- Учителю
- Технологическая карта урока математики на тему Число 0
Технологическая карта урока математики на тему Число 0
Канаева Фекла Моисеевна
Н.В.Петров аатынан
Дьабыыл орто оскуолатын
алын кылааhын учуутала
Уруок технологическай картата
Предметэ: Математика
УМК: Гармония
Кылаас: 1
Уруок тиэмэтэ: «0 чыыhыла уонна сыыппара.»
Уруок тиибэ: Саца матырыйаалы уерэтии
Уруокка туттуллар матырыйаал: учебник,тэтэрээт, карточкалар, проектор, экран.
Уруок сыала :
Уерэтэр:
0 чыыhыланы билиhиннэрии, суруйарга уерэтии . Ахсааны аа5ыыга 0 чыыhыла туох да суогун ейдетуу.
Сайыннарар:
- Бэйэни салайынар-дьаhанар дьайыы (регулятивнай)
Учуутал салайыытынан ылыахтаах билиитин былааннааhына, сыал туруорунуута
Билэр-керер дьайыы (познавательнай) О5о толкуйдуур, тэцниир, ырытар дьо5урун сайыннарыы.; учебнигынан сирдэтэр, тэтэрээккэ сепке тутуhан улэлиир уеруйэ5ин салгыы сайыннарыы.
- Бодоруьар дьайыы (коммуникативнай) тэццэ кэпсэтиьии, белеххе биир ейге-санаа5а киирэн быьаарыыга турар соругу быьаарсыы, таьымнаах тумугу ылыы.
-до5отторууонна учууталы кытта сыал туруоруу, кинилэри кытта бииргэ былааннаахтык улэлэьии;
-боппуруос туруоруу, иьитиннэриини кердееьуццэ уонна хомуйууга бииргэ улэлээьин;
- меккуертэн толкуйдаахтык тахса уерэнии
- бииргэ улэлиир до5орун майгытын хонтуруоллааьын;
Иитэр( личностнай): Бэйэ санаатын сайа этэр , алтыhар сатабылын сайыннарыы, айыл5а5а харыстабыллаах, бэйэ бэйэ5э убаастабыллаах сыhыацца иитии.
Тэрийэр тугэн.
Уерэнэр, улэлиир интэриэhи кебутуу
Диалог: учуутал-о5о
«Уеруу» тугэнин уескэтии .
- Утуе кунунэн!
Уерэнээччи хайдах олоруохтаа5ый?(Слайд№2)
Бугун олус учугэй кун буолбут, эhигини интэриэhинэй улэ куутэр , барыгытын кехтеехтук кыттаргытыгар ыцырабын.
Чуораан номнуо тыаhаата
Уерэнэргэ кэм буолла,
Олус сэргээн олорон Учууталбын истиэ5им.
Тус суолталаах дьайыы. (Л)
Билиини -керууну ылар ба5ата .
2. Билиини тургутуу. Ейге суот.
Диалог кеметунэн кэпсэтиини таhаарыы , о5олору сацардыы.
Ейбутун сытыылыа5ын.
-
Ханнык чыыhыла кеппутуй?(Слайд№3)
-
Чыыhылалар хайдах уларыйдылар?(Слайд№4)
-
Ханнык фигура? То5о?
-
Ейге хата.(Слайд№5)
5.Бэрэбиэркэлэн(Слайд№6)
.
Уерэнээччилэр чыыhылалаах карточкалары кердерен эппиэттииллэр, бэрэбиэркэлэнэллэр
Бэйэни салайынар , дьаhанар дьайыы (Р)
- Билиитин тургутар, бэрэбиэркэлэнэр , бэйэтин ал5аhын булар, кеннерер.
3Уруок тематын, быhаарыы.
Септеех усулуобуйаны тэрийии.
Проблеманы уескэтии
Тэцнээн , кэтээн керуу , дакаас тааhын , толкуйдааhын ньымаларын туhанан проблеманы туруоруу. О5ону толкуйдатыы , сацардыы.
Куннээ5и олохтон кэтээн керуулэригэр оло5уран кэпсэтиигэ киллэрии.
О5олор билигин ханнык дьыл кэмэй?Слайд №7 №8
Кыhыны ким себулуур? Кыhын хайда5ый? Хараххытыгар туох кестеруй? Ким кыhын тереебутэй?То5о кыhыны себулуугут? Тугу оонньуохха себуй? Биhиги кыhыммыт хайда5ый? Слайд №9Сахалар ейдебуллэринэн «Дьыл о5уhа» Муустаах муораттан тахсан кэлэр.Айаатыыр, тымныынан тыынар. Оччо5о кыhыммыт са5аланар. Бу ый о.э. алтынньы 14 кунуттэн кыhыццы кун аа5ыллар тымныылар са5аланаллар. Кыhын халлаан киэhэтин хайдах буоларый?
Хараца5а халлаацца туохтар кестеллеруй?Слайд№10
Туох уларыйда?
Сулус хаалла дуо?Бу тугуй? Туох уларыйда?
Дьыл кэмэ уларыйда5ына тыабыт хайдах уларыйар?
Слайд№11 №12 Куhун экскурсия5а сылдьыбыппыт. Хатыц мас сэбирдэхтэрин керун эрэ. Тыал кетуттэ. Хас хаалла?
Слайд№ 12 Кыьын ханнык чыычаах тымныыттан куттаммакка кыстыыра буолуой?Хас чыычаах аhыы сылдьарый? Чыычаахтар кетен бардылар . Хас хаалла?
Бу ус ойууну ейдуе5ун эрэ :сулус кестер дуо, сэбирдэх, барабыай?..
Оччого туох да суо5у, ордубата5ы чыыhыланан хайдах бэлиэтиирбит буолуой?
Бугуццу уруокпут темата:
«0 чыыhыла уонна сыыппара»
- кыhын
-кыhын хаар киhи оцоробут, сыыртан туhэбит, хайыhардыыбыт.
Тымныы, тыйыс
Харацарар.
Сулустар
Былыт кэлэн , сулустары сапта.
Суох
Сайын-куех, куhун -арацас, кыhын-мацан
Туох да хаалбата.
Барабыай
5 чыычаах
Бары бардылар, туох да ордубата.
Суох туох да суох
0 чыыhыланан
Билии -керуу ылар дьайыы:соругу туруорар уонна быhаарар.(П)
Бодоруhар дьайыы (К)
Бэйэни салайынар , дьаhанар дьайыы (Р)
4.Сыалы-соругу быhаарыы
Диалог кеметунэн сыалы соругу туруоруу
Улэлиир ба5аны кэпсэтиhии , уескэтии
Бугун уруокпутугар туох сацаны билиэхпитий, туохха уерэниэхпитий?
0 чыыhыланы суруйа уерэниэхпит. Суоттуохпут, тэцнээн керуехпут.
Бэйэни салайынар , дьаhанар дьайыы (Р)
5Сынньалац
Супер физминутка
(электроннай)
О5олоор, Петяны ыцырабыт дуо?
толороллор
Тус суолталаах дьайыы. (Л)
6.Саца теманы уерэтии.
Тэцнээн , кэтээн керуу , дакаас тааhын , толкуйдааhын ньымаларын туhаныы.О5олору сацардыы
О5олоор бу чыыhылалаах эрээккэ 0 чыыhыланы булун эрэ.
0 сыыппара туохха майгынныырый? Слайд №14
(0 сыыппаралаах карточканы кердеребун)
Кинигэбитин арыйдыбыт
№256 №257
Туох уларыйда ?
Эппиэтигэр сеп тубэhэр холобурдары бул.
О5олор булан кердереллер
Келеhе5е, шарга, халаачыкка…
Элбээтэ, а5ыйаата
Туох да хаалбата
Билии -керуу ылар дьайыы(П)
Сугэ кыайбата5ын, субэ кыайар.(пааранан улэ)
Бодоруhар дьайыы (К)
Бэйэ-бэйэни истиhии
6.Тэтэрээккэ улэ
Тэцнээн , кэтээн керуу, толкуйдааhын ньымаларын туhаныы.
Тэтэрээппитин арыйдыбыт. Суруйуох иннинэ харандааhы сепке туттубут.Слайд№15
Суруйарга хайдах олоробут?Слайд№16
Сепке олоруу, тэтэрээккэ улэ быраабылатын санатыhыы.
Дуоска5а суруйан кердеруу.
Слайд №17
О5олор кердереллер.
Тэтэрээккэ 0 чыыhыланы утуктэн суруйаллар.
Бэйэни салайынар , дьаhанар дьайыы (Р)
7.Сынньалац
Тарбах гимнастиката
8. Билиини чицэтии. Улэни кердеруу, кемускээhин Кыайыы-хотуу тугэнэ
Тэцнээн керуу, толкуйдааhын , ырытыы ньымаларын туhаныы.
1.(карточканан улэ)
Рамка5а баар тегуруктэри аа5ан хас чыыhыланы кердерерун бил. Одугу сот .
Биhиэхэ Тим уонна Том кэллилэр Слайд №19, 20
-
Тим уонна Том соруда5ын толоруу
О5олор оцороллор.
Эталону керен бэйэлэрин сыаналаналлар.
Бэйэни салайынар , дьаhанар дьайыы (Р)
Тус суолталаах дьайыы. (Л)
9. Хонтуруолланыы , сыаналаныы
Диалог кеметунэн о5олор санааларын этэллэр.
«Уеруу» тугэнин уескэтии .
Былаанынан улэлээтигит дуо?
Иллээхтик улэлээтигит дуо?
Туох сацаны биллигит?
(О5олорго ытыс быhыылаах карточкалары туцэтии)
о5олор эhиэхэ иннигитигэр сытар ытыстары ылан далбаатыыбыт .
Кыhыл ытыс - Мин теманы үчүгэйдик өйдөөтүм
кыһаллан үлэлээтим, улэбиттэн астынным.
От куех - Мин теманы ситэ өйдөөбөтүм
аҕыйахтык кытынным, улэбиттэн астымматым.
Саhархай ытыс- Мин теманы олох өйдөөбөтүм
уруокка кыттыбатым, себулээбэтим.
Эhигини кытта улэлиирбиттэн олус астынным. Керсуеххэ диэри!
О5олор санааларын этэллэр.
О5олор септеех ытыhы ылан далбаатыыллар , санааларын этэллэр.
Керсуеххэ диэри!
Тус суолталаах дьайыы. (Л)
Улэни сыаналааhын, тус санааны этии,биир санаа5а кэлии, тумук оцоруу