7


Мин дойдум - Саха сирэ

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала

«Мин дойдум - Саха сирэ» бэлэмнэнии болоххо аhаҕас дьарык суолдьута:





Дьарык сыала - соруга:

- оҕолорго Россия, Саха Республикатын былааҕын, гимнин, гербэтин билиhиннэрии;

-Россия, Саха Республикатын государственнай символикаларыгар убаастабылы, киэн туттуу иэйиитин инэрии;

- торообут дойдуга таптал, убаастабыл, киэн туттуу иэйиилэрин инэрии;



Барыллааhын улэлэр:

  • Cаха Республикатын символларын туhунан бэсиэдэ;

  • Доҕордоhуу туhунан хоhоон ааҕыы, уорэтии;

  • Тулалыыр эйгэ, уус - уран литература, ритмика, музыка нонуо Саха Сирин туhунан билиhиннэрии;



Туттуллар матырыйааллар: Россия уонна Саха Сирин былаахтара, гербэлэрэ, Саха сирин гимнэ, Россия уонна Саха сирин Презиленнэрин хаартыскалара, видеопроектор, доска, ноутбук, темаларынан хартыыналар.



Дьарык хаамыыта:



  1. Бугунну дьарыкпыт темата:« Биhиги дойдубут - Саха сирэ».



Cаха Республикатын гимнин иhитиннэрии.

Бэсиэдэ:

- тугу иhиттибит?

- Саха Республикатын орогойун ырыата.

- Оҕолоор, оссо туох символикалардааҕый Саха Республиката, билэҕит дуо?

- Герб, былаах. Туох ойуулаахтарый?

- РФ Президенин аата? Саха республикатын Президенэ?(В.В. Путин, Е.А. Борисов).

(бэсиэдэ кэмигэр видеопроекторынан РФ, СР былаахтарын, гербэлэрин, президеннэрин хаартыскаларын кордоруу).



  1. Оҕолоор, биhиги ханнык государствоҕа олоробут? Государствобыт аата?

- Российскай Федерация государствотыгар олоробут. Российскай Федерация элбэх баҕайы субъектаах, ол аата губерниялардаах, кыраайдардаах, республикалардаах, уобаластардаах. Оттон биhиги ханнык республикаҕа олоробут?

- маладьыастар, Саха Республикатыгар. Биhиги Республикабыт улахан баҕайы территорияны ылар. РФ картатын коруоҕун эрэ.

(картаны кордоруу).

Республикабыт территорията улахан эрэ буолбатах, (айылҕа хартыынаны кордоруу) айылҕата кэрэтэ, кыраhыабайа, куулэйдии кэлбит дьон соҕон - махтайан бараллар, оссо бэрт элбэх туhалаах баайдаах. Тыабыт, туундарабыт бэрт элбэх кунду комус тириилээх кыыллардаах (кунду туулээх хартыынатын кордоруу), сиртэн хостонор араас кунду таастардаахпыт (алмаз, кыhыл комус, таас чох о.д.а.). (сиртэн хостонор баай хартыынатын кордоруу),

- сахабыт сиригэр араас омуктар бары биир дьиэ - кэргэн курдук иллээхтик - эйэлээхтик олороллор,улэлииллэр, уорэнэллэр. ( норуоттар хартыынатын кордоруу),

- Эhиги ханнык омуктар олороллорун билэҕит?

(сахалар, киргизтэр, украинецтэр, белорусстар, татардар, казахтар, тувыннар о.д.а.).



- дьэ эрэ, билигин «Доҕордоhуу тойуга» диэн хоhооммутун ыалдьыттарбытыгар ааҕан иhитиннэриэҕин эрэ.





  1. Ырыалары хатылааhын.

- Маладьыастар, билигин ыллыахпыт иннинэ тугу гынар этибит?

Куомэй эрчийии «Кымыс ырыата».

- «Чэ, иккиэн оонньуохха» диэн ырыаны хатылааhын.

Туох туhунан ылланар? Саха уонна нуучча оҕолоро доҕордуу буолбуттарын туhунан.



- Уолаттар «Мин саха уолабын» диэн ырыаны ыллаан иhитиннэриэхтэрэ. Бу ырыаҕа саха омук уолаттара буолалларынан, торообут дойдуларынан киэн туттуу иэйиитэ иhиллэр, ылланар.



  1. Физкульминутка

- сынньана таарыйа «Оhуор ункуутун» ункуулуоххэйин эрэ.



  1. Шумовой оркестрга оонньооhун «Таба».

- оҕолоор, Сахабыт сирэ барыта 34 улуустаах (оройуоннаах), оттон биhиги ханнык улууска, ханнык боhуолэккэ олоробутуй?

(Анаабыр улууhа, Урун Хайа боh).

  • Биhиги дьоммут тугунан дьарыктаналларый? Торут угэспит тугуй?

(таба иитиитэ, бултааhын).

Таабырыны таайын: Ким бэйэтигэр тыаны илдьэ сылдьарый? Таба

(Табалар хартыынаны кордоруу).

- Таба хоту дойду дьонун саамай маанылаах кыыла буолар. Таба-туундара бөдөҥ кыыла.Туундара дьиэ табалара дьиикэй табалартан төрүттээхтэр.Дьиикэй уонна дьиэ табалара улахан уратылара суохтар. Дьиэ табатын эргиччи сыл устата үөрдээн илдьэ сылдьаллар. Кинилэри табаһыттар көрөллөр-истэллэр.

- Элбэх поэттар табаны хоhоонноругар холбоон, ырыаларыгар ыпсаран эппиттэрэ. Тыыммыттара.

Саха народнай суруйааччыта Серафим Романович Кулачиков - Эллэй (Эллэй хаартыскатын кордоруу - видеопроектор) оҕолорго да, улахан да дьонно анаан элбэх хоhооннору, эпсээннэри суруйбут сахалар биир киэн туттар суруйааччыбыт буолар. Кини «Таба» диэн хоhооно уостан туспэт ырыа буолан кун бугунугэр диэри ылланар. Биhиги ол ырыаны эмиэ уорэтэ сылдьабыт Билигин «Таба» диэн ырыабытын шумовой оркестрга оонньуу - оонньуу ыллыаҕын эрэ.



  1. Сахалар сайын аайы ыытыллар улахан бырааhынньыктаахпыт, аата?

- Ыhыах, ыьыахха тугу гыналлар? (Ыhыах - хартыынаны кордоруу).

Туойаллар, курэхтэhэллэр, оhуокайдыыллар. Сахабыт оhуохайа Рекордар кинигэлэригэр киирбитэ, биир бириэмэҕэ 1000-н тахса киhи биир киhи курдук оhуохайдаан тураллар.

Барыгытын «Доҕордоhуу оhуокайыгар» ынырабыт.



  1. Тумук.

- бугунну льарыгы астынныгыт дуо? Ордук тугу собулээтигит?

- маладьыастар бары кохтоохтук кыттыбыккытыгар махтал.

Манан дьарыкпыт тумуктэнэр.









 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал