- Учителю
- Конспект урока по якутскому языку в 4 классе на тему Понятие о глаголе
Конспект урока по якутскому языку в 4 классе на тему Понятие о глаголе
Уруок: саха тыла
Кылаас: 4
Учуутал - Кутенко Полина Васильевна
Уруок темата: Туохтуур өйдөбүлэ.
Сыала- соруга: Туохтуур өйдөбүлүн чиҥэтии
Үөрэтэр сыала: туохтуур сана чааhын туhунан билиини чиҥэтии, үөрэнээччи бэйэтин билиитин-көрүүтүн, өйүн-санаатын таһымын билэригэр көмө.
Сайыннарар сыала: толкуйдуур, толлугаһа суох санарар-инэрэр дьоҕуру сайыннарыы, тыл саппааhын байытыы, тылы-оhу сытыылааhын.
Иитэр сыала: коллективнай үлэ кэмигэр бэйэ санаатын этии, атын дьон санатын истии, эйэлээхтик биир санаанан
үлэлээһин
Туһаныллар ньыма: оонньуу технологията
Туттуллар тэрил: презентация (уруок слайда), үлэлиир тэтэрээт, музыка, карточкалар, тест
Уруок хаамыыта:
Тэрээһин чаас
(эмоциональ-най настрой)
Үтүө күнүнэн, күндү оҕолор!
- Чуораан тыаhа чугдаарда,
Уруокпут са5аланна.
Бары сопко олорун,
Бэлэмнитин кордорун.
Билигин бэйэ-бэйэбитигэр мичээрдиэ5ин уонна бүгүннү уруокка ситиһиини баҕарыаҕын.
Бүгүн биһиэхэ ураты дьикти уруок буолуо5а. Курэх буолуо, булугас ойдоох болох кыайыа5а.
Үтүө күнүнэн!
Бэйэ-бэйэ5э истин сыhыан.
2 мунуутэ
2.
Мотивация (көҕүлээһин)
Билигин тэтэрээппитин арыйдыбыт уонна чыыһылабытын суруйдубут.
Бугун муус устар 14 кунэ. Кылааска улэ.
Буочары тупсарар үлэ ыытабыт.
Мин тыллары ааттаталыам, онтон эһиги кыраһыабайдык суруйуҥ: таба, уу, отон, хайа, тугут, уйа, утах, роза. Ханнык ыйытыыга эппиэттиир тыллар таҕыстылар, ханнык сана чааһа буоларый? Аны билигин тыллар маҥнайгы буукубаларын аннынан тардыҥ уонна холбоон аа5ыҥ, ханнык тыл таҕыста? Ким билбит илиитин ууна охсор. Саамай сөп. Туохтуур диэн сана чааһа таҕыста. («туохтаа эрэ» диэн соруйартан тахсыбыт буолуон сөп)
Ол аата бүгүн биһиги туохтуур дизн сана чааhын туhунан билиибитин чиҥэтиэхпит
Муус устар 14 кунэ.
таба, улар, отон, хайа, тугут, уйа, утах, роза.
Туох диэн ыйытыыга эппиэттиир тыллар.
Предмет аатын көрдөрөллөр, аат тыл буолаллар
Т уо х т у у р
Туохтуур диэн сана чааһа таҕыста.
Тэтэрээккэ буочары тупсарар үлэ
Диктант.
5 мунуутэ
3
Урут барбыттарын чуолкайдаа-һын
Бастатан туран, бэйэбит билиибитин-көрүүбүтүн тест эбэтэр сахалыы эттэххэ тургутук нөҥүө бэрэбиэркэлиэхпит.
Сөптөөх эппиэти бул.
Туохтуур (тест)
1.Туохтуур предмет ……көрдөрөр
А) аатын
Б) бэлиэтин
В) тугу гынарын
2.Туохтуур ыйытыылара
А) тугу гын? Хайаа?
Б) ким? Туох?
В) хайдах? Ханнык?
3.Туохтууру бул
А) балыксыт
Б) сана
В) утуйар
4.Туохтуур төрүт олоҕун бул
А) кэлбит
Б) тур
В) сууйар
5.Туохтуур этиигэ үксүгэр…. ситимнэһэр
А) аат тылы кытта
Б) атын да тылы кытта
6.Туохтуур хас бириэмэлээҕий?
А) 2
Б) 5
В) 3
7.Туохтуур бириэмэлэрин быһаар
Бардылар билиҥҥи
Уурбута кэлэр
Ыллыа ааспыт
8.Туохтуур ахсаанын быһаар
Күлэр
Сүүрдүлэр
Оҕунна
9.Аат тылтан туохтуурда үөскэт
хайыһар
күөгү
Дьэ, бары толордубут, аны бэйэ-бэйэбитин бэрэбиэркэлэнэбит.
Ким сөпкө эппиэттээбит, сулус ылар.
Ханнык болох о5олоро элбэх сулустаналлар эбит.
тест
Туохтуур (тест)
1.Туохтуур предмет ……көрдөрөр
А) аатын
Б) бэлиэтин
В) тугу гынарын
2.Туохтуур ыйытыылара
А) тугу гын? Хайаа?
Б) ким? Туох?
В) хайдах? Ханнык?
3.Туохтууру бул
А) врач
Б) сана
В) утуйар
4.Туохтуур төрүт олоҕун бул
А) кэлбит
Б) тур
В) сууйар
5.Туохтуур этиигэ үксүгэр…. ситимнэһэр
А) аат тылы кытта
Б) атын да тылы кытта
6.Туохтуур хас бириэмэлээҕий?
А) 2
Б) 5
В) 3
7.Туохтуур бириэмэлэрин быһаар
Бардылар билиҥҥи
Уурбута ааспыт
Ыллыа кэлэр
8.Туохтуур ахсаанын быһаар
Күлэр-биир
Сүүрдүлэр-элбэх
Оҕунна- биир
9.Аат тылтан туохтуурда үөскэт
хайыһардаа
күөгүлээ
8 мунуутэ
4.
Хамсаныы-лаах сынньалаҥ
Тыал сирэйбэр ил гынар,
Тиит лабаата иэ5энниир.
Тыал улам намтыыр, намтыыр,
Тиит уhуур, уhуур, уhуур.
Бары аа5аллар уонна хамсанан кордорон иhэллэр.
Хамсаныылаах сынньалаҥ
2 мунуутэ
5.
Үөрэнэр соругу туруоруу, быһаарыы
Чинҥэтиигэ сорудахтар
Салгыы күрэхпитигэр киирэбит.
1.Туохтуур арааһын сирдэтэн идэ аатын таайыы
Үтэр, илимниир, куогулуур-
Көрөр, укуоллуур, эмтиир-
Уурэр, аа5ар, кордуур
Ыытар, урууллуур, элээрдэр
2. Аны төттөрүтүн бу идэ тугу гынарый?
Үстүү хайааһыны бул
Атыыһыт
Иистэнньэҥ
Кассир
Библиотекарь
3. Аат тыллары уонна туохтуурдары сиэтиhиннэрэн этиитэ онорун (боло5унэн курэх)Уус
Халлаан
Хаар
Чыычаахтар
Тыал
туhэр
уhанар
тымныйда
урдэ
ыллыыллар
Этиилэри тэнитин, биир этиини чилиэннэринэн, сана чааhынан ырытын.
А.т. д.а. а. т. сыh. т.
Хотуттан тымныы тыал сирилэччи урдэ.
Балыксыт
врач
табаhыт
Суоппар
Атыылыыр, ыйыыр, рекламалыыр
Мээрэйдиир,быһар, тигэр
Аа5ар, суоттуур, биэрэр
Талар, суруйар, түҥэтэр
.
Хартыынанан үлэ
8 мунуутэ
6.
Сынньалаҥ
"Котор- коппот" оонньуу.
Хопто, куба, кырынаас, боро, тураах, тиин, куобах, улар, саhыл, эhэ, суор, кыталык, таба, хабдьы.
Котор аатын иhиттэхтэринэ илиилэрин кынат курдук сараталлар. Оттон атын тылга илиилэрин туhэрэллэр. Ким сыыспыт, тахсар. Ханнык болоххо элбэх о5о хаалбыт, кыайыылаах буолар.
2 мунуутэ
7.
Тыл саппааhын байытыы
Тылы тупсарар, ордук кэрэ онорор сомо5о домохтору тоhо билэргитин коруохпут.
-
Атахха биллэрбит.
-
Кута-сурэ тохтообот.
-
Мунна тыаhаабыт.
-
Хара5ын уутунан суунар.
-
Этин сааhа аhыллар.
- куоппут
-тэhийбэт
- утуйбут
- ытыыр
- куттанар
-
4 мунуутэ
8.
Тэтэрээккэ бэйэ улэтэ
Сомо5о домохтору туттан этиилэрдэ толкуйдаан суруйун.
6 мунуутэ
9.
Сыаналаныы Рефлексия
Бу уруоктан туох саҥаны биллиҥ?
Тугу сөбүлээтин?
Туохха ыарыр5аттын?
Ханнык болох о5олоро кыайыылаах буоллулар?
Маладьыастар! Бугун бары учугэйдик улэлээтигит.
Сулустарын аахталлар.
3 мунуутэ
10
Уруок түмүгэ
Предмет тугу гынарын көрдөрөр тыл туохтуур дэнэр. Тугу гын? Хайаа? диэн ыйытыыларга хоруйдуур. Сирэйинэн (1, 2, 3), ахсаанынан (биир, элбэх), бириэмэнэн уларыйар (урут, билигин, хойут)
Туохтуур араастара:
Көмө туохтуур-тохтуу тустэ, суурэ турда
Паараласпыт туохтуур- оттоо-мастаа, күл-сал
Маарынныһар туохтуур- ыксаа-тиэтэй
Утарыта суолталаах- бар-кэл,киир-таҕыс
Соруйар туохтуурдар- аат тылтан тахсаллар -
Мастаа, оттоо, кустаа
3 мунуутэ
11.
Дьиэ5э сорудах
«Куйуур» диэн кэпсээнтэн 3 этиини устун, туохтууру булун, бириэмэтин ыйын.
2 мунуутэ