцхотун истэллэр.

Эбии матырыйааллары туьаныы. Араас сурунааллартан, хаьыаттан, кинигэттэн, олоцхо туьунан матырыйааллары хомуйар.

Истии. Артыыстар толорууларын истэллэр.

Эбии матырыйаалы туьаныы. Итернет-ресурсаларын туьанан театр туьунан матырыйаалы хомуйар.





Угэс: олоцхолооьун угэьэ.

Олоцхо уерэ5э: олоцхоьут.

Хартыынанан улэ: Иван Васильевич Попов. Дьулуруйар Ньургун Боотур(Е.П. Чехордуна «Олоцхо тыла-еье» кинигэтиттэн) Иннокентий Юрьевич Пестряков. Олоцхоьут.(Е.. чехордуна «Олоцхо эйгэтэ» кинигэтиттэн). Владимир Семенович Карамзин. Орто дойду кырасаабыссата. Ньургуйаана Егоровна Яболовская. Олоцхо дойдута.

Иннокентий Юрьевич Пестряков. Айыы Бухатыыра.

Бэйэ дьарыга. Театр арааьа: П.А Ойуунускай аатынан саха драматическай тыйаатыра; А.С. Пушкин аатынан Нуучча драматическай театра, Д.К. Сивцев- Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет театра уо. д. а



32

Олоцхоьут.



1

15.05.













33

Аан дойду айыллыыта. Ус дойду. Айыы бухатыыра.

1

22.05.







Бырайыактыыр улэ.

34

«Дьиэ кэргэн» тема5а бырайыактыыр улэ оцоьуллар

1

29.05



























 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал