7


  • Учителю
  • классный час на тему 'Киьи дьон эйгэтигэр' (3 класс)

классный час на тему 'Киьи дьон эйгэтигэр' (3 класс)

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала

Аһаҕас кылаас чааһа

Киһи дьон эйгэтигэр

Сыала:

1.Оҕо тулалыыр эйгэҕэ салайына үөрэниитэ.

2.Оҕоҕо, дьоҥҥо, айылҕаҕа, төрөөбүт дойдуга сиэрдээх сыһыаны иҥэрии

3. Оҕо бэйэтин сайыннарыыта, олох араас түгэнигэр бэйэни хонтуруолланыы.

Туттуллар материал: пластилинтан от күөх төгүрүктэр, мин, дьон, 5 млрд , 270, 13, мөкү, үтүө, айылҕа диэн тыллар, карта, цветной харандаас, өс хоһоонноро.

У:Бүгүҥҥү кылааспыт чааһа киһи хайдах буолуохтааҕа, дьоҥҥо уонна тулалыыр эйгэҕэ сыһыана ( музыка тыаһыыр. Оҕолорго өт күөх пластилинтан оҥоһуллубут төгүрүктэри биэрэбин).

Бу туохха маарыҥныырый? ( оҕолор эппиэттэрэ). Өссө туохха маарыҥныырый?

Сир шарыгар ( маарынныыр эбит, Мин диэн тылы сыьыарабын.

Мин манна олоробут диэн биллибит.

Төһө киьи сир шарыгар олороруй?

(5 млрд киьи олорор.)

Бу оскуолаҕа хас киһи үөрэнэрий? ( 270)

Эһиги кылааскытыгар хас оҕо үөрэнэрий?(13)

Тэбис тэҥ киһи суох эбит дии.

Дьэ, билигин, мин хайдахпыный? Киһи мөкү уонна үтүө өрүттэрдээх? Хас биирдии киһи үтүө буола сатыахтааах.

(Үтүө уонна мөкү өрүттэрин суруйталыыбыт дуоскаҕа)

Тугу көннөрүөххүтүн сөбүй бэйэҕитигэр?(оҕолор эппиэттэрэ)

Түмүктээһин: хас биирдии киһиэхэ туох эрэ,үтүө өрүттээх. Онтукатын куруутун тута сылдьыахтаах.

Өс хоһооннорун быһаар эһиги маны хайдах өйдүүгүтүй?

Живи для людей, поживут и люди тебя.

Жизнь дана на добрые дела.( Оҕолор быһаараллар).

Киһи соҕотоҕун олоруоҥ сөп дуо? Аттыгар кими көрөҕүн? (оҕолор эппиэттэрэ)(Дьон тыл турар).

Киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах хайдах олоххо олоруон баҕарара.

Билигин бу маны ситэрэн этиҥ эрэ.

Мин сөбүлээбэппин (дуоскаҕа суруйабын оҕолор эппиэттэрэ).

Түмүк: Ити барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах, дьоҥҥо хайдахсыһыаннаһарыҥ.

Киһиэхэ туох нааданый? (оҕолор эппиэттэрэ)

Ити эппиккитин барытын түмэн уруһуйдуубут.(бөлөҕүнэн үлэ. Уруһуй) (бөлөхтөр уруһуйдарын тахсан көмүскүүллэр)

Түмүк: бу барыта кэпсээбиккит, уруһуйдаабыккыт бииртылынан туох диэн буоларый? Айылҕа диэн буолар.

Бүгүҥҥү кэпсэппиппит барыта биир тылынан эйгэ диэн буолар. Эһиги дьон эйгэтигэр сылдьаҕыт, онон улахан дьону, бэйэ-бэйэҕитин убаастаһыах тустааххыт.

Дьэ, билигин көрүөххэйиҥ эрэ, били биэрбит шарым хайдах буолутуй?(били шариктарын көрөллөр хайдах буолбутун).

Уруок бүтүөр диэри шариккыт сүппэтэх эбит дии, оҕолор! Бу олорор эйгэбитин харыстыахха наада.

Эйэлээхтик олоруохха, үтүөҕэ тардыһыахха.

Бүгүҥҥү кылаас чааһыгар тугу өйдөөтүгүт?

Көрсүөххэ диэри!





 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал