- Учителю
- Презентация по окружающему миру Дьэдьэн туьалаах отон (3 класс)
Презентация по окружающему миру Дьэдьэн туьалаах отон (3 класс)
Тема:
Дьэдьэн -туhалаах
отон.
Оҥордо: Майыар орто оскуолатын 3-с
кылааhын үөрэнээччитэ
Никулина Чээмэ
салайааччы Реброва С. И.
Сыала:
Дьэдьэн отон аhын уонна сэбирдэ5ин хайдах туhаналларын үөрэтэн билии.
Соруктара:
Битэмииннээх үүнээйи доруобуйа5а туhатын
дакаастааhын.
Дьэдьэн хомуурун уратытын кэтээн көрүү.
Медицина5а дьэдьэни
хайдах туhаналларын билсии.
Бааhына5а, толооҥҥо Дьэдьэннээ5эр минньигэ
Дьэдьэн бө5ө үүммүтүн Дьэдьэннээ5эр дыргыл сыттаах,
Туос тууйас ыа5аска Дьэдьэн курдук тэтэркэй
Толору хомуйдум. Дьэ, туох баарый, о5олоор?
Бу орто дойдуга айыл5а барахсан айан кэбиспит хас биирдии ото - маhа, кыыла - сүөлэ, үөнэ - көйүүрэ - бары сирдээ5и олоххо туох эмэ туhаны а5алаары үөскээбиттэр.
Мин эhиэхэ ийэ сирбит сүмэhинин бэйэтигэр иҥэринэн, минньигэстэн минньигэс амтаннанан, ханнык ба5арар остуол мааны аhа - дьэдьэн туhунан кэпсиэхпин ба5арабын. Элбэх битэмииннээ5ин, киhи доруобуйатыгар туhалаа5ын дьоммуттан истэн билэбин. Ону эhиэхэ билиhиннэриэм.
Элбэх сыллаах 10 - 20 см. үрдүктээх от үүнээйи. Сир кырсын батыhа үүнэр сап курдук силистэнэн синньигэс уктар тахсаллар. Сэбирдэхтэрэ үстүүлэр, сибэккитин эминньэ5э 5 - тэр, маҥаннар. Аhа дыргыл сыттаах отон. Бэс ыйыгар сибэккилиир, сиэмэнэн, бытыгынан тар5анан ууhуур.
Кураанах уонна сырдык тиит ойуурдар са5аларыгар, мас кэрдиллибит эргэ солооhун сирдэргэ үүнэр. Ордук от быыhыгар бөдөҥ буолар.
Дьэдьэн киhи доруобуйатыгар туhатынан, битэмиинэ элбэ5инэн моонньо5онно, дьаабылыка5а эрэ баhыйтарар, лимоны кытта биир кэккэ5э турар. Ол эрээри микроэлеменнэринэн, тимир туустарынан дьаабылыканы баhыйар.
Отонун, сэбирдэ5ин туhаналлар. Отонун буспутун кэннэ кураан кун хомуйаллар. Ыраах сиргэ илдьэргэ туос иhиккэ кутан, маарыланан сабыллар. Лаахтаах эбэтэр тимир иhиккэ тургэнник буорту буолар. Сэбирдэ5ин сибэккилэниитэ
хомуйаллар, куурдаллар, хатараллар. Хатарыллыбыт сэбирдэ5иттэн утах онороллор.
Дьэдьэн отонугар С, В группа битэмииннэрэ, сэбирдэ5эр аскорбинка, эфирнэй арыы, саахар, туус, фосфор баар.
Сэбирдэ5ин уонна отонун бүөргэ, үөскэ таас үөскүүрүгэр, битэмииннэр тиийбэттэригэр, тымныйыыга тутталлар. Медицина5а диетическэй эмп быhыытынан сурэх, быар уонна бүөр ыарыытыгар, ону таhынан С битэмиин төрүтүн быhыытынан биhирэнэр.
Тумук: Ити курдук бу биир отон сурдээх элбэх туhаны, көмөну дьоҥҥо а5алар эбит. Айыл5а баайын собун корон бары оттунэн табыгастаахтык туhаныахтаахпыт. Онон төрөөбут дойдубут кэрэ айыл5атын харыстыырга бар дьоммун субэлиибин. Бол5омто5ут иhин баhыыбаларыҥ.
Дьэдьэн сэбирдэ5э олус учугэй битэмииннээх чэй. Народнай медицина5а дьэдьэни сэниэ эстиитигэр, о5олор истэрэ ыалдьарыгар тутталлар. Барыанньалаан, саахардаан хаhааналлар.