7


  • Учителю
  • Описание урока по родной литературе в 4м классе 'Ус балыстыы', татаар остуоруйата.

Описание урока по родной литературе в 4м классе 'Ус балыстыы', татаар остуоруйата.

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала

Описание урока по родной литературе в 4м классе.

Предмет: төрөөбүт саңабыт.

Кылаас: 4.

Уруок темата: "Үс балыстыы" (Татаар остуоруйата).

Тиибэ: айар уруок.

Формата: бөлө5үнэн үлэ.

Үөрэтии ньымалара: бэсиэдэлэһии, мөккүһүү, ыйытыыга эппиэттээһин, бөлө5үнэн сүбэлэһии.

Иитэр сыала: үтүө уонна мөкү, үчүгэй уонна куһа5ан өйдөбүллэри өңүнэн чопчулааһын.

Сайыннарар сыала: өйгө ойуулаан көрөр дьо5уру сайыннарыы; текст этиилэрин, абзастарын өңүнэн көрдөрүү; бэйэ санаатын толлубакка этэ үөрэнии.

Үөрэтии сыала: текси табатык, өйдөбүллээхтик искэ аа5ыы; айымньыга тус бэйэ санаатын этии, таба сыанабыл биэрии.

Уруок тэрилэ: өңнөөх сигнальнай карточкалар, ыраас А-4 лиистэр, өңнөөх харандаастар, сылаас уонна тымныы өңнөрдөөх төгүрүмтэ, сүрүн өңнөртөн атын өңнөр үөскүүр таблицалара, И. Ньютон портрета, кустук уруһуйа.

Уруок былаана: тэрээһин түгэнэ, бэсиэдэ, хатылааһын, саңа тема, сынньалаң, бөлө5үнэн үлэ, чиңэтии, түмүк.


Уруок хаамыыта:


I.Тэрээһин чааһа: остуолларга өңнөөх карточкалары өңүнэн сааһылаан ууруу. Бөлөхтөрүнэн олоруу.

-Үтүө күнүнэн! Бүгүн биһиги уруокка бөлөхтөрүнэн үлэлиэхпит.Бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэн үлэлээтэхпитинэ, уруокпут интэриэһинэй, таһаарыылаах буолуо5а. Барыгытыгар ситиһиини ба5арабын.


II. Бэсиэдэ:

Биһиги өңнөөх эйгэ5э олоробут. Өң-киһи оло5ор улахан суолталаах. Биһигини тулалыыр өңнөр киһи бэйэ чинчитигэр, үлэлиир дьо5уругар уонна санаатыгар дьайаллар. Аан бастаан өңү системалаан сааһылаабыт киһинэн Исаак Ньютон буолар. Кини өңнөөх төгүрүмтэтэ-кустук 7 өңө. Оттон сүрүн өңнөрүнэн буолаллар ара5ас, кыһыл, халлаан күөх. Аан дойдуга баар өң барыта бу өңнөртөн тахсар.Өң көмөтүнэн киһи ыраах баар эттиги, философскай өйдөбүлү, киһи психологическай туругун өйүгэр оңорон көрүөн сөп. Өңнөр сылаас уонна тымныы өңнөргө арахсаллар. Сылаас өңнөр:

Араңас (саһархай)-санааны көтө5өр, олус долгуппат, күүрүүнү уһулар, үөрүүнү кө5үтэр. Дьолу, үөрүүнү, сылааһы, сымна5аһы кэрэһэлиир, хомойууттан босхолуур.

Кыһыл (уот өңө)-күүстээх санааны, активнай, тутулуга суох буолууну көрдөрөр. Кыһыл долгуйууну а5алар, киһини тэтимирдэн биэрэр.

От күө5э (сэбирдэх, мутукча)-киһини уоскутар, сүргэни көтө5өр, мындыр өйү, дириң толкуйу көрдөрөр.

Тымныы өңнөр:

Маңан (хаар өңө)-ыраас, муударай, биир кэм буолуу бэдиэтэ, чуумпуга угуйар.


Халлаан күөх арааһынай өңө (былыт, тыал, буруо, уу). Сырдык халлаан күөх-или-эйэни, кырдьыгы көрдөрөр. Уоскутар, сэмэй, нарын санааны са5ар. Аймал5аны намтатар, ньиэрбэни уоскутар. Үрдүк культураны, интеллеги кэрэһэлиир.


Хараңа халлаан күө5э-аппетиты хам баттыыр, кытаанахтык утуйарга угуйар.Толкуйдатыы, киһи организмын үлэтин бытаардар дьүһүн.


III. Тыл суолтатын өңүнэн оңорон көрүү, быһаарыы:

Саас. Кыһын. Күһүн. Дьол . Мунчаарыы. Чыычаах. Былыт. Куттал. Үөрүү. Ийэ.

Тайах. Бол5омто. Кыстык. Таптал. Долгуйуу. Сэбирдэх.


IV. Этиини өңүнэн көрдөрүү:

Этиилэри өңүнэн көрдөрүүгэ уонна ону тылынан быһаарыыга эрчиллиэхпит. Билигин мин о5о кинигэлэриттэн этиилэри, кылгас абзацтары аа5ан иһитэннэриэ5им, ону эһиги өңүнэн көрдөрүөххүт:


  1. "Кэнчээри" К.И.Васильева, А.П.Алексеева (с. 60) кэпсээнтэн быһа тардыы: Мин биирдэ Ньидьили күөл үрдүнэн халың үөр куба ааһан иһэрин көрбүтүм. (О5олор араас өңү көрдөрөллөр, холобур: халлаан күөх, маңан..., онтон то5о бу өңү талбыттарын кэпсээн быһаараллар).

Учуутал быһаарыыта: былыр-былыргыттан саха таптыыр, сүгүрүйэр өңүнэн үрүң буолар. Үрүң-маңан иккиэн үксүгэр синоним курдук туттуллар. 1994 сыллаахха "Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьытыгар "үрүң уонна маңан өң суолталара маннык быһаарыллаллар: маңан-да5ааһын, үрүң дьүһүннээх. Онуоха маңан араас көстүүтүн сиһилээн биэриэххэ сөп эбит: хаар маңан, туус маңан, куба маңан, үүт маңан, тунаа маңан, кырса маңан. Туох эрэ кэрэ, үчүгэй, хай5аныан сөптөөх барыта "үрүң" диэн эпитетынан киэргэтиллэр.Холобур: үрүң күн, Үрүң Аар тойон, үрүң илгэ, үрүң уолан, Үрүң Айыы.


2. "Батыһыннарыылаах биэ" Сэмэн Тумат. (7 с.)

Биир киэһээ дьиэ кэргэн дьоно күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ олордулар. Бу кэмңэ кыракый Катя ыстакааннаах үүтүн то5о түһэрэн кэбиһээхтээтэ. Аймал5ан турда.

-Фиолетовай-кыыс хомойдо, ытаата. -Үрүң үүт-тохтубут үүт көстөн кэллэ.

-Кыһыл-үүт то5уллубутугар кыыһырбыттар. -Кыһыл-аймал5ан буолла.

-Кыһыл-бары соһуйдулар.


3. "Оппоос мүччүргэннээх сырыылара" Василий Тарабукин. (23 с.)

Оппоос а5атыныын хоно сылдьан оттууллар. Биир күн охсоллор, иккис күнүгэр үнүргү охсубут отторун мунньаллар, бугуллууллар.


-От күөх өң-охсуллубут от сыта кэлэр

-От күөх-от бө5ө үүммүт

-Ара5ас-куйаас күн буолбут

-Кыһыл-аһара тириппиттэр

-Халлаан күөх-күөлгэ сөтүөлээн кэлбиттэр

-саһархай-от куурбут, мунньарга бэлэм буолбут

-кыһыл--элбэ5и үлэлээбиттэр, сылайбыттар

-ара5ас-үөрбүттэр


4. О5олоор, Оппоос-омуннаах, киһиргэс, мэник. Ол да иһин араас быһылааннарга түбэһэр, соро5ор өлө да сыһыталыыр.Онтон барытыттан үтүө санаалаах до5отторо, билбэт да дьоно өрүһүйэллэр.


-кыһыл уонна хара-сэрэхтээх буолуохтаахпыт

хара өң-өлө сыспыт эбит

от күөх-үтүө санаалаах до5оттордоох

-кыһыл-араас быһылааннарга түбэһии

-ара5ас-өрүһүйбүттэр, быыһаабыттар

-фиолетовай-наһаа мэник буолар куһа5ан


5. "О5о эрдэхтээ5им" Николай Тарабукин. (42 с.)

Нөңүө күнүгэр һээдьэ буолла. Элбэх да элбэх киһи таһырдьа муһунна: о5онньоттор, эмээхситтэр, о5олор, дьахталлар.

-ара5ас өң-бырааһынньык буолла

-бороң -о5онньоттор, эмээхситтэр

-халлаан күөх, от күөх-о5олор, ийэлэр мустубуттар

-кыһыл, ара5ас, үрүң-араас киэргэллэри иилиммиттэр


V. Учебнигынан үлэ:

1. Учебнигынан үлэ5э киирээри туран, дуоска5а суруллубут тыллары аа5абыт уонна бүгүн аа5ар кэпсээммит туох туһунан кэпсэнэрин сэрэйэн көрөбүт:

Ийэ Үс кыыс Тииң Чараппаахы Оо5уй о5ус

Кыһыл көмүс тойон ыңырыа Мүөт Сылаас уйа (о5олор санааларын этэллэр).

2. Искэ аа5ыы.

3. Таска аа5ыы.

4.Сэрэйии сөп дуо?

5. Кэпсээн ис хоһоонунан ыйытыыларга эппиэт:

-Хараңаччы курдук элэстэммит, сырдык ыйы санатар сирэйдээх кимнээхтэрий?

-Ийэ кыргыттарыгар киминэн илдьит ыыппытый?

-Тииң дьүһүнэ?

-Туох диэн илдьит?

-Кыргыттар кэлбиттэр дуо?

VI. Хамсаныылаах сынньалаң: учуутал өңнөрү ааттыыр, о5олор оннук өңнөөх эттиктэри таарыйыахтаахтар.


VII. Бөлө5үнэн үлэ:

(А-4 лиистэри, өңнөөх харандаастары түңэтии).

  1. Текси абзацтарга араарыы.

  2. Абзацтарга аат биэрии.

  3. Хас биирдии абзаһы өңүнэн көрдөрүү.

  4. Өңүнэн быһааран көмүскүүргэ бэлэмнэнии.


VIII. Бөлөхтөр үлэлэрин быыстапката, көмүскээһин:

Манна учуутал бэйэтэ эмиэ оңорбутун холобурга көрдөрүөн сөп.


IX. Уруогу түмүктээһин:

-Дьиэ5э үлэ: остуоруйаны өңүнэн кэпсииргэ бэлэмнэнии.

-Уруокка эн сыһыаның?

О5о бүгүн ыытыллыбыт уруокка сыһыанын өңүнэн көрдөрөр:

Кыһыл өң

Сөбүлээтим.

Хара өң

Сөбүлээбэтим.

Араңас өң

Уруокка саңаны биллим.

От күөх өң

Уруокка көхтөөхтүк кытынным.

Халлаан күөх өң

Маннык уруоктар куруук буолуохтарын ба5арабын.

Туһаныллыбыт литература:


1.Захарова Л.В., Избекова Л.К., "Ньургуһун".-4 сыллаах начальнай оскуола төрдүс кылааһын аа5ар кинигэтэ, Дьокуускай, Бичик, 256с.

2.Дьячковский К.Д. "Этносемиотика культуры и образования".-Якутск, 2000.

3.Рендакова Е.М. "Мозаика творчества".-Киров, 1997.

4.Сокольникова Н.М. "Изобразительное искусство и методика его преподавания в начальной школе".-М., 1999.

5.Тарасова Т.Ю. "Мой цвет".-СПб.:БХВ.-Петербург, 2005.-64с.

6.Фирсов Виктор. "Тайная власть цвета. Прогулки по радуге"-М.:ЗАО Центрполитграф, 2004.-350с.

7.Хигир Б.Ю. Энциклопедия имени.-М.,2003.



 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал