- Учителю
- «Кырыа кыhын дьикти эйгэтэ» вне классное занятие в 1 классе
«Кырыа кыhын дьикти эйгэтэ» вне классное занятие в 1 классе
Бастакы кылаас уорэнээччилэригэр аналлаах кылаас таhынаа5ы дьарык сценарийа.
Учуутал: Булдакова Е.И
Дьарык темата: «Кырыа кыhын дьикти эйгэтэ»
Сыала: Айыл5а костуутэ киhи эмоциональнай туругар дьайыытын ойдуур уонна сыаналыыр сатабылы инэрии; тулалыыр эйгэ5э кыhын, дьыл кэмнэриттэн биирдэстэрэ буоларын туhунан билиини кэнэтии; дьыл кэмин сопко быhаарар, кыhын айыл5а5а туох уларыйыылар буолаларын кэтээн коруу; торообут айыл5а кэрэ костуулэрин сыаналыыры, харыстыыры иитии;
Дьарык корунэ: тулалыыр эйгэ, улэ, нуучча, саха литературатын уруоктарын кытта ситимнээх дьарык.
Тэрилэ: С.Прокопьев «Утро» фортепианнай миниатюрата, кыhынны айыл5а хартыыналара, вальс музыката, проектор, карточкалар.
Дьарык тутула
-
Тэрээhин чааhа:
-
Проблеманы уоскэтии:
- Бу таабырыннар эhиэхэ бугунну кылаас чааhын тиэмэтин быhаарарга комолоhуо;
-
«Оту маhы тоhутар, сири-уоту хайытар баар уhу» (тымныы)
-
«Хоту диэки солко былаат тэлэмниир» (дьукээбил уота)
-
«Аан Ийэ дойдуну уут курдук дьуhуннээн, кулук курдук ырбаахылаан утутар баар уhу» (туман)
-
«Тииhэ да суох ытырар, уоhа да суох урэр баар уhу» (тымныы тыал)
-
«Кыната да суох котор» (хаар)
-
«Суус о5о бэргэhэтин дьуhунэ биир уhу» (хаардаах тонургэстэр)
-
«Сытан эрэ уойар баар уhу» ( курдьук хаар)
-
«Уокка бырахтахха умайбат, ууга укттахха уу ылбат баар уhу» ( муус)
тымныы дьукээбил туман тымныы тыал хаар курдьук хаар муус
II. Сурун чааhа:
-
Сэhэргэhии: «Кыhын бэлиэлэрэ»
- Таайбыт табырыннар таайыылара ханнык дьыл кэмин кытта сибээстээхтэрий?
- Бугун биhиги Кырыа Кыhынна ыалдьыттыы барыахпыт. Кырыа Кыhын Улуу художник. Кини тулалыыр айыл5аны хайдах уларыппытый?
- Ахсынньы аан-даан тымныыта сыар5алаах от курдук сырылыыр. Киhи тыына буруо курдук бур5анныыр. Буур5а ыт курдук ыйылыыр, кыыл курдук улуйар. Онтон куба туутэ хаар туhэн уллуктуур. Тула барыта чуумпурар, утуйар…
- То5о кыhынын айыл5а «утуйар» дииллэрий? (о5олор эппиэттэрэ)
- Кыhынны ыйдары билэ5ит дуо? Ааттаан.
- То5о кыhынын котор - суурэр киhи дьиэтин таhыгар чугаhыырый?
- Ханнык харамайдар кыhынын маннхайалларый?
- Ханнык харамайдар кыhынын утуйалларый?
-
«Кыhын дьикти музыката»
(С.Прокопьев «Утро» фортепианнай миниатюрата тыаhыыр)
- Музыка туох санааны, иэйиини уhугуннарарый?
- Кыhынны тыаны хайдах тылларынан ойуулуохха собуй? (аптаах, уу-чуумпу, толкуйдаабыт уо.д.а)
- Тыа олохтоохторо кыhын туох туhунан сибигинэhэллэрэ буолуой?
-
Бол5омто5о оонньуу: «Дьинээх хаары бул»
- Истин эрэ, уонна быhаарын туох туhунан маннык этэллэрий:
«Сырдык, коп, килэбэчигэс, урун, наhаа ыраас, наhаа хорсун..»
- Кырыа Кыhын эhиэхэ сорудах биэрэр. Ойууга баар хаардартан дьиннээх хаары булун уонна быhаарын то5о ити хаары талбыккытын. (о5олор быhаарыылара)
- Ким билэрий то5о хаар хаамтахха тыаhыырый?
- Ити аата биhиги атахпыт анныгар хаар сарданалара тостоллор, алдьаналлар.
-
Хаар оноруу;
- Чэ, эрэ билигин биhиги Кырыа Кыhыны утуктэн хаарда оноруохайын.
Улэ алгоритма:
-
Заготовканы кырыйабыт.
-
Пунктир линиятынан бук тутабыт уонна тарбахпытынан баттаан биэрэбит.
-
Хаар ойуутун таhааран кырыйабыт.
- Ким хаара хайдах быhыыланна? Хааргытын уоhээ быра5ын уонна хайдах курдук эргийэн туhэрин корун эрэ.
Хамсаныылаах сынньалан
-
Сорудах толоруу: «Ким ханна саспытый?»
- Кыhынны тыаны бол5ойон корун. Ким тургэнник быhаарыай Кырыа Кыhын кими ханна саhыарбытын?
-
Хоhоон истии;
- О5олор биhиги кыhыммыт хайда5ый?
- Суруйааччылар кыhын туhунан энин араас хоhоон суруйаллар эбит. Онтон а5ыйа5ы истиэ5ин эрэ:
«Халлааны харана сабар
Хаары буур5а ытыйар
Арыт кыыллыы улуйбахтыыр
Арыт о5олуу ытаамахтыыр..» (А.Пушкин)
«Ахсынньыты аныhыйан
Ааннаан кэллэ кыhыммыт
Туманынан бургучуйан
Турда дохсун тымныыбыт» (А.Аба5ыыныскай)
«Тыынарым буруолаах
Тымныыбыт омуннаах
Иэдэспин ытырар
Илиибин аhытар» (Баал Хабырыыс)
- Хоhооннорго тугу ордук собулээтигит?
- Суруйааччылар хоhоонноругар кыhыны тоhо да араастаан хоhуйбуттарын иhин, син биир кыhын кыраhыабай, ардыгар аптаах, ардыгар уу-чуумпу, ардыгар мэник буолар диэн биhиэхэ тиэрдэллэр.
- Саха киhитэ айыл5аны кэтээн корорун собулуур. Кини кыhын арааhынай буолар эбит диэн бэлиэтии корон уонна ол бэлиэтээhиннэрин комотунэн кыhын хайдах буолуо диэн билгэлииргэ уорэммит. Хайдах билгэлээhиннэри билэ5итий? (о5олор эппиэттэрэ)
- Эhиги санаа5ытыгар дьоннор то5о итинник быhаарбыттара буолуо?
- То5о киhи, тымныы да буоллар, кыhыны собулуурэ буолуо?
- Кыhын туох кор-нар, бырааhынньык биhигитини уордэрэ буолуо?
IV. Тумуктээhин:
- Ханнык да дьыл кэмэ кыhын курдук «аптаах» буолбатах. Сайынын сир-дойду суугунуу, уунэ-чэлгийэ турар, барыта куннэ тардыhар, сыламныыр, уорэр - котор.
Кыhынын сир-дойду букатын уларыйа туhэр. Тыынар - тыыннаах барыта уйатыгар - хороонугар, сайыны ,куну куутэн саhан, утуйан хаалар. Обургу тииттэр кыhынны танастарыгар уллуктэнэн чуумпуран тураллар, котор кынаттаах сылаас со5уруу дойдуга баран хаалар. Кырыа Кыhын сиргэ-дойдуга «уhун аптаах чуумпуну» бэлэхтиир. Бу айыл5а утуйар, чуумпурар кэмэ.
V. Рефлексия:
- О5олор, бу дьарыкка туох сананы биллигит?
- Ханнык сорудахха ыарыр5аттыгыт, ханнык сорудах интэриэhинэй дии санаатыгыт?
- Кыhыны то5о аптаах диибитий?
- Дьарыкка улэ5итин сыаналаан: учугэйдик улэлээтим диир буоллаххытына куну, ортотук - былыттаах куну, куhа5аннык буолла5ына - былыты.
- Маладьыастар бугун дьарыкка бары учугэйдик улэлээтигит. Дьарыкпыт манан тумуктэнэр. Корсуоххэ диэри.