7


  • Учителю
  • План интегрированного урока (математика+якутский язык) на тему 'Ебугэлэрбит усталарын кээмэйэ'

План интегрированного урока (математика+якутский язык) на тему 'Ебугэлэрбит усталарын кээмэйэ'

Автор публикации:
Дата публикации:
Краткое описание: Ознакомить с древними якутскими единицами измерениями; дать понятие этих измерений.Показать якутские обычаи и их применение в жизненных ситуациях. Учащиеся обучаются сами и одновременно обучают своих сверстников в использовании этих измерений. полученные знания пере
предварительный просмотр материала

Тема: «Ебугэлэрбит усталарын кээмэйэ»

Кылаас: 5а

Уруок сыала: 1. Уерэтэр: - ебугэ усталарын кээмэйин билсиьии, ейдетуу;

- Саха норуотун сиэрин-туомун кытта билсиьии, кэпсэтии, чинэтии;

2. Сайыннарар: - О5о толкуйдуур, ырытар дьо5урун сайыннарар;

- Уерэнээччилэр бэйэ- бэйэлэригэр кемелеьер дьо5урдарын;

3. Иитии: - Тереебут омуктарыгар ытыктабылы иитии;

Этап урока

Учуутал улэтэ

О5олор улэлэрэ

Тэрээьин чаас

(орг.момент)

- Утуе кунунэн!

Тэтэрээккэ чыыьыланы, уруок тематын суруттарыы.

-Уруок сыалын этии.

Тэтэрээккэ улэ.


Сана тема

(новая тема)

Бугунну уруокка биьиги ебугэлэрбит уста кээмэйдэрин кытта билсиэхпит.

-Эьиги математика уруогар ханнык уста кээмэйдэрин барбыккытый.

- кинилэр туох диэн ааттаналларый.

- Оттон бугунну уруокка сахалар сахалар былыр нуучча мээрэйэ киирэ илигинэ хайдах мээрэйдииллэрин билсиэхпит. Хас биирдии омук уста кээмэйин атын-атыннык быьаараллара. Сахалар кыылы теье ыраах бултаабыттарынан, теье оту оттообуттарын, кыыл теье эмиьин бэлиэтииллэрэ.

I. Бугунну уруокка биьиги кес, биэрэстэ, былас, атыл, харыс, суем, тутум - диэн ейдебуллэри барыахпыт.

1. Биэрэстэ - 5 ох тэбиитэ.

Кес - «куну быьа айан, куннук».

- Сатыы кес - 7-8 биэрэстэ,

- Ат кеье - 10 биэрэстэ,

- Сэлиик ат- 13-14 биэрэстэ,

1 кес = 10 биэрэстэ = 10 км.

2. «Ох тэбиитэ» = ытыллыбыт оно5ос сирэ = 200 хаамыы.

3. Былас - 164-168см. Отторун кэмнииллэр. 10 быластаах от= 400 бугул, 10 тебе ынах суеьу кыстыыр.

Уунар былас- атаххыттан ууммут Илии тарба5ар тиийэр.

4. Туес анара (былас анара). Ат суутдуутугэр этэллэр.

5. Атыл (хаамыы = 1м.)

- ыллар хаамыы

- орто хаамыы

- кыра хаамыы.

6. бу иннинэ тэтэрээккэ илиилэрин туьэрэллэр.

- Харыс (орто тарбах- эрбэх) = 20см.

- Ыллар харыс (аата суох-эрбэх) = 25см. маннык кыра предметы кэмнииллэр хотуур, быьах, батас.

«Тойон бадьа хотуура то5ус харыстаах этэ»,

«Сэттэ харыс хаар туспут»

7. Суем- семуйэ уе5уллуутуттэн,

Мунур семуйэ- (эрбэх- семуйэ)

8. Тутум.

- быьах ончо5о

- Илии-тарбах 1,2,3 илии

- 4 илии тутум.

М., дм., см., дц…..


Презент


Презент


Презент

Презент

Презент

Презент


презент


Практич.улэ.

- Бэриллибит быа хас суем буоларый?

- Уьун баттахтаах кыыс суьуо5а теье тутум буоларый?

- Ким харыьа саамай уьунуй?

- Саамай уьун быластаах кимий?


Проверка ЗУН

1.Толкуйдаан

а) Биир кес -уон биэрэстэ.

Биир биэрэстэ - 5 ох тэбиитэ.

1 кес хас ох тэбиитэ буоларый?

б)10 быластаах оту кыстык устата 10 ынах сиир. 30 туос анара уhуннаах оту хас ынах сиэ5эй?

в)1 харыс = 20 см буолла5ына то5ус харыстаах Тойон Бадьа хотуура хас м, хас см буоларый?

2. Задача

1. Бэргэн 18 кеьу сатыы уонна атынан айанныыр. Ол иьигэр сатыы хаампытынаа5ар атынан 5 тегул уьуннук айаннаабыт. Бэргэн хас кеьу сатыы хаампытый?

2. Икки алаастар икки ардыларыгар ыраа5а 3 кес. Икки киьи утарыта сатыы айаннаабыттар. 2 чаас буолан баран икки ардыларын ыраа5а теhе буолуой, ескетун бастакы киhи тургэнэ 4км/ч, иккис киhи тургэнэ 5 км/ч?

Презент.


Задача суоттуохпут

Тумук

- Бугунну уруокка биьиги тугу биллибит?

- Эьиги санаа5ытыгар бу уста кээмэйдэрин билинни олоххо туьаныахха сеп дуо?




 
 
X

Чтобы скачать данный файл, порекомендуйте его своим друзьям в любой соц. сети.

После этого кнопка ЗАГРУЗКИ станет активной!

Кнопки рекомендации:

загрузить материал