- Учителю
- Сценарий открытого мероприятия Поэзия, музыка уонна уруhуй эйгэтэ
Сценарий открытого мероприятия Поэзия, музыка уонна уруhуй эйгэтэ
Уруок: Поэзия, музыка уонна уруhуй эйгэтэ. 3 кылаас.
П.Н.Тобуруокап о5олорго анаабыт айымньылара.
Тема о5олорго: Хонуулаах хоhооннор, ыллыктаах ырыалар.
Сыала-соруга:
- Народнай поэт П.Н.Тобуруокап о5олорго аналлаах айымньыларын билсиhиннэрии.
- Искусство керуннэрэ сибээстээхтэрин, кэрэни кэпсиир дьо5урдара куустээ5ин ейдетуу.
- О5о ис айар, онорон керер дьо5урун сайыннарыы, уhугуннарыы.
- Тас эйгэ5э, айыл5а5а ытыктабыллаах сыhыаны иитии.
Уруок : Сана теманы уерэтии.
Уруок корунэ: станцияларынан айан, комбинированнай.
Туттар тэрил: Компьютер, проектор, индивидуальнай карточкалар.
Аудио, видео материал,
Уруок хаамыыта.
-
Тэрээьин.
-
Киирии бэсиэдэ. Билигин музыка уруога.
- Музыка диэн тугуй? ( музыка уонна тыас - тэннээhин; музыканы тутан ылабыт дуо?
- Музыканы Керебут дуо?)
Музыканы киhи кулгаа5ынан истэр, сурэ5инэн уонна дууhатынан ейдуур, ылынар.
- Музыканы айар дьоннор кимнээх диэн ааттаналларый?
- Айыл5а музыката диэн тугуй?)
- Уруhуйунан музыканы оноруохха сеп дуо? Хайдах?
- Онтон музыканан уруhуйу кердеруэххэ сеп дуо?
-
Сурун тема5а киирии:
- Хоhоон диэн тугуй?
- Хоhоону суруйар киhини ким диэн ааттыыбытый? (поэт). Ол поэты дьоннор «народнай поэт» дииллэр, то5о итинник ааттыыллара буолуой?
</ - Народнай поэт Петр Тобуруокап о5олорго анаан элбэх араас хоhооннору суруйбут.
Бугун биhиги ол хоhооннор куех хонууларынан, ырыалаах ыллыктарынан айаннаан иhиэхпит.
Станцияларга тохтоон ыллаан-туойан, ырыалары истэн ааhыахпыт.
- Хоhоон уонна ырыа туох сибээстээхтэрий?
.
СТАНЦИЯ 1. Холобура: Бастакы станция5а Тобуруокап « МЭНИК» диэн хоhооно баар эбит. ( аа5ан иьитиннэрэбин, ойуу кередеребун).
1. Биирдэ мэник ийэтэ уут ыллара атаарбыт,
Ону мэник бэйэтэ... туохтаан баран, туохтаабыт,
иьэн баран ытаабыт.
2. Биирдэ мэник а5аата ыыппыт кэмпиэт ыллара,
Ону мэник уол хата...туохтаан баран, туохтаабыт,
сиэхтээн баран ытаабыт.
3. Биирдэ мэник убайын быьыччатын былдьаспыт,
Онтон арай тарба5ын,... туохтаан баран туохтаабыт,
быстан баран ытаабыт,
4. Биирдэ ыалын куоскатын мэник сырса сылдьыбыт,
Онтон сана ыстаанын... туохтаан баран туохтаабыт,
Хайа котон ытаабыт.
Бу хоhоонно Светл . Константинова мелодия айбыт. Ол музыкатын кыратык истиэххэ (мелодията) 1 куплет. Бу хоhоонно бу мелодияны холбоотохпуна туох уескуутуй? Аны ,ырыа истиэхпит.
Тумук: Ити аата, хоhоон + музыка хайдахтар эбитий? ( табаарыстыылар, до5ордуулар диэххэ соп). Кинилэр ыкса до5ордуу буоллахтарына Хоьоон ис хоhоонун кытта Музыка характера, интонацията сеп тубэhистэхтэринэ наhаа учугэй ырыалар айыллан тахсаллар эбит.
СТАНЦИЯ 2 Сири-уоту сылытар сырдык, ча5ылхай, кулумурдэс ( КУН). Бу уруhуйга ырыа дуу, хоhоон дуу айыахха сeп дуо? Холобура …..
- Эhиги хайдах хоhоону айыаххыт этэй?(о5олор варианнарын истии).
Оттон П. Тобуруокап кун туhунан «Куну кытта оонньуубун» диэн хоhоон суруйбут, ол хоhоон ырыа буолбутугар о5олор себулээн ыллыыллар эбит.»(Св.Константинова мел.)
Видеопоказ:
-
Куну быhа биhиги кими кытта оонньуубут?
Куну быhа биhиги куну кытта оонньуубут.
Куех хонууга бардахха кулук буолан хаамсыhар
Ойуур устун хаамтахха мас быыhынан батыhар.
-
Кэннигинэн турдахха кэтэхпитин сылытар
Иннигинэн буоллахха иэдэспитин ититэр.
Сарсыарда аайытурдахха аhаппакка ынырар,
Утуйаары сыттахха саhан хаалан кыhытар.
СТАНЦИЯ 3. Бу тугуй о5олор? (МЭЭЧИК).
- Мээчик туhунан ырыа хайдах характердаах буолуой? Бэhиэлэй, кердеех… / Оттон мээчик туhунан маннык ырыа баар. Истиэ5ин эрэ. (Кобельянов мел.)
- Хайдах ылланар эбитий?
- Хоhоонун ким суруйбута буолуо дии саныыгытый? (П.Тобуроков)
Карточкалары тунэтэбин,(мээчик иhигэр ырыа тыла баар)
- РАЗУЧИВАНИЕ ТЕКСТА И МЕЛОДИИ ПЕСНИ.
- Ритмический рисунок онороллор, хлопками ырыа ритмын кердереллер.
4. Физкультминутка. - куннэ илиибитин уунабыт, сарданалары таарыйабыт, мээчиктиибит, быра5абыт, хабабыт
СТАНЦИЯ 4. Чэ эрэ, билигин музыка холбуом, оччо5о сэбирдэхтэр буолуоххайын, уонна ункуулуеххэйин. Музыканан хамсанын уонна этээрин ханнык мас сэбирдэхтэрэ буолабытый бу музыканан?
Музыканан хамсаныахпыт: «Хатын» музыкатын холбуубун.
-Музыка хайдах характердаа5ый? ( намыын-тургэн, сырдык-харана, эйэ5эс-кыыhырар …)
- Ханнык маhы санатар музыканый? (хатын)
- Хоhоону аа5абын, онтон ырыатын истиэхпит.
1. Ырыа5а ылламмыт
Хоhоонно холбоммут
Мананчаан хатыным
Мааныгын да5аны.
2. Оргууйдук суугунаа
Намылхай лабаанан далбаатаа.
3.Уп -урун туоскуттан
Уут-суегэй кэлииhи
Сэбирдэх аайыттан
Куех былаат уунууhу.
- Манна худуоhунньук хайдах уруhуйу оноруо5ай? Кыра хатынчаан дуу, улахан хатын дуу?
Ойууну кердеребун.
-
Резервный материал.
СТАНЦИЯ 5.Таабырын: Халлаан уеhэ дьэрэкээн, сэттэ енунэн кэрэкээн баар уьу? ( Кустук). Кустук туhунан ырыа да хоьоон да наhаа элбэх, эhиги ханнык ырыалары, хоhооннору билэ5итий?
Оттон бу ырыа аата Сэттэ еннеех кустукчаан ПТ хоьооно,ону эмиэ ырыа гынан ыллыы сылдьаллар. Истиэ5ин эрэ.
-
Сэттэ еннеех кустукчаан сиргэ туhэн олорууй,
О5олордуун-о5онньордуун ойон-кетен оонньоорууй!
Кулумурдэс куеххуттэн куегэл кэрии киэркэйиэ,
Аранастай еннуттэн аалай сарыал дьэргэйиэ.
-
Илиигиттэн сиэтэммит дьиэбитигэр илдьиэхпит
Сэттэ еннеех кэмпиэти сиэпкэр кэhии симиэхпит,
Сибэккинэн ситэрэн эбии симээн биэриэхпит,
Дьэргэлгэннэ сиэттэрэн дьиэ5эр киэhэ тиэрдиэхпит!
-
Обобщение, закрепление пройденного материала.
Мультимедийнай оонньуу. Тобуруокап ырыа буолбут хоьооннорун туьунан тугу биллибит?
Мэник -------- кун----------мээчик---------хатын ---------- Кустук.
ПТ ханнык хоьооннорун биллибит?
-
Дьиэ5э творческай улэ.
Бу ПТ айымньыларынан холбоон биир хартыынаны оноруохха сеп дуо?
- Хартыына5ыт хайдах уруьуй буолуон себуй?
-
Тумук, Бугунну уруокка тугу биллибит? Туохха уерэннибит? (….)
-
-