7


  • Учителю
  • Рабочая программа родная литература (3 класс)

Рабочая программа родная литература (3 класс)

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала

Муниципальное бюджетное общеобразовательное учреждение

«Кобяконская средняя общеобразовательная школа

МО «Намский улус» Республики Саха (Якутия)»


Рассмотрено _______________/Ядрихинская Я.М./ Согласовано ____________________/Зырянова В.А./ Утверждаю: _______________/Неустроев П.П./

Рук. МО начальных классов ЗД по УР И.о.директора МБОУ КСОШ

Дата:_______________________________ Дата:__________________________ Дата:__________________________



Ааҕыы


Барыллаан былааннааhын

3 кылаас.





Учуутал: Ортоюкова Лира Мироновна.

Предмет: Кустук. авт: Захарова Л.В., Избекова Л.К.Дь. Бичик,2013 с.




2015 с.

Быһаарыы сурук.

Yөpэx предметин өйдөбүлэ.

Уус-уран литература оскуолата оҕону кыра сааһыттан ийэ тыл эйгэтигэр киллэрэр, уран тылга уһуйар, иитэр-үөрэтэр сүрүн хайысха. Умсугуйан ааҕар оҕо өйө-санаата сайдыылаах, билиилээх-көрүүлээх, олох бүгүҥҥүтүн эрэ буолбакка, бэҕэһээҥҥитин ырыҥалыыр, сарсыҥҥытыгар эрэллээх буолар. Онон «Литературнай ааҕыы» үөрэх предметин анала - оҕоҕо ааҕар дьоҕуру олохсутуу, ааҕыы бэйэ кыаҕын сайыннарыыга суолталааҕын өйдөтүү.

Оскуолаҕа «Литературнай ааҕыы» үөрэх предметин сыаллара:

• Ааҕыы уопсай култууратын иҥэрии; ааҕар үөрүйэҕи олохсутуу; саҥа араас көрүнүн сайыннарыы;

• Оҕону ааҕыы араас эйгэтигэр сөптөөх научнай литератураны хабан туран киллэрии;

• уус-уран айымньыны ааҕыы нөҥүө уйулҕаны хамсатан иэйиини уһугуннарыы; тыл искусствотыгар эстетическэй сыһыаны үөскэтии; айар дьоҕуру сайыннарыы;

• ааҕыы нөҥүө сиэр-майгы үтүө өрүттэрин олохсутуу; Саха сирин, Россия уонна тас дойду норуоттарын култуураларыгар убаастабылы иитии.

Сыалы ситиһэргэ маннык соруктар тураллар:

• ааҕыы араас ньыматын баһылааһын;

• тиэкиһи кытта үлэ сүрүн сатабылларын иҥэрии;

• наадалаах литератураны булан туһаныы;

• ааҕыыга интэриэһи үөскэтэн, кинигэҕэ тапталы иҥэрии;

• айан кэпсиир уонна суруйар үөрүйэхтэри сайыннарыы;

• норуот тылынан уонна уус-уран айымньытын духуобунай ис номоҕун нөҥүө иэйиини уһугуннаран, олох араас көстүүтүгэр сиэрдээх сыһыаны үөскэтии;

• уус-уран айымньы тылыгар болҕомтолоох буолууну ситиһии;

• төрөөбүт уонна араас омук литературатын араара өйдөөн, ол нөҥүө норуоттар доҕордуу сыһыаннарын олохсутуу.

Оскуолаҕа уус-уран литератураны үөрэтии Российскай Федерация уонна Саха Республикатын Төрүт сокуоннарыгар, Үөрэх туһунан сокуоннарыгар, «Россия гражданинын личноһын сиэрин-майгытын сайыннарыыга уонна иитиигэ концепцията», федеральнай государственнай үөрэх стандартара курдук государственнай суолталаах докумуоннарга олоҕурар.


Ытык өйдөбүллэри үөрэх предметин ис хоһоонугар киллэрии.

Орто уопсай үөрэхтээһин үөрэнээччи оскуолаттан сиэр-майгы бастыҥ хаачыстыбаларын - киһи аймах ытык өйдөбүллэрин (духуобунай сыаннастарын) иҥэриммит Россия гражданинын иитэн-үөрэтэн таһаарыыга туһуланар.

Киһи уопсастыбатын сайдан кэлбит историятыгар үтүө уонна мөкү, чиэс уонна сиэрэ суох быһыы, суобас уонна чиэһинэйэ суох буолуу, о.д.а. сиэр-майгы нуормалара тэҥҥэ олохсуйан кэллилэр. Ол гынан баран, хайа баҕарар норуокка киһилии сиэрдээх быһыы ытык өйдөбүллэрэ биһирэнэр, кэрэхсэнэр.

2009 с. ылыныллыбыт «Россия гражданинын личноһын сиэрин-майгытын сайыннарыы уонна иитии концепцията» федеральнай государственнай үөрэх стандартарын методологическай төрүтүнэн буолла.

Концепция Россия гражданинын личноһын иитиигэ, сайыннарыыга 10 сүрүн национальнай ытык өйдөбүлү ыйар. Онно киирэллэр:

1. Ийэ дойдуга, бэйэ сиригэр-уотугар, норуотугар таптал, бэриниилээх буолуу.

2. Биир санааланыы, кырдьыктаах быһыы, аһыныгас, амарах сүрэхтээх, чиэстээх, дьоһуннаах буолуу.

3. Ийэ дойдуга сулууспалааһын, сокуону тутуһуу, бэрээдэктээх буолуу. Атын омук култууратын, айымньытын өйдөөһун.

4. Дьиэ кэргэҥҥэ, ыалга тапталлаах уонна бэриниилээх буолуу. Доруобуйа, уйгулаах олох. Төрөппүттэргэ ытыктабыл, аҕа саастаахха уонна кыраҕа, кыаммакка кыһамньы, ийэ-аҕа ууһун тэҥитии, удьуору салҕааһын.

5. Үлэ, төрүт дьарык. Үлэҕэ ытыктабыл, дьулуур, дьаныар. Айымньылаах үлэ.

6. Билиини сыаналаатын. Дьиҥ чахчыга дьулуйуу, аан дойду научнай көстүүтэ.

7. Итэҕэл, духуобунас өйдөбүллэрэ, өбүгэ үгэһин утума.

8. Төрөөбүт литература - барда баай. Кэрэ, киһи духуобунай эйгэтэ, сиэрдээх быһыы. Олох, олох сиэрэ-майгыта.

9. Ийэ айылҕа. Ытык сир, харыстанар сир. Сир - планета. Айылҕаҕа харыстабыл.

10. Сир үрдүгэр эйэ, элбэх омук култуурата, киһи аймах сайдыыта, норуоттар сибээстэһиилэрэ, сомоҕолоһуулара.

Онон бу ытык өйдөбүллэри «Литературнай ааҕыы» үөрэх предметин ис хоһоонугар уус-уран айымньыга сонон сылдьар норуот историятын, култууратын, олоҕун төрүт үгэһин, сиэрин-майгытын нөҥүө киллэрии көрүллэр.


Yөpэx предметин үөрэтии түмүктэрэ.

Ытык өйдөбүллэри үөрэнээччигэ иҥэрии түмүгэ:

• киһи сайдыылаах уонна ситиһиилээх буоларыгар төрөөбүт тылынан ааҕыы суолтатын өйдүүр; уус-уран литератураны тылынан искусство ураты көрүҥүн быһыытынан сыаналыыр;

• тулалыыр эйгэ туһунан билии-көрүү ааҕыы көмөтүнэн кэҥиирин-дириҥиирин

өйдүүр;

• норуот айымньыта уонна уус-уран литературата саха төрүт олоҕун-дьаһаҕын, историятын, тылын-өһүн, култууратын көстүүтэ буоларын өйдүүр, сыаналыыр;

• Саха сирин, Россия уонна аан дойду норуоттарын чулуу айымньыларын ааҕан, атын норуот култууратын, литературатын ытыктыыр;

• үтүөнү-мөкүнү, сырдыгы-хараҥаны арааран, сиэри тутуһуу, амарах, аһыныгас, дьоҥҥо кыһамньылаах майгы үчүгэйгэ тиэрдэрин өйдүүр.

Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ:

• ааҕыы үлэтин араас көрүнэр сыал-сорук туруорунар, былаанныыр, түмүгүн сабаҕалыыр; үлэтин хонтуруолланар, сыаналана үөрэнэр;

• уруокка, уруок таһынан үлэҕэ бэриллибит сорудаҕынан араас информационнай эйгэ кыаҕын талар, туһанар;

• уус-уран айымньыга мөккүөр төрүөтүн, сайдыытын быһаарар, үөскээбит көстүүлэри, дьон сыһыанын ырытан дакаастыыр;

• уус-уран айымньы сүрүн ис хоһоонун, дьоруойдар араас сыһыаннарын, сүрүн сюжет сайдыытын ырытан, анал бэлиэ, графика көмөтүнэн быһаара, ситимнии, тиһиктии үөрэнэр;

• аахпытыгар уонна тус уопутугар олоҕуран, тэҥниир уонна өйдүүр, учебнигынан үлэлиир;

• уус-уран айымньыны ырытыы кэмигэр бодоруһуу сиэрин тутуһан, бииргэ үлэлиир кыахтанар;

• доҕотторун, төрөппүттэрин, кылаас иннигэр кылгас иһитиннэриини оҥорор;

• бэриллибит тиэмэҕэ санаатын сааһылаан айан кэпсиир, суруйар.

Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ:

• ааҕыы сүрүн үөрүйэхтэрин баһылыыр;

• айымньы араас көрүнүн болҕойон истэр;

• норуот айымньыта уонна уус-уран литература, төрөөбүт уонна атын омук литературата диэн араарар;

• аахпыт уус-уран айымньытын суруйааччытын (саха уонна омук) аатын уонна көрүҥүн (жанрын) болҕойор үөрүйэхтээх;

• сааһыгар сөптөөх араас көрүҥнээх (уус-уран, үөрэх, научнай-популярнай) тиэкиһи үчүгэйдик өйдүүр, ырытар, туһанар;

• кэпсээһин араас көрүҥүн (сиһилии, кылгатан, талан, быһа тардан) билэр; сорудах быһыытынан туһааннаах көрүҥҥэ сөп түбэһиннэрэн кэпсиир;

• сөбүлээн аахпыт айымньытын туһунан ааҕааччы дневнигэр (альбом, тэтэрээт) уһуктубут иэйиитин үллэстэн санаатын суруйар;

• сааһыгар сөп түбэһэр айымньы тылын араас дэгэт суолтатын өйдүүр, тоҕоостоох миэстэҕэ кубулуйбат уус-уран быһаарыыны (эпитет), өс хоһоонун, уус-уран ньыма арааһын кэпсииригэр туһанар;

• айымньыттан сөбүлээбит кэрчигин талан үөрэтэр, өйтөн хоһоонноохтук ааҕар;

• чопчу тиэмэҕэ араас көрүҥнээх суругунан айар үлэни толорор.


Yөpэx былааныгар үөрэх предметин миэстэтэ


Үөрэх былаанынан оскуолаҕа литературнай ааҕыыны үөрэтиигэ барыта 68 ч көрүллүннэ: нэдиэлэҕэ чааһын ахсаана - 2 чаас;

кылаас таһынан ааҕыы 7 чаас.


Yөpэx предметин ис хоһооно.

1-4 кылааска төрөөбүт литератураны үөрэтии маннык ис хоһоонноох буолар:

Саҥарыы уонна ааҕыы үлэтин көрүҥнэрэ туора саҥаны истэргэ, ылынарга; истибит айымньы туһунан ыйытыыга сатаан хоруйдуурга, сааһылаан быһаарарга; истибит үөрэх, научнай-биллэрэр тиэкис, уус-уран айымньы туһунан ыйытыы биэрэргэ үөрэтэр. Таска сүһүөхтээн ааҕыыттан сыыйа бүтүн тылынан ааҕыыга көһөрүгэр, ааҕыы тэтимин түргэтэтэригэр, орфоэпияны, интонацияны, сурук бэлиэтин тутуһа, тиэкистэр ис номохторун өйдүү, ааҕыы көрүнүн быһаара үөрэнэригэр билиини биэрэр.

Араас тиэкиһи кытта үлэ тиэкис өйдөбүлүн, уус-уран тиэкис тиэмэтин, сүрүн санаатын, тутулун, кэрчиктэргэ арааран кыра тиэмэлэри быһаарарга, аат биэрэргэ, үөрэх, научнай-популярнай тиэкис диэн араарарга үөрэтэр; уопсай ырытыыга кыттан, ыйытыыга хоруйдуурга, тыл этэргэ, атын оҕо этэрин сатаан истэ үөрэнэргэ олук уурар; уус-уран ньыманы туһанан айымньы дьоруойун ойуулуурга, кэпсээһин араас көрүҥүн (сиһилии, талан, кылгатан) баһылыырга төрүт уурар.

Библиографическай култуура кинигэ билии төрдө буоларын, көрүҥүн, тутулун, тииптэрин (ыйынньык-кинигэ, үөрэх кинигэтэ, уус-уран кинигэ) туһунан биллэрэр.

Саҥарыы диалог, монолог диэн сана араас көрүҥэ буоларын биллэрэр, былааннаан саҥарар, уус-уран ньыманы туттар, айымньыны салҕаан, өйтөн этэр дьоҕуру, кэпсэтии сиэрин тутуһар култуураны олохсутар.

Сурук суругунан саҥа литературнай нуорматын, ис хоһоон уонна тиэкис аата сөп түбэсиһиилэригэр (тиэмэ, кэпсэнэр сир, дьоруой быһыыта-майгыта), тэттик өйтөн суруйууга (ойуулааһын, сэhэргээhин, толкуйдааһын) уус-уран ньыманы (синоним, антоним, тэҥнээһин) туһанарга, бэриллэр тиэмэҕэ кэпсээн, сыанабыл оҥорорго үөрэтэр.

0ҕо ааҕар эйгэтэ норуот тылынан айымньытын, Саха сирин, Россия уонна тас дойдулар оҕо литературатыгар классическай айымньыларын, оҕо ааҕар тиэмэлэрин быһаарар.

Литературнай өйдөбүллэринэн үлэ тиэкистэн уус-уран ньыма көрүҥнэрин булууга; литература өйдөбүллэринэн (уус-уран айымньы, тылынан искусство, кэпсээччи, сюжет, тиэмэ, дьоруой) сирдэтинэргэ; айымньы дьоруойун (мэтириэтэ, тыла-өһө, дьайыыта, өйө-санаата) быһаарарга үөрэтэр; ааптар дьоруойга сыһыанын; кэпсээн уонна хоһоон тылын уратытын, айымньы көрүҥүн (жанр) туһунан биллэрэр.

Үөрэнээччи айар үлэтэ оруолунан ааҕарга, тылынан ойуулуурга, бэриллибит тиэмэҕэ өйтөн суруйарга, тиэкиһи инсценировкалыырга, айар үлэтинэн араас тэрээһиҥҥэ кыттарга, тыл этэргэ олук уурар.

Үөрэтии түмүгэр салгыы үөрэнэргэ бэлэм буолууну кэрэһэлиир сайдыы таһымыгар киирэллэр:

- тулалыыр эйгэни билиигэ уус-уран литератураны ааҕыы суолтатын өйдүүр;

- уус-уран литература киһи аймах ытык өйдөбүллэрин билиһиннэрэр суолтатын иҥэринэр;

- айымньы көрүҥүн быһаарар, дьоруойу ойуулааһыҥҥа ырытыыны, тэҥнээһини туттары сатыыр;

- араас тиэкистэн туһааннаах информацияны ылар;

- ыйынньыгынан, энциклопедиянан, о.д.а. матырыйаалларынан сатаан үлэлиир.

Туттуллар литература:

1.Үөрэтэр кинигэ аата « Кустук» авт. Л.В.Захарова, Л.К. Избекова . Дьокуускай. Бичик. 2013с.

2.Саха оскуолатын программата. Л.В.Захарова, С.Е. Потапова, В.А. Тимофеева, С.А. Баснаева, Н.С. Олесова

Дьокуускай, «Бичик», 2006 с.


Уруоктар темалара, ааҕыллар айымньылар

Барыллар уруок ахсаана

Уруок сыала

Барыллар күнэ-дьыла

Фактическай күнэ-дьыла

Дьиэҕэ үлэ

Прим.

Көмүс күһүн күллэ үөрдэ

Алтан чуораан тыаһынан (8ч).

1

Руфов С.Т. Дорообо, оскуолабыт!

Ефимов М.Д. Биһиги кэһиибит.

1

Ааҕар кинигэни кытта билсиһии. Хоһоону нойосуус үөрэтии. Оҕо өйгө хатыыр үөрүйэҕин сайыннарыы.

Хоһоон нойосуус үөрэтии.


2

Руфов С.Т. Күһүҥҥү тыал кэпсээнэ.

Суорун Омоллоон. Көмүс күһүн барахсан.

1

Хоһоонноохтук ааҕыы үөрүйэҕин иҥэрии. Күһүҥҥү айылҕа, күн-дьыл уларыйыыларын туһунан иһитиннэрии, оҕолор ааҕыыларын тэтимин, хаачыстыбатын бэрэбиэркэлээһин.

с.6 дорҕоонноохтук ааҕыы.


3

Ефимов М.Д. Күһүн кутаата.

Федоров В. Ыра санаа.

1

Бытааннык, бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы. Сайыҥҥы сынньалаҥы туһалаахтык атаарыы туһунан кэпсэтиһии, болҕойон истэр үөрүйэҕи салгыы сайыннарыы, санааны сааһылаан саҥарары үөрэтии.

Ыйыытыыларга эппиэт с.13.


4

Сметанин Т.Е. Көрүдьүөс күн.

1

Бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, хоһоону хомоҕойдук ис киирбэхтик иһиллэр гына ааҕарга үөрэтии.

Хоһоону доргуччу ааҕыы.


5

Суорун Омоллоон. Бирээнньик буолаҕа хайдах үүммүтэ.

Филиппов Ф. Сала от.

1

Бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, , санааны сааһылаан саҥарары үөрэтии. Бурдуктар араастарын биллэрии. Кэпсээни оруолунан ааҕыы.

Оруолунан ааҕарга бэлэмнэн.


6

Федоров А. Оҕуруот үлэһитэ

Пушкин А.С. Номнуо күһүн буолла.

1

Бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, сааскы күн сылы аһатар өйдөбүлү иҥэрии.

Оҕуруот аһын туһунан 10 таабырынна суруй.


7

Сосин И.М. Туруйалар.

Черемкин Т. Туруйалар.

1

Бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, күһүн туһунан ылбыт билиилэрин түмүктээһин, кинигэ оҥорорго холонуу.

с.26 уруһуй.


8

Кылаас таһынан ааҕыы.

1


Алтынньы барахсан айхаллан

Аҕаллың ахтыбыт кыһыммын (10ч).

9

Тобуруокап П.Н. Тула өттүм тула хаар.

Сэмэн Тумат. Хаар барахсан.

1

Хоһоонноохтук ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, саха сирин айылҕатын кэрэхсээһин, хоһоону дорҕоонноохтук ааҕыы.

Хоһоон нойосуус үөрэтии.


10

Ник. Якутскай. Кыраһа.

1

Бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, сиһилии кэпсээһин сатабылларын иҥэрии, ол туһуттан учуутал ыйытыытыгар толору эппиэти ыларга кыһаныы.

с.32 ааҕыы.


11

Данилов Софрон Быыстапкаҕа.

1

Бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, ситимнээхтик кэпсиир сатабылы сайыннарыы. Оруолунан ааҕыы эрчиллии.

с.34 ааҕыы.


12

Федоров В. Саарбахха. Алыҥах собото.

1

Сыыһата суох ааҕыыны, искэ ааҕыыны (?!.) этиилэри сөпкө интонациялаан ааҕыыны ситиһии. Сиһилии кэпсииргэ үөрэтии, текст ис хоһоонун көрдөрөр уруһуй оҥотторорго холонуу.

с.40 кэпсииргэ бэлэмнэнии.


13

Былатыан Ойуунускай Бултаах сир.

1

Сыыһата суох ааҕыыны эрчийии. Айымньы сүрүн ис хоһоонун булуу.

с.38 ааҕыы.


14

Попов Л.А. Хоптолор.

1

Хоһоонноохтук ааҕыыны сайыннарыы. Хорунан уонна биирдиилээн ааҕыы.

Хоһоон нойосуус үөрэтии.


15

Данилов Семен.П. Кыһын.

1

Хоһоонноохтук ааҕыыны сайыннарыы. Сүһүөхтээбэккэ намыылхайдык ааҕыыга эрчийии. Кыһыҥҥы айылҕаны кэтээн көрүү.

с.45 сорудах 5.


16

Данилов Сем.П. Кыраһа суруга.

1

Өйдөбүллээхтик ааҕыы үөрүйэҕин сайыннарыы. Булчуттар идэлэрин суолтатын билсиһии, идэҕэ тапталы иитии.

с.45 дорҕоонноохтук ааҕыы.


17

Игнатьев Н. Куобаҕы бастакы көрүүм.

Ефимов М.Д. Силлиэ уонна булчут уол.

1

Хоһоонноохтук ааҕыыны сайыннарыы. Таба интонациялаан ааҕыыны ситиһии.

с.48 хоһоонноохтук ааҕыы.


18

Кылаас таһынан ааҕыы.

1


Сахам сирэ киэҥ кыраай,

Сонун, сонун көстүүлээх (6ч).

19

Тимофеев М.Е. Ийэ дойду хантан саҕаланар?

Черемкин Т. Төрөөбүт буор таптала.

1

Хоһоонноохтук ааҕыыны сайыннарыы. Кэрэ айылҕаны өйдүүргэ харыстыырга уһуйуу, ийэ дойду айылҕатынан дуоһуйууну иитии.

с.51 хоһоону нойосуус үөрэтии.


20

Суорун Омоллоон. Биһиги дьиктибит.

Ник. Якутскай Алмаас куорат.

1

Сыыһата суох ааҕыыга эрчийии. Айымньы ис хоһоонун кылгатан автор тылын туттан кэпсииргэ үөрэтии.

с.55 ааҕыы.


21

Данилов И.К. Уйгу -быйаҥ суола.

Чаҕылҕан. Дьокуускай үрдүнэн.

1

Сыыһата суох ааҕыыны, искэ ааҕыыны (?!.) этиилэри сөпкө интонациялаан ааҕыыны ситиһии. Сиһилии кэпсииргэ үөрэтии, текст ис хоһоонун көрдөрөр уруһуй оҥотторорго холонуу.

Дьокуускай туһунан хоһоон айан холонуу.


22

Апросимов Н.Өйүмү.

Курилов Н.Н. Им-балай хараҥа.

1

Бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, кэпсээни былааны тутуһан, чааһынан кэпсииргэ үөрэтии.

с.63 кэпсээнтэн сөбүлээбиккин сиһилии суруй.


23

Сэмэн тумат. Туундара оһоҕо.

Попов Л.А. Кыталыктар кырдаллара.

Гогоглев И.М. Лена. Лена очуостара.

1

Бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, кэпсээни былааны тутуһан, чааһынан кэпсииргэ үөрэтии.

с.68 хоһоону нойосуус үөрэтии.


24

Кылаас таһынан ааҕыы.

1


Үлэлиир үчүгэй,

Үөрүүтэ дэлэгэй (8ч).

25

Тобуруокап П.Н. Ким хайдах үлэлиирий?

Данилов И. Нууралдьын Куо уонна Бүгүрү куо.

1

Оруолларынан ааҕыы үөрүйэҕин саҥатыһыы, чиҥэтии.

с.75 остуоруйаҕа уруһуй.


26

Федоров В. Кыьалҕа бухатыыр.

1

Бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, оруолларынан ааҕыыга эрчиллии.

с.78 кэпсииргэ бэлэмнэнии.


27

Крылов И.А. Аһыҥалаах кымырдаҕас (үгэ).

1

Сыыһата суох ааҕыыны, искэ ааҕыыны (?!.) этиилэри сөпкө интонациялаан ааҕыыны ситиһии. Сиһилии кэпсииргэ үөрэтии, текст ис хоһоонун көрдөрөр уруһуй оҥотторорго холонуу.

с.84 сорудах 6.


28

Данилов И. Соборукаан балыксыт.

Тобуруокап П.Н. Ким хайдах үлэлиирий?

1

Бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, оруолларынан ааҕыыга эрчиллии.

с.87 ааҕыы.


29

Протодьяконов В. Сылгыһыт.

Күннүк Уурастыырап. Долгунча.

1

Бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, сылгылар өҥнөрүн билиһиннэрии.

Бэйэн сылгын туһунан суруйуу.


30

Винокуров Н. Упкаал бостуук

Тимофеев С.И. Үлэ барыта үчүгэй.

1

Хоһоонноохтук ааҕыыны сайыннарыы, төрөппүттэрин идэлэрин туһунан кэпсэтиһии.

Өйтөн суруйуу


31

Миронов В.П. Үлэ үтүө кээмэйэ.

Софронов А. Саҥа дьыл.

1

Хоһоонноохтук ааҕыыны сайыннарыы, хоһоон ис хоһоонун хайдах өйдөөбүттэрин кэпсэтиһии.

с.102 хоһоону нойосуус үөрэтии.


32

Кылаас таһынан ааҕыы.

1


Үчүгэйтэн үөрэбит,

Куһаҕантан хомойобут (10ч).

33

Матахова М. Өбүгэ саҕаттан

Носов Н. Сыырга.

1

Бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, текси чааска арааран кэпсииргэ үөрэтии.

с.108 сорудах 5.


34

Алексеев И. Түүл.

Амма Аччыгыйа Хабырыыс тоҕо куотта?

1

Сыыһата суох ааҕыыны, искэ ааҕыыны (?!.) этиилэри сөпкө интонациялаан ааҕыыны ситиһии. Оруолларынан арахсан ааҕыы.

с.112 уруһуй.


35

Постников Ф. Дьулус тугу сыыста?

1

Бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, өс хоһооннору ырытыһыы, уол сыыһаларын булуу, кэпсэтиһии.

с.113 ааҕыы.


36

Слепцов А. Сүрэҕэ суох туһунан.

Амма Аччыгыйа. Коля тоҕо барда?

1

Сыыһата суох ааҕыыны, искэ ааҕыыны (?!.) этиилэри сөпкө интонациялаан ааҕыыны ситиһии. Оруолларынан арахсан ааҕыы.

с.117 кэпсииргэ бэлэмнэнии.


37

Амма Аччыгыйа. Медпуҥҥа.

Винокуров С. Сэмэ.

1

Сыыһата суох ааҕыыны, искэ ааҕыыны (?!.) этиилэри сөпкө интонациялаан ааҕыыны ситиһии. Оруолларынан арахсан ааҕыы.

с.123 сорудах 5.


38

Федоров А. Тайах мас.

1

Бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, текси чааска арааран кэпсииргэ үөрэтии.

Кэпсээни салҕаан айан сурууу.


39

Крылов И.А. Тураах икки саһыл икки.

1

Сыыһата суох ааҕыыны, искэ ааҕыыны (?!.) этиилэри сөпкө интонациялаан ааҕыыны ситиһии.

с.125 дорҕоонноохтук ааҕыы.


40

Винокуров С. Күөскүн эрдэ өрүнүмэ.

1

Сыыһата суох ааҕыыны, искэ ааҕыыны (?!.) этиилэри сөпкө интонациялаан ааҕыыны ситиһии. Оруолларынан арахсан ааҕыы.

с.127 ааҕыы.


41

Чуковскай К. Суундьукку.

1

Хоһоонноохтук ааҕыыны сайыннарыы, хоһоон ис хоһоонун хайдах өйдөөбүттэрин кэпсэтиһии. Хоһоон суруллубут строфаларын ырытыы.

Кэпсээҥҥэ уруһуй.


42

Кылаас таһынан ааҕыы.

1


Былыргыны былыт саппат,

Уруккуну уу суурайбат ( 10ч).

43

Неустроев Н.Д. Омоҕой икки Эллэй икки.

1

Сыыһата суох ааҕыыны, искэ ааҕыыны (?!.) этиилэри сөпкө интонациялаан ааҕыыны ситиһии. Оруолларынан арахсан ааҕыы.

Былааны тутуһан кэпсииргэ бэлэмнэнии.


44

Пестряков Н. Бэрт Хаара өрүһү туоруур.

1

Бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, текси чааска арааран кэпсииргэ үөрэтии.

10 паараласпыт тыллары булан устуу.


45

Эллэй. Ол түүн.

П.Ойуунускай. Оҕо куйуурдуу турара.

1

Бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, текси чааска арааран кэпсииргэ үөрэтии.

Мин үөрэххэ баҕам диэн тиэмэҕэ өйтөн суруйуу.


46

Данилов Софр. Торбостор.

1

Бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, текси чааска арааран кэпсииргэ үөрэтии.

с.153 сорудах 5.


47

Сметанин Т.Е. Манчаары.

Эллэй. Саһыл сыһыы.

1

Бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, Манчаары, Саһыл сыһыы туһунан билиһиннэрии.

с.154 хоһоону нойосуус үөрэтии.


48

Данилов Софр. Советскай Геройа Федор Попов.

Куличкина М. Герой Попов туһунан ырыа.

1

Бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, текси чааска арааран кэпсииргэ үөрэтии.

с.159 ааҕыы.


49

Федосеев И.Е. Кэриэстэбил.

1

Бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, былааны тутуһан кэпсииргэ үөрэтии.

с.160 ааҕыы, уруһуй.


50

Одорусов П.П. Тыыннаахтар умнубат сыллара.

1

Хоһоонноохтук ааҕыыны сайыннарыы, хоһоон ис хоһоонун хайдах өйдөөбүттэрин кэпсэтиһии. Хоһоон суруллубут строфаларын ырытыы.

Сэрии туһунан хоһоон айан холонуу.


51

Тимофеев С.И. Эйэ, дьол иһин.

1

Хоһоону нойосуус үөрэтии. Оҕо өйгө хатыыр үөрүйэҕин сайыннарыы.

Доҕордоһуу, дьол туһунан 5 өс хоһоонно суруйуу.


52

Кылаас таһынан ааҕыы.

1


Күндэл сааспыт эргиллэн

Күммүт күлүм уоттанна (9 ч).

53

Дедюкин В.Г. Таммахтар.

Захаров Ф. Саас.

1

Хоһоонноохтук ааҕыы үөрүйэҕин иҥэрии. Сааскы айылҕа, күн-дьыл уларыйыыларын туһунан хоһооҥҥо уонна кэпсээҥҥэ хайдах ойуулаабытын ырытыһыы.

с.168 хоһоону нойосуус үөрэтии.


54

Эллэй. Саас.

1

Сыыһата суох ааҕыыны, искэ ааҕыыны (?!.) этиилэри сөпкө интонациялаан ааҕыыны ситиһии.

с.169 хоһоонноохтук ааҕыы.


55

Федоров В. Көмүөл.

1

Хоһоонноохтук ааҕыыны сайыннарыы. Сүһүөхтээбэккэ намыылхайдык ааҕыыга эрчийии. Сааскы айылҕаны кэтээн көрүү.

с.171 ааҕыы.


56

Никифоров И. Өрүс эстэригэр.

Кулаковскай А.Е. Үрэх эстиитэ.

1

Хоһоонноохтук ааҕыыны сайыннарыы. Сүһүөхтээбэккэ намыылхайдык ааҕыыга эрчийии. Кыһыҥҥы айылҕаны кэтээн көрүү.

с.176 сорудах 2.


57

Суорун Омоллоон. Хатыҥ.

Тобуруокап П.Н. Маҥан мастар.

1

Хоһоонноохтук ааҕыыны сайыннарыы. Сүһүөхтээбэккэ намыылхайдык ааҕыыга эрчийии.

Хатыҥ туһунан хоһоон айан холонуу.


58

Сыромятникова В. Үлэһит

Эллэй. Күөрэгэй.

1

Хоһоонноохтук ааҕыы үөрүйэҕин иҥэрии. сааскы айылҕа, күн-дьыл уларыйыыларын туһунан хоһооҥҥо уонна кэпсээҥҥэ хайдах ойуулаабытын ырытыһыы.

с.183 хоһоону нойосуус үөрэтии.


59

Далан. Сааскы сахсаан.

1

Бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, текси чааска арааран кэпсииргэ үөрэтии.

с.185 ааҕыы.


60

Эрилик Эристиин. Бээрийэ үрэххэ.

1

Бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, тыллары сөпкө сүһүөхтүүргэ эрчийии.

с.187 кэпсииргэ бэлэмнэнии.


61

Тимофеев М.Е. Бу- саас тыала, бу - Маай тыаһа.

1

Хоһоонноохтук ааҕыы үөрүйэҕин иҥэрии, оҕо өйгө хатыыр үөрүйэҕин сайыннарыы.

с.189 хоһоону нойосуус үөрэтии.


Саргылаах ырыанан

Сайыны уруйдааҥ (7ч).

62

Күннүк Уурастыырап. Таптыыбын сайыны.

Амма Аччыгыйа. Сайын Аммаҕа

1

Хоһоонноохтук ааҕыыны сайыннарыы. Сүһүөхтээбэккэ намыылхайдык ааҕыыга эрчийии. Сайыҥҥы айылҕаны кэтээн көрүү.

с.192 кэпсээҥҥэ уруһуй.


63

Рафаэль Баҕатаайыскай. Сайын.

1

Сыыһата суох ааҕыыны, искэ ааҕыыны (?!.) этиилэри сөпкө интонациялаан ааҕыыны ситиһии. Оруолларынан арахсан ааҕыы.

с.195 дорҕоонноохтук ааҕыы.


64

Архип Абаҕыыныскай. Күөх.

Попов М. Бар дьоҥҥо.

1

Сыыһата суох ааҕыыны, искэ ааҕыыны (?!.) этиилэри сөпкө интонациялаан ааҕыыны ситиһии. Оруолларынан арахсан ааҕыы.

с.211 сорудах 2,5.


65

Конст. Туйаарыскай. Күөх тыаны көмүскээң

Захаров Ф. Сайылыкка.

1

Бүтүн тылынан ааҕыы үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы, тыллары сөпкө сүһүөхтүүргэ эрчийии.

с.215 ааҕыы.


66

Федоров В. Ийэ сүрэҕэ

Уйбаан Ороһуунускай. Ийэ сүрэҕэ.

1

Хоһоонноохтук ааҕыы үөрүйэҕин иҥэрии. Хоһооҥҥо уонна кэпсээҥҥэ ханнык чыычаах ойуулааммытын ырытыһыы. Чыычаахтар тустарынан кэпсэтиһии.

с.217 хоһоону нойосуус үөрэтии.


67

Макаров Е. Кыра ыанньыксыт

Софронов Ф.С. Оччугуй отчут.

1

Хоһоонноохтук ааҕыы үөрүйэҕин иҥэрии. Сайылык, сайыҥҥы үлэ туһунан кэпсэтиһии. Бэйэ кыаҕынан үлэҕэ кыттары ситиһии.

От үлэтин туһунан суруйуу.


68

Одорусов П.П. Бүгүн- оҕо ыһыаҕа.

Дмитриев П. Түһүлгэ таабырыннара.

1

Хоһоонноохтук ааҕыы үөрүйэҕин иҥэрии. Оһуохайдаан холонуу.





 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал