7


  • Учителю
  • Дакылаат Экология5а аналлаах задачалар

Дакылаат Экология5а аналлаах задачалар

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала



Yоhээ Булуутээ5и Ю.Н.Прокопьев аатынан орто оскуола



























Саха сирин кыылын - суелун туhунан,

кэрэхсэбиллээх чахчыларга оло5уран оноhуллубут,

алын суhуех кылаас о5олоругар аналлаах

суоттар.













Yлэни онордо:

Фомин Саша

Yоhээ Булуутээ5и Ю.Н.Прокопьев аатынан орто оскуола 3 кылааhын уерэнээччитэ

Салайааччы: Муксунова О.И.













































2016



Саха сирин кыылын - суелун туhунан,

кэрэхсэбиллээх чахчыларга оло5уран оноhуллубут,

алын суhуех кылаас о5олоругар аналлаах

суоттар.

Фомин Саша Yоhээ Булуутээ5и Ю.Н.Прокопьев аатынан орто оскуола 3 кылааhын уерэнээччитэ

Муксунова О.И. Yоhээ Булуутээ5и Ю.Н.Прокопьев аатынан орто оскуола

алын суhуох кылааhын учуутала.

АННОТАЦИЯ

Быhаарыыга турар боппуруос:

Алын суьуех кылаас о5олоругар аналлаах Саха сирин кыылын- суелун туhунан, кэрэхсэбиллээх чахчыларга оло5уран оноhуллубут, суот хомуурунньугун оноруу. Кыра кылаастан о5олору айыл5а дьикти чахчыларын интэриэhиргии уерэтии, суот алыптаах эйгэтигэр угуйуу.

Саба5алааhыннар:

Саха сирин кыылын - суелун туhунан, кэрэхсэбиллээх чахчыларга оло5уран оноhуллубут, алын суhуех кылаас о5олоругар аналлаах суоттары суотаан, айыл5а дьикти кестуулэригэр интэриэьи уескэтии, харыстабыллаахтык сыhыаннаhарга угуйуу.

Yлэ объега: Саха сирин кыылын - суелун туhунан, кэрэхсэбиллээх чахчылары араас хаьыаттартан булуу, уерэтии, ырытыы.

Сыала: Алын суhуех кылаас о5олоругар аналлаах Саха сирин кыылын - суелун туhунан, кэрэхсэбиллээх чахчыларга оло5уран оноhуллубут, суот хомуурунньугун оноруу.

Соруктара:

  • Саха сирин кыылын - суелун туhунан, кэрэхсэбиллээх чахчылары араас хаьыаттартан булуу, матырыйаалы керуу.

  • Суоттаах хомуурунньугу оноруу.

  • Презентацияны бэлэмнээhин.

Yлэ ньымалара:

  • Саха сирин кыылын - суелун туhунан, кэрэхсэбиллээх чахчылары чинчийии.

  • Тереппуттэри кытта субэлэhии.

  • Суоттары толкуйдааhын.



Тумук: Саха сирин кыылын - суелун туhунан, кэрэхсэбиллээх чахчыларга оло5уран оноhуллубут, алын суhуех кылаас о5олоругар аналлаах суоттар кыракый хомуурунньуктара бэлэм буолла. Араас матырыйааллары керен, толкуйдаан баран алын суhуех кылаас о5отугар септеех суоттары толкуйдаан таhаардыбыт. Yлэбитин кылаас о5олоругар билиhиннэрдибит, суоттары суоттаттыбыт.





Чинчийии былаана:

  1. Теманы ырытыы, уерэтии, толкуйдааhын.

  2. Сыалын - соругун суруйуу.

  3. Араас литературалары хасыhыы. Суот хайдах оноhулларын уерэтии.

  4. Суоттарга септеех чахчылары булуу.

  5. Суоттааhынын кердеруу, бэрэбиэркэлэнии.

  6. Септеех хартыыналары интернеттэн ылыы, уруьуйдары бэлэмнээьин

  7. Суот хомуурунньугун тереппуттэри кытта бэчээттээн оноруу.

  8. Yлэни кемускуургэ бэлэмнэнии.

  9. Туттуллубут литературалары суруйуу:

  • Энциклопедический словарь юного математика/ Сост. А. Г. Рогожкин.- М.: Педагогика, 1981.- 406 с., ил.

  • Я познаю мир: Дет. Энцикл.: математика / Сост. П.Р.Ляхов; - М.: ООО «Издательство АСТ», 1998. - 544 стр.

  • images.yandex.ru/search

  • «Кыым», «Саха сирэ», «Кэскил», «Саха ыала» хаhыаттар.









































Киириитэ.

Мин математика, тулалыыр эйгэ уруоктарын олус себулуубун. Араас кыыллар, кетердер, харамайдар тустарынан интэриэhинэй чахчылар баалларын энциклопедияттан, хаhыаттартан булан аа5абын. Сорох тугэннэ о5олорго туох интэриэhинэйи аахпыппын, билбиппин кэпсиибин. О5олор олус интэриэhиргээн истэллэр, се5еллер. Онтон сылтаан мин саха сирин кыылын-суелун туhунан интэриэhинэй чахчылары атын о5олор эмиэ биллиннэр, айыл5а5а баар араас кэрэни сыаналаатыннар, харыстыырга уерэнниннэр диэн бу улэни онорорго сананным. Маннык суоту суоттуурга киьи ойо, мэйиитэ сайдар, санаата кууьурэр, толкуйдуур, интэриэьиргиир дьо5ура сайдар. Маны таhынан араас интэриэhинэй чахчылары билэн- билиитэ-керуутэ ханыыр.

Yлэбитигэр маннык сыалы туруоруннубут:

  • Алын суhуех кылаас о5олоругар аналлаах Саха сирин кыылын - суелун туhунан, кэрэхсэбиллээх чахчыларга оло5уран оноhуллубут, суот кыракый хомуурунньугун оноруу.

Бу сыалы ситиьэргэ маннык соруктар турдулар:

  • Суот туьунан араас матырыйааллары уерэтии, чинчийии.

  • Суоттары лиискэ суруйуу, компьютерга бэчээттээн киллэрии, ойуутун, уруhуйун талыы

  • Хомуурунньугу оноруу.

  • Презентация бэлэмнээhин. Yлэни кэпсииргэ уерэнии.

Хомуурунньугу оноруу технологията:

1 суhуех. Араас кэрэхсэбиллээх чахчылары хаьыаттартан булан, аа5ан наардаатыбыт,

Суоттуурга септеех гына усулуобуйатын онорон, толорон биэрдибит.

Суоттар ис хоhоонноро айыл5а дьикти тугэннэригэр, чахчыларга сыьыаннаах буолан та5ыста. Холобура 2 № суоту ылан керуе5ун:

1 № суот: Манан хабдьы 568 грамм, кынатын уhуна 189мм. Онтон туундара хабдьыта 470 грамм ыйааhыннаах, кынатын уhуна 182 мм. Хайа хабдьы улахан эбитий?

2 № суот: Бу ерус балыга. Кини тымныыны себулуур, ыыр уонна тото аьыыр кэмэ кыьын. Уьуна миэтэрэ курдук, ыйааьына 5-6 кг. Бу ханнык ерус балыгай? Кини хас сыл олорорун суоттаан билин: х+22-7:5х3=18

3 № суот: Даурия туруйата аан дойду урдунэн 6500 ахсааннаага биллэр. Онтон Россияга 600 эрэ кетер баар. Саамай дьиктитэ диэн бу эстэн эрэр туруйаны Саха сиригэр Баата5ай таьыгар, бу дьыл бала5ан ыйыгар аан бастаан кэлбитин кербуттэр. Саха сиригэр теье уердээх туруйаны кербуттэрий, ескете кинилэр ахсааннара Россияга баар туруйалар ахсааннарыттан 460-нан а5ыйах буолла5ына?

4 № суот: Уонча хаас кетен иьэллэр. Онтон эмискэ мохсо5ол кетен кэлбитигэр уер анаара быстан хаалар. Сорохторо инники, сорохторо кэнники ыьыллаллар. Хастыы буолан ыьыллыбыттарый? Барыта хас кетер Кундэ улуу куел урдунэн кетен иьэрий?

5 № суот: Аhына кене устун иннин диэки улахан уонна кыра ойуулары онорор. Саамай ыраах ойуута - 12 см, оттон кырата - 7 см тэн. Аhына А туочукаттан В туочука5а тиийэригэр кемелес, ескетун туочукалар икки ардылара 30 см буолла5ына.

6 № суот: Сапсан диэн мохсо5ол бииhин ууhа чааска 200-тэн тахса килэмиэтири кетен сырылаан туhэр. 2 чааска? 3 чааска? 4 чааска? Теhе килэмиэтири кетуе5эй?

7 № суот: Саха сирин Кыhыл кинигэтигэр 16 уутунэн иитээччилэр киирбиттэр, олортон

4-дэ муора харамайа, 4-дэ куудээхтинилэр биистэрин ууhа, 2-тэ сарыы кынаттаахтар уустара, онтон атына кыыл-харамай бииьигэр киирэр кыыллар. Хас уутунэн иитээччи кыыл харамай киирбитий?

8 № суот: Чынырыкаан(лемминг) - быыкаа туундара кутуйа5а. Кэрбээччилэргэ киирсэр. Кып-кылгас атахтаах.Чынырыкаан тус бэйэтин уhуна теhенуй, ескете кыракый 5 см куудээхтэн кини 3 тегул уhун буолла5ына.

9 № суот: То5ус квадраттан турар кыбыы иэнин суоттаан булун, ескете биир квадрат периметрэ 32 см тэн буолла5ына.



10 № суот: 1 сордон ыйааhына 17 кг. 5 тэн ыйааhыннаах сордон уопсай ыйааhына теhе буолуой?.

11 № суот: Муус устар 8 кунугэр 2006 сыллаахха Саха сиригэр 30 бизону а5албыттара. 2009 сыл сааhыгар 6 бизон о5ото тереебутэ. Ол бизон о5олорун Сиинэ диэн айыл5а пааркатыгар сана «Тымпынай» диэн питомника олохсуппуттара. 2010 сыл санатыгар Канадаттан ессее 30 кыылы а5аларага былааннаабыттара.

Саха сиригэр билинни кэмнэ теhе бизон олохсуйбут эбитий?



2 суhуех. Суоттарбытыгар септеех араас хартыыналары интернеттэн кердеен буллубут. Сорогун уруьуйдаатыбыт.

3 суhуех. Айыллыбыт суоттары компьютерга бэчээттээтибит, нуемэрдээн лиистэргэ таьаардыбыт.

4 cуhуех. Хас биирдии суот эппиэтин суруйдубут. Сорохторго быьаарыытын киллэрдибит.

Эппиэттэрэ:

1 № суот: 568гр>470гр; 189мм>182мм. Ол аата манан хабдьы, туундара хабдьытынаа5ар улахан.

2 № суот: х+22-7:5х3=18, теттеру суоттуубут: 18:3х5+7-22=15, эппиэтэ: 15 сыл олорор.

3 № суот: 600-460= 140 уердээх даурия туруйатын кербуттэр.

4 № суот: 10 анара 5, о.э 10:2=5 ол аата уер анаарыгар 5 хаас киирэр. 10 хаас уонна

мохсо5ол кетен иhэллэр, о.а.11 кетер.





5 № суот: 1 кун -12см иннин диэки ыстанан барар, онтон теттеру 7см барар, ол иьин 1 кун

5см кэлэн тохтуур. 2 кун эмиэ 12 см барар, теттеру 7 см ыстанан- 2 кун - 10см

тохтуур.онтон 3 кун - 15см, 4 кун-20см, 5 кун - 25 см, 6 кун дьэ 30см тиийэр.

6 № суот: 200км х 2ч =400км 200км х3ч =600км 200км х 4ч=800км

7 № суот: 19-9-6=4 уутунэн иитээччи харамай Кыhыл кинигэ5э киирбит.

8 № суот: 5х3=15см чынырыкаан уhуна.

9 № суот: Р= 32см буолла5ына, 32:4=8см, ол аата квадрат 1 ерутэ - 8см, 8х3=24см 2 ерутэ эмиэ -24см, ол аата S= 24х24= 576см2

10 № суот: 17+17+17+17+17=85 кг 17х5= 85 кг. 5 сордон ыйааhына 85 кг

11 № суот: 30+6+30=66 бизон олохсуйбут

5 суhуех. Суоттаах хомуурунньукпут маннык чаастартан турар буолла:

Титульнай лиис. Улэбит аата, улэни онорбут о5о аата.

Улэни онорбут о5о аа5ааччыларга кэс тыла. Онно бу суоттар хайдах, хантан ылыллыбыттарын туьунан кэпсэннэ. Суоту суоттааьынна туох туьалаа5ын ыйдыбытБолдьох бэлиэлэр тустарынан сиьилии кэпсээтибит.

Хомуурунньукка туттуллар болдьох бэлиэлэр:







































«Задачаны бол5ойон аах»,



Задача ис хоhоонун аа5ыы





Дакылаат Экология5а аналлаах задачалар









«Толкудаа уонна суоттаа»,





Хайдах суоттуургун быhаар

Дакылаат Экология5а аналлаах задачалар









«Эппиэккин бэрэбиэркэлэн»,





Хомуурунньук эппиэтин кытта бэрэбиэркэлэн

Тас керунэДакылаат Экология5а аналлаах задачалар













  • Хомуурунньук сурун страницалара: Задача хас биирдии страницатыгар «Задачаны бол5ойон аах», «Толкудаа уонна суоттаа», «Эппиэккин бэрэбиэркэлэн», «Суокка ыйыллыбыт кыыл-суел тас керунэ» диэн ыйынньыктар бааллар.

  • Бутэhик страница5а туттуллубут литература испиэhэгэ ыйыллыбыт.





























Тумук:

Биьиги инники быhаарыыга туруоруллубут боппуруоспутун быьаардыбыт. Алын суhуех кылаас о5олоругар аналлаах саха сирин кыылын -суелун туьунан кэрэхсэбиллээх чахчыларга оло5уран оноhуллубут суот хомууурунньуга бэлэм буолла. Кылаас о5олоро, тереппуттэрэ бу улэни интэриэьиргээтилэр, себулээтилэр.

Бу улэни биhиги дьиэ кэргэн 1 ый устата хомуйан, уерэтэн онордубут. Улэни онорор кэмнэ биьиги

  • Араас литературалары наардаан керерге, ырытарга уерэннибит.

  • Суоту таба онорорго бастакы хардыыны онордубут.

  • Компьютерга кыракый тиэкистэри бэчээттииргэ уерэннибит.

  • Кинигэ хайдах оноьулларын билсистибит.

Сыалбытын сиппиппититтэн олус уердубут. Бу улэни онорор кэммитигэр бары ессе тумсуулээх буоллубут, биир хамаанданнан улэлиир учугэй эбит диэн тумуккэ кэллибит.









































































Туттуллубут литература

  1. Энциклопедический словарь юного математика/ Сост. А. Г. Рогожкин.- М.: Педагогика, 1981.- 406 с., ил.

  2. Я познаю мир: Дет. Энцикл.: математика / Сост. П.Р.Ляхов; - М.: ООО «Издательство АСТ», 1998. - 544 стр.

  3. images.yandex.ru/search</</p>

  4. «Кыым», «Саха сирэ», «Саха ыала», «Кэскил» хаhыаттар, «Хатан» сурунаал.

















































































 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал