7


  • Учителю
  • Сценарий урока по родной литературе на тему 'Ийэ биэ'

Сценарий урока по родной литературе на тему 'Ийэ биэ'

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала

МБОУ «Тыарасинская СОШ имени М. Н. Турнина»

МР «Таттинский улус»



Сценарий урока чтения по родному языку







Выполнила: Егасова Туяра Петровна

Учитель начальных классов







2015

Ааҕыы уруога

Уруок тиэмэтэ: Егор Макаров "Ийэ биэ»

Учебник : Л. В. Захарова, У М. Флегонтова «Литература аа5ыыта» 1 кылаас

Учуутал сыала: Егор Макаров «Ийэ биэ» айымнньытыгар оло5уран билиҥҥи олоххо бэлэмнээх буолууга, тыа сиригэр олорон эбии дохуоту киллэриигэ о5о толкуйдаан таһаарар дьоҕурун сайыннарар дьарыгы тэрийии.

Оҕо сыала:

  1. Аахпыт айымньытын, суруйааччытын аатын бол5ойор, кэпсээни бол5ойон истэр, тугу өйдөөбүтүн холкутук ырытар, кэпсиир.

  2. Ааҕыы араас көрүҥнэрин туттан былаан оҥорор, сабаҕалыыр.

  3. Кэпсээн сүрүн ис хоһоонун, дьиэ кыыллларын араас сыьыаннарын ырытар.

  4. Бөлөҕүнэн үлэҕэ ырытар, санаа атастаһар, биир түмүккэ кэлэр.

  5. Билиҥҥи олоххо тыа сиригэр олорон дьиэ кыылын иитэн сайдар, дьарыктаах буолар ньымалары кытта билсиьэр.

Туттуллар тэрил: учебник, суруйааччы кинигэлэрин быыстапката, уруокка туттуллар презентация, магнитола, карточкалар, компьютер, проектор.

Уруок былаана:

  1. Тэрээһин чааһа.

  2. Үөрэнэр соругу туруоруу.

  3. Киирии бэсиэдэ

  4. Е. Макаров "Ийэ биэ" айымньытынан үлэ

  5. "Мин дьиэ кэргэммэр сылгы суолтата" бөлөҕүнэн үлэ

  6. Түмүк.

Уруок хаамыыта:

  1. Тэрээһин чааһа.

"Кулунчук" ырыаны истии (ырыа тыла экранна көстөр)

  1. Үөрэнэр соругу туруоруу

У: Үтүө күнүнэн , оҕолор. Туох туһунан ырыаны иһиттибит?

  • Кулунчук диэн туох о5отой?

  • Сылгы туһунан тугу билэҕитий? (О5олор билиилэрин тургутан көрүү)

  • Презентацияны көрүү





У: О5олоор бүгүн биһиги туох туһунан кэпсэтэр эбиппитий?

  1. Киирии бэсиэдэ

  • Сылгы- былыр - былыргыттан биһиги сахалар саамай ытыктыыр маанылаах кыылбыт буолар. Биһиги өбүгэлэрбит уруут уруккуттан тыа сиригэр сылгы иитиитинэн дьарыктанан кэлбиттэрэ. Сылгы туһунан саха суруйааччылара элбэх айымньыны суруйбуттара. (Өссө ханнык сылгы туһунан айымньыны билэҕит)

  • Онтон бүгүн биһиги Е Макаров "Ийэ биэ» диэн кэпсээнин аа5ыахпыт.



  1. Е. Макаров "Ийэ биэ" айымньытынан үлэ.

  • Автор туһунан кылгас бэсиэдэ, айымньыларын көрүү.

  • Оҕолор 3 бөлөххө арахсан тиэкиһинэн үлэлииллэр (хас биирдии бөлөххө үлэ маршрута бэриллэр)

Маршрут тутула:

биир оҕо ааҕан иһитиннэриитэ - искэ ааҕыы - сыабынан ааҕыы- өйдөммөт тыллары булуу(уопсай ырытыы) - атын бөлөххө ыйытыы толкуйдааһын



(Оҕолор бөлөҕүнэн олорон үлэлииллэр)

  • Тиэкистэн өйдөммөт тыллары ырытыы.

  • Бөлөхтөр бэйэ - бэйэлэригэр айымньы ис хоһоонунан ыйытык биэрэллэр

Айымньы ис хоһоонун ырытыыга түмүктүүр ыйытыылар:

  • Ааҕан баран туох түмүккэ кэллигит, Дьиэ кыылларын хайдах быЬыылара манна көһүннэ?

  • Айымньы сурун санаата тугуй?

  • Арай бу тулаайах кулунчугу ийэ биэ аьыммакка кыьаллыбатах буоллун? (ситуация биэрии)

  • Айымньы ис хоьоонунан чаастарга араарыы. (дуоска5а суруйан иьиллэр)

  • Тулаайах кулунчук

  • Кини аччыктаан эрэйи коруутэ

  • Ийэ биэ амарах санаата.



  1. "Мин дьиэ кэргэммэр сылгы суолтата" бөлөҕүнэн үлэ

  • О5олор бэриллибит схеманы толороллор



Дьиэлэригэр сылгылаах о5олор ааттарын суруйаллар

  • Сылгы дьиэ кэргэннэ туох туьалаа5ый, схеманы толорун(о5олор тоьо билэллэринэн боло5унэн олорон улэлииллэр, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэллэр)



Барыллааьын схема:



  • О5олор бөлөҕүнэн оҥорбут схемаларын кэпсииллэр.

У: Саха сылгыта биьиги олохпутугар туох суолталаах эбитий ? (Экранна көстөр схеманы толорон иһиллэр)



  1. Түмүк.

  • Бу уруоктан тугу биллигит, туохха үөрэннигит?

  • Уруокка ханнык түгэни интэриэһиргээтигит?

  • Өссө ханнык көрүҥү киллэриэ этигитий?

  • Уруокка туруорбут сорукпутун ситистибит дуо?

  • Е. Макаров айымньытын аа5ан баран туох тумуккэ кэллигит?

  • Дьиэ кыылларыгар харыстабыллаахтык сыьыаннаьыы;

  • Кыра5а кыаммакка комо оноруу;

  • Саха ыалын сиэринэн сылгы иитиитэ дьиэ кэргэн дохуотугар улахан оруолу оонньуурун туьунан бастакы ойдобулу ылыы.





 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал