7


  • Учителю
  • Календарно-тематическое планирование уроков языка саха (3 класс)

Календарно-тематическое планирование уроков языка саха (3 класс)

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала

Тематическай былаан

III кылаас (136чаас)


Ытык өйдөбүллэр. Уруок барыл тиэмэлэрэ уонна кэпсэтии түгэннэрэ

Тыл үөрэҕин тиэмэлэрин үөрэтии ис хоһооно

Чаас

ахс

Үөрэнээччи үлэтин сүрүн көрүҥнэрэ

Былаан

күнэ-ыйа

Буолб

күнэ-ыйа

I чиэппэр (32чаас)


Бодоруһарга үөрэнэбит (төрөөбүт тыл, саҥа уонна сурук култуурата) (28 чаас)

1

Төрөөбүт тылбыт аан дойду киэҥ киэлитигэр.

Тас дойдуга олохсуйбут саха дьонун төрөөбүт тылларын туһунан этиилэрэ, омуктар бодоруһар уратыларын туһунан санаалара.

Саха бодоруһар Суратыта омуктар көрүүлэринэн.

Саха тылынан интернет эйгэтигэр кэпсэтии, бодоруһуу уратыта.

Бодоруһуу арааһа.

Тылынан эбэтэр анал бэлиэнэн бодоруһуу. Ыраахтан эбэтэр чугастан бодоруһуу. Биир эбэтэр элбэх киһини кытары бодоруһуу. Күннээҕи олох бодоруһуута эбэтэр дьылабыай кэпсэтии бодоруһуута.

Быһарыы. Бодоруһуу арааһын быһаарар. Бодоруһуу култуурата киһи олоҕун хайа баҕарар түгэнигэр, арааһыттан тутулуга суох суолталааҕын өйдүүр, араас холобурдары туһанан быһааран кэпсиир.

Истии култуурата. Бодоруһууга истии култууратын тутуһарга эрчиллэр. Дьон тугу этэрин болҕойон истэргэ кыһаллар. Сэҥээрэрин, сэргиирин туттуу-хаптыы бэлиэтинэн таба көрдөрөргө үөрэнэр. Истэр кэмигэр ыйытыыны тоҕоостоохтук, сөпкө биэрэргэ, санаа үллэстэргэ эрчиллэр.

Саҥарыы култуурата. Бодоруһууга кэпсэтии сиэрин, саҥарыы културатын тутуһар. Дьону кытары таба н кэпсэтэргэ кыһаллар. Саҥарар кэмигэр истэр дьонун ытыктыырын биллэрэр* биир санааны, тылы хос-хос этэн дьону сылаппат курдук саҥатын хонтуруолланар. истэр дьон санаатын сэҥээрэргэ, сэргииргэ, учуоттуурга, ыйытыыларга чопчу хоруйдуурга эрчиллэр. Саҥарар кэмигэр куолаһын дэгэтин (интонациятын) сөпкө биэрэргэ кыһаллар, бэйэтин хонтуруолланар. Туттуу-хаптыы бэлиэтин сөпкө, тоҕоостоохтук туттарга үөрэнэр.

Кэпсэтии сиэрин тутуһуу. Кэпсэтии сиэрин бодоруһуу арасс түгэнигэр таба туһанар. Кэпсэтии сиэрин сахалыы үгэстэрин күннээҕи олоҕор дьону кытта бодоруһарыгар туһанарга дьулуһар.

Тылы сайыннарыы. Кэпсэтии сиэрин анал тылларын (дорооболоһуу, билсиһии, быраһаайдаһыы, көрдөһүү, бырастыы гыннарыы, буойуу, телефонунан кэпсэтии о.д.а.) дьону кытта бодоруһарыгар таба туһанарга эрчиллэр. Туттан-хаптан бодоруһууну бэлиэтиир сахалыы тыллары табыгастаатык туттар. Схалыы ыраастык саҥарарга эрчиллэр. Саҥарар саҥатыгар тылы табыгастаахтык туттан, саныыр санаатын чуолкайдык, ыпсаран саҥарарга кыһаллар.

Дьону кытта бииргэ үөрэнии, үлэлээһин. Бодоруһуу араас түгэнигэр дьону кытта тапсан алтыһарга, бииргэ үөрэнэргэ, үлэлииргэ эрчиллэр. Дьон санаатын болҕойон истэргэ, учуоттуурга эрчиллэр.

Суруйуу. Суругунан бодоруһуу үгэһин тутуһарга кыһаллар. Таба суруйар, сурук бэлиэтин сөпкө туруорар. SMS - сурук, интернет нөҥүө бодоруһууга сурук-бичик култууратын тутуһар.

Ааҕыы. Киһи олоҕор ааҕыы суолтатын өйдүүр. Араас сахалыы кинигэни, срунаалы, хаһыаты ааҕан билбитин-көрбүтүндьону кытта бодоруһуутугар, тыл этиитигэр тоҕоостоохтук таба туһанарга эрчиллэр.

Кэпсээһин. Истибитин кэпсииргэ, айан кэпсииргэ,хартыына ис хоһоонун кэпсииргэ эрчиллэр. Тус олоҕуттан, атын дьон бодоруһар үгэстэрин кэтээн көрбүтүттэн, бодоруһуу түгэннэрин көрдөрөр хартыыналар ис хоһооннорун арыйан сиһилии кэпсиир.

Тыл этии. Араас түгэҥҥэ тутатына этэргэ эрчиллэр. тыл этиигэ бэлэмнэнэр ньымалары билэр, туһанар.

Бодоруһуу кыттыылаахтара. Төрөппүттэри, бииргэ төрөөбүттэри , аймахтары кытары бодоруһуу. Доҕоттору кытары бодоруһуу. Оскуолаҕа учууталлары, бииргэ үөрэнэр оҕолордуун бодоруһуу. Билбэт эбэтэр аҕыйахтык алтыһар дьону кытта бодоруһуу.

Саҥа култуурата. Истии. Саҥарыы. Кэпсэтии. Кэпсэтии сиэрэ.

1

Ыйытыы биэрии уонна эппиэттээһин.

1

Саҥа хаачыстыбата. Бодоруһууга ыраастык саҥарыы, тылы табыгастаахтык туттуу, санааны чуолкайдык биэрии, этиини ыпсарыы суолтата.

2

Бодоруһарга куолас суолтата (саҥарыы туона, тиэмпэтэ, улахана-кырата, үрдүгэ-намыһаҕа).

2

Бодоруһууга киһи тас көрүҥүн суолтата.

1

Саҥа култуурата уонна туттан-хаптан бодоруһуу. Сирэйи туттуу (мимика). Этэр суолталаах хамсаныы (жест). Бодоруһууга туттуу-хаптыы суолтата (поза).

2

Сурук-бичик - саҥа култуурата. Суругунан саҥа. Сурук киһи олоҕор суолтата. суруйуу арааһа*илиинэн суруйуу, клавиатураҕа бэчээттээһин.

2

Сахалыы сурук-бичик нуормата* таба суруйуу, сурук бэлиэтэ. Сурукка, (этиигэ, тиэкискэ) тылы таба туттуу. SMS-сурук, интернет нөҥүө суруйсуу.

2

Тылынан саҥа. Тыл этии. Тутатына тыл этии. Эрдэттэн бэлэмнэнэн тыл этии..

2

Тыл этиигэ бэлэмнэнэр ньымалар

2

Хартыынанан үлэ.

1

Лингвистическай бырайыактар.

*Кластер * технологиянан ылбыт билиилэрин , сатабылларын сайыннарыы.

2


Айар бырайыактар. *Көҥүл айыы* технологиянан тылы сайыннарыы

6

Хартыынанан тылы сайыннарыы.

1

II чиэппэр (32чаас)

Тиэкис (18чаас)

2

Айымньы уонна кэрэ эйгэтэ. Уус-уран тыл уонна уус-уран айымньы кэрэтэ.

Көҥүл. Кырдьык. Үтүө санаа.

Көҥүл, кырдьык, үтүө санаа туһунан араас омук бэргэн этиилэрэ, өс хоһоонноро, айымньылара үөрэтии ис хоһооно буолаллар.

Тиэкис тиибэ.

1

Быһаарыы. Тиэкис тутулун, сүрүн санаатын, тиибин арааһын, тутулун бэйэтин тылынан быһаарар.

Тэҥнээһин. Хас да тиэкиһи тэҥнээн тииптэрин, туох уратылаахтарын быһаарар.Табыллыбыт уонна табыллыбатах тиэкистэр уратыларын тэҥнээн быһаарар.

Ырытыы. Тиэкис тутулун, тиибин анал ырытар халыыбынан сирдэтэн ырытар.

Холбооһун. Араас тииптээх тиэкис ыһыллыбыт чаастарын сааһылаан, бүтүн тиэкис оҥорор.

Түмүктээһин. Тиэкиһи ырытан, ис хоһоонунан сирдэтэн, тиэкис тиибин быһаарар.

Бөлөхтөөһүн. Бэриллибит тиэкистэри тиэмэлэринэн, сүрүн санааларынан, тииптэринэн бөлөхтүүр.

Ханыылатан ситэрии.Бэриллибит тиэкиһи ис хоһоонугар, тиибигэр уонна тутулугар сөп түбэһиннэрэн, ситэрэн, сайыннаран суруйар.

Эбии матырыйаалы туһаныы. Тиэкиһи суруйарыгар,тупсарарыгар, тахсыбыт алҕаһы көннөрөрүгэр быһаарыылаах тылдьыты, таба суруйуу тылдьытын туһанар.

Алҕаһы булуу уонна көннөрүү. Тиэкиһи суруйарга тахсыбыт алҕаһы - тиэмэттэн, сүрүн санааттан, былаантан туорааһыны, тутула толорута суоҕун - анал халыыбынан сирдэтэн булан көннөрөргө эрчиллэр.

Сэһэргээһин өйдөбүлэ уонна тутула


2

Ойуулааһын өйдөбүлэ уонна тутула




3

Тойоннооһун өйдөбүлэ уонна тутула




3

Тиэкис ис хоһоонун тупсарыы




3

Тиэкис тылын өһүн тупсарыы




3

Тиэкискэ таба суруйуу уонна сурук бэлиэтин туруоруу култуурата

3


Этии (8чаас)

3

Ийэ дойдубут - Российскай Федерация.

Москва - Россия киин куората.

Төрөөбүт дойдум - Саха сирэ.

Дьокуускай - Саха Рес киин куората.

Судургу уонна холбуу этии.

2

Тылы сайыннарыы. Судургу уонна холбуу этии арааһын үөскэтэргэ эрчиллии.

Истии. Судургу уонна холбуу этиини арааран истэргэ эрчиллэр.

Саҥарыы. Холбуу этии интонациятын таба саҥарарга эрчиллии.

Суруйуу. Холбуу этиигэ сурук бэлиэтин таба туруорарга эрчиллии.

Быһаарыы. Судургу уонна холбуу этиилэр туох уратылаахтарын бэйэтин тылынан быһаарар.

Тэҥнээһин. Араас этиини тэҥнээн уратыларын быһаарар.

Киэпкэ киллэрии. Судургу уонна холбуу этиини анал бэлиэнэн киэпкэ киллэрэн көрдөрөр.

Алҕаһы булуу уонна көннөрүү. Холбуу этии табыгаһа суох этиллибитин өйдөөн көрөргө уонна сөпкө көннөрөргө эрчиллэр.

Холбуу этии үөскүүр ньымата.

3

Тэҥҥэ уонна баһылатыылаах холбуу этиилэр.

3


Лингвистическай бырайыактар.

*Кластер * технологиянан ылбыт билиилэрин , сатабылларын сайыннарыы.

2

Айар бырайыактар. *Көҥүл айыы* технологиянан тылы сайыннарыы

3

Хартыынанан тылы сайыннарыы.

1


III чиэппэр (40 чаас)

Тыл састааба, үөскээһинэ уонна тыл уларыйыыта.Саҥа чааһа (34чаас)

4

Киһи. Киһи олоҕор аат суолтата. Оҕоҕо аат биэрии үгэһэ. Сахалыы уонна нууччаттан киирбит ааттар.

Аат тыл.

14

Тылы сайыннарыы.

Саҥа чаастарынан саха төрүт тылыгар туттуллар тыл бөлөҕүн хомуур суолталаах тылга, тыл кэккэтигэр тирэҕирэн ситэрэр, ааттыыр, суолталарыгар сөп түбэһиннэрэн тыл ситимэ уонна этии толкуйдуур.

Бэриллибит тыл олоҕуттан саҥа чаастарынан тылы үөскэтэр араас сыһыарыыны туһанан, сахалыы тыл эгэлгэтин үөскэтэр.

Истии.

Олоҥхоттон быһа тардыыны, тэттик уус-уран тиэкистэри диктор (оҕо, артыыс) ааҕыытын истэн, айымньы ис хоһоонун, тылын - өһүн сэргэ сахалыы саҥа интонациятын, тэтимин, төрүт дорҕоон этиллиитин болҕойор.

Саҥарыы.

Бэйэтин сахалыы саҥатын төрөөбүт тыл үйэлээх үгэһигэр тирэҕирэн, саха тылын литературнай нуорматын тутуһан чуолкайдык саҥарарга кыһаллар.

Ааҕыы.

Сааһыгар сөп түбэһэр тэттик уус-уран тиэкистэри (хоһоон, кэпсээн, норуот тылынан уус-уран айымньыта, сонун информация) айымньы ис хоһоонун арыйан, сахалыы саҥа интонациятын, төрүт дорҕоон этиллиитинтутуһан ааҕарга эрчиллэр.

Таба суруйуу.

Төрүт уонна киирии тыллар таба суруллууларын уратытын болҕойор, таба суруйарга эрчиллэр.

Быһаарыы.

Сахалыы тыл састаабын, үөскүүр уонна улрыйар уратытын туһунан бэйэтин тылынан кэпсиир.

Тэҥнээһин.

Саҥа чаастарынан бэриллибит тыллары үөскүүр сыһыарыыларынан, грамматическай халыыптарынан тэҥнээн наардыыр.

Ырытыы.

Тылы састаабынан (тыл олоҕо, тылы уларытар уонна үөскэтэр сыһыарыы) ырытар.

Бөлөхтөөһүн.

Араас тылы суолталарынан, грамматическай халыыптарынан (сыһыарыыларынан) бөлөхтүүр.

Ханыылатан ситэрии.

Ыйытыы халыыбыгар, тылы уларытар уонна үөскэтэр сыһыарыылар халыыптарыгар сөп түбэһиннэрэн, ханыылатан тыл арааһын үөскэтэр уонна уларытар.

Киэпкэ киллэрии.

Тылы састаабынан киэпкэ киллэрэн көрдөрөр (тыл олоҕун, уларытар уонна үөскэтрэ сыһыарыылары анал бэлиэнэн көрдөрөр).

Алҕаһы булуу уонна көннөрүү.

Сахалыы тылы суруйарга тахсыбыт алҕаһы булан көннөрөр.


Аат тыл өйдөбүлэ.

Ким уонна туох диэн ыйытыылары саха уонна нуучча тылларыгар туттуу уратылара.

1

Аат тыллары суолталарынан уонна грамматичсекай халыыптарынан бөлөхтөөһүн, аналларын быһаарыы.

1


Предмети уонна өйдөбүлү бэлиэтиир аат тыллар.

1

Уопсай уонна анал ааттар

Анал аат арааһа



1

5

Төрөөбүт дойду. Сир- дойду аата.

Төрүт уонна киирии аат тыллар

Нуучча тылыттан киирбит аат тыллары саҥарыы уонна суруйуу уратылара



1

6

Төрөөбүт тылбыт кэрэтэ - олоҥхо тылыгар.

Олоҥхоттон (талыллыбыт олуктан) үөрэтиллэр саҥа чааһыгар сөп түбэһиннэрэн, ахсаан аат, аат тыл, солбуйар аат, даҕааһын аат туттуллуутун болҕойуу.

Аат тыл үөскээһинэ

1


Паараласпыт аат тыллар

1


Аат тыл уларыйыыта

1


Аат тыл ахсаана. Саха тылыгар аат тыл ахсааын ураты түбэлтэлэрэ

1


Тардыылаах аат тыл

1


Аат тыл падежтаныыта

1


Хонтуруолунай үлэ

1


Коррекция үлэтэ

1


Хонтурулунай үлэ

1


Солбуйар аат тыл.

7

Солбуйар аат тыл өйдөбүлэ.Солбуйар аат тыллары суолталарынан бөлөхтөөһүн, аналларын быһаарыы.

1

Солбуйар аат арааһа

2

Солбуйар аат уларыйыыта

1

Хонтуруолунай үлэ

1

Коррекция үлэтэ

1

Хонтуруолунай үлэ

1

Ахсаан аат.

6

Ахсаан аат өйдөбүлэ. Ахсаан ааттары суолталарынан бөлөхтөөһүн, аналларын быһаарыы.

1

Ахсаан аат арааһа. Ахсаан аат арааһын үөскэтии

1

Ахсаан аат уларыйыыта

1

Хонтуруолунай үлэ

1

Коррекция үлэтэ

1

Хонтуруолунай үлэ

1

Даҕааһын аат.

7

Даҕааһын аат өйдөбүлэ. Даҕааһын ааттары суолталарынан, грамматическай халыыптарынан бөлөхтөөһүн, аналларын быһаарыы.

1

Даҕааһын аат арааһа (төрүт, киирии, үөскээбит).

1

Даҕааһын ааты үөскэтии

1

Даҕааһын аат уларыйыыта

1

Хонтуруолунай үлэ

1

Коррекция үлэтэ

1

Хонтуруолунай үлэ

1


Лингвистическай бырайыактар.

*Кластер * технологиянан ылбыт билиилэрин , сатабылларын сайыннарыы.

3

Айар бырайыактар. *Көҥүл айыы* технологиянан тылы сайыннарыы

3

Хартыынанан тылы сайыннарыы.

IV чиэппэр (32 чаас)

Тыл. Лексика (16 чаас)

7

Төрөөбүт тылбыт кэрэтэ - олоҥхо тылыгар. Норуот тылынан уус-уран айымньытын тэттик жанрдарыгар уонна олоҥхоҕо айылҕаны, төрүт дьарыгы ойуулуурга туттуллар кубулуйбат эпитеттэри, метафоралары, тыыннааҕымсытыы холобурдарын үөрэх матырыйаалыгар туһаныы.

Тыл көнө уонна көспүт суолтата

3

Тылы сайыннарыы. Саха сирин айылҕатын уонна култууратын араас көстүүтүн бэлиэтиир, саха төрүт дьарыгар туттуллар тыл бөлөҕүн хомуур суолталаах тылга тирэҕирэн ситэрэр, ааттыыр, суолталарыгар сөп түбэһиннэрэн тыл ситимэ уонна этии толкуйдуур.

Истии. Олоҥхоттон быһа тардыыны, тэттик уус-уран тиэкистэри диктор )оҕо, артыыс) ааҕыытын истэн, айымньы ис хоһоонун, тылын - өһүн сэргэ сахалыы саҥа интонациятын, тэтимин, төрүт дорҕоон этиллиитин болҕойор.

Саҥарыы. Бэйэтин сахалыы саҥатын төрөөбүт тыл үйэлээх үгэһигэр тирэҕирэн, саха тылын литературнай нуорматын тутуһан чуолкайдык саҥарарга кыһаллар.

Ааҕыы. Сааһыгар сөп түбэһэр тэттик уус-уран тиэкистэри (хоһоон, кэпсээн, норуот тылынан уус-уран айымньыта, сонун информация) айымньы ис хоһоонун арыйан, сахалыы саҥа интонациятын, төрүт дорҕоон этиллиитинтутуһан ааҕарга эрчиллэр.

Таба суруйуу. Төрүт уонна киирии тыллар таба суруллууларын уратытын болҕойор, таба суруйарга эрчиллэр.

Быһаарыы. Норуот тыла, төрүт уонна киирии тыл, тыл лексическэй суолтата, литературнай тыл, түөлбэ тыл, биир уонна элбэх суолталаах тыллар диэн өйдөбүллэри бэйэтин тылынан быһаарарга холонор.

Бөлөхтөөһүн. Бэриллибит тыллары төрүт уонна киирии тыллар, биир уонна элбэх суолталаах тыллар диэн бөлөхтүүр.

Алҕаһыы булуу уонна көннөрүү. Этиигэ уонна тэттик тиэкискэ суолтатынан, эбэтэр литературнай нуорманы кэһэн туран туттуллубут тыллары булан көннөрөргө (сахалыы тыл оннугар киирии тыл, литературнай тыл оннугар түөлбэ тыл) эрчиллэр.


Тыл көспүт суолтатын туттуу.

4


Төрөөбүт тыл этигэн күүһэ.

2


Тыл өспүт суолтатын уус-уран сиһилиир ньымаҕа туһаныы (тэҥнээһин,эпитет, тыыннааҕымсытыы).

3

Хонтууолунай үлэ

1

Коррекция үлэтэ

1

Хонтуруолунай үлэ

1

Лингвистическай бырайыактар.

*Кластер * технологиянан ылбыт билиилэрин , сатабылларын сайыннарыы.

2

Айар бырайыактар. *Көҥүл айыы* технологиянан тылы сайыннарыы




3

Хартыынанан тылы сайыннарыы.

1

Хатылааһын

8

Сылы түмүктүүр хонтуруолунай үлэ

1

Коррекция үлэтэ

1

Хонтуруолунай үлэ

1





 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал