7


  • Учителю
  • Ийэ кунугэр аналлаах бэлэмнэнии болох иитиллээччилэригэр аралдьытар тэрээhин сценарийа

Ийэ кунугэр аналлаах бэлэмнэнии болох иитиллээччилэригэр аралдьытар тэрээhин сценарийа

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание:
предварительный просмотр материала

14.10.2016с.

Ийэ кунугэр аналлаах бэлэмнэнии болох иитиллээччилэригэр

аралдьытар тэрээhин сценарийа:

- Бугун ийэ кунэ

Куннуун тэннэ куллэ.

Туругурдун сиргэ ийэ,

Олох уонна эйэ.

- Алаьа дьиэбит сылааьа,

Алаьа дьиэбит ырааьа

Ийэ баар буолла5ына,

Ийэ этэннэ буолла5ына.



- Кунду комус ийэлэрбит, эйэҕэс эбээлэрбит, манна баар Ийэлэр! Бастатан туран бука барыгытын Саха Республикатыгар олохтоммут Ийэ кунунэн итиитик - истинник эҕэрдэлиирбитин конуллээн.

Эьиэхэ ананар этэр тылбыт иьирэх махтала, истин иэйиитэ, у5араабат таптала!

- Сугуруйэбит эьиэхэ-эйэҕэс эбээлэргэ, кун кубэй Ийэлэргэ! Эйэ уонна дьол тосхойдуннар эьиги дьиэ кэргэттэргитигэр! - диэн туран бугунну бырааhынньыктааҕы «Ийэбин кытта Кэрэ Эйгэтигэр» тэрээhиммитин саҕалыырбытын конуллээн.



Торотор оҕону толколуур,

Алаhа дьиэбитин иччилиир,

Ийэлэр кун кубэй ийэлэр,

Кун тэнэ кунду да эбиттэр.

- диэн туран эhиэхэ кун кубэй ийэлэригэр анаан оҕолоргут тыастаах - уустаах оркестрга «Оркестрик для мам» оонньоон бэлэхтиэхтэрэ.

- Бу кэрэ куннэ биьиги ийэлэрбит, эбээлэрбит ырыа-тойук, ункуу-битии, оонньуу, кор-нар тумсуулээх туьулгэбитигэр кохтоохтук кыттыахтара диэн эрэнэбит. Дьэ эрэ са5алыа5ын «Ийэбин кытта Кэрэ эйгэтигэр» диэн тэрээhиммитин саҕалыыбыт.

1. Кунуhун улэлээх,

Киэhэтин тубуктээх,

Бэрийэр - харайар,

Биhиэхэ кыhанар

Биhиги маамабыт.

-«__________________» ункууну бэлэх ууналлар Тулурхаан ийэтинээн Ася Николаевналыын, корсобут дохсун ытыс тыаhынан.









2. Ийэкээ, эйиэхэ ыллыыбыт

Истинтэн истин ырыаны,

Эйигин олуhун таптыыбыт,

Таптыахпыт уйэ саас тухары.



Ырыа «Ийэ» - эhиги болҕомтоҕутугар Аделия эдьиийинээн Иялыын, Арылхан ийэтинээн Мария Алексеевналыын, дохсун ытыс тыаhа.



3. Ийэ баар буоланнын

Ийэ сир киэркэйэр,

Ийэ баар буоланнын

Олохпут сарыала мичийэр.

Ийэ баар буоланнын

Элбиибит эйэ5эс санаалаах,

Ийэ баар буоланнын

Санаабыт олоххо дьулуурдаах.





Флейтаҕа оонньоон иьитиннэриэхтэрэ Святослав ийэтинээн Марина Николаевналыын, Проша ийэтинээн Айталина Прокопьевналыын.



4. Бугун хоhооммун уорэттим

Ийэбэр этэммин уордээри,

Бугун хоhооммун уорэттим

Тапталым тылын этээри.

Хоhоон «Апрель» - ааҕаллар Лена ийэтинээн Лидия Олеговналыын.



5. Ийэҕэ бу сиргэ

Кэрэттэн кэрэтэ,

Сурэҕин сорҕото

Тороппут оҕото.

Эhиги иннигитигэр «___________________» мода, корсобут дохсун ытыс тыаhынан.





6. Кун сирин урдугэр

Кун курдук саныырбыт,

Кундуттэн кундубут

Кун кубэй ийэбит-

Биhиги маамабыт.

Кунду ийэлэр, эбээлэр! Эhиэхэ тыастаах - уустаах оркестр толоруутугар «Ийэҕэ аныыбыт»диэн музыканы бэлэхтииллэр Ася, Илона, Оксана, Т. Иосиф ийэлэринээн Мария Афанасьевналыын, Зинаида Иннокентьевналыын, Екатерина Евдокимовналыын, Мария Спиридоновналыын, корсобут дохсун ытыс тыаhынан.





7. Ийэкээ, эйиэхэ ыллыыбыт

Истинтэн-истин ырыаны,

Эйигин олуhун таптыыбыт,

Таптыахпыт уйэ саас тухары.





Ырыа «Чэ, иккиэн оонньуохха» ыллыыллар Нида ийэтинээн ДарияМихайловналыын, О. Иосиф ийэтинээн Екатерина Васильевналыын, корсобут .

8. Кырасыабай да кыргыттар

Кэрэ дьикти бэйэлээхтэр,

Кыталыктыы дайдылар,

Кынталдьыhа коттулэр.

«Аныгылыы тэтимнээх ункуу» - ункуулууллэр Айаана ийэтинээн Мария Алексеевналыын.





9. Мин ийэм ырыатын

Истинэ иэйиитэ

Сырдыкка угуйар.

Мин ийэм ырыатын

Дьиктитэ - кэрэтэ

Дьиэрэйэр, субу баар!



«Кырачаан мин балтым» - истин Максим Туприн ийэтинээн Христина Анатольевналыын толорууларыгар.









10. Талааннаах тарбахтар, уран иистэнньэннэр, булугас ойдоохтор айбыт кэрэттэн - кэрэ кимиэхэ да майгыннаабат долганскай танастарын эhиэхэ кордоруохтэрэ Кирилл, Максим Ф. уонна бэлэмнэнии болох иитээччи комолоhооччутэ Елена Николаевна, корсун дохсун ытыс тыаhынан.

11. Ийэлэр, иhирэх ийэлэр

Олуhун, олуhун таптыыбыт

Бу сырдык, бу кэрэ тыллары

Эhиэхэ, эhиэхэ аныыбыт.



Хоhоон - ааҕаллар Кирилл ийэтинээн Лилия Сергеевналыын.



12. Ийэкээ, эйиэхэ ыллыыбыт

Истинтэн - истин ырыаны.

Эйиигин олуhун таптыыбыт,

Таптыахпыт уйэ саас тухары.



«Ийэм кэлиэн иннинэ» - истин оҕолоргут толорууларыгар.



13. Оруутун баар буоллун

Ийэбит сылааhа,

Оруутун баар буоллун

Ийэбит мичээрэ.



Ункуу «Сердца для мам».







- Манан биhиги «Ийэбин кытта Кэрэ эйгэтигэр» бырааhынньыктааҕы тэрээhиммит тумуктэнэр. Бугунну тэрээhиннэ Ийэлэр кэлэн кохтоохтук кыттыбыккытыгар ис сурэхтэн махтанабыт. Оссо тогул кэлэн иhэр Ийэ кунун бырааhынньыгынан эҕэрдэлиибит,эhиэхэ или - эйэни, уорууну - котууну эрэ баҕарабыт. (хаартыскаҕа туhуу).







 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал